Кэлэр сылга Дьокуускайга 32 км суол өрөмүөннэниэҕэ
«Россия 24» телевизионнай ханаал быһа эпииригэр куорат баһылыга Евгений Григорьев ааһан иһэр сыл түмүктэрин уонна инники былааннары кэпсээтэ.
Өрөспүүлүкэ киин куоратыгар 2019 сыллаахтан «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак олоххо киллэриллэр.
«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак Дьокуускай куорат территориятыгар 2019 сылтан олоххо киирэр. Бырайыак чэрчитинэн, биэс сыл иһигэр 163 км тахса суол тутулунна, уларытан оҥоһулунна, өрөмүөннэннэ. Кэлэр сылга Дьокуускай уулусса-суол ситимин 32 км нуормаҕа эппиэттиир турукка киллэриллэрэ былааннанар», – диэн бэлиэтээтэ Евгений Григорьев.
Куорат баһылыга дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путиҥҥа Арассыыйа территориятыгар бүттүүнүгэр бу бырайыагы көҕүлээн киллэрбитин иһин улахан махталын тириэртэ.
«Бэрэсидьиэммит көмөтүнэн куораппыт өрөмүөннэммит суол ахсаанынан саҥа таһымҥа таҕыста. Ити өрөмүөннэммит 130-тан тахса эбийиэк. Дьон итиннэ түргэнник үөрэммитэ үөрдэр. Бу наһаа дьоһун суолталаах, тоҕо диэтэххэ, суол тутуллар сиригэр урбаан сайдар, саҥа хамсааһын тахсар. Тырааныспар сырыыта тоҕоостооҕо – территориялар сайдыыларын сүрүн хайысхата», – диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ Евгений Григорьев.
Куорат баһылыга иһитиннэрбитинэн, 2024 сыл бүтүүтэ Дьокуускай территориятын 80% тахса суола нуормаҕа эппиэттиир турукка киллэриллиэҕэ.