14.11.2020 | 15:56 | Просмотров: 426

КАРВИНГ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ф. И. Авдеева аатынан Оҕо айымньытын дыбарыаһын “Юный кулинар” куруһуок уһуйуллааччылара билиилэрин, уопуттарын салгыы үллэстэллэр.

Оҕуруот аһын, фруктаны, араас кытаанах аһылыгы оһуордаан-дьарҕаалаан быстахха, ону карвинг дэнэр. Кичэйэн, ымпыктаан-чымпыктаан оҥоһуллар буолан, бэйэтэ искусство биир кэрэ көрүҥүн кэриэтэ.

Карвинг (англ. сarving – “быһар”) аан маҥнай Японияҕа тарҕаммыт. Судургу быһыылаах туой иһити симээн дьоппуон омук карвины туһанар эбит. Биирдэ Лойкратхонг диэн параадка биир эдэр кыыс оҕуруот аһыттан, фруктаттан быһан кэрэ бэйэлээх көтөрү оҥорон император кэрэхсэбилин ылбыт. Ону сэргээн муҥур тойон хас биирдии кэрэ аҥаар итинниги сатыахтаах диэн оскуола үөрэҕин бырагырааматыгар киллэртэрбит, ону тэҥэ анал куурустары тэрийтэрбит.

Билигин карвинг аан дойдуну тилийэ көтөн, бырааһынньык остуолларын сиэдэрэй көстүүлүүр. Өссө идэ оҥостубут дьон бааллар, инструменнара – араас быһыылаах быһахтар, ньуоскалар.

Хаартыскаларга «Юный кулинар» куруһуок оҕолорун үлэлэрин көрөҕүт.

Ярослав Филиппов карвины кэрэхсээтэ
Ян Алексеев карвинг кистэлэҥнэригэр холонор

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.