18.03.2023 | 14:00

Каролина Парфенова: Чопчу Мандары оҥорор сыал суох этэ

Өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан сахалыы куукула оҥоруутунан дьарыктаммыт туспа суоллаах-иистээх ​Каролина Парфенова куукула нөҥүө бэйэм омугум дьүһүнүн, омук быһыытынан таҥаһын-сабын уратытын көрдөрөбүн диэн санаалаах.
Каролина Парфенова:  Чопчу Мандары оҥорор сыал суох этэ
Ааптар: Вера КАНАЕВА
Бөлөххө киир

Атын дойдуларга куукула оҥоруута, биллэрин курдук, эрдэ киирбитэ. Саха сиригэр маҥнай учууталлар, иитээччилэр үөрэххэ методическай матырыйаал быһыытынан туһанаары оҥорон саҕалаабыт буолуохтарын сөп, ол үксүгэр олоҥхо персонажтара этилэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт Каролина Петровна куукула оҥоруутун 2014 сылтан ылсан баран, билигин үгүстэргэ хатыламмат ураты – саха куукулаларын оҥорон сөхтөрүөн сөхтөрөр.

Каролина Петровна, хас биирдии саҕалааһын уһуйааччылардаах буолар. Эйигин ким үөрэппитэй?

– 2014 сыллаахха ситим нөҥүө Мэҥэ Хаҥаластан Василий Андросов “Саха дьахталларын мэтириэттэрэ” үлэтин олус сэргии көрбүтүм уонна, хайдах уонна тугунан оҥорорун билээри, бассаабыгар суруйбутум. Оннук суруйсан ыйыталаһан, бастакы куукулабын киниэхэ сүбэлэтэн оҥорбутум. Онтон хамсыыр сүһүөхтээх куукуланы интэриниэттэн көрөн бэйэм боруобалаан саҕалаабытым.

– Куукула курдук уустук көрүҥү ыллыҥ да оҥорботох буолуохтааххын. Манна айылҕаттан уус-иис идэлээҕиҥ эбэтэр бу эйгэҕэ сыһыаннааҕыҥ олук буолбута саарбахтаммат. Ааҕааччыларга туох идэлээххин, ханна үлэлээбиккин кэпсээ эрэ.

– Мин элбэх оҕолоох ыалга ортоку оҕонон төрөөбүтүм. Ийэм арааһы бары иистэнэрэ, аҕам эмиэ илиитигэр дьоҕурдааҕа, уһанар этэ. Ол иһин буолуо, бииргэ төрөөбүттэр бары ону-маны оҥоро, тигэ, уһана улааппыппыт. Сатабылыҥ эбилик буоллаҕына, киһи баҕарар баҕатын толорор дии саныыбын. Мин огранщик идэлээхпин. Бэрдьигэстээххэ, онтон Покровскайга алмааһы кырыылыыр собуоттарга үлэлии сылдьыбытым. Кып-кыра таастары кырыылаан, этэргэ дылы, кустук өҥүнэн күлүмүрдүүр айымньы оҥорон таһаараҕын. Бу идэм олохпор саҥа саҕалааһыннарбар, ылыммыт сыалбын толорорбор, кэрэни, кэрэхсэнэри оҥорон таһаарарбар олус көмөлөстө дии саныыбын. Билигин, кэм-кэрдии бэрээдэгинэн, биэнсийэҕэ олорон айабын-тутабын.

– Мин саныахпар, айар-тутар дьон, ситтим-хоттум, киэҥ эйгэҕэ үлэм тарҕанна дии санаатахтарына, быыстапка тэрийээччилэр. Эн быыстапка тэрийдиҥ дуо?

– Тус айар быыстапкабын оҥоро иликпин. Ол эрээри, күрэстэргэ кыттан, бириистээх миэстэлэргэ тиксэбин. Инникитин быыстапка тэрийэр былаан баар.

– Бу ыйга ситимҥэ Мандар Уус куукула уобараһынан тарҕанна. Көрбүт эрэ сөҕүү-махтайыы буоллубут. Хайдах, туох санааттан уус, ойууһут Мандар Ууһу оҥорорго холоннуҥ?

– Сыллата “Якутия мастеровая” диэн өрөспүүбүлүкэ таһымнаах быыстапкаҕа кыттабын. Куукула оҥорооччулар бэйэбит туспа сойуустаахпыт. Быйылгы быыстапкаҕа “Симэх” норуот искусствотын киинэ тэриллибитэ 30 сылын бэлиэтиэхтээхтэрин истэн, араас улуус куукуланан дьарыгырааччыларыныын сүбэлэһэн, уус-уран дьарыктаах дьону оҥорорго быһаарыммыппыт. Бэйэм бастаан быысапкалыы олорор кыыһы оҥорор санаалаах этим. Онтон эр дьону оҥорор баҕалаах киһи суоҕун көрөн, тимир ууһун оҥорон саҕалаабытым. Чопчу Мандары оҥоруом диэн сыал суох этэ. Биир төбөнү оҥорон бөлөххө таһаарбыппар, Мандары оҥордуҥ дуо диэбиттэрэ. Онно дьэ «майгынныыр эбит да, сирэйэ төгүрүк буолбут» диэн уларытан, көннөрөн биэрбитим, үчүгэйэ диэн, интэриниэккэ Мандар Уус хаартыската элбэх буолан, тэҥнээн көрөн оҥорорго көмө буолбута. Ситэ бүтэ илигинэ бөлөххө ыыппытым, хомойуох иһин, тута тарҕанан хаалбыта. Дьиҥэр, быыстапкаҕа эрэ көрдөрөр санаалаах этим.

– Куукула оҥоруута төһө уустугуй?

– Куукуланы илииҥ сылааһынан оҥорон таһаараҕын. Анал матырыйаал сакаастаан, атыылаһан ылаҕын. Элбэх анал тэрил наада. Боростуой боробулуохаттан саҕалаан, полимернай туойугар, атыннык эттэххэ, “тымныы фарфоругар” тиийэ. Оҥоруу тиэхиньикэтин баһылаатахха, оннук уустуга суох. Киһи баҕарыан, ол баҕатын олоххо киллэрэргэ дьулуһуон эрэ наада. Куурбутун-хаппытын кэннэ хайдах баҕараргынан, санааҥ хайдах сытарынан таҥыннараҕын. Айбыт уобараһыҥ куукула буолан ситтэҕинэ-хоттоҕуна, киһи дуоһуйууну ылар. Ис санааҕыттан, иэйииҥ ыйыытынан айыллыбыт куукулаларгын ааҕа билэҕин.

– Бэйэҥ билигин уһуйааччы буола үүннүҥ. Маастар-кылаастары ыытаҕыҥ дуо?

– Маастар-кылаастары ыытабын. Иҥэриммит билиибин үллэстэбин, киһи сатабылын дьоҥҥо тарҕатыахтаах диэн өйдөбүллээхпин. Киһи киһиттэн үөрэнэр.

– Куукула оҕо саас аргыһа буолар. Оҕо сааскар сөбүлээн оонньуур куукулалаах этиҥ дуо?

– Биһиги бииргэ төрөөбүттэр ахсыа этибит. Үксүн таһырдьа сүүрэ-көтө оонньуурбут. Оччолорго элбэх оҕолоох ыал ахсын оннук этэ. Арай алтыс-сэттис кылаастарга чугас ыалларбыт оҕолоро алдьаммыт куукулаларын оҥорторор этилэр. Ону сэргэ сыахай диэн ааттанар кумааҕы куукула уруһуйдаан, таҥыннара оонньуурбут.

– Куукула оонньуур буолан аралдьытартан атын киһиэхэ тугу биэрэрий?

– Биллэн турар, куукула – оонньуур. Ол гынан баран куукуланы дьиэ киэргэлэ оҥостор, сэҥээрэр, мунньар дьон эмиэ баар. Ол аата куукула искусство биир көрүҥэ эмиэ буолар. Оттон мин куукула нөҥүө бэйэм омугум дьүһүнүн, омук быһыытынан таҥаһын-сабын уратытын көрдөрөр сыаллаах-соруктаах дьарыктанабын.

– Каролина Петровна, дьоҕурдаах киһи биир эрэ хайысханан дьарыктамматаҕыҥ буолуо. Эбии тугунан үлүһүйэҕиний?

– Саха дьахтара буоларбынан, сахам таҥаһын тиктэбин. Сахалыы кыһыҥҥы сону дьабакалаан, үтүлүктээн тикпитим. Онон өбүгэм үгэһин тутуһан, мааны соннонон, саха буолан сандаарабын, дьахтар буолан киэргэнэбин. Оҕолорум кыраларыгар авангард муоданы туостан айар этим. Биир кыыһым оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан оҕуруонан симэхтэри оҥорбута. Ити кэмнэргэ бүөрүм куһаҕан ыарыы буолан, балыыһаттан балыыһаҕа сылдьарым. Ону ол диэбэккэ, олоххо тардыһыы күүһүнэн, айа-тута, оҕуруонан илин-кэлин кэбиһэр, бастыҥа оҥорбутум. Дьоҕурум ыарыыны кыайарбар көмөлөспүтэ. Онтон үгэс ньыматынан 2018 сыллаахтан Светлана Петрова биир ыйдаах куурсугар үөрэнэммин, сахалыы сонум комплегын хамсык кэмигэр олорон тикпитим.

– Киһи аата олоҕун устата быстыспат ситим, олоҕун укулаатыгар кытта дьайар. Каролина диэн сахаларга сэдэх аат. Төрөппүттэриҥ бу ааты тоҕо биэрбиттэрий?

– Миигин ийэм салайар кылааһын оҕолоро глобустан көрөн ааттаабыттар үһү. Билэрбит курдук, Каролина диэн Америка биир штатын аата.

– Ол аата ийэҥ учуутал буоллаҕа?

– Оннук. Ийэм Анна Даниловна Терентьева Сунтаар улууһуттан төрүттээх, “Учууталлар учууталлара” үрдүк ааты сүгэрэ, 40 сыл устата оскуолаҕа үлэлээбитэ. Аҕам Петр Петрович Терентьев Горнай оройуонун Күөрэлээҕиттэн төрүттээх. Зоотехник үөрэхтээх этэ, управляющайынан, суоппарынан үлэлии сылдьыбыта. Бэйэм сирдээҕи аналбын толорон, дьиэ кэргэн ийэтэ, эбэтэ буолан олоробун. Кэргэним Егор Кириллович Парфенов Горнай Мытааҕыттан төрүттээх. Билигин иккиэн биэнсийэҕэ олоробут, үс кыыстаахпыт. Кыргыттар бары ыаллар, тоҕус сиэннээхпит. Онтон ордук дьол баарын билбэппит.

– Көмүс тарбахтаах Каролина Петровна, кэпсээниҥ иһин махтанабын. Инникитин даҕаны дьарыккын үөрэтэ, тарҕата, саҥаттан саҥа уобарастары айа-тута тураргар баҕарабын. Өрүү чөл буолуу, этэҥҥэ сылдьыы эҥэрдэстин!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...