Көстүбэт «фронт» үлэһиттэрэ
Хамсык ыарыы туруоҕуттан үйэлэригэр ыалдьыбатах, балыыһа, эмп, укуол диэни билбэтэх элбэх киһи доруобуйата айгыраата, сылы-сылынан бу ыарыы баарын биллэрэн, сүһүөх, сүрэх, тыҥа мөлтөөтө. Бу кэмҥэ дьэ үрүҥ халааттаах аанньалларбыт күн-ый буоллулар, этэргэ дылы, инники кирбиигэ күүстэрин харыстаабакка, утуйар ууларын умнан үлэлээтилэр. Онуоха биһиги үрүҥ тыыммытын өллөйдөөбүт быраастарбыт барахсаттарга махталбыт муҥура суох.
Оччолорго анаалыс, ПЦР туттарыыта күннэри-түүннэри ыытыллара, түмүгэ нэдиэлэнэн кытары кэлэрэ, ону ааһан бастаан атын куораттарга эрэ оҥоһуллара.
Бүгүн мин ааҕааччыларбар СӨ Саха сиринээҕи клиническэй балыыһа бактериологическай лабораториятын, кинилэр биһиги харахпытыгар көстүбэт эрээри олус туһалаах, наадалаах үлэлэрин туһунан билиһиннэриэм.
Бастакы хардыылар
Бактериологическай лаборатория XX үйэ 50-с сылларын ортотугар үлэлээн киирэн барбыта. Оччолорго Дьокуускайга инфекционнай ыарыы элбээн, нэһилиэнньэ ортотугар дифтерия, брюшной тиф, паратиф, дизентерия курдук ыарыылар өрө турбуттара. Онон куораппытыгар бактериологическай сулууспаны тэрийэр боппуруос тирээбитэ.
1957 сыллаахха нэһилиэнньэҕэ медицинскэй көмөнү оҥорууну кэҥэтэр сыалтан ССРС, САССР Доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтин, Дьокуускай куораттааҕы доруобуйа харыстабылын салаатын бирикээстэринэн “дифтерийнэй отделение” базатыгар бактериологическай салааны арыйар туһунан быһаарыы ылыллыбыта. Ол саҕана Орджоникидзе аатынан куорат балыыһатын инфекционнай корпуһугар икки кыра хоско оборудование туруорбуттара – автоклав уонна термостат. Манна 1 быраас, ону тэҥэ лаборант уонна санитарка штатын арыйбыттара. Саҥа салааны эдэр исписэлиис Раиса Александровна Белялова тэрийэн арыйбыта уонна бастакы сэбиэдиссэй буолбута.
Ити кэмтэн элбэх хаар ууллан, күн-дьыл уларыйан, сайдыы баран, билигин лабораторнай сулууспа үлэтэ кэҥээн, элбээн, үгүс сыраны, үлэни нэһилиэнньэ доруобуйатын туһугар биэрэрин бэйэм баран илэ харахпынан көрөн кэллим.
Оччолорго быыкаа икки хостон турар лаборатория билигин киэҥ-куоҥ, сырдык, араас аныгы оборудованиенан толору. Саха сиригэр биир инники күөҥҥэ турар бактериологическай лаборатория СӨ Саха сиринээҕи клиническэй балыыһатын иһинэн тигинэччи үлэлии олорор.
Тугунан дьарыктанар тэрилтэний?
Ааҕааччыларбар кэпсиир лабораториям туһунан билиһиннэрэр буоллахха, икки сүрүн хайысханан үлэлиир:
• Стационарнай уонна амбулаторнай ыарыһахтартан араас биологическай матырыйаалларга диагностическай, микробиологическай чинчийиилэр оҥоһуллаллар.
• Балыыһаларбытын инфекционнай хонтуруолга ылар: балыыһа малларыттан бактерияларга чинчийии оҥорор, медицинаҕа аналлаах оҥоһуктары уонна стерилизационнай отделение матырыйаалларын ыраас буолууга хонтуруоллуур.
Аныгы көлүөнэ үрдүк технологическай оборудованиетын көмөтүнэн урукку кыахтарыгар тэҥнээтэххэ билигин микробиологическай чинчийиилэр болдьохторо кылгаан, хаачыстыбалара үрдээн, тупсан биэрбит, онон инфекционнай ыарыылары диагностааһын түргэтээбит.
Марина Владимировна Бухарова, сэбиэдиссэй, 1-кы категориялаах бактериолог быраас:
Кэлэктииппитигэр 30-пут: 6 быраас, 15 лаборант, 5 санитар уонна 3 хомуйааччы, сиэстэрэ-хаһаайка баар.
Биһиги отделениебыт толору кыамталаах үлэлии олорор, аныгы үйэҕэ ирдэнэр оборудованиелаахпыт, бары чинчийиилэри: бактеорологическай, диагностическай толору оҥоробут. Куорат балыыһаларыгар сытар ыарыһахтар анаалыстара манна оҥоһуллар. Күҥҥэ 250 чинчийиини оҥоробут, онно микрофлора, ис-үөс, оһоҕос, салгынынан бэриллэр ыарыылар уонна санитарнай-бактериальнай чинчийии ыытыллар. Балыыһа корпустарыттан биһиэхэ анаалыстары күннэтэ аҕалаллар.
Сылга уопсайа 50000 тахса анаалыс оҥоһуллар.
Лаборатория үлэтин хаачыстыбата Москва куорат – ФСВОК лабораторнай чинчийии клиническэй хонтуруол тас киининэн уонна хаачыстыба хонтуруолун ис киининэн хонтуруолланар.
Лабораториябытыгар идэлээх таһыммытын үрдэтэргэ куруук тематическай семинардар уонна конференциялар ыытыллаллар, манна бары үлэһиттэр, үрдүк, ортоку звено буоллун кытталлар, ону таһынан вебинардарга, онлайн куурустарга билиибитин үрдэтэр туһуттан куруук кыттабыт, үөрэтэр конгресстарга сылдьабыт. Кулун тутарга Кулаков аатынан Перинатальнай кииҥҥэ Москваҕа уопут атастаһан кэлбитим. Бу олус интэриэһинэй практика, бэйэҕэр саҥа ньымалары ылан, манна олоххо киллэрэҕин.
Кэлэктииппит олус иллээх, араас тэрээһиннэри көхтөөхтүк ыытабыт, спортивнай буоллун, 1 Маай параада буоллун, барытыгар актыыбынайдык кыттабыт, Медик күнүгэр эбэһээт тахсабыт, куонкурустарга кыттабыт. Саас буолла да субуотунньуктары тэрийэбит, сибэкки арааһын үүннэрэбит, онтубутун сайынын көрөбүт-харайабыт. Анал байыаннай дьайыыга сылдьар буойуннарбытыгар көмө харчы хомуйбуппут, бэтэрээннэрбитигэр Кыайыы күнүгэр сыллата сылдьабыт, эҕэрдэлиибит. Бастакы сэбиэдиссэйбит, лабораторияны тэрийсибит Раиса Александровна Белялова билигин 94 саастаах, этэҥҥэ сылдьар, биһигини үөрэ-көтө көрсөр.
Биһиги тэрилтэбитигэр бэриниилээхтик үлэлии сылдьар убаастыыр дьоммун ааттыахпын баҕарабын: ол курдук 38 сыл эҥкилэ суох харыс сир халбарыйбакка үлэлиир бактериолог быраас Ирина Георгиевна Мамуркова, отучча сыл үлэлиир фельдшер-лаборант кыргыттар Саргылана Николаевна Кириллина, Александра Федоровна Доргонова, ону тэҥэ Сардаана Гаврильевна Бережнева уонна Тамара Семеновна Болошкинова эмиэ уһуннук үлэлээн кэллилэр.
Былырыын модернизация быһыытынан аныгы кэмҥэ толору эппиэттиир, олус сыаналаах масс-спектрометр «Vitek MS» диэн анализатор уонна ПЦР ылбыппыт. Саҥа оборудование көмөтүнэн урут икки-түөрт күн оҥоһуллар анаалыһы билигин биир-икки күн оҥорон түмүгү биэрэбит. Бу үлэбитигэр олус көмөлөөх. Уопсайынан, хааччыллыыбыт үчүгэй, базабыт күүстээх.
Маныаха, биллэн турар, кылаабынай бырааспыт Николай Николаевич Васильев өҥөтө, кыһамньыта улахан.
Быраастар сүрүн үлэбит үүммүт микроорганизмнары быһаарыы уонна сөптөөх антибиотиктары талан биэрии. Убаастабыллаах Саха сирин олохтоохторо, антибиотигы быраас анааһына суох иһэртэн туттунаргытын сүбэлиибит.
Суһал көмө станциятыгар баар эрдэхпитинэ дьон билэрэ, үгүстүк сылдьара. Билигин Стадухин уулусса, 81, 2-с корпуһугар үлэлии олоробут (урукку икки этээстээх иккис нүөмэрдээх төрүүр дьиэ), манна көспүппүт кэннэ сүтэрдилэр, билбэттэр. Микробиологическай анаалыс араас көрүҥүн оҥоробут: холобур, дизгруппа (дизентерийнай группа), стафилоккок анаалыстара, микрофлора, брюшной тиф, дисбактериоз уо.д.а. күннэтэ тутабыт. Маннык анаалыстарга наадыйар дьон кэлэн биһиэхэ туттарыаххытын сөп. Билсэр төлөпүөҥҥүт: 50-75-66
Татьяна Жондорова, 2013 сылтан үлэлиир, младшай медперсонал:
— Бэйэм ДьТХА-ны бүтэрбитим. Кэлэктииппит үчүгэй, эйэлээх, үксэ эдэрдэр. Биһиги сүрүн үлэбит диэн лабораторнай иһиттэри, пробиркалары, чааскылары (чашка) сууйан, куурдан баран “сухожаровой” ыскаапка ыыттарабыт. Онуоха ыраас, хаачыстыба иһин кыһаллан үлэлиибит. Күҥҥэ аҥаардас 500-тэн тахса чааскы сууйуллар. Мойкаҕа барыта автоклав нөҥүө ыытыллан кэлэр. Кыргыттарым Тамара Болошкинова, Сардаана Бережнёва, Луиза Андреева, Люда Синенкова бары эйэлээхтик биир хамаанда буолан үлэлии сылдьабыт. Баҕарыам этэ лабораториябыт сайда, кэҥии турарыгар. Маны таһынан бииргэ алтыһан ааспыт, бииргэ үлэлээбит дьоммор – бактериолог быраастар Софья Никифоровна Кириллинаҕа, Анна Сергеевна Попковаҕа сүбэҕит-амаҕыт, кыһамньыгыт иһин махталбын тириэрдэбин.
Саргылана Кириллина уонна Александра Доргонова, 1996 сылтан лаборанынан үлэлии сылдьаллар, үрдүк категориялаахтар, СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуннара:
— Үлэлээбиппит номнуо 27-с сыла. Ол кэмҥэ лаборатория сэбиэдиссэйэ Зинаида Ивановна Седалищева: “Дипломҥутун туттаххытына биир ый сынньанан баран биһиэхэ үлэлии кэлээриҥ”, - диэн ыҥырбыта. Кини эппитин курдук биир ый дойдубутугар баран сынньанан кэлэн баран үлэлии тахсыбыппыт. Онтон ыла атын сиргэ халбаҥнаабакка күн бүгүнүгэр диэри бииргэ үлэлии-хамсыы сылдьабыт. Үлэбит сэттэ аҥаар чаастан саҕаланар. Кэлээт үлэбит миэстэтин бэлэмниибит, анаалыстарбытын термостаттан таһаарабыт, питательнай средаларбытын сылытабыт. Аҕыс иннинэ номнуо анаалыс аҕалан отделениелар уочараттаан тураллар. Олору тутан, сурунаалларга киллэрэбит уонна араас питательнай средаларга ыһабыт. Барытын термостаттарга угабыт. Сарсыныгар быраастар үүммүт бактериялары көрөн үлэ биэрэллэр, ханнык антибиотик туһалыырын быһаараллар. Нэдиэлэҕэ биирдэ отделениеларбыт ыраастарын бэрэбиэркэлиибит. Бу үлэлээбит кэммит кэрдиис кэмнэригэр лабораторнай диагностика оччолортон сайдыытын көрөммүт үөрэбит да, астынабыт даҕаны. Биһиги онно эмиэ кылааппытын киллэрсибиппит диэн киэн туттабыт. Үлэбитин олус сөбүлүүбүт, дьоҥҥо туһалаах курдук сананабыт. Бииргэ үлэлээн кэлбит, биһигини үөрэппит, уопуттарын үллэстибит настаабынньыктарбытын куруук ахта-саныы сылдьабыт, ол курдук кинилэргэ махтал истиҥ тылларын аныыбыт уонна ааттаталыахпытын баҕарабыт: Тамара Васильевна Шестакова, Лена Павловна Необутова, Надежда Егоровна Поскачина, Людмила Алексеевна Шаграй, Юлия Васильевна Эйдемиллер, Софья Никифоровна Кириллина, Галина Васильевна Иванова, Людмила Николаевна Логинова, үйэ аҥаара үлэлээн кэлбит үлэ бэтэрээнэ, биэлсэр-лаборант Людмила Александровна Антипова.
Быйыл лабораторнай диагностика 100 сылын бэлиэтиибит, онон бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрбитин, өрөспүүбүлүкэбит лабораторияларыгар үлэлиир биир идэлээхтэрбитин истиҥник эҕэрдэлиибит, сибэккинэн симэммит кэрэ олохтонуҥ, чэгиэн туруктаныҥ, ыалдьар диэни билимэҥ, уһун, баай-байылыат олохтонуҥ!