30.08.2021 | 14:30

Күндү бэлэх

Ааптар: Итэҕэл
Бөлөххө киир

Ыам ыйын бүтэһик күннэрэ. Айылҕа барахсан көҕөрө киэркэйэн, мутукча сытынан дыргыйан, тыынар тыыннаах барыта сырдыкка, кэрэҕэ талаһар кэмэ. Бүгүн Бүөтүр оҕонньор ампаарын малын салгылатан түбүгүрэ сылдьар. Улахан сундуугун күлүүһүн арыйда уонна ол иһиттэн кичэллик ууруллубут холбукатын сэрэнэн илиитигэр ылан, кимиэхэ эрэ туһаайан этэрдии ботугуруур быластаан кэпсэттэ. Чочумча соҕус сүрэҕэр сыһыары тутан, сылаас тыын биллибитигэр көҥүл ылбыт киһилии сирэйэ-хараҕа көнньүөрэн, ньилбэгэр ууран олорон борсойбут сүһүөхтээх бакыйбыт тарбахтарын иминэн мас холбукаҕа оҥо хаһан ойууламмыт оһуору батыһа имэрийдэ уонна сэрэниин-сэрэнэн холбукатын арыйда. 
Ампаар иһигэр борук сорукка эбии уу чуумпу сатыылаата. Бүөтүр ааспыт кэм долгунугар уйдаран, Даайыһын санаан уйадыйа быһыытыйда. Өр кэм устата иһигэр иитиэхтии сылдьыбыт кистэлэҥин кэпсиир кэмэ кэлбититтэн долгуйарга дылы. Сукунаҕа сууламмыт күндү бэлэҕин аа-дьуо сүөрэн, бэйэтин кыра, дьоҕус ытыһыгар бигээн ылла. Бу түгэҥҥэ Бүөтүр хараҕар оччолорго дьоһуннаах Петр уол кэрэ бэйэлээх Даша кыыстыын сиэттиһэн эдэр саас ыллыгынан сирдээтилэр.
Эмискэ ампаар аттыгар «Эһээ, эһээ» диэн аймаммыт саҥа иһилиннэ. Ол Бүөтүр соҕотох кыыс сиэнэ Күннэй. Кини быйыл оскуолатын бүтэрэн, олох киэҥ аартыгар үктэнэр эппиэтинэстээх күннэрэ. Күннэй диэн ааты Бүөтүр кэргэнэ Даайыс биэрбитэ. Хомойуох иһин, Даайыс сиэнэ улаатарын көрбөккө, күн сириттэн соһуччу күрэммитэ. Даайыс баара буоллар, бүгүҥҥү күндү бэлэхтэрин сиэннэригэр үөрэ-көтө иккиэн бэлэхтиэхтээх этилэр.
Бүөтүр ол саҥаттан соһуйан, сиэтиллэн испит ыллыгыттан туора хааман, санаатын ситимэ ыһылынна. Аһаҕас турар ампаары көрөн, Күннэй күн курдук сандааран киирэн кэллэ. Эһэтин көрөн: «Эһээ, эһээ, мин эйигин көрдөөн айманным аҕай ээ, манна олорор эбиккин дии, тугу гынаҕын, бу тугуй эһээ?» – диэн биир тыынынан кутан-симэн кэбистэ. Онуоха эһэтэ: «Хата, тоҕоостоох түгэн көһүннэ ээ» диэн иһигэр үөрэ, сиэнигэр махтана санаата. Итиэннэ эмиэ да соһуйбут, эмиэ да долгуйбут куолаһынан: «Уоскуй, тоойуом, мин тиэргэнтэн ырааппаппын билэҕин дии, ыл, хата, ити олох маһы ылан мин таспар кэлэн олор уонна болҕойон иһит», – диэн Бүөтүр кэпсээнин саҕалаата.
«Оччолорго мин эйигиттэн эрэ аҕа саастааҕым, эбэҥ Даайыс эн саастыы этэ. Оскуоланы саҥа бүтэрэн дьүөгэ кыргыттарыныын сайылыкка ыанньыксытынан ананан кэлбиттэрэ. Мин иккис сылбын бостууктуурум. Эдэр дьон аҕыйах кэм иһигэр бэйэ бэйэбитин билсэн, ол сыл күһүнүгэр ыал буолбуппут. Ыал буолар күммэр Даайыспар быыкаайык хомус бэлэхтээбитим. Оо... онно сэгэрим үөрбүт харахтарын олох умнубаппын. Ол күн эдэркээн уоллаах кыыс бу хомуска тапталга билинэн олбу-солбу хоһуйа оонньообуппут, бэйэ бэйэбитигэр бигэ тыл биэрбиппит. Даайыһым барахсан баара буоллар бүгүн үс бүк дьоллонуо этэ...» – диэн Бүөтүр куолаһа титирэстээн ылла. Ытыһыгар тутан олорбут хомуһун оргууйдук сиэн кыыһыгар утары уунна: «Тоойуом, Күннэйигим, дьэ эбэҥ Даайыс кэриэһин толоробун. Бу дьоҕус эрээри, олус улахан суолталаах күндү бэлэҕи үйэҥ тухары харыстаан илдьэ сырыт, сүтэримэ. Олоҕуҥ тухары үйэттэн үйэҕэ бу курдук бастакы кыыс сиэҥҥэ дьолу түстүү ситими быспакка бэлэхтэнэн баран истин. Эбээлээх эһээҥ тапталларын туоһута, ымыы буолбут күндү бэлэҕи бэлиэ түгэннэргэр түбэһиннэрэ ыллатар, тыаһатар буолаар», – диэн кырдьаҕас киһи быһыытынан олус истиҥник ис иһиттэн иэйэн бэлэҕин уунна, сөптөөхтүк сүбэлээтэ.
Күннэй күндү бэлэҕин кырачаан ытыһыгар ыга тутан хомус сүдү күүһүн иҥэриннэ. Эһэтэ эппит тылларын, биири даҕаны көтүппэккэ, болҕойон иһиттэ. Ол кэннэ имигэс тарбахтарынан ылан, уостарыгар даҕайа тутан тиһиллэр тыл хомуһунун, куолайыгар кутуллар кылыһаҕы, түөстэригэр тэбиэлиир тэтими сыыйа тардан таһаарда. Хомус барахсаны этитэн, тимир тылын ыллатан дьүрүһүтэ дьиэрэттэ. Хоҥкуната хоһуйан көй салгыҥҥа, көҥүл көччүйэр үрдүккэ көтүттэ. 
Бу кэрэ тыас Бүөтүр сүрэҕин кылларын таарыйан кини санаатыгар Даайыһыныын тапталлара иккистээн тиллэргэ дылы буолла. Үйэлэргэ умсугута таласта добун дорҕоон тиксэр кытылын диэки... Үөһэттэн этитии тэҥэ көттө кэс тыл кынаттаах атыгар олорсон. Сиэн кыыс илиитин имиттэн иччилэнэн хоҥкунаата күндү бэлэх таптыыр тэтимин тыынынан. Хомус тыаһынан арчыланан, сүүрдэ сырдык сүүрээн самаан сайыны уруйдуу, олох киэҥ аартыгар алгыы, таптал тыыннааҕын, ситим салҕанарын туоһулуу. 
Бүөтүр оҕонньор олоҕун усталаах туоратыгар бу бэлэхтэн ордук, дьол минньигэс амтанын амтаһыйартан күндү туох да суоҕун бүгүн өссө ордук итэҕэйдэ. Сүрэх баҕатын сүһүөх уйдар, бастакы кыыс хос сиэни көрбүт киһи диэн баҕа санаа Бүөтүр сүрэҕэр уйаланна.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...