Күндү Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтара, тыыл бэтэрээннэрэ, сэрии сылларын оҕолоро!
Ытыктабыллаах киин куорат олохтоохторо!
Дьокуускай куорат олохтоох дьаһалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Кыайыы үбүлүөйдээх 75 сылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Ыам ыйын 9 күнэ – биир саамай сүрүн уонна ытык бырааһынньык. Кыайыы күнэ биһиэхэ – сэбиэскэй норуот тулуурун, дьулуурун, хорсун быһыытын кэрэһитэ. Биһиги, аныгы көлүөнэ дьон, бэйэбитин ити хаачыстыбалар нэһилиэнньиктэринэн ааҕынабыт. Ол да иһин кыайыылаах норуот тулхадыйбат холобурун үйэлэргэ хаалларар, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэр ытык иэстээхпит.
Бу харах уулаах бырааһынньык олохтоммута 75 сыл буолла. Төһө да сыл, хонук аастын, умнуллубат күн. Тоҕо диэтэххэ бу Улуу Кыайыы тугунан да оһоруллубат бааһынан ситиһиллибитэ.
Саха сирэ фроҥҥа 62 тыһыынча саллааты ыыппыта. Дьокуускай куораттааҕы военкомат сэриигэ 20 тыһыынчаттан тахса саллааты атаарбыта. Кинилэртэн үгүстэрэ сэрии толоонугар хаалбыттара. 24 киһи Сэбиэскэй Сойуус Геройун үрдүк аатын ылар чиэскэ тиксибитэ, тыһыынчанан биир дойдулаахпыт бойобуой уордьаннарынан уонна мэтээллэринэн наҕараадаламмыттара. Ол эрээри биһиги куораппыт, өрөспүүбүлүкэбит историятыгар хас биирдии саллаат сырдык аата көмүс буукубаларынан суруллар.
Улуу Кыайыыны кыргыһыы толоонугар эрэ буолбакка, тыылга эмиэ уһансыбыттара. Оҕо, дьахтар, кырдьаҕастар – бука бары олохторун, тыыннарын толук уурары кэрэйбэккэ, күргүөмнээх, килбиэннээх үлэлэринэн Кыайыы сырдык күнүн чугаһатыспыттара. Быйылгы үбүлүөйдээх сылынан биһиги, уопсастыбаннас көҕүлээһининэн, өрөспүүбүлүкэбит киин куоратыгар «Килбиэннээх үлэ куората» аат иҥэриллэрин турруорсан эрэбит. Бу махталлаах дьыалаҕа ким баҕалаах бэйэтин сэмэй кылаатын киллэрэн, кыайыы сырдык күнүн чугаһатыспыт эбээлэрин, эһээлэрин ааттарын үйэтитэр кыахтаах.
Күндү доҕоттор! Быйыл биһиги хаһааҥҥытааҕар да долгуйан, дириҥник курутуйан туран, бэтэрээннэрбитин чиэстиибит. Урукку курдук киэҥник буолбакка, ол эрээри онтон итэҕэһэ суох ис сүрэхтэн, долгуйан, махтанан туран күндүттэн күндүнү – эйэлээх олоҕу бэлэх ууммут бэтэрээннэрбитин Улуу Кыайыы күнүнэн эҕэрдэлиибит! Эһиэхэ, күндү дьоммутугар, уһун үйэни, этэҥҥэ буолууну баҕарабын!
Дьокуускай куорат баһылыга Сардаана Авксентьева