09.12.2024 | 23:48

«Күн төгүрүк алаадьыта» ырысыаптар

«Күн төгүрүк алаадьыта» ырысыаптар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Лабырык (уоһах алаадьыта)

Састааба:

– 800 мл ынах уоһаҕа;

– 1ч. нь. туус;

– 650 г бурдук;

– 40 мл мас арыыта.

Уоһахха туус кутабыт, бурдук эбэн ытыйабыт. Тиэстэ хойуута блины тиэстэтини курдук буолуохтаах. Хобордооҕу мас арыытынан сотобут, тиэстэни халыччы кутан баран, духуопкаҕа 180-200 кыраадыска уурабыт. Лабырык үллэ буһар. Буспутун кэннэ арыыга эбэтэр сүөгэйгэ умньаан сиибит.

 

Сэлиэһинэй алаадьыта

Састааба:

– 350 мл үүт;

– 150 мл уу;

– 1 ч.нь. туус;

– 1 сымыыт;

– 600 г сэлиэһинэй бурдук;

– мас арыыта.

Сылаас үүккэ ууну холбоон, тууһу, сымыыты кутан, тиэстэни ытыйабыт. Салгыы бурдугу кутан, хойуу сүөгэй курдук буолуор диэри ытыйан, тиэстэни бэлэмниибит.

Үчүгэйдик сылыйбыт чугуун хобордооххо мас арыытын кутан, тиэстэни биир тэҥ гына төгүрүтэн кутабыт. Эргитэ сылдьан, саһарыар диэри буһарабыт.

 

Алгыс алаадьыта

Састааба:

– 250 г биэ үүтэ;

– 1 сымыыт;

– 1/2 ч.нь. туус;

– 2,5 ыстакаан бурдук;

– мас арыыта.

Сылаас үүккэ (сарсыарда ыаммыт биэ үүтэ ордук) тууһу, сымыыты кутабыт, ытыйабыт. Бурдугу эбэн, хойуу соҕус тиэстэ бэлэмниибит. Тиэстэни “сынньатабыт”. Мас арыылаах итийбит хобордооххо, тиэстэни биир тэҥник төгүрүктүү кутан, алаадьылары буһарабыт.

Буспут алаадьылары арыылаан, дьэдьэннээн, отонноон сандалыга уурабыт.

 

Ойбон алаадьыта

Састааба:

– 2 ыстакаан үүт;

– 1 ыстакаан уу;

– 1 сымыыт;

– 1 ч. нь. туус;

– 3 ыстакаан бурдук;

– 30 мл мас арыыта;

– 150-200 г ынах арыыта.

Үүккэ ууну холбуубут, сымыыты, тууһу, бурдугу эбэн, алаадьы тиэстэтин оҥоробут. Алаадьылары итии хобордооххо мас арыытыгар буһарабыт. Буспут алаадьыны иһиккэ төгүрүччү ууран, үрдүгэр ууллубут ынах арыытын кутабыт. Ойбон алаадьытын итиилии сиэниллэр.

Атыннык бу алаадьыны “кэһии алаадьыта” дэнэр, тоҥорон баран, кэһии гынан ыытаҕын. Сахаларга, бурдук кэлиэҕиттэн, үүннэриллиэҕиттэн, алаадьы диэн күҥҥэ майгынныыр күндү-мааны ас буолар.

 

Үөрэ отун силистээх алаадьы

Састааба:

– 40-50 г үөрэ отун силиһэ;

– 150 мл үүт;

– 100 мл уу;

– 1 ч.нь. туус;

– 1 сымыыт;

– 400-500 г сиидэлэммит бурдук;

– мас арыыта.

 

Үөрэ отун силистэри ньылбырыта ылан мэлийэбит. Атын иһиккэ үүтү, ууну холбоон, сымыыты, тууһу, бурдугу кутан тиэстэ охсобут. Ол кэннэ тиэстэҕэ силиһи эбэбит, үчүгэйдик булкуйабыт. Алаадьылары хобордооххо итии мас арыытыгар, икки өттүнэн эргитэ сылдьан, буһарабыт.

Саха отоһут эмчиттэрэ үөрэ отун сүһүөх ыарыыларыгар уруккуттан тутталлар. Ол курдук, бу алаадьы киһи доруобуйатыгар туһалаах, иммунитетын бөҕөргөтөр, ис уорганнарын ыраастыыр.

Тускутугар туһаныҥ, ураты амтаннаах минньигэс алаадьынан чугас дьоҥҥутун  күндүлээҥ!

 

Соболоох алаадьы

Састааба:

– 3-4 собо;

– 1,5 ыстакаан 2,5% үүт;

– ыстакаан 1/3 уу;

– 1 сымыыт;

– 0,5 кг сиидэлэммит бурдук;

– мас арыыта.

 

Бастаан собону бэлэмниибит: хатырыктыыбыт, үөстүүбүт, сууйабыт, лапчааннарын, төбөтүн быһабыт. Эт эрийэргэ эрийтэрэбит. Ол кэннэ тууһу, чосунуогу, хара биэрэһи кутабыт, булкуйабыт.

Туспа иһиккэ үүккэ ууну кутабыт, сымыыты, сиидэлэммит бурдугу эбэн, булкуйабыт. Тиэстэни эриллибит собоҕо кутабыт, ытыйабыт уонна итии хобордооххо мас арыытыгар буһарабыт. Улахан собо көҥүллэммэт, уҥуоҕа кытаанах буолар.

 

Убаһа быарыттан алаадьы

Састааба:

– 0,5 кг убаһа эриллибит быара;

 – 1,5 ыстакаан буспут ириис куруппата;

– 3-4 сымыыт;

– 1 ыстакаан аҥаара үүт;

– 1 кырбаммыт эриэппэ луук;

– 1 ыстакаан сиидэлэммит бурдук;

– бэйэ сөбүлүүрүнэн туус, хара биэрэс тумата;

– мас арыыта.

 

Эриллибит быарга буспут ирииһи кутабыт. Салгыы сымыыты, кырбаммыт луугу, үүтү кутан булкуйабыт, туустуубут, тумалыыбыт. Ол кэннэ сиидэлэммит бурдугу эбэбит, хомуога суох гына булкуйабыт. Алаадьылары итии хобордооххо мас арыытыгар буһарабыт.

 

Оһуукка алаадьы

Састааба:

– 250 мл үүт;

– 1 сымыыт;

– 150 г сыа;

– 1 ч.нь. туус;

– 2 ыстакаан бурдук.

 

Сылаас үүккэ сымыыты, тууһу, бурдугу кутан, хомуога суох тиэстэни бэлэмниибит. Сыаны түөркэлиибит, тиэстэҕэ эбэн буккуйабыт. Итии мас арыылаах хобордооххо алаадьылары икки өттүттэн буһарабыт.

Бу алаадьыны ыал буолар күҥҥэ айах туталлар, ыалдьыттары күндүлүүллэр.

 

Дьаам алаадьыта

Састааба:

– 220 мл суорат;

– 1 сымыыт;

– 60 г саахар;

– 1 ч. нь. 1/6 суода;

– 200 г бурдук.

 

Иһиккэ сымыыты кутабыт, үллүөр диэри ытыйабыт. Ол кэннэ саахар эбэбит, ууллуор диэри булкуйабыт. Онтон суораты кутабыт. Бурдуктуубут, булкуйабыт. Бүтэһиккэ суоданы эбэбит. Суода суораты кытта холбоһон тиэстэни үлүннэрэр.

Итийбит хобордооххо кыра мас арыытыгар алаадьылары икки өттүттэн саһарчы буһарабыт.

Көбдөркөй гына үллүбүт алаадьы амтанныын минньигэс, сыттыын дыргыйан астык буолар.

 

Убаһа хааныттан алаадьы

Састааба:

– 300 мл үүт;

– 350 мл убаһа хаана;

– 1 сымыыт;

– 400 г бурдук;

– 1 ч.нь. туус;

– 30 мл мас арыыта.

Сылаас үүккэ сымыыты, тууһу холбуу булкуйабыт. Ол кэннэ буспут убаһа хаанын эбэн булкуйабыт. Онтон бурдугу кутан, хойуу сүөгэй курдук буолуор диэри ытыйан, тиэстэни бэлэмниибит. Алаадьылары итии хобордооххо мас арыытыгар икки өттүнэн эргитэ сылдьан буһарабыт.

 

Таба тылыттан алаадьы

Састааба:

– 150 г таба тыла;

– 1,5 ыстакаан үүт;

– 0,5 ыстакаан уу;

– 2 сымыыт;

– 1 ч.нь. аҥаара туус;

– 2 ыстакаан бурдук;

– мас арыыта.

 

Бастаан таба тылын эрийэргэ эриттэрэбит. Иһиккэ үүккэ ууну холбоон, сымыыттары, бурдугу эбэн, туустаан-тумалаан, тиэстэни булкуйабыт. Эриллибит таба тылын алаадьы тиэстэтин кытта холбуубут. Сөп буолуор диэри ытыйабыт уонна орто уокка итии хобордооххо мас арыытыгар саһарчы буһарабыт.

 

Лабыкталаах алаадьы

Састааба:

– 250 мл сылаас үүт;

– 150 мл уу;

– 2 сымыыт;

– 1 ч.нь. туус;

– 1 ост. нь. саахар;

– 250 г бурдук;

– 200 г лабыкта;

– 35 мл мас арыыта.

Лабыктаны бэлэмниибит: ыраас, хаппыт лабыктаны ытыска мэлийэн, бороһуок оҥоробут.

Сылаас үүккэ ууну холбуубут, сымыыттары, тууһу, саахары кутабыт. Үчүгэйдик ытыйабыт. Онтон лабыкта бороһуогун, сиидэлээммит бурдугу эбэн, хойуу сүөгэй курдук тиэстэни оҥоробут. Алаадьыны итии хобордооххо мас арыытыгар, икки өттүттэн эргитэ сылдьан буһарабыт.

 

Тайах эттээх алаадьы

Састааба:

– 250 г тайах этэ;

– 1 ыстакаан тайах этин миинэ;

– 1 эриэппэ луук;

– 2 сымыыт;

– 0,5 ыстакаан бурдук;

– 10 г туус;

– хара биэрэс тумата;

 – мас арыыта.

 

Ууга буспут тайах этин бытархай гына быһабыт, туустуубут, хара биэрэһиэн сөбүлүүрбүтүнэн тумалыыбыт. Кыра гына кырбаммыт эриэппэ луугу эбэн булкуйабыт. Эккэ сылаас тайах этин миинин, икки сымыыты уонна ыстакаан аҥаара бурдугу кутан булкуйабыт. Алаадьылары сылыйбыт хобордооххо, эргитэ сылдьан, икки өттүттэн буһарабыт.

Бу алаадьы олус тотоойу иҥэмтэлээх буолар.

 

Алгыс тыллаах, үөрүү үктэллээх астына-дуоһуйа аһааҥ!

 

Хаартыскалар: "Күн төгүрүк алаадьыта"  хомуурунньуктан ылылынна.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...