Күн төгүрүк алаадьы
Урууга, оҕо төрөөтөҕүнэ, малааһыҥҥа, араас сиэргэ-туомҥа, үөрүүгэ да, хомолтоҕо да астаныллар сахалар ытык аспыт – алаадьы. Алаадьы дыргыл сыта салгыны ыраастаан, киһи сүргэтин көтөҕөр, өйүн-санаатын чэбдигирдэр, сылаас-сырдык сүүрээни киһи кутугар иҥэрэр ытык ас буоллаҕа.
"Арчы Дьиэтэ" Духуобунай култуура киинигэр СӨ култууратын туйгуна Любовь Радиковна Константинова - Кыталы Куо «Күн төгүрүк алаадьы» бырайыага 334 кыттааччыны түмтэ.
– Кыталы Куо, бу бырайыагыҥ туһунан сиһилии билиһиннэриэҥ дуо?
– «Күн төгүрүк алаадьы» бырайыак 2016 сылтан баар. Туймаада туонатыгар, дьоллоох Дьокуускай килбэйэр киинигэр «Арчы Дьиэтин» алгыстаах түһүлгэтигэр сылын аайы ыам ыйын 20 күнүгэр Сайылык күнүн көрсө, самаан сайыны уруйдуу ыытыллар.
Хас биирдии омук бэйэтин аһынан киэн туттар. Холобура: армяннар – лаваш диэн лэппиэскэлэринэн, нууччалар – блиныларынан, татаардар – бешбармактарынан, узбектар – пловтарынан, оттон биһиги алаадьыбытынан, көбүөрдээх лэппиэскэбитинэн, саламааппытынан, тоҥ аспытынан киэн туттуох тустаах эрэ буолбатахпыт, кэнэҕэски көлүөнэҕэ норуоппут култууратын, үгэһин быһыытынан тиэрдэр тэрээһиннэри ыытан, үйэтитиэхтээхпит.
Алаадьы олус суолталаах да, минньигэс да аһынан буолар. Өбүгэлэрбит алаадьыны, саламааты кытта тэҥҥэ күндү аска киллэрэн, малааһыннарга, бэлиэ күннэргэ буһарыналлара, айыылары, иччилэри алы гынар, аал уоту аһатар, күндүлүүр, маанылыыр, сиэргэ-туомҥа туттар алгыстаах астара.
– Сылын аайы ыытыллар үгэскэ кубулуйбут тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ ханнык улуустарыттан кыттааччылар баалларый? Манна бэйэ-бэйэлэрин көрөн элбэххэ үөрэнэн эрдэхтэрэ?
– Оннук. Күрэспит тэрээһинигэр сылын аайы анаан-минээн алаадьыны буһарыыга, ис кистэлэҥнэригэр маастар-кылаастар ыытыллаллар. Ол курдук: саха биллиилээх асчыта, «Тыгын Дархан» эрэстэрээн шеф-повара Иннокентий Тарбаховтан, «Атласовтар уһаайбалара» туристическай этно-комплекс салайааччыта уонна минньигэс, ураты астаах шеф-повара Николай Атласовтан, «Сэттис халлаан» эрэстэрээн шеф-повара Иван Решетниковтан үгүс сүмэлээх сүбэлэрин иһиттибит, туспутугар туһанныбыт.
Бу сыллар тухары алаадьы эгэлгэтэ астанна. Ол курдук, итиртэн, кииһилэттэн, үөрэ оттон, чучунаахтан, таба тылыттан, тайах этиттэн, убаһа быарыттан, балыктан... кытта араас алаадьы астаммытын ааҕан сиппэккин.
Алаадьы астааһынын күрэҕэр сылтан сыл аайы кыттааччы ахсаана элбээн иһэрэ киһини үөрдэр, хараҕы сымнатар. Ол курдук быйыл ыраах Эдьигээнтэн, Усуйаанаттан, күөх Ньурбаттан, олоҥхо дойдута Сунтаартан, кырылас кумахтаах Бүлүүттэн, мааны айылҕалаах Амматтан, Тааттаттан, Чурапчыттан, Кэбээйиттэн, Горнайтан, Уус Алдантан, Мэҥэ Хаҥаластан, Хаҥаластан, Намтан, Дьокуускай куораттан, Хатастан, Пригороднайтан кыттыыны ыллылар.
Бу тэрээһиммит солбуллубат ыытааччытынан СӨ култууратын туйгуна Николай Евсеевич Жирков буолар.
Сылын аайы «Күн төгүрүк алаадьы» күрэхпит кыттыылаахтара Үс Хатыҥҥа Туймаада ыһыаҕын үөрүүлээх арыллыытыгар, халадаай ырбаахыларын сайбаччы кэтэн, аһаҕас халлаан анныгар күн эргииринэн төгүрүччү олорон, иннилэригэр таҕааннары уурунан, алгыстаах алаадьыны астаан, сыт таһааран, түһүлгэни ыраастаан, ыһыах ыалдьыттарын көрсөллөр.
– Тоҕо үчүгэйээй?! Дьэ бу сахабыт сиэрин-туомун биир көрүҥэ – ыалдьыты көрсүү буоллаҕа эбээт. Атын улахан тэрээһиннэргэ, хата, холобур буолсу дии.
– Бу биһиги, «Арчы дьиэтэ» култуура уонна духуобунас киинин бырайыакпыт. Оннук, сөпкө бэлиэтиигин, билигин өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыгар манныктар ыытыллаллар. Холобура, Олоҥхо ыһыахтарыгар, Сайылык күнүгэр, улуус, нэһилиэк киинин араас хабааннаах тэрээһиннэригэр, ыһыахтарыгар аһаҕас халлаан анныгар алаадьы астаан, сыт таһааран, ыалдьыттары көрсөр буоллулар.
– Кыталы Куо, бу хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ олус туһалаах, наадалаах дьэрэкээн аккырыыккалары тутан тураргын кэпсиэх эрэ.
– Бу быйыл, 2024 сылга, «Айар» кинигэ кыһатын кытта саха аһын таптаан астааччыларга, сэҥээрээччилэргэ анаан «Күн төгүрүк алаадьы» күрэспит кыттыылаахтарын ырысыаптарынан аккырыыкка хомуурунньугун таһаардыбыт. Манна өссө алгыстаах алаадьы туһунан айымньылара, хоһоонноро, ырыалара-тойуктара уонна хайдах астыылларын көрдөрөр куаркод киирдилэр.
– «Киин куорат» хаһыат ааҕааччыларыгар анаан бүгүҥҥү “Холумтан” сыһыарыыбыт «Минньигэстик аһааҥ» рубрикатыгар бу ырысыаптартан таһаардыбыт. Онон бу бырайыак үлэтиттэн ааҕааччыларбыт тустарыгар үөрүүнэн туһаныахтара дии саныыбыт. Ырысыаптарбыт ааптардарын ааттаталыыбыт дуо, Кыталы Куо?
– Биллэн турар. «Күн төгүрүк алаадьы» хомуурунньукка уопсайа 24 ааптар киирдэ.
Шеф-повардарбыт Иннокентий Тарбахов, Иван Решетников, Николай Атласов ырысыаптарыттан уратылар бука бары араас сылларга ыытыллыбыт күрэхтэр кыайыылаахтарын киэннэрэ. Онон бу бырайыак үтүө түмүктэринэн бука бары кыттыылаахтарбытыгар махтанан тураммыт, хомуурунньукпутугар киирбит үлэлэрбитин билиһиннэрэн, кинилэри киэн тутта ааттыыбыт: Абрамова И.В. – «Таба тылыттан алаадьы»; Алексеева К.М. – «Лабырык» (уоһах алаадьыта); Алексеева Т.А. – «Эбэҥкилии алаадьы» (алабишки); Колпашникова В.В. – «Тайах эттээх алаадьы»; Тарбахов И.И. – «Ойбон алаадьыта»; Решетников И.Г. – «Чочунаахтаах алаадьы»; Кривошапкина Л.С. – «Кийиит кэһиитэ» (убаһа эттээх алаадьы); Павлова Е.И. – «Алгыс алаадьыта»; Текеянова Ж.И. – «Убаһа быарыттан алаадьы»; Черноградскай С.И. – «Соболоох алаадьы»; Максимова Н.А. – «Үөрэ ото силистээх алаадьы»; Дорофеева Р.С. – «Дьэдьэннээх алаадьы»; Атласов Н.В. – «Лабыкталаах алаадьы»; Жирков Н.Е. – «Дөлүһүөннээх алаадьы»; Николаева Н.И. – «Оһуукка алаадьы»; Самсонова М.А. – «Отонноох алаадьы».
Маны сэргэ бырайыакпыт биир уратытынан бөлөҕүнэн кыттыы буолар. Онон хомуурунньукка «Арчы дьиэтэ» ыытар тэрээһиннэригэр өрүү көхтөөх кыттыыны ылар, атын даҕаны бырайыактарбытыгар куруук кыттар түмсүүлэр ырысыаптара эмиэ киирдилэр. Ол курдук, «Кэскил» ансаамбыл –«Дьаам алаадьыта», «Аанньаллар» ансаамбыл – «Эбэҥкилии алаадьыта», «Алаһа дьоҕура» бөлөх – «Сэлиэһинэй алаадьыта», «Мааны мандар» иис түмсүүтэ – «Өлүөхүмэлии» алаадьыта, «Чараҥ» ансаамбыл – «Саҥыйахтаах» алаадьыта, «Күн ситимэ» ансаамбыл – «Отонноох алаадьыта», «Чэгиэн» хомусчуттар бөлөхтөрүн – «Кииһилэлээх алаадьыта», «Эрчим» доруобуйа кулуубун – «Үөрэ оттоох алаадьыта», «Өбүгэ ситимэ» бөлөх – «Күн төгүрүк алаадьыта», «Сардаҥа» бөлөх «Убаһа хааныттан алаадьыта» хомуурунньугу ситэрэн-хоторон биэрдилэр.
Өбүгэбит алгыстаах аһын үйэтиппит ырысыаптарбыт ааптардарынан ити курдук бары олоххо көхтөөх дьон буолаллар.
Оттон бу бырайыакпыт олоххо киирэригэр «Айар» кинигэ кыһатыттан биһигинниин үлэлэстилэр: эрэдээктэрдэр Н.П. Андросова, Т.И. Федорова, дизайнер Т.А. Оболкина, тэхиньиичэскэй эрэдээктэр С.Г. Сивцева.
Хомуурунньук тахсарыгар саха биллиилээх асчыттара Иннокентий Тарбахов, Николай Атласов, Иван Решетников күүс-көмө буолбуттара саарбаҕа суох. Валентина Бочонина, Лариса Андреева, Мария Габышева, Наталья Данилова, Ирина Абрамова, Николай Жирков «Күн төгүрүк алаадьы» бырайыак бу сыллар усталарыгар тиһигин быспакка ыытыллан кэлэригэр сүбэлэрин холбообуттарыгар, суруналыыстар Саргылана, Сардана Багынановалар, Надежда Егорова дьоҥҥо-сэргэҕэ суруйан тарҕаппыттарыгар барҕа махталбын тириэрдэбин.
– Кыталы Куо, сэргэх кэпсээҥҥэр махтанабын. Ааҕааччыларбытыгар баҕа санааҥ.
– Саха мааны, минньигэс астарынан чэгиэн-чэбдик сылдьыаҕыҥ. Сахалыы аспытын-үөлбүтүн тарҕатан, кэлэр кэнчээри ыччаппытыгар үйэлээх үгэспит үйэтитиллэ турдун!
Саһарчы буспут алаадьым
Арчылаатын бар дьоммун,
Сылаас дыргыл сытынан
Дьиэ иһин толордун!