22.01.2020 | 13:17

КҮН-ДЬЫЛ ТУРУГУН ТУҺУНАН

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саха сиригэр саҥа дьыл күннэригэр кыратык сылыйа сылдьан баран халлааммыт эмиэ томороон тымныыларын түһэрдэ. Дьиҥнээх кыһын бытарҕан дьыбардаах, тоһуттар тымныылаах буолуохтаах даҕаны... Оттон урут хайдах этэ й?

ДЬАҺААХ ХОМУЙАРГА ХААР МЭҺЭЙДЭЭБИТ

Күн-дьыл туругун туһунан бастакы бэлиэтээһин 1688 сыллаахха оҥоһуллубут: “Быйыл халыҥ хаар Өлүөнэ өрүскэ, Алдаҥҥа, Дьааҥыга уонна Бүлүүгэ түһэн, саарбаҕа бултааһыны атахтаата”. Оччолорго судаарыстыба бүддьүөтүн хаҥатыы үксүн дьаһаахтан буолара, ол иһин Илин Сибииргэ халлаан туругун туһунан иһитиннэриилэргэ болҕомто ууруллара.

1768 сыллаахха Дьокуускайга хапытаан И.Исленьев уонна подштурман Ф.Черный састааптаах Наука академиятын экспедицията кэлэр. Кинилэр Венера Күн диискэтинэн ааһарын кэтиир сыаллаахтар. Бу сэдэх көстүүнү үөрэтэргэ Петербург, Оренбург, Орск, Гурьев уонна Дьокуускай куораттар талыллыбыттар. Экспедиция кэлээтин кытта Дьокуускайга обсерватория тутуллар, астрономическай уонна метеорологическай кэтээн көрүүнү ыытар анал прибордар тураллар.

1829 сыл кулун тутарыттан 1854 сыллаахха диэри Дьокуускайга метеорологическай кэтээн көрүүлэри А.,Д. Неверов ыытар. Кини кэтээн көрүүтүн бэлиэтээһиннэрин 7, 12 уонна 22 чааска сурунар эбит. Кэлин академик А.Миддендорф кини туһунан: “Кини бэйэтэ да билбэтинэн, наука историятыгар бэйэтигэр пааматынньык туруоруммут киһи”, - диэн суруйан турардаах.

ЫАМ ЫЙЫНААҔЫ ХАЛААН

1834 сыллаахха ыам ыйын 10 күнүгэр Дьокуускай таһынан үрэх мууһа эстэр. Онтон 6 сылынан, 1840 сыллаахха,  муус барыыта ыам ыйын 8 күнүгэр бэлиэтэммитэ баар. Бу кэннэ 8 сылынан Дьокуускай халаан уутугар барар. Ол 1848 сыллаахха уу таһыма 13 миэтэрэҕэ тиийэ сылдьыбыт.

Архыып матырыйаалларыгар: “Куорат ууга барыыта олус күүстээх тыалы кытта аргыстаста, уулуссаларга улахан муус көһөҥөлөр устан кэллилэр. Аҕыйах үрдүк сир эрэ ууга былдьаммата, сорох дьиэлэр кырыыһалара эрэ көстөр гына тимирдилэр”, – диэн сурулла сылдьар.

 ДЬОКУУСКАЙ ГОНЧАРОВ ХАРАҔЫНАН

“Саха сиринэн айаннаан эрэргин киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук, урут тураах уҥуоҕу ытыран аҕалан ыһыктыбат сиригэр, билигин бурдук үүнэн тыалга оонньуу  турар. Нэчимиэн, бэл, сэлиэһинэй кытта үүнэр эбит, ол эрэн оруос бурдук суох. Бурдук сүүмэхтэринэн, от кэбиһиинэн турбут. Дьахталлары уонна оҕолору көрдүм, үөр сылгылар мэччийэр сирдэрэ күрүөлэммиттэр. “Ханна-ханна сылдьабыный? Манна ким оллорор?” - диэн дьаамсыкпыттан ыйыттым. “Үлэһит сахалар олороллор”, - диир дьаамсыгым. Халлаан-дьыл туруга бэртээхэй, үүнэн турар килиэптэн, тыа саҕатыгар үтүө тутуулаах хотонноох балаҕантан уонна оҕуһу миинэн иһэр кыыс оҕоттон киһи хараҕа халтарыйар.

Айылҕалара тыйыс, ону кытта олус кэрэ көстүүлээх, дьоно-сэргэтэ көнө үтүө майгылаах. Мин хас биирдии киһи миэхэ үтүөнү оҥоро сатыырыттан, үчүгэй буоларыттан астынным”.

Маннык ахтыыны суруйааччы Иван Александрович Гончаров суруйан хаалларбыт. 1854 сыллаахха кини сири эргийэр айаныттан төннөн иһэн Саха сирин быһа охсон ааспыта. Дьокуускай-Аян трагын станцияларыгар тохтоон ааһар, Амма солобуодатын уонна Дьокуускайы таарыйар. Дьокуускайга суруйааччы 2.5 ый олорон ааһар.

“КЫҺЫНЫ АҔЫЙАХ ХААРДААХ КӨРСӨБҮТ”

1860 сыл тыа хаһаайыстыбатыгар олус табыгаһа суох буолар – тымныы уонна олус тыаллаах саас. Ол сыл Өлүөнэ тардыылара уулара түһэн турдаҕына аһыллаллар, бэс ыйыттан халлаан сылыйар, ол эрэн ардах олох түспэт, оттон илиҥҥи күүстээх тыал сири-дойдуну дэлби куурдан, хатаран кэбиһэр.

Эмиэ бу сыл, архыып матырыйаалларыгар көрдөххө, “сэтинньиттэн саҕалаан оннооҕор ртуть тоҥор тымныылара турбуттар”.

1862 сыл сааһа кылгас уонна сөҥүүтэ суох. “Өлүөхүмэттэн ураты сирдэргэ барыларыгар сайын хаһааҥҥытааҕар да куйаарда. От ыйыгар бэрт кыратык ардаабыт”.

КЫҺЫН САХА СИРИТТЭН САҔАЛАНАР

1868 сыл ахсынньытыттан 1870 сыл олунньутугар диэри Дьааҥыга быыстала суох метеорологичесмкай кэтээн көрүүлэр бараллар. Онно темепература  муҥутуур чыпчаала кыһын -63,3, сайын +30,1 кыраадыстара сурукка киллэрэллэр.

1870 сыллаахха бэс ыйын 28 күнүгэр “Сиинэҕэ буурҕа кэмигэр хопто сымыытын саҕа кээмэйдээх тобурах түстэ. Бааһынайдар 488 пуд бурдуктара, 265 кирээдэ оҕуруот астара уонна оттоммут отторо халтайга хаалла, – диэн суруллубут, – Буурҕаттан үгүс дьон дьиэлэрин түннүгэ алдьанна, икки дьиэ кырыыһата көтөн хаалла. Сэлиэнньэ дьонун хоромньутун уопсай суумата 1400 солк. буолла”.

МАРХАҔА СЭЛИЭҺИНЭЙ ҮҮНҮӨҔЭ

1875 сыллаахха Саха сиригэр А.Чекановскай экспедицията кэлэн барар. Бааһынайдар сирдэригэр Мархаҕа ыалдьыттыыр. “Бу сиргэ килиэби үүннэрэллэриттэн сөхтүм-махтайдым” диэн сурукка киллэрэр.

Дьокуускайга бастакы тигээйини иитээччилэри, куорат таһынааҕы даачалары, заимкалара көрөр-истэр. Тыа хаһаайыстыбатын сонун сүүрээнин “бараан уонна сылгы иитиитин баһылаабыттар” диэн сөҕөн суруйбут.

1880 сыллаахха мархалар 15 тыһ. 525 пуд килиэби 2 солк. 40 харчы сыаналаан батарбыттар.

ХХ үйэ бастакы сылыгар, 1900 сыллаахха, Дьокуускайга тымныы кыраадыһа муҥутуур көрдөрүүтэ бэлиэтэммит -  -51,4 кыраадыс.

1910 СЫЛЛААҔЫ КОМЕТА

“Тохсунньу 24 күнүгэр киэһэ 5-6 чаас ыккардыгар Дьокуускай илиҥҥилии-арҕаа өттүнэн халлааҥҥа Венераттан арахпыт комета көстөр. Дьокуускай олохтоохтор комета ядротун уонна умайар кутуругун бэлиэтии көрдүлэр”.

Муус устар 11 күнүгэр ардах ибирдээбит.

УУГА БЫЛДЬАНЫЫ

1924 сыл сааһыгар Өлүөнэ хаатыттан тахсан куораты тимирдэн барар. “Киэһэ 5 чааска уу таһыма олус үрдээтэ. Куорат муосталарын барытын уу долгуна алдьатта. Нэһилиэнньэҕэ улахан хоромньу таҕыста. Дьиэ көтөрө, ынах, сибииньэ бөҕө өллө, ас-үөл буортуйда” диэн архыыпка суруллан хаалбыт.

1998 сыллаахха ыам ыйын 16-17 күннэригэр Ленскэйгэ эмиэ улахан уу кэлэр.  Өлүөнэ уутун таһыма нуорманы куоһаран, Саха сиригэр 172 нэһилиэнньэлээх пуун (475 тыһ. киһи) ууга барар. 50 тыһыынча киһи эвакуациаланар, 15 киһи суорума суолланар. Хоромньу 872,5 мөл. солк. тэҥнэһэр.

2001 сылга ыам ыйыгар Өлүөнэ өрүһүн таһыма 20 м тахса сылдьыбыт. Ленскэй 98 бырыһыана ууга барар. 3,3 тыһыынча дьиэ алдьанар, 30 тыһ. тахса киһи эмсэҕэлиир. Саха сирин үрдүнэн 59 нэһилиэнньэлээх пуун ууга барар, 5,2 тыһ. дьиэ халаан уутугар былдьанар. Хоромньу 7,08 миллиард солкуобайга тэҥнэһэр, ол иһигэр Ленскэйгэ – 6,2 миллиард суумалаах хоромньу тахсар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...