11.07.2019 | 10:07

Күн Чээбийэ: “Сүрэхтээх уонна тулуурдаах буолуохха”

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тыа сиригэр олорор, Өлүөхүмэ улууһун Хоро нэһилиэгин олохтооҕо, оҕуруот аһынан дьарыктанар Далбар Хотун Дьоллоох Күн Чээбийэ Чэгиэнтэй Кыыһа ыалдьыттыыр.

*       *        *

Күн Чээбийэ Чэгиэнтэй кыыһа, саха киһитин сиэринэн бэйэҕин билиһиннэр эрэ.

- Өлүөхүмэ улууһун Токо нэһилиэгэр олоробун. Сахалыы ааты ылынан, Күн Чээбийэ диэммин. Манна кийиит буолан кэлбитим ыраатта. Бэйэм Аммаҕа төрөөбүтүм, улааппытым. Биэс оҕолоохпун, элбэх сиэннээхпин. Билигин биэнсийэҕэ олоробун. Онон, көҥүл киһи буоларым быһыытынан, дьарыгым элбэх. Сахалыы хаанныыбын, уһанабын, бултуубун, ону таһынан оҕуруот аһын олордуунан үлүһүйэбин. Сайын эмтээх оту хомуйан хаһаанабын.

-Оҕуруот олордуутунан хаһааҥҥыттан дьарыктаммыккыный? - Оҕуруот диэн тугун алта сааспыттан билбитим. Ол саҕана уопсай дьиэттэн чааһынай эргэ дьиэҕэ көспүппүт. Сонно тута оҕуруоттаммыппыт. Ийэбит биһиэхэ уу куттарар, сыыс оту үргэтэр этэ. Царегородцевтар диэн ыаллаах этибит. Кинилэр оҕуруот аһын оччолортон олордор этилэр. Оҕуруотунан сылдьыһарга анаан ааннаах этибит. Нуучча баабыска өрүү ийэбин кытта оҕуруокка көрсөллөр, түннүк анныгар ыскамыайкаҕа олорон сэлэһэллэр этэ. Ол эмээхсин хара редька олордоро. Ийэбэр эмиэ олорторбута. Кыра оҕо санаабар, ол редькаттан ураты эмтээх, күүстээх суох диэн этэ. Онтон кыыллыҥы (зверобой) диэн сыыс от үүнэрэ. Ону эмиэ хомуйар этэ. Онтон дьонум доҕотторугар ыалдьыттыы сылдьан, эмтээх от туһунан кэпсэтии буолбута быһыылааҕа. Тоҕо эрэ миэхэ Елена Павловна зверобой туһунан аахтарбыта, эмтээх үүнээйилэр туһунан кинигэ быһыылааҕа. Бу от маннык ыарыыга туһалаах диэн өрүү быһааран биэрэрэ. Дьэ, онтон ыла оҕуруот уонна эмтээх от миэхэ быстыспат ситимнэммитэ. Кэлин ыал буолан баран, тута оҕуруотунан дьарыктанан барбытым. Бастаан кыраттан саҕалаан баран, кэлин улаатыннарбытым.

-Оҕуруот аһыттан ордук тугу сөбүлээн олордоҕун?

- Күһүҥҥү хомуур кыһыны аһатар диэн, кэнсиэрбэлиирдии талан олордобун. Оҕолорум кыраларыгар оҕуруотум аһын дэлэйдик хаһаанар этим. Хайаан да түөрт куул моркуоп, уон куул хаппыыста диэнтэн саҕалаан, арааһы хаһаанарым. Аҥаардас харастан (черемуха) оҥоһуллубутхомпуоту 40 кырыыҥканы хаһаанарым, 27 кырыыҥка үс лиитэрэлээх оҕурсуну тууһуурум, помидору этэ да барбаккын. Батара сатаан, помидортан томат паастатын кытта астыырым. Билигин, сааһыраммын, уонна атын эйгэнэн дьарыктанар буоламмын, оҕуруотум лаппа кыччаата. Ол да буоллар дьон сиэринэн оҕуруот аһыттан барытыттан кыаҕым баарынан олордо сатыыбын. Тэлгэһэбэр эмтээх оттору олордобун. Календуланан анаан дьарыктанабын. Оҕо сааһым сибэккитэ, ийэм эмтээх диэн сөбүлүүр этэ. Онтон ыла календулабын анаан, үс миэтэрэ уһуннаах, миэтэрэттэн ордук кэтиттээх атахтаах кирээккэҕэ олордобун. Күн аайы хомуйан хатарабын, эмтээһиҥҥэ туттабын. Бэл, нэһилиэгим дьоно сибэкким аатынан хос ааттыы сылдьыбыттара. Эбии хараҥаччы отун, расторопша, алтан сарбай олордобун. Илиим чэпчэки быһыылаах, тэлгэһэбэр олордубутум барыта ылсан, быйаҥнык үүнэр. Ону мин, дьон-сэргэ ыйыттаҕына, буоруттан өлгөмнүк үүнэр диибин. Буорун табыы, талан олордуу элбэҕи быһаарар. Үчүгэй буор сыттыын минньигэс буолар. Үүнээйилэрбин өрүү сытырҕалыы сылдьабын. Кинилэр эмиэ тыыннаах дууһалар ээ. Үүнээйигэ сөптөөх буору сытыттан билэбин. Моонньоҕону сөбүлээн олордобун. Анаан-минээн бэрийэбин. Чопчу маны таптаан олордобун диир кыаҕым суох. Сөбүлээбиппин олордобун, барыларын таптыыбын. Киһи курдук кэпсэтэбин, “барахсаттарым” диэбитинэн сылдьабын. Мэктиэтигэр, саҥабын истэр курдуктар.

Күн Чээбийэ сүбэтэ:

- Өлгөм үүнүү буоруттан улахан тутулуктаах. Үчүгэй буор сыттыын минньигэс буолар.

-Биир эмит ырысыапкыттан билиһиннэриэҥ буолаарай?

- Оҕолорум кыраларыгар күн аайы моркуобунан аһылыктаналлара. Маҥнай хааһыга түөркэлээн кутабын, кыратык тэптэрэ түһээт, салгыы духуопкаҕа чаас аҥаара буһарабын. Наһаа сөбүлүүр этилэр. Моркуоба суох хааһыны «тараҕай хааһы» дииллэрэ. Түөрт харахтаах билиитэ духуопкатыгар эрэһээҥки үрдүгэр атахтаһыннара, олох симэ кураанахтыы моркуоптары ууран, бүтэйдии буһарар этим. Таһа сорох сиринэн хаҕыланар гына кэриэрээччи. Ону барытын ньылбы тутан, ыраастаан, остуолга ууран кэбиһэбин. Оҕолор тута сылльан сиэн бүтэрэллэр. Сороҕун хортуоппуйу кытта, сүбүөкүлэлээн винегрет курдук сииллэрэ. Өссө барыанньа буһарабын. Амтана абрикос джемим курдук буолар. Мясорубкалаан баран, көннөрү саахары кытта буһарабын. Ол да үрдүнэн моркуоп тоорохойдоро илэ бэйэлэринэн сылдьалларын сөбүлээбэккэ,  сахар пуударатын оҥорор быһахтаах насадканан миксердиибин.  Олох биир тэҥ гына  мэлиллэн хаалар, сииргэ үчүгэй. Өр турбат, көөнньөн аһыйар. Онон олох тымныыга уура сылдьыахха сөп. Аныгы үүнүүгэ диэри оҥкучахпар моркуобум өрүү баар буолан, ыксаабакка кыралаан, күннээҕи сиири эрэ таһааран буһарабын. Олус судургу эрээри, киһи организмыгар иҥэмтиэлээх аһылык буолар диэм этэ.

-Тэлгэһэҕиттэн күһүн төһө үүнүүнү ылаҕыный?

- Күһүн төһөнү былааннаабыппын син биир ылабын. Дьэ, быйыл оҕуруоппун лаппа аччаттым. Оҕолор улаатаннар, ыал буолан атын сиринэн тарҕаһан олороллор. Күһүн моркуоппун саатар балтараа куулу ылбыт киһи диэн былааннанабын. Хара редька, сүбүөкүлэ биирдии улахан кирээккэлэр 4×1,2 иэннээхтэр. Төһө үүнүүнү ыларбын күһүҥҥүтэ билиэ. Моонньоҕоммун тыаттан түөрэн аҕалан олордубутум, онон үс биэдэрэни хайаан да хомуйабын. Ордубутун саха киһитин сиэринэн дьоҥҥо бэрсэбин. Садовай моонньоҕонум эмиэ элбэх. Ол эрэн амтанын тыаҕа үүнэр моонньоҕоҥҥо тиэрдибэт буоламмын, улаханнык баардыылаабаппын. Бэйэбэр биэс биэдэрэ сөп буолар. Биэ эмиийэ элбэх, аһа наһаа бөдөҥ буолар. Быйыл сайын сайылыыр сиэн суох, онон оҕолорбор анаан тоҥорорум буолуо. Чэ, ситинник, кылгастык билиһиннэрдэххэ.

-Хаһыат ааҕааччыларыгар сүбэҥ.

- Билигин тэлгэһэҕэ төһө баҕарар оҕуруот аһын олордуохха сөп. Кылаабынайа, сүрэхтээх уонна тулуурдаах буолуохха наада. Аныгы олох ирдэбилинэн, интэриниэккэ сүбэ арааһа баар, кинигэ да элбэх. Аны тутуу матырыйаалын эгэлгэтэ баар. Хас да тэпилииссэ туттан, араас оҕуруот аһын үүннэриэххэ сөп. Баҕалаах киһи төһө баҕарар оҕуруот аһа ыһан, туһаныан сөп. Мин былыр “Наука и жизнь” сурунаалтан “үрдэтиллибит кирээккэ” диэни боруобалыы сылдьыбытым. Мачайа бэрт этэ. Аны матырыйаалым харбыыл уонна толь. Онон туох кэрэтин, тупсаҕайын оҥоруоҥуй? Оччолорго уу шлангата да көстөрө күчүмэҕэй этэ. Эгэ тимир турба кэлиэ дуо? Били44и киһи кыанар эрдэҕинэ туһанан, туттан-хаптан эрэ хаалыан наада. Оҕуруот аһын тэлгэһэҕэ олордорго бары усулуобуйа барыта баар. Бу ордук илин эҥээр улуустарга табыллар. Куораттан чугас олорор буоланнар, тутуу матырыйаалын, оҕуруокка сыһыаннааҕы барытын туһаналлар. Биһиги киинтэн ыраах олорор буоламмыт, ити чааһыгар кэккэ кыһалҕалары көрсөбүт. Тыа сиригэр бэйэҕин аһынан эрэ хааччыйан буолбакка, эргитэн атыылаан, дохуот кытта оҥостуохха сөп.

Оҕуруотунан дьарыктанар дьон илиигит сылаас, сымнаҕас буоллун диэн баҕа санаабын тиэрдэбин. Тэлгэһэҕит барахсан өрүү өлгөм быйаҥы биэрэ турдун!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Кинини саха быһаҕа быыһаабыта
Дьон | 11.10.2024 | 10:00
Кинини саха быһаҕа быыһаабыта
Кинилэр – биһиги дьоруойдарбыт, кинилэр – өлөллөрүн кэрэйбэккэ эйэлээх олох туһугар охсуһаллар, бааһырбыт доҕотторун өстөөх уотун аннынан быыһыыллар, бука бары быраат, убай диэн ыҥырсаллар.   Бу анал байыаннай дьайыы бүттэҕинэ, элбэх кэпсэниэ, элбэх кистэлэҥ арыллыа, ким эрэ ол саҕана кимиэхэ да эппэтэх санаатын дьэ этиэ турдаҕа. Сорох ардыгар киһи дьиибэргиир, итэҕэйиэ...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...