Күн буортулаах сардаҥаларыттан сатаан харыстаныахха
Күҥҥэ умайар, күҥҥэ аллергиялыыр, тириилэрин быһа сиэтэр дьон ахсаана сыл аайы эбиллэ турарын дерматолог быраастар бэлиэтииллэр. Күн күүскэ тыгар буолбутун, сир шарын хаҕа чарааһаабытын туһунан үгүс учуонайдар суруйаллар. Күн сыралҕаныгар сылаанньыйар, уһуннук загаардыыр, дьиҥэ, доруобуйаҕа улахан буортулаах. Онон күнтэн харыстана үөрэниэхтээхпит.
Туох буортулааҕый?
Соҕуруу баран муораҕа сөтүөлээн, загаардаан кэлэр дьон тириилэрэ хараарарын таһынан, мыччыстыан, хабыллыан, бэл, искэн тахсыан сөп. Киһи тириитигэр күн ультрафиолет сардаҥалара буортулаахтар.
Күн сардаҥатын 3 көрүҥҥэ араараллар: UVA, UVB уонна UVC. UVC-сардаҥалар сир озоновай араҥатын ааспаттар, оттон UVA уонна UVB-сардаҥалартан биһиги загаардыыбыт. Ону кытта аллергиялыахпытын, быһа сиэтиэхпитин сөп.
Сайын күн саамай күүскэ тыгар кэмэ сарсыарда 10.00 чаастан күнүс 15.00 чааска диэри. UVA-сардаҥалар күүстэрэ күн, дьыл кэмиттэн тутулуга суох киһи тириитигэр дириҥник киирэллэр, ДНК-ҕа уларыйыылары оҥорон, тирии араагар кытта тиэрдиэхтэрин сөп. Бу сардаҥалар былыттары, түннүк өстүөкүлэлэрин курдаттыы тыгаллар.
«Үчүгэй загаар» диэн суох
“Үчүгэй загаар” (“Здоровый загар”) диэн термин бизнес эйгэтигэр, солярийы үлэлэтэр дьон маркетиннарын быһыытынан үөскээбит. Дьиҥэ, ханнык баҕарар загаар – күн тыгыытыгар организм бэйэтин көмүскэнэр эппиэтэ.
Күн дьайыытын сымната сатаан, киһи тириитигэр меланин элбээн барар, ол иһин загаар – киһи тириитин алдьаныытын бэлиэтэ, онон хайдах да үчүгэй буолуон сатаммат диэн эмчиттэр суруйаллар.
Күнтэн тириибитин хайдах харыстыыбыт?
10.00 чаастан күнүс 15.00 чааска диэри таһырдьа тахса сатаамаҥ. Таһырдьатааҥҥы үлэни-хамнаһы сарсыарда эрдэ эбэтэр киэһэ хойут былааннааҥ. Күнүс тахсар дьон, ордук от-мас үлэтигэр сылдьааччылар, күнтэн хаххалыыр таҥастаах буолаллара табыгастаах. Төбөҕүтүгэр хайаан да сэлээппэ кэтиҥ, былаат бааныҥ. Сирэйгитин күнтэн хаххалыыр кириэминэн сыбана сылдьыҥ.
Бастакы сымыйа: күн Д битэмиини биэрэр
Д битэмиин куһаҕан настарыанньаны уонна депрессияны уҕарытар, күҥҥэ сырыттахха, чахчы, элбиир. Ол эрэн киһиэхэ наадалаах таһымҥа тиэрдэргэ күҥҥэ сылдьыы эрэ туһалаабат. Д битэмиини ордук күннээҕи аһылыктан, балыктан, сымыыттан, тэллэйтэн уонна үрүҥ астан ордук иҥэриниэххэ сөп. Маны таһынан Д битэмиини туспа бэйэтин ылан иһэр туһалаах.
Кириэми сөпкө талабыт
Күнтэн харыстыыр кириэми таларга киһи бэйэтин тириитин фототибын билиэхтээх эбит. Ону хайдах быһаарары дерматологтар сүбэлиэхтэрин сөп.
Маннык кириэминэн сырдык эрэ дьон туттуохтаахтар дии саныыр сыыһа. UVA-сардаҥалар киһиэхэ барытыгар тэҥник дьайаллар, онон хара дьоҥҥо кытта харыстыыр кириэм хайаан да наада.
Бастатан туран, SPF (Sun Protection Factor) диэн суругун көрүөхтээхпит. Холобур, кириэмэ суох 10 мүнүүтэҕэ күҥҥэ умайар буоллаххытына, SPF 30 кириэми биһиннэххитинэ, 30 төгүл уһуннук күҥҥэ сылдьыаххытын сөп, ол аата 300 мүнүүтэҕэ UVB-сардаҥалар буортулаах дьайыыларыттан харыстанаҕыт.
Оттон UVA-сардаҥалартан харыстанарга кириэм хаҕыгар PA (Protection Grade of UVA) эбэтэр PPD (Persistent Pigment Darkening) диэн суругу көрдүөхтээхпит.
Онон күнтэн харыстанар кириэми атыылаһаргытыгар SPF уонна PA (PPD) диэн суруктаахтары талар ордук.
Маркетологтар төһө да рекламалаабыттарын үрдүнэн, SPF 30 уонна SPF 50 уратылара 1 эрэ бырыһыан. Холобур, SPF 30 UVB-сардаҥа 97 бырыһыаныттан харыстыыр эбит буоллаҕына, SPF 50 бырыһыанынан эрэ элбэҕи харыстыыр.
Иккис сымыйа: кириэмнэннэхпинэ загаардаабаппын
Күнтэн харыстыыр кириэмнэр, спрейдэр хараарыыттан харыстаабаттар, кинилэр буортулаах сардаҥаттан эрэ хаххалыыллар. «Защита от UVA» уонна «Broad spectrum» диэн суруктаах кириэм көмөтүнэн бытааннык загаардыахха сөп.
Кириэмтэн ураты күнтэн харыстыыр спрейдэр, молочколар, арыылар бааллар. Дьайыыларынан кириэмтэн арыый эрэ мөлтөх буолаллар. Молочко таҥаска бээтинэ хаалларбат, спрей ыстарарга табыгастаах, оттон арыы тириини сымнатар. Барытынан уочаратынан туттуохха эмиэ сөп.
Кириэми таһырдьа тахсыаххыт 30 мүнүүтэ иннинэ сыбаныҥ. Эккит хас биирдии чааһыгар биирдии чаайынай ньуоска кириэм тиксиэхтээх. Холобур, сирэйбитигэр 1 ч.нь. кириэми барыахтаахпыт, илиибитигэр-атахпытыгар эмиэ биирдии кыра ньуоска кириэм соттобут. Онон SPF кириэми кэмчилээбэккэ туттабыт.
Ультрафиолет таһымын билиэхтээхпит
Таһырдьа тахсыах иннинэ ультрафиолет таһымын (индекс ультрафиолета) үөрэт. Смартфоннарга күнү-дьылы билгэлиир сыһыарыыларыгар хайаан да баар буолар. Күн устата кириэммитин 1,5-2 чаас буола-буола саҥардыахтаахпыт. Ону тэҥэ сөтүөлээн тахсаат, илиигин суунан баран хаттаан кириэмнэнэриҥ тоҕоостоох.
Үһүс сымыйа: Ууга сууйуллубат кириэм
Оннук кириэм диэн суох. “Водостойкий” диэн суруктаах да буоллаҕына, ууга киирдэххэ 50 бырыһыана суураллан хаалар.
Былырыыҥҥыттан хаалбыт кириэм быйыл туһата суох буолар. Күнтэн хаххалыыр кириэм 12 ый эрэ устата туһаныллар.
Элбэх уута ис
Күҥҥэ аһара сыламнаан умайбыт, сиэппит буоллаххытына:
Бастатан туран сойуохтааххыт. Сөрүүн уунан 15-20 мүнүүтэ устата душтаныҥ. Тымныы кэмпириэс оҥостуоххутун сөп.
Элбэх уута иһиҥ. Организм уута аҕыйыыр, ону толоруохтааххыт.
Күҥҥэ сиэммит тириигитин сөпкө обработкалааҥ: пантеноллаах кириэмнэринэн, ши арыылаах лосьонунан, ромашканан эбэтэр алоэнан.
Сиэммит тириигит ыалдьар, аһыйар буоллаҕына, Парацетамол эбэтэр Ибупрофен иһиэххэ сөп. Аспирин эмиэ көмөлөһүөҕэ.
Мыылалаах сириэстибэлэринэн туттумаҥ – душатанаргытыгар көннөрү уунан сайҕаныҥ. Сиэммит тириигитин аалымаҥ, В5 битэмииннээх сымнатар кириэмнэринэн туттуҥ.
Хахтанан эрэр тириини тыытымаҥ.
1-2 нэдиэлэ устата тирии чөлүгэр түһэр кэмигэр, күҥҥэ сыламнаамаҥ, сабыылаах таҥаһынан сылдьыҥ.
Төрдүс сымыйа: Сүөгэйинэн соттуу
Былыр күн сыралҕаныгар умайбыт киһини үрүҥ аһынан сотор ньыма баара. Кефир эбэтэр сүөгэй умайбыт тириини кылгас кэмҥэ тымныта түһэргэ барсыахтарын сөп, ол эрэн хайдах да эмтээбэттэр. Төттөрүтүн аллергиялыахха сөп.
Уоппускаҕа барааччыларга сүбэлэр
Улаханнык сиэппит, умайбыт, тириигит хабыллан тахсыбыт буоллаҕына хайаан да бырааска тиийиэхтээххит. Температураҕыт таҕыстаҕына, хотуолуох санааҕыт кэллэҕинэ, тоҥор курдук буоллаххытына эмиэ хайаан да балыыһаланыахтааххыт.
Сорох сиргэ күн ордук күүскэ тыгар. Айанныаххыт иннинэ ультрафиолет таһымын үөрэтэр, бэлэмнэнэр тоҕоостоох буолуо.
SPF кириэми барыаххыт иннинэ атыылаһыҥ. Атын дойдуга тиийэн наадалаах кириэмҥитин булумуоххутун да сөп.
Кириэмҥитин дьиэҕитигэр боруобалааҥ. Аллергиялыыр буоллаххытына эрдэ билбиккит ордук.
Уос памаадата эмиэ SPF-таах буолуохтаах.
Сөмөлүөккэ таһаҕас оҥосторго күнтэн хаххалыыр стиктэр ордуктар. Убаҕас сириэстибэлэри таһарга кэккэ хааччахтар баар буолаллар.
Күнтэн сөпкө харыстаныҥ, чэгиэн буолуҥ!