Көҥүлэ суох сыбаалкалар = 6 тыһыынча куб.м. бөх
Бэс ыйын 23 күнүнээҕи туругунан бачча элбэх бөх тиэйиллибитин туһунан Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа иһитиннэрэр.
Строительнай уокурук көҥүлэ суох сыбаалкаларыттан 1 тыһыынча 379 куб. миэтэрэ бөҕү тиэйдилэр. Ол курдук, Хатыҥ-Үрэх шоссетын 9 км уонна 6 км, Якутская, Клара Цеткин, Халтурин, Пионерская, Жорницкай, Семен Данилов, Строителей, Суворов уулуссалары ыраастаатылар.
“Автодорожнай уокурукка сорох аадырыстары нэдиэлэ аайы хомуйабыт, ол эрээри бөх-сыыс утары тахса турар. Сорох сирдэргэ учаастак хаһаайынын буллахпытына, ыраастыырыгар, хомуйарыгар дьаһал биэрэбит. Холобур, Красильников уул., 5, сыбаалка чааһынай бас билии сиригэр сытар. Манна тэрилтэ базата баар. Хаһаайын икки нэдиэлэ иһигэр сыбаалканы суох гыныах буолла”, – диэн кэпсээтэ Автодорожнай уокурук управлениетын салайааччыта Артур Аргунов.
Сайсары уокуругуттан, чуолаан Билибин, ДСК Победа, Новокарьерная, Лонгинов, Широких-Полянский, Парковая, Макаренко, Сосновая, Притузов, Яков Потапов, Лермонтов уулуссалартан уопсайа 820 куб. миэтэрэ бөҕү тастылар.
“Марха олохтоохторуттан күннэтэ киирэр үҥсүүлэри көрдөххө, сорох сыбаалкалар “Якутскэкосети” региональнай оператор дьаһайар санитарнай туочукалара буолаллар. Чааһынай учаастактар бас билээччилэрэ бөхтөрүн бэйэлэрэ хомуйуохтаахтар. Горная уул., 1, учаастактан бөҕү тиэйдибит. Нэһилиэнньэҕэ төһө кыалларынан көмөлөһө сатыыбыт”, – диир микрооройуон дьаһалтатын салайааччыта Николай Ксенофонтов.
Микрооройуонтан уопсайа 692 куб. миэтэрэ бөҕү тиэйдилэр.
“Промышленнай уокурук Кржижановскай уул, 3, “Сибирский деликатес” хампаанньаттан хаалбыт көҥүлэ суох сыбаалка сытар. Тэрилтэҕэ тустаах дьаһал бэриллибитэ. Хомуйбатахтарына, ыраастаабатахтарына, административнай эппиэтинэскэ тардыллыахтара, – диэтэ Промышленнай уокурук управлениетын салайааччыта Александр Иванов.
“Уокуруктар уонна куорат таһынааҕы управлениелар көҥүлэ суох сыбаалканы тиэйиигэ бэдэрээтчиктэри кытта бэйэлэрэ дуогабар түһэрсэллэр. Үлэ тохтообокко ыытыллар, биһиги көҥүлэ суох сыбаалкалары реестргэ киллэрэн иһэбит. Үс ыйдааҕы санитарнай ыраастааһын түмүгүнэн 5 тыһыынча куб. миэтэрэттэн тахса бөх тиэйилиннэ, үлэ салҕанар”, – диэн иһитиннэрдэ куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа салайааччыта Айаал Егинов.