Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн!
Киин куоракка сыл аайы ыытыллар ас-үөл дьаарбаҥкатыгар өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылар, фермердэр, агрооскуолалар көхтөөхтүк кытталлар. Быйылгы, балаҕан ыйын 15 күнүгэр Хомсомуол болуоссатыгар саҕаламмыт дьаарбаҥка уратыта – уон күн иһигэр киэҥ далааһыннаахтык, саҥа концепцияҕа олоҕуран ыытыллар.
Быйылгы быыстапка-дьаарбаҥка агропромышленнай комплекс декадатын чэрчитинэн тэрилиннэ. Манна 100-тэн тахса кыттааччы хабылынна. Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Артем Александров бэлиэтээбитинэн, быйылгы тэрээһин, элбэх дьон сылдьар усулуобуйатын тэрийэр курдук, саҥа форматынан барыаҕа.
Артем Александров, Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы:
—СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ сылын аайы быыстапка-дьаарбаҥканы тэрийэр. Тэрээһин Саха сирин аска-үөлгэ салаатын бары кыттыылаахтарын – регион араас муннуктарыттан оҥорон таһаарааччылары, фермердэри, агрооскуолалары түмэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ быыстапка тэрийээччитэ – «Якутские продукты» ТХПК саҥардыллыбыт концепциянан уонна бырагырааманан күүскэ үлэлиир, сонун сүүрээннэри киллэрэр. Дьаарбаҥка Хомсомуол болуоссатыгар уон күнү быһа сарсыарда 10 чаастан киэһэ 19 чааска диэри үлэлиир. Тэрээһин чэрчитинэн маастар-кылаастар, дегустациялар, саҥа бородуукталары билиһиннэрии, быыстапкалар, кэнсиэр бырагыраамалара буолаллар.
Павел Чириков, «Якутские продукты» СХПК бэрэссэдээтэлэ, «Ас-үөл-2023» дьаарбаҥка тэрийээччитэ:
— Тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччыларыгар сезоннай астарын-үөллэрин батаралларыгар усулуобуйа тэрийэн, быйыл дьаарбаҥканы уон күн ыытар буоллубут. Урут икки эрэ күн буолара, кылгас кэм иһигэр бородууксуйа да баппат, куорат олохтоохторо да кыайан сылдьыбакка хаалаллар. Аны кыттааччылар хас күн тураллара бородууксуйалара төһө элбэҕиттэн, төһө түргэнник атыылаабыттарыттан тутулуктаах. Ким эрэ икки-үс күн турар, ким эрэ уон хонугу быһа. Холобур, мэҥэ хаҥаластар уон күнү толору үлэлиир буоллулар. Эрдэ барбыттар оннуларыгар атыттар киирэн биэрэллэр, оннук уон күнү быһа солбуйса сылдьаллар. Быйыл сүүстэн тахса кыттааччылаахпыт, итинтэн 15-һэ – агрооскуола. Бүгүн алта агрооскуола кыттар. Саҥа, сонун бородууксуйалартан мүөт баар. Дьаарбаҥкаҕа уонча мүөтүнэн дьарыктанааччы кыттар, ити – саҥа көрүҥ. Кинилэргэ анаан «Дом науки АПК» шатеру туруордубут. Ити эмиэ биир саҥа сүүрээммитинэн буолар. Уон күн устата итиннэ семинардар, төгүрүк остуоллар буолаллар, биир идэлээхтэр уопуттарын атастаһаллар. Дьаарбаҥка бастакы күннэригэр оҕуруот аһа, үүнээйилэр, эт, үүт атыыланар буоллаҕына, бүтэһик күннэргэ тоҥ ас – балык, убаһа этэ тахсар. Хомсомуол болуоссатын аҥаарын парковкаланар сири кэҥэтээри арыйдыбыт. Ити барыта дьоҥҥо табыгастаах буоларын курдук толкуйданна.
Сыана туһунан этэр буоллахха, мин санаабар, билигин атыылаһан хаһаанар ордук. Тоҕо диэтэргит, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарааччылар бэйэлэрин сыаналарынан атыылыыллар, онон куорат үрдүнэн син биир сыаната арыый удамыр буолар. Ынах этэ наһаа сыаналаах диигин, тоҕо диэтэххэ сибиэһэй эти атыылыы тураллар. Ити эмиэ хортуоппуй курдук диэн өйдүөххэ наада, холобур, сайын бастакы хомуур 120 солкуобайга атыыланар, күһүн – 40 солкуобай буолар. Сибиэһэй эт эмиэ оннук, кур эттэн сыаналаах буолар. Бүгүн манна ынах этин киилэтин 800 солкуобайтан саҕалаан 1000 солкуобайга диэри атыылыыллар.
Дьаарбаҥкаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакынан тэриллибит агрооскуоланы булан кэпсэттибит. Ити – Чурапчы улууһун Дириҥ агрооскуолата. «Бастакы хараҥаччы» 1988 сыллаахтан үлэлиир.
Елена Егоровна Бурцева, И.Е. Федосеев-Доосо аатынан Дириҥ агрооскуолатын бизнес-инкубаторын салайааччыта:
— Агрооскуола буолан, үлэбит хайысхатын биир уратыта – оҕолору «животноводство», «агрономия», «автодело», «столяр», итиэннэ ЭВМ оператора уонна иистэнньэҥ идэлэригэр уһуйуу. Оскуоланы бүтэрэллэригэр оҕолор ити идэлэри баһылаабыттарын туһунан туоһу суругу ылаллар. Быйылгы үөрэх дьылыгар 206 үөрэнээччилээхпит. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ тэрийэр ас-үөл дьаарбаҥкатыгар сылын аайы кыттабыт. Быйыл сайын өрөспүүбүлүкэтээҕи үөрэх тэрилтэлэрин «Үүнүү-2023» быыстапка-күрэҕэр кыттан, «Овощеводство – картофелеводство» номинацияҕа иккис миэстэ буоллубут. Араас күрэхтэргэ сылын ахсын ситиһиилээхтик кыттабыт.
Хаһаайыстыбабытыгар оҕуруот аһын үүннэрэбит, улахан тэпилииссэлээхпит, сүөһүлээхпит, сылгылаахпыт. Быйыл тиийэр оту оттоннубут. Сылын аайы үөрэнээччилэргэ анаан үс сезонунан, күнүскү уонна «палаточнай» көрүҥүнэн «Маарыкчаан» лааҕыр үлэлиир. Оҕолор оҕуруот аһын олордорго көмөлөһөллөр, көрөллөр-харайаллар. Дьарыктаах буолуу киинин нөҥүө кинилэргэ хамнас төлөнөр. Күнүскү хайысханан спорт, айар, дьоҕур лааҕырдара бааллар. Онно оҕолор эрчиллэллэр, уруһуйдууллар, илии оҥоһуктарынан дьарыктаналлар.
Оскуолабыт тэпилииссэтигэр оранжереялаахпыт, кыһыҥҥы өттүгэр онно арассаадабытын үүннэрэбит. Холобур, дьэдьэни тохсунньу ыйтан саҕалаан олордобут. Нэһилиэнньэҕэ арассаадабытын атыылыыбыт, ону таһынан оҕуруот аһынан үөрэнээччилэрбитин аһатабыт. Быйыл 250-тан тахса хаппыыстаны олордон үчүгэй үүнүүнү ыллыбыт.
Аны сылын ахсын ыытыллар «Мой двор» диэн бырайыактаахпыт. Күһүн хас биирдии кылаас оҕото сайын устата туох оҕуруот аһын олордубутун, төһө үүнүүнү хомуйбутун, дьиэ кэргэнин ахсаанынан хастыы киилэ тиксэрин таблицалаан, хаартыскалаан эбэтэр видеонан презентация оҥорон аҕалан көрдөрөр. Өссө биир үлэбит көрүҥэ – оҕолору ойуурга таһааран отоннотуу. Быйыл кыра кылаастар – үстүү, улахаттар биэстии лиитирэлээх биэдэрэнэн хомуйдулар.
Дьокуускай куорат агропояһыгар киирэр П.И. Кочнев аатынан Тулагы агрооскуолата сылын аайы Бүтүн Арассыыйатааҕы Москва куоракка ыытыллар «Көмүс күһүн» агропромышленнай быыстапкаҕа ситиһиилээхтик кыттар. Ол курдук, былырыын кыһыл көмүс мэтээл хаһаайына буолбута. Быйыл эмиэ кыттарга бэлэмнэнэ сылдьаллар.
Ольга Петровна Сыроватская, П.И. Кочнев аатынан Тулагы агрооскуолатын дириэктэрин агропромышленнай хайысхаҕа солбуйааччы эбээһинэһин толорооччу:
— Агропромышленнай хайысханан 2008 сылтан үлэлиибит. Биһиги ынах-сүөһүнү, сылгыны, итини сэргэ кууруссаны, индюгу уонна мончууктары солбуйар «подсадной» кустары иитэбит. Билиҥҥи туругунан 6 төбө ыанар ынахтаахпыт, 37 сылгылаахпыт, тыһыынчаттан тахса кууруссалаахпыт, отуттан тахса индюктаахпыт. Сүрүн хайысхабытынан көтөрү иитии буолар. Бүгүҥҥү дьаарбаҥкаҕа козаны, ньирэйи, индюгу атыыга буолбакка, быыстапкаҕа көрдөрөөрү аҕаллыбыт. Оскуолабыт кэннигэр кыылларбытын тутабыт уонна оҕуруот аһын үүннэрэбит. 400 кв. миэтэрэлээх тэпилииссэлээхпит, онтубут аҥаара ититиилээх, онон арассаадабытын эрдэ үүннэрэбит.
Оҕолор 14 саастарыттан барытыгар тэҥҥэ үлэлэһэллэр. Кинилэри Дьарыктаах буолуу киинин нөҥүө ылабыт, үлэ киниискэтэ арыллар. Итиэннэ Олохтоох дьаһалта, Дьарыктаах буолуу киинэ уонна оскуола кыттыһан, оҕолорбутугар хамнас төлүүбүт. Үлэ лааҕырын быһыытынан сайыҥҥы үс ыйга үлэлииллэр. Өйөбүл буолаары, уустук балаһыанньалаах эбэтэр кыаммат ыал оҕолорун ыла сатыыбыт. Дьиҥэр, оҕолор төгүрүк сыл үлэлэһэллэр. Холобур, олунньу ыйга – биэстии, кулун тутар ыйга үстүү оҕо. Сүрүн үлэ ыам ыйыттан саҕаланар – арассааданан, үүннэриинэн дьарыктанабыт.
Бородууксуйабытын дуогабар быһыытынан «Малый базар» диэҥҥэ туттаран атыылаттарабыт. Хамаҕатык барар, тоҕо диэтэххэ эппит экологичнай, туох да эбиилигэ, антибиотига суох. Бройлернай кууруссабыт этин киилэтэ 500 солкуобай, индюк киилэтэ – 650 солкуобай. Алтынньы ыйга сүөһүбүтүн идэһэлэниэхпит, сыаната өссө биллибэт. Оскуолабыт иһинэн ТХПК үлэлиир, үбүлээһин барыта онон ааһар.
Дьаарбаҥкаҕа, киэҥ хабааннаах бырагыраамаҕа олоҕуран, төгүрүк остуоллар, маастар-кылаастар, лекциялар, презентациялар, хаартыска быыстапкалара буолаллар. Итиннэ исписэлиистэр уонна экспертэр уопут атастаһаллар, итиэннэ бастыҥ бородуукталар хаачыстыба күрэҕэр кытталлар. Балаҕан ыйын 23 күнүгэр Хомсомуол болуоссатыгар кыайыылаахтары – тыа хаһаайыстыбатын бастыҥ оҥорон таһаарааччыларын наҕараадалааһын буолуоҕа.
Балаҕан ыйын 24 күнүгэр 13.00 чааска Хомсомуол болуоссатыгар атыылаһааччыларга анаан сүүйүүлээх лотерея оонньонуоҕа.
Күнүс 14 чаастан, үгэс быһыытынан, дьаарбаҥка чэрчитинэн АГАТУ ипподромугар ат сүүрдүүтэ буолуоҕа.