11.04.2021 | 11:30

КӨХТӨӨХ ЫЧЧАТ Кирилл Ксенофонтов

КӨХТӨӨХ ЫЧЧАТ Кирилл Ксенофонтов
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

2020 сыл түмүгүнэн Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет сыл бастыҥ спортсменынан Кирилл Ксенофонтов буолбута. Кини спорду уонна чөл олоҕу тутуһар, үгүс ыччакка үтүө холобур буолар. Быһата, университет биир чаҕылхай устудьуона диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Үөрэҕэр да ситиһиилээх, спорду да таптыыр, үлэни өрө тутар сэргэх ыччаттыын кэпсэтиибин сэргээҥ.

- Нам улууhун 2 Хомустааҕыттан төрүттээхпин. Бэйэм оҕо эрдэхпиттэн спорду  сөбүлүүбүн, бииргэ төрөөбүт иккиэбит, эдьиийдээхпин. Билигин иккис кууруска Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет (АГАТУ) ветеринарнай факультетыгар, биолог-охотовед идэтигэр үөрэнэ сылдьабын. Ол иннинэ Дьокуускайдааҕы педагогическай колледж физкультурнай салаатын бүтэрбитим.

Билигин саха төрүт многоборьетынан утумнаахтык дьарыктана сылдьабын. Сүрүннээн үөрэҕим саалатыгар дьарыктанабын уонна “Модун” спорт киинигэр.

Киhини өйдүөхпүттэн футбол мээчигин тэбэн улааппытым. Бу спорт көрүҥэ сүүрүүлээх-көтүүлээх. Урут сүүрүүм ортоһуор этэ, инньэ гынан турукпун тупсарарга туруммутум. Ол курдук түөрт сыл устата сүүрүүнэн орто дистанцияларга дьарыктаммытым, кэккэ ситиһиилэммитим. Үрдүк үөрэххэ киирэн баран тимир өттүгэр ылсыбытым. Күүһү-уоҕу мас тардыһыыта биэрэр диэн сыалтан билиҥҥэ диэри дьарыктана сылдьабын. Тренерим Дмитрий Дмитриевич Попов – биллиилээх мас тардыһааччы, эдэр киһи диэтэххэ, аатын-суолун номнуо оҥостубут киһи. Кини салалтатынан, бырагырааматынан  сахалыы многоборьеҕа уһуйуллабын. Бэрт сотору кэминэн “Манчаары оонньуулара” ыытыллар, онно күүскэ бэлэмнэнэ сылдьабын.

- Нэдиэлэҕэ хас күн спорт саалатыгар сылдьаҕын?

- Нэдиэлэҕэ биэстэ дьарыктанабын. Улахан күрэхтэһии буолар кэмнэригэр эбэтэр ыһыахтар буоллуннар, дьэ, оччоҕо дьарыгым элбиир. Нэдиэлэҕэ саамай иллэҥ күннэрим чэппиэр уонна өрөбүл. Атын күннэргэ сүүрэбин, ыстанабын, күүспүн дьарыктыыбын.

- Саамай күүһү биэрэ көрүҥнэр ханныктарый? Доруобуйаҕын хайдах көрүнэҕин?

- Мин саныахпар, эт-сиин өттүнэн күүһү-уоҕу биэрэр спорт көрүҥнэрэ – мас тардыһыы уонна саха төрүт многоборьета. Куруутун ыарахан ыйааhыннар уонна биир эрэ көрүҥ буолбатах буолан, элбэх бириэмэни, күүһү эрэйэр көрүҥнэр. Спорт, күүс-уох эрэ өттүнэн буолбакка, киһи буолан килбэйэргэ эмиэ көмөлөһөр. Холобур, өй-санаа өттүнэн күүстээх буоларга дьарыктыыр, бэйэни кыайыыга эрэли үөскэтэр уонна сүрэҕэлдьээhини кыайыы диэн улахан оруолу оонньуур буоллаҕа.

Спордунан күүстээхтик дьарыктанар туhуттан бастакы уочарат доруобуйаны көрүнүөххүн наада. Туох баар аһаабыт аспыт барыта көлөһүн буолан тохтор. Онон ас-үөл уонна битэмиин өттүгэр эмиэ болҕомто ууруохха наада.

Аска суолта уурабын, туһалаах битэмииннэри иhэбин. Саас, киһи мөлтүүр кэмигэр, күүһүрдүү үлэтэ барар, онон битэминнэри иһэр тоҕоостоох. Эбиитин тымныы сиргэ олоробут, кыһыннары сылаас халлаан турбат ээ, тымныы салгыммыт доруобуйаҕа эмиэ сүрдээх охсуулаах.

- Дьокуускай куоракка саамай табыгастаах саала, эн санааҕар, ханныгый?

- Киин куорат үрдүнэн саамай табыгастаах сааланан “Модун” дии саныыбын. Манна сайыннарар усулуобуйа барыта баар.

Мин саныахпар, Дьокуускай куораппыт үрдунэн кыһалҕа биир дии саныыбын.  Кыhын тымныыларга саалаларбыт тэҥҥэ тымныйан хаалаллар, ол дьарыктанарга сүрдээх улахан охсуулаах, тымныыга киhи улаханнык буспат-хаппат, кыратык олордуҥ эрэ тоҥон, сүрэҕэлдьээн бараҕын.

“Модун” манеһа сылаас буолааччы, элбэх киhи сылдьарын иһин буолуо. Аны туран, тренажерката эмиэ быһаччы үчүгэй. Киирии сыаната 250 солк., оттон устудьуон дьоҥҥо чэпчэтиилээх – 180 солк. Мин тренерим “Модуҥҥа” үлэлиир эрэ буоллаҕына босхо киирэр кыахтаахпын. Күн ахсын ботуччу харчыны барыыр ыарахан соҕус, инньэ гынан нэдиэлэҕэ биирдэ сылдьа сатыыбын.

“Өрөгөй” уораҕайыгар биирдэ эмэ сылдьабын, эмиэ сөрүүн сир. Халлаан сылыйан, сылыйдаҕа буолуо.

“Туймаада” стадион сүүрэргэ олус үчүгэй. Тренажерката аҕыйах да буоллар, син киһи кута тохтуур сирэ. Күн аайы тиийэн сүүрэргэ ыарахан, ол эмиэ хармааҥҥа охсор.

“Дохсун” сарсыарда 8:30 чааска диэри босхо. Устудьуоннарга чэпчэтиллэн 70 солк. Ону таһынан куораппытыгар элбэх фитнес саалалара бааллар,  ортотунан биир күҥҥэ 300-400 солк. төлүүгүн.

Итини ааттаан туран, мин үксүн бэйэм үөрэҕим саалатыгар сылдьабын. Биһиэнэ кыһынын эмиэ сөрүүн. Инвентарь өттүнэн аҕыйах киhиэхэ үчүгэй, элбэх киhи буоллаҕына – халыҥ уочарат. Ыксаан, аҕыйах буолан  бэйэбит дьарыктанарбытыгар саҥа станок ыллыбыт.

- Олоххор кими холобур оҥостоҕун?

- Тренерим Дмитрий Дмитриевич Попов уонна Нам улууhуттан сылдьар буоламмын Артем Варданяны киэн тутта ааттыыбын. Кистээбэккэ эттэххэ, оҕо эрдэхпиттэн кини кыайыыларын-хотууларын көрөн улааппытым.

- Спортан ураты туох дьарыктааххын?

- Биирдэ эмит быыс-арыт көһүннэҕинэ үлэлиибин. Араас бырааhынньыктары, кэнсиэрдэри ыытабын. Ол эрээри, кэлиҥҥи кэмҥэ  бу икки дьарыкпын сатаан дьүөрэлээбэт буолан эрэбин. Үөрэх, ол кэннэ дьарык, дьарык кэннэ кэлэн астанан аhаан утуйдахпына баhыыба буолар. Сарсыҥҥы дьарыкка күүс-уох ылаары утуйуохха-аhыахха наада буоллаҕа.

- “Манчаары оонньууларыгар” путевкалаах сылдьаҕын?

- XXI оонньууларга кыттар чиэскэ тиксибитим. Үөрэхпит  иһинэн буолбут күрэхтэһиилэргэ бэйэм үчүгэй өрүттэрбин көрдөрөн, многоборьеҕа 70 киилэҕэ диэри АГАТУ чиэһин көмүскүөхтээхпин.

- Түмүккэ, бэйэҥ саастыы эдэр ыччакка тугу баҕарыаҥ этэй?

- Саҥа ситиһиилэри, чыпчааллары арыйыҥ! Биирдэ бэриллибит олоххо сиэрдээхтик, дьоллоохтук олоруохха. Спордунан дьарыктанаргытыгар ыҥырабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Сонуннар | 03.10.2024 | 21:38
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Арассыыйаҕа буола турар Оҕо саас сылын ааспыт тоҕус ыйыгар Саха сиригэр 7 499 ыал «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы тутта, диэн үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр иһитиннэрэллэр. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал биэс сылга уһатыллан, 2022 сыл тохсунньу 1...