Изоляцияҕа олорор дьон доруобуйатын кэтиир сыһыарыы үлэлээтэ
СӨ Инновацияҕа министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэринэн, Саха сиригэр булгуччулаах изоляцияҕа олорор дьон доруобуйатын кэтээн көрөргө «Облачная поликлиника» сыһыарыы үлэлээтэ.
Бу сыһыарыы көмөтүнэн ыарыһах бырааһы кытта сирэй-сирэйгэ көрсөр алтыһыыта аҕыйыыр, консультация онлайн ыытыллар. Пилотнай бырайыакка Дьокуускайдааҕы медицинэ киинэ, киин куорат 3-с №-дээх поликлиниката уонна Сунтаар улууһун киин балыыһата киирдилэр.
Сыһыарыы даннайдары киллэрии бириэмэтин кылгатар, дьон туругун күн аайы кэтиир уонна консультацияны онлайн ыытар кыах биэрэр. Кэлин бу сыһыарыы диспансерга сытар дьону кэтээн көрүүүгэ туһаныллар буолара бэлиэтэнэр. «Облачнай поликлиника» нөҥүө бырааска суруттарыы, телемедицинэ көмөтүн туһанан онлайн консультациялары ыытыы, бүлүтүөн лииһин бигэргэтии эбэтэр сабыы оҥоһуллуоҕа. Пациент хаартата, анаалыстарын уонна чинчийиилэрин түмүктэрэ электроннай информционнай ситимҥэ тиһиллэллэр.