08.03.2022 | 20:00

«Ийэттэн төрүүллэр генийдэр, геройдар...»

«Ийэттэн төрүүллэр генийдэр, геройдар...»
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Бүгүҥҥү бырааһынньыктааҕы нүөмэрбитигэр Саха сирин биллэр-көстөр дьоно ийэлэрин туһунан кэпсээтилэр, күн тэҥэ күндү киһилэригэр тапталга билиннилэр.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев ийэтигэр истиҥ тапталын, ураты сылаас сыһыанын кистээбэт.

Айсен Сергеевич күндү киһитин ахтарын, хас көрсүһүүтүттэн дьоллонорун куруук этэр. Ийэтин эрэлэ, өйөбүлэ хайа да ыарахаттары туорууругар көмөлөһөрүн суруйар. 

“Санаабар эн өрүү аттыбар бааргын... Эн сир үрдүгэр саамай кэрэ ийэҕин! Куруук бу курдук үөрүнньэҥ, үтүө санаалаах, кыраһыабай уонна нарын сырыт. Мин эйигин таптыыбын!”  @nikolaev_aisen

Татьяна уонна Анна Никитична 
Легантьевалар

Татьяна Легантьева, СӨ култууратын туйгуна, Саха тыйаатырын артыыһа:

– Бу орто дойдуга күн сирин бэлэхтээбит күндү киһим күн чөмчүүгүн тэҥэ сып-сырдыгынан сыдьаайаҕын. Ийэбэр махталым муҥура суох. Эн миигин көмүс ньээкэҕэ суулаан бүөбэйдээбитиҥ курдук эйигин атаахтатыахпын баҕарабын. Онтум табыллар дуу, табыллыбат дуу, ол эрэн олус кыһаллабын.

Ийээ, доруобай буол, сүбэҕинэн-амаҕынан санаабытын бөҕөргөтө, куруук күлэ-үөрэ сырыт. Эйигин наһаа күүскэ таптыыбыт, ытыктыыбыт, сүгүрүйэбит.

Дмитрий Михайлов ийэтэ Мария Иннокентьевналыын

Дмитрий Михайлов, СӨ үтүөлээх артыыһа:

– Күн күбэй ийэбин Мария Иннокентьевнаны кэлэн иһэр Аан дойду дьахталларын күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Баҕарабын кытаанах доруобуйаны, туох баар үтүөнү, кэрэни! Ийээ, эн баар буолаҥҥын бу 63-пэр диэри оҕо буола сылдьабын. Этэҥҥэ эрэ буол, Ийээ!

Кыыдаана уонна Наталья Николаевна Игнатьевалар

Кыыдаана Игнатьева, худуоһунньук, дизайнер:
– Саамай чугас, күн кэриэтэ сырдык киһим миэхэ өрүү: “Мин чулуу кыттыгас айымньым”, – диэн этэр. Аҥаардас ити тылларыгар ийэм сылаас сыһыана, уһулуччу таптала көстөр. Кэрэттэн кэрэ киһим күлэрэ-үөрэрэ туохтааҕар да күндү. Кини булугас өйө, таптыыр сүрэҕэ биһиги дьиэ кэргэммит сүрүн акылаата буолар. Куруук маннык кыраһыабай, тапталлаах, дьоллоох сылдьаргар баҕарабын!

Байбал ийэтэ Марфа Васильевналыын

Байбал Сэмэнэп, ырыаһыт, ырыа айааччы, СӨ үтүөлээх артыыһа:
– Күн күбэй ийэбин сааскы кэрэ, сырдык бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин. Ийэбит барахсан баар буолан, биһиги олох кэрэтин билэбит. Күндү ийэбит – күн тэҥэ киһибит!

Сардана, Мария Ивановна Трофимовалар

Сардана Трофимова, марафоҥҥа Арассыыйа биэс төгүллээх чемпиона:

– Ийэм – чугас доҕорум, саамай күүстээх өйөбүлүм, тирэҕим. Үөрэр да, хомойор да күннэрбэр өрүү аттыбар баар киһим. Кини олус бэһиэлэй, холку майгылаах, ол иһин кини тула ханнык баҕарар киһи үөрэ-көтө сылдьар. Ийэбин күүскэ-күүскэ таптыыбын!

Семен Луканси ийэтэ Галина Николаевнаны кытта

Семен Луканси, Арассыыйа Худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ:
– Өрөспүүбүлүкэ-битигэр Ийэ сыла биллэриллибитэ улахан  суолталаах. Мин санаабар, саха ыалыгар Ийэ, ол эбэтэр Далбар Хотун суолтата дьолу, эйэни уонна эйгэни олохтуур олук күүс. 
Ийэм – миигин иитэн-такайан таһаарбыт, баҕалаах  үөрэхпин таларбар уонна олоҕум суолун буларбар күүс-көмө буолбут чугас киһим.  Мин киниэхэ махталым муҥура суох!

Ольга ийэтэ Светлана Африкановналыын 

Ольга Птицына, блогер:

– Ийэлээх аҕабыт оҕолорун “Ханнык баҕарар үлэ киһини киэргэтэр” диэн этиини өрө тутан ииппиттэрэ. Биһиги төрөппүттэрбит үтүө холобурдарын көрөн улааппыппыт. Биирдэ ийэм ферматтан дьиэлээн иһэн: “Оля, үлэ киһини киһи гынар”, – диэбитин өйдүүбүн. Ити тыллары билигин улахан уолбар этэбин. Төрөппүттэрбэр үлэттэн куттаммат буола улаатыннарбыттарыгар махталым муҥура суох.

Светлана Африкановна – үс кыыс тапталлаах ийэтэ, алта сиэн эйэҕэс эбэтэ. Билигин кырачааннарбын көрсөн көмөлөһөр. Былырыын ахсынньыга ийэбин кытта «Семейные рецепты Sofinewe” кулинарнай кинигэбит тахсыбыта. Кини өйөбүлүнэн туох баар бырайыактарым, идиэйэлэрим олоххо киирэллэр. Ийээ, эн аттыгар өрүү баар буолуохпут!

Ырыа Саарын ийэтэ Екатерина Дмитриевнаны кытта

Александр Дьячковскай-Ырыа Саарын, ырыаһыт:
– Мин улаханнык мөҕүллүбэккэ, ийэ тапталыгар бигэнэн улааппытым. Олоҕу сыаналыыр, кэрэни кэрэхсиир киһи буолбуппар ийэбэр махтанабын. 
Күн сирин көрдөрбүт күндү киһибэр чэгиэн доруобуйаны, күүстээх санааны баҕарабын. Хомойор диэни билимэ, куруук үөрүү аргыстан!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...