13.10.2023 | 10:00

«Ийэтин үүтүн кытта дьуоту ылбатах оҕо саҥата бытааннык сайдар»

«Ийэтин үүтүн кытта дьуоту ылбатах оҕо саҥата бытааннык сайдар»
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Билигин өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сөтөл, тумуу үгэннээн турар. Онтон сиэттэрэн, дьаҥ кэмигэр туох-ханнык битэмииннэр, минераллар көмөлөөхтөрүн, оҕо иммунитетын, сайдыытын уонна доруобуйатын туһунан педиатр Варвара Леонидовна Борисованы кытта кэпсэттибит, төрөппүттэри долгутар тыын ыйытыыларга хоруйдары ыллыбыт.

— Варвара Леонидовна, дорообо! Маҥнай ааҕааччыларбытыгар бэйэҕин билиһиннэр эрэ.

Мин Ньурба улууһуттан төрүттээхпин. Оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрэн баран М.К. Аммосов ааатынан ХИФУ Медицинскэй институтун бүтэрбитим. Үөрэхпэр кыһаллар, актыбыыс устудьуон этим. Дипломмун ылан баран, өссө элбэх билиини ылаары, педиатрия хайысхатыгар ординатураны бутэрбитим. Үс сыл иккис нүөмэрдээх куорат поликлиникатыгар үлэлээбитим. Аан дойдуну аймаабыт COVID-19 ыарыы утары үлэлээн анал грамотанан наҕараадаламмытым, Мархаҕа, порт оройуонугар учаастактарга  педиатр бырааһынан үлэлээбитим. 2021 сыллаахха кардиологияны үөрэтэн сертификат ылбытым.  Бу сылга РУДН эндокринология кафедратыгар үөрэнэн кэлбитим. Ол курдук бүгүҥҥү күҥҥэ диэри үөрэнэ сылдьабын.

Билигин киин куоракка «Дельта» клиникаҕа үлэлиибин, идэбин таптыыбын. Икки уол оҕолоохпун – улаханым Физико-техническэй лицей үөрэнээччитэ, кырам 7 ыйдаах. Кэргэним Петр Петрович –  спортивнай медицина үлэһитэ.

— Варвара Леонидовна, уһата-кэҥэтэ барбакка, кэпсэтиибитин иммунитеттан саҕалыахха.

Уопсайынан, билиҥҥи олох түргэн тэтимигэр дьон-сэргэ доруобуйатыгар болҕомтотун уурарын хайҕыыбын уонна онтон үөрэбин эрэ. Иммунитет 90%-на – киһи, оҕо оһоҕоһугар. Онно баар бактериялар биһиги тугу аһаабыппытын оборон, килиэккэлэрбитигэр тиксэрэллэр. Онон бастаан оһоҕоспутун көрүнүөхтээхпит.

— Битэмииннэри уонна минераллары сөптөөхтүк хайдах иһэбит?

Бу боппуруоска анаммыт лекциялаахпын, кылгастык эппиэттээн көрүөм. Саха сиригэр, хоту олорор дьон сарсыарда булгуччу Д битэмиин иһиэхтээхтэр. Биһиэхэ анаммыт доза аан дойдуттан атын, кыратык үрдүк. Д битэмиини саҥа төрөөбүт оҕоҕо биэрэллэр уонна аҕам саастаах дьоҥҥо тиийэ бары иһиэхтээхпит.

Балык сиэбэт оҕо элбэх. Кинилэр булгуччу «Омега 3» балык сыатын иһиэхтээхтэр.

Өссө биһиги аспытыгар дьуот тиийбэт. Сылга иккитэ дьуоту аһылыкка эбилик курдук иһиэхтээхпит, дьуоттан кыра оҕо саҥатын сайдыыта тутулуктаах.

Атын битэмииннэри уонна минераллары анаалыс туттарбакка эрэ иһэр көҥүллэммэт. Булгуччу быраас эрэ сүбэтинэн сирдэтиниэхтээхпит.

— Оҕо иммунитета оһоҕоһун микрофлоратыттан тутулуктаах дииллэр... Күһүн ханнык битэмииннэри иһэрдэр ордугуй?

Эппитим курдук, Д битэмиин, «Омега 3» балык сыата, дьуот. С битэмиин, «аскорбиновай кислота», иммунитекка туһалаах, токсиннары таһаарар, истириэс утары үлэлиир. Маны эбилик курдук ОРВИ үгэнниир кэмигэр (саас, күһүн) 10-14 хонуктаах кууруһунан иһиэххэ сөп.

Күһүн үлэ-үөрэх саҕаланар, утуйарбыт мөлтүүр, эрэсиими тутуһар ыарахан. Онно магний көмөлөһөр. Ону утуйаары сытан иһэргитигэр сүбэлиибин. Манна даҕатан этэр буоллахпына,  магнийдаах уонна  туустаах ванна киһи чөл туруктаах сылдьарыгар олус көмөлөһөр. А, Е битэмииннэри 1-2 ый иһэр дьон ОРВИ-нан ыалдьаллара аҕыйыыр диэн аан дойду үрдүнэн учуонайдар дакаастаан тураллар. Ол эрээри бу битэмииннэри быраас эрэ аныахтаах.

— Оҕо грипп утары быһыыны ылара хаһан ордук туһалааҕый?

Грипп быһыытын оскуолаҕа киирээри сылдьан, үөрэх сыла саҕаланыан иннинэ ылар табыгастаах дии саныыбын. Эбэтэр балаҕан ыйын бастакы аҥаарыгар.

— Күһүҥҥү-кыһыҥҥы тымныйыыттан, ОРВИ-тан, грипптэн судургу ханнык ньыманан көмүскэниэххэ сөбүй?

Бастатан туран, бары өйдүөхтээхпит: ыалдьыбыт киһини кытта алтыһыыттан сыстаҕын. Кыра саастаах оҕолор, аҕам саастаах дьон, олохсуйбут ыарыылаах дьон ыарыы үгэнигэр элбэх киһи мустар сиригэр сылдьыа суохтаахтар. Онно киирсэллэр – оҕо оонньуур зоналара, атыы-эргиэн кииннэрэ, улахан маҕаһыыннар уонна да атын дьон тоҕуоруһар сирэ. Дьиэни-уоту салгылатыы, илиини суунуу улахан оруолу оонньуур. Ханнык да эбиликтэри, сыаналаах битэмииннэри атыылаһан ис, гигиена быраабылаларын тутуспат буоллаххына, туһата суох буолуон сөп.

— Дьэ, бу билигин COVID-19 долгуна эмиэ ааҥнаата дииллэр. Киһи бөҕө ыалдьан эрэр. Ити күһүҥҥү тымныйыыны, ОРВИ-ны кытта ситимнээх дуу, суох дуу? Хайдах гынан көмүскэнэбит?

Аан дойду үрдүнэн доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрэ 2023 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр, онтон кэлин биһиги Ил Дархаммыт ыйааҕынан COVID-19 пандемията бүттэ диэн турабыт. Билигин коронавируһунан ыалдьыы аҕыйаата. Быраас тест оҥоруо суоҕун сөп. Ыараханнык ыалдьыбыттар уруккутун курдук балыыһаҕа сытан эмтэнэллэр. Ол гынан баран үгүс киһи ОРВИ курдук дьиэҕэ эмтэнэр.

— Пневмониянан наһаа элбэх оҕо ыалдьар буолла, бу төһө кутталлаах ыарыыный?

Оҕолорго барыларыгар кутталлаах. Пневмония туспа ыарыы уонна диагноз буолбатах диэн өйдөтүөхпүн баҕарабын. Пневмония – ОРВИ ыарахан көрүҥэ. Биһиги тыйыс кыһыннаах дойдуга, ыарахан усулуобуйаҕа олорор буоламмыт оҕолор икки ыйдарыттан пневмония утары быһыы халандаарыгар киирэн турар. Бу быһыы булгуччулаах.

— Аны туран, кэлиҥҥи кэмҥэ оҕо төрөөһүнэ элбээтэ. Оҕо бырааһа буоларыҥ быһыытынан, саҥа ийэ, аҕа буолаары сылдьар дьоҥҥо тугу сүбэлиигин?

 Аныгы киириилээх-тахсыылаах, түргэн тэтимнээх олоххо төрөппүт буоларга өй-санаа, үп-харчы өттүнэн бэлэмнээх буолуохха наада дии саныыбын. Билиҥҥи төрөппүт элбэхтэн куттанар, долгуйар, бары өттүттэн көмөҕө наадыйар. Бастатан туран, аҕам саастаах дьон, иккиһинэн,  уопсастыба өйөбүлүгэр.

Организмнарыгар тимир, Д битэмииннэрэ тиийбэт дьахталлар  болдьоҕор диэри сатаан тиийбэккэ, болдьоҕун иннинэ эрдэ төрүүллэрэ учуонайдарынан дакаастанна. Хат дьахтар күннээҕи эрэсиими тутуһуохтаах, сөпкө утуйуохтаах. Ийэтэ утуйа сыттаҕына оҕо улаатар гормоннара элбиир. Ийэ буолаары сылдьар дьахтар толору иҥэмтэлээх аһы аһыахтаах. Тугу баҕарбытын эрэ буолбакка, этигэр-сиинигэр туһалааҕы.

Бүгүҥҥү күҥҥэ саҥаларын сайдыыта мөлтөх оҕолор элбээтилэр. Ол биир биричиинэтэ дьуот тиийбэтиттэн буолар. Бастакы түөрт ыйыгар ийэтин үүтүн кытта дьуоту ылбатах оҕо олоҕун бастакы түөрт сылыгар саҥарарыгар ыарахаттары көрсүөн сөп.

Өссө биир ыарахан ыарыы – уойуу. Үскэл дьон оҕолоро удьуорунан 80-90% төрөппүттэрин курдук ыйааһыннарын түргэнник эбэн, диабет курдук ыарыыга ылларыахтарын сөп.

Төрөппүттэр табахтыыр буоллахтарына, 75% кэлин оҕолоро эмиэ куһаҕан дьаллыкка тардыһаллар. Ити мин бэйэм айбыт сыыппараларым  буолбатах, аан дойду учуонайдара суруйалларын кэпсээтим.

Аныгы үйэҕэ, бэл диэтэр, оҕо ханнык спорт көрүҥүгэр ситиһиилээх буолуон сөбүн генетическэй тестэр көрдөрүөхтэрин сөп.

Наука хас эмэ хардыы инники баран иһэр. Ол гынан баран  дьоҥҥо-сэргэҕэ баҕа санаам – бэйэ-бэйэҕитигэр убаастабыллаахтык, харыстабыллаахтык сыһыаннаһыҥ. Туох барыта стресстэн саҕаланар. Туох баар куһаҕан дьаллык, ыарыы төрдө – ити. Туох баар дэпписиит төрүөтэ – гипоксия уонна стресс.  Доруобай буолуҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...