Ийэ сүрэҕэ
Киэһэ уон чаас буолла. Маайыс иһитин-хомуоһун, дьиэтин-уотун бэрийэн баран утуйардыы тэриннэ. Бүгүн сылаарҕаан арыый эрдэ сытан сынньанар санаалаах. Суунан-тараанан баран, хоһугар киирэн сыттыгар төбөтүн ууран нухарыйан эрдэҕинэ, маа бэйэлээх мааны төлөпүөнэ, "эрдэ утуйаары гынныҥ" диэбиттии, өрө уһуутаан умайыктана түстэ.
Кимим бачча түүн эрийдэҕэй диэн дьиктиргээн экраны көрбүтэ, кыыһа Катя куораттан эрийэр эбит.
– Алуо, ийээ, Тима кэлбэтэ. Төлөпүөнүн ылбат, эн кэнники кинилиин хаһан кэпсэппиккиний? – кыыс ыгылыйбыт куолаһа бүтэҥитик иһилиннэ.
– Тыый, ол хайдах? Хаска, ханна барбытай? Тоҕо төлөпүөнүн ылбатый? Эрийэн көрүөм эрэ...– Маайыс уу нуурал, нус-хас олорбута ханна да суох буолла, ыксаан халыхынайа түстэ.
– Түөрт чааска спортивнай кулуупка дьарыктана диэн барбыта. Мэлдьи аҕыс чааска кэлээччи даҕаны, бүгүн суох. Уон чаас буолла, кэтэһэ сатаан баран эрийдим, – Катя ытамньыйан барыах айылаах ийэтигэр үҥсэргээтэ.
Ийэ сүрэҕэ хамсаан ылла. Уолун нүөмэригэр эрийэн көрдө даҕаны, "недоступнай" диэн кэлиилии кэбэ турда. Тохтуу-тохтуу хаста да эрийдэ, эппиэт мэлигир буолла. Маайыс бара сатаан төлөпүөнэ хаппатын, сибээһэ мөлтөҕүн мөҕүтүннэ. Ол быыһыгар бу кэнники кэмҥэ уолугар Тимаҕа болҕомтотун улаханнык уурбатаҕын, хам-хаадьаа, кэмиттэн кэмигэр эрэ кэпсэппитин санаан, отой буорайда, санаата түстэ.
– Оҕобун кытта тоҕо күн аайы кэпсэппэтэхпиний? Син атын туора дьону кытта бассаабынан сэлэһэбин аҕай ээ. Оттон баар-суох чыычаахпын кытта күн аайы билсибэтэхпин. Ити баар! Саатта, кэһэй!!! Билигин ханна-ханна баара, туохха түбэспитэ биллибэт... – дии санаан ийэ бэйэтэ-бэйэтигэр кыйаханна.
– Куорат – дьалхааннаах сир. Сонуннарга иһиттэххэ, киһи баттаҕа туруох айылаах быһылааннара тахсаллар, ардыгар. Саатар, күн-түүн атын омук дьоно кэлэрэ, убуохтааҕар, ыам бырдаҕыныы хойдон иһэрэ дьиксиннэрэр. Туох өйдөөх-санаалаах киһи төрүт сириттэн тэлэһийэн, Саха сиригэр үктэнэрин тымтыктанан да билбэккин, – диэн алтыһан да көрбөтөх омугун дьонугар кыра-хара саха дьахтара, чыпчылыйыах түгэнэ, өһүрэ санаан ылла. Төбөтүн иһигэр тохтоло суох толоос толкуйдар киирэн, өрө-таҥнары булумахтаннылар. Сүтүктээх сүүс айыылаах диэн итини этэн эрдэхтэрэ.
Маайыс эркиҥҥэ ыйанан турар эдэркээн ийэлээх аҕата сэргэстэһэ олорор хаартыскаларын аттыгар кэлэн чочумча тохтоон, тобулу одуулаан, "өйдө угуҥ даа" диэн ааттаһардыы көрөн турда. Хаан уруу чугас дьоно куһаҕаны ыраланыма, үчүгэйи эрэ толкуйдаа диэн сибигинэйэр курдуктар.
– Катя, уолбут төлөпүөнэ хаппат сиргэ сылдьар диир. Итиннэ билсэр дьонугар эрийэн ыйыталаһыҥ эрэ, кытаатыҥ. Бачча хойутуо суохтаах этэ.
– Сөп, ийээ. Бэҕэһээ табаарыһыгар Димаҕа баран хоммута. Онтон ыйыталаһан көрүөм, нүөмэрин ыытыый.
– Ыытыам, тугу эмэ биллэххитинэ эрийээриҥ, – Маайыс уолун санаан таалан олордо.
– Ийээ, Дима төлөпүөнүн ылбат, эмиэ "недоступнай". Ээ, арба, бииргэ дьарыктанар уолуттан ыйыталаһан көрүөм, – кыыс саҥата эрийээт, мэлис гынна.
– Бэйи эрэ, кырдьык, мин оҕобун кытта бүгүн тоҕо кэпсэппэтэхпиний? Тоҕо, тоҕо?! Киэһэ аҕыс чааска дьарыктанан кэлэн иһэбин диэн эрийэн этээччи ээ. Бүгүн эрийбэтэх... – ийэ сүрэҕэ бип-битигирэс буолла.
Маайыс хараҕар уолун күлбүт-үөрбүт мөрсүөнэ көстөн ааста. Тима аҕатын батан сырдык хааннаах, үрдүк уҥуохтаах, аҕыйах саҥалаах, көрсүө, сэмэй майгылаах. Ийэ барахсан уолун кыра оҕо эрдэҕинээҕитин санаан, сүрэҕэ манньыйан ылла. "Паам-паам" дии-дии, ийэтин ырбаахытын уолугар илиитин уган эмиийин хаһан булара, оттон-мастан тутуһан саҥа хааман тоотоҥнуу сылдьара субу баарга дылы. Куп-кугас баттахтаах, сып-сырдык дьүһүннээх, чыычаах курдук тырыбынаан, көтөхтөрөөрү илиитин даллата сылдьар мип-минньигэс киһи сыттыын-сымардыын, эттиин-хаанныын ийэ сүрэҕэр олус чугас эбээт! Тиимчик икки сааһын ааһыар диэри эмиийин бырахпатаҕа. Маайыс, оҕото түөһүгэр ыга сыстан, аҥаар илиитинэн хаҥас эмиийин тумугун таарыйа-таарыйа, наҕылыччы, астына-дуоһуйа эмэрин санаан, тымырын устун сылаас сүүрээн дырылаан ааста, санааҕа баттатан ыгылыйбыт бэйэтэ сымнаан, сылаанньыйан, ис-иһиттэн сырдаан, сэргэхсийэн кэллэ. Чээн, күҥҥэ көрбүт көмүс далбарайдарым чаҕаарыйар чаҕыл күннээх, чуопчаарар оҕо саастара үчүгэй да этэ! Ама, хайаан умнуллуой! Бииртэн биир түгэни санаан кэлэн, Маайыс хараҕын симэн чочумча олорбохтуу түстэ. Дьоллоох-соргулаах, дьоһун-мааны, кэрэ даҕаны кэмнэр ааспыттар... Аны хаһан хатыланыай, оччотооҕу эдэркээн ыал олоҕун үөрүүтэ? Оҕом сыыһа ханна эрэ буолла?! Бээ, ол эрээри билигин да эдэрбит, аттыбар оторой-боторой, чоҕулуччу көрбүт сиэннэрим бааллар, олох салҕанар... Дьахтар санаатын ситимин төлөпүөн тыаһа быста.
– Дима бүгүн дьарыктана барбатах эбит, билбэт. Аны тренеригэр эрийэ сылдьыам. Баччааҥҥа диэри хатаннаҕа дии ол тэрилтэ,– Катя долгуйбута куолаһыттан биллэр.
– Кытаатан ыйыталас, тоҕойуом! Төлөпүөнэ тоҕо арахса сылдьара буолуой, саатар... – ийэ, уйадыйбытын кыатана сатыы-сатыы, кыыһыгар сипсийэр.
Маайыс куораттан хас эмэ сүүһүнэн көстөөх сиргэ ыраах сыттар, уолун хайаан да булар бигэ санаалаах олорор. Бүтүн киһи биллиэхтээх, бэйэтэ, баҕар, тиийэн кэлиэҕэ. Ханна эмэ тардыллыбыта буолуо... Аҕалара Хабырыыс, утуйбакка, төлөпүөнүнэн кэпсэтиини кулгаах-харах иччитэ буолан иһиллии олордо. Убайа Ньукуус быраатыгар эмиэ хаста да эрийэн көрүтэлээтэ даҕаны, туһа суох буолла. "Абонент недоступен" диэн төлөпүөнэ кэҕэлии үрүт үөһэ кэҕийдэ.
– Мин төлөпүөммүттэн эрийиҥ, дэрэбээстэн. Баҕар, миэнин ылыаҕа, – диэн аҕалара туран-олорон тэпсэҥэлээтэ.
– Ол эйиэниттэн да эрийэн син биир, ылбат буолан ылбат буоллаҕа дии. Наһаа айманымаҥ, – ийэлэрэ, долгуйбутун биллэримээри, аҕаларын алы гынна.
Дьиэ иһинээҕи дьон бары уоллара ханна барыан сөптөөҕүн таайа, сэрэйэ сатаатылар. Утуйар уулара туман буолан көттө, саарбах, татым санаалар элэс гынан охсуллан аастылар...
– Ийээ, Тима кулууптан дьарыктанан бүтэн, сэттэ чааска тахсыбыт үһү. Билигин онно баран туһа суох, хатанан турдаҕа, – Катя куолаһа титирэстээн ылар.
– Оччоҕуна дьэ хайыыбытый? Ол да буоллар кулууп таһын баран эргийэн көрүөххэ баар этэ. Кэлбэтэҕинэ бара сылдьаарыҥ, бука диэн. Баҕар, харабыл тугу эмэ көрбүтэ буолуо, тиийэн ыйыталаһаарыҥ.
– Сөп, сөп, ийээ. Арай Тима төлөпүөнүн арааран баран киинэҕэ олорор буоллун. Ол эрээри этэн баран сылдьыахтаах этэ. Эбэтэр төлөпүөнүн сүтэрэн көрдүү сылдьара дуу... Баҕар, ииттэриитэ бүппүтэ буолуо...
– Чэ, кэтэһэн көрүөххэ. Кэлэр ини... – Маайыс санаата барыта уолугар буолла. Куһаҕаны саныан олох баҕарбат, үчүгэйи эрэ ырыҥалыыр. Ийэ сүрэҕин сороҕото, оһоҕос түгэҕинээҕи оҕото, муннун бүөтэ хайаан да тыыннаах буолуохтаах! Кини кимиэхэ даҕаны куһаҕаны оҥорбут айыыта-харата суох. Кимниин да иирсибитэ, охсуспута эмиэ иһиллибэт, бэл, үөхсүө-этиһиэ дуо? Быһата, Тима – сытар ынаҕы туруорбат сымнаҕас оҕо. Ол бэйэтэ ханна сүттэҕэй? Ийэ балачча саҥата суох таалан, чэчэгэйин ортоку тарбаҕынан бигии-бигии хоһун иһигэр киирэн сытта. Дьиэ иһэ им-ньим баран иһийдэ... Таһырдьа ытыс таһынар хараҥа. Уу чуумпу. Бу ураты кистэлэҥнээх чуумпуга сууламмыт түлэй түүн эдэр уол ханна баарын билэр буолуохтаах... Аата, абаккатын, бүтэй эттээх буолар! Айыы тойон таҥара тугу утары уунуон эрдэттэн сэрэйбэккин, билбэккин! Дьахтар тулуйбата, сыта түһээт, ойон туран төттөрү-таары хаамыталаата. Оҕотун сыыһа ханна сылдьыан сөбүн тобула сатаата.
Түүн уон икки чаас буолла даҕаны, туох да сибики биллибэтэ. Кэтэһии... кэлтэйдии эрэнэ кэтэһии... Күүттэххэ, бириэмэ сыыллан бытааннык да барар. Маайыс өссө ханна эрийэн, кимтэн ыйыталаһан уолун туһунан билиэн билбэккэ иннэ үрдүгэр олордо. Тулуйбакка кыыһыгар хаста да эрийэ сырытта даҕаны, мэлийдэ.
Ийэ өйүнэн-санаатынан үөһээҥи күүстэртэн, Үрүҥ Аар тойонтон этэҥҥэ буоллун диэн көрдөһө-көрдөһө уолугар иккитэ анаан-минээн сурук (смс) ыытта. Үтүөнү, үчүгэйи эрэ ыҥыран ыраламмыта киэҥ нэлэмэн куйаар устун кыырайа көтө турда...
Дьиэ иһигэр киһи тэһийбэт чуумпута, кэри-куру. Бэл, аан үрдүгэр ыйанан турар чаһы тыһыргыыра иһиллэр... Чуҥкунуур чуумпуну уйгуурдан, эмискэ төлөпүөн тырылыы түстэ. Катя үөрэн чаҕаарбыт саҥата иһилиннэ: "Кэллэ! Ийээ, Тима кэллэ!" Ийэ киһи оччолооҕу истэн баран олус долгуйда, үөрүүтүгэр хараҕыттан уу-хаар баста.
– Биэриҥ эрэ төлөпүөнү, кэпсэтиэхпин...– Маайыс чэпчээбиттии үөһэ тыынна, куолаһа салҕаластаан ылла.
– Тукаам, хантан кэллиҥ? Тоҕо төлөпүөҥҥүн ылбатыҥ? Аны итинник эппэккэ эрэ сүтэн хаалыма, этэн баран сылдьар буол, – диэн ийэтэ уолугар иитэр-такайар быһыынан кутта-симнэ, чугаһа буоллар сырылаччы сыллыа, ыбылы кууһуо этэ.
– Ийээ, сөп. Төлөпүөнүм ииттэриитэ бүтэн хаалбыта, табаарыспын кытта сырыттыбыт. Кэллим дии, кэллим. Бырастыы гыныҥ, эрдэ биллэрбэтэхпин, – диэн ыраахтан уолун холку куолаһа иһилиннэ.
Бу куолас ийэҕэ төһөлөөх күндүтүк иһиллибитэ буолуой? Тылгынан сатаан эппэккин... Дьиэ иһинээҕи дьон үһүөн "һуу" гыннылар, этэҥҥэ эрэ буоллун дэстилэр.
– Катя, бырааккын наһаа сэмэлээйэҕин, наллаан өйдөтөн этээр. Мин эмиэ бэйэм бүччүм кэпсэтиэҕим, – диэтэ ийэ уонна санныттан туох эрэ ыараханы түһэрбит курдук намылыйа наскыйда.
Маайыс уута көтөн хаалан, эргичийэ-урбачыйа өр сытта, үс чааска диэри хараҕын симпэтэ. Мааҕыҥҥы мучумаан өйүгэр субу тиллэн кэлэр. Сүрэҕэ тэппитэ билигин да ааһа илик. "Оҕолорум, сиэннэрим эһиги эрэ этэҥҥэ, чөл буолуҥ. Баай-дуол, харчы киһи олоҕор улахан суолтаны ылбат. Эһиги бааргыт – мин дьолум!"– диэн Үрдүк Айыылартан үҥэн-сүктэн көрдөстө-ааттаста, бар дьонугар махтанна.
Ийэ сүрэҕэ уйан, чараас даҕаны! Оҕотун туһугар тугу барытын кыайар дуулаҕа күүстээх, уйарҕаан ууллар ураты уйулҕалаах. Оо, ийэ сүрэҕэ барахсан!