20.11.2019 | 13:26

Ийэ хапытаала көмөлөөх дуо?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

И

Арассыыйа бөдөҥ бааннара Ийэ хапытаалын ипотекаҕа туһанары аккаастаабыттар диэн сурах социальнай ситимнэргэ тарҕанан, нэһилиэнньэ улаханнык айманна.

Бастаан ВТБ, Россельхозбанк, Газпромбанк уонна Сбербанк 5-6 бырыһыаннаах чэпчэтиилээх ипотеканы оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ биэрбэттэрин туһунан иһитиннэриилэр форумнарга тахсыталаан барбыттара. Биһиги бу бааннарга эрийтэлээн сурастыбыт. Бааннар нэһилиэнньэни кытта үлэлиир колл-кииннэрэ быһаарбыттарынан, ипотека бастакы төлөбүрүн быһыытынан Ийэ хапытаалын ылбат биричиинэлэрэ биир эрэ – дьиэни тутан таһаарааччы тэрилтэлэр Ийэ хапытаалын харчыта түһэрин уһуннук кэтэһиэхтэрин баҕарбаттара. Бэлиэтээн эттэххэ, иккис оҕо төрөөтөҕүнэ бэриллэр харчыны Биэнсийэ пуондата тутуу тэрилтэтин счетугар түһэрэрэ үксүгэр 1-2 ый кэтэһиилээх буолар.

Арассыыйа нэһилиэнньэтин 2019 сылга бааннарга иэһэ – 15,8 трлн солк.

Саҥа тутуллар дьиэҕэ кыбартыыра ылаары, дьон үксүн өлүүскэлээн тутууга ипотека кирэдьиитин ылар. Райфайзенбанк, МКБ, Совкомбанк 5-6 бырыһыаннаах чэпчэтиилээх ипотекаларыгар Ийэ хапытаалынан анньыһан, эмиэ аккаас ылыахха сөп эбит. Бу үөһээ ыйыллыбыт бааннарга барытыгар эрийтэлээн көрдүбүт: Ийэ хапытаалын ылартан ким да аккаастаммат, арай “тутуу тэрилтэтэ харчы түһэрин күүтэргэ сөбүлэһэр буоллаҕына” диэн эбии быһааран биэрэллэр.

Биэнсийэ пуондатын бүддьүөтүгэр 2020-2022 сылларга Ийэ хапытаалын кээмэйин үрдэтии былааннанар.

2020 сылга Ийэ хапытаалын суумата 466 617 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ, онтон кэлэр сылларга 4 бырыһыан үрдүөҕэ.

Маныаха биэнсийэ пуондатын тустаах бырагырааматыгар 325 млрд солк. көрүллэн турар. Итиэннэ, Ийэ хапытаалын суумата үрдүүрүнэн, сертификаттары биэрии чопчуланыаҕа уонна туһаныллар сорох чааһа эмиэ чуолкайданыаҕа.

Олоҕу баарынан көрөр буоллахха, тутуу хампаанньалара харчы түһэрин кэтэһиэхтэрин баҕарбаттар, Сбербанк буоллар Ийэ хапытаалын харчыта түһүөр диэри тутааччыга бэйэтин харчытын ыыта турбат. Инньэ гынан чэпчэтиилээх ипотеканы мэктиэлиир судаарыстыбаннай бырагырааманы туһаныы үгүстэргэ уустуктардаах, сороххо кыаллыбат суол буолан хаалла.

ЧЭПЧЭТИИЛЭЭХ ИПОТЕКА ЭРИДЬИЭСТЭРЭ

Судаарыстыбаттан өйөбүллээх ипотека дойдубут бэрэсидьиэнин көҕүлээһинин быһыытынан олоххо киирбитэ. 2018-2022 сс. иккис эбэтэр онтон кэлэр оҕоломмут ыаллар чэпчэтиилээх ипотекаҕа хапсаллар. Үп министиэристибэтэ дойду үрдүнэн 46 баан чэпчэтиилээх ипотеканы биэрэрин туһунан биллэрбитэ. Бу ипотека бастакы төлөбүрэ дьиэ сыанатын 20 бырыһыаныттан кырата суох буолуохтаах, бырыһыана 6 (сорох бааннарга 4,5-5 бырыһыаннаах ипотеканы биэрэн эрэллэр).

! Чэпчэтиилээх ипотеканы саҥа тутулла турар дьиэҕэ эбэтэр кыбартыыраны юридическэй сирэйтэн атыылаһыыга эрэ туһанаҕыт.

Бааннар маннык ипотеканы тоҕо биэрбэт буолуохтарын сөбүй? Тоҕо диэтэххэ, кирэдьиит ылааччы бэйэтин харчытын биэриэхтээх, судаарыстыба көмөтүн буолбатах дииллэр эбит. Ол эрэн Бырабыыталыстыба уурааҕын ылан көрдөххө, “дьиэҕэ кирэдьиит ылааччы иэһин төлүүрүгэр бэйэтин харчытын, ол иһигэр бүддьүөттэн ылар көмөтүн кытта (ол аата Ийэ хапытаалын эмиэ) туһанар” диэн сурулла сылдьар.

Центробанк колл-киинигэр эрийэн тиийдэххэ (төлөпүөннэрэ: суукканы эргиччи - 8 800 300-30-00, суотабайтан босхо +7 499 300-30-00) : “Ийэ хапытаалын бастакы усунуос быһыытынан ылбат бааннар сокуону кэспэттэр. Ипотека ыларга дьиэ сыанатыттан 20 бырыһыана бастакы төлөбүр буолуохтаах, ол төлөбүр  Ийэ хапытаалын харчыта кэлэн  түстэҕинэ эрэ оҥоһуллубутунан ааҕыллар”, - диэн быһаараллар.

Иккис эбэтэр онтон кэлэр оҕолорун күн сирин көрдөрбүт ыаллар, судаарыстыба көмөтүн ылаары, бастатан туран, оҕо докумуонун оҥоттороллор, онтон салҕыы Биэнсийэ пуондатыгар тиийэн олорор усулуобуйаларын тупсарыахтарын баҕаралларын, дьиэ атыылаһалларын туһунан сайабылыанньа суруйаллар. Ол эрэн хапытаал харчыта дьиэ атыытын дуогабара оҥоһулуннаҕына эрэ түһэр. Онон харчы тутааччыга тиийэрэ ыраатан хаалар – 3 ый устата тиийиэн сөп. Ол иһин хапытаалы бастакы төлөбүр оҥостуу ньымата улахан өйөбүлү ылбат.

Урут хапытаал харчыта түһэрин кэтэһии сокуонунан 1 ыйтан ордук буолара, билигин 15 хонук болдьохтоох.

Маны таһынан, баан бөдөҥ кирэдьиити биэрэригэр киһи төлүүр кыаҕын сыаналыыр. Онуоха кини бэйэтэ мунньуммут харчылааҕа дуу, судаарыстыба эрэ харчытын туһанар былааннааҕа дуу эмиэ улахан оруолу оонньуур. Бастакы төлөбүр кыра буоллаҕына  баан ипотеканы биэримиэн эмиэ сөп.

Атыылаһааччы дьиэ сыанатын 40-50 бырыһыанын ууран биэрэр кыахтаах буоллаҕына, “эрэллээх туһанааччы” аатын сүгэр.

Статистика көрдөрөрүнэн, ипотеканан дьиэ ылааччы 5-6 бырыһыана эрэ Ийэ хапытаалын бастакы төлөбүр оҥостор эбит.

КӨМӨНҮ САТААН ТУҺАНЫАХХА НААДА

2018 сыллаахха Ийэ хапытаалын бастакы төлөбүр быһыытынан 4,5 тыһыынча ыал чэпчэтиилээх ипотекатыгар туһаммыта. 2018 сылга ипотекаҕа чэпчэтии бастакы биэс сыл устата көрүллэр этэ. 2019 сылтан бу чэпчэтии ипотека болдьоҕор бүтүннүүтүгэр туттуллар буолбута.

Кыра бырыһыаннаах ипотеканы дойду үрдүнэн номнуо 16 0000 ыал туһаммыт.

АҔА ХАПЫТААЛА

Арассыыйаҕа Аҕа хапытаала диэн баар буолуон сөп. Бу туһунан Уопсастыбаннай палаата дьиэ кэргэни, ийэлэри, оҕолору өйүүр хамыыһыйата этии киллэрбитэ.

Аҕа хапытаалын биэрэр усулуобуйалара: үһүс оҕо төрүөхтээх, оҕолор бары биир дьиэ кэргэҥҥэ иитиллиэхтээхтэр, ийэлээх аҕалара сокуонунан холбоспут буолуохтаахтар.

Кээмэйэ Ийэ хапытаалын кытта тэҥ буолуохтаах диэн. Федеральнай Ийэ хапытаала иккис оҕо төрөөтөҕүнэ бэриллэр, 2017 сылтан кээмэйэ улааппакка турар – 453 тыһ. солк. Эһиилгиттэн индексацияланан барар, 2020 сылга 466 тыһ. солк буолуохтаах.

Билигин да элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ судаарыстыба өттүттэн улахан көмө оҥоһуллар. Холобур, бастакы оҕоҕо (2019 сылга төрөөбүт буоллаҕына) — 33 812 солкуобай биирдэ бэриллэр. Иккис оҕоҕо – федеральнай Ийэ хапытаала (453 тыһ. солк.) уонна өрөпүүбүлүкэтээҕи Ийэ хапытаалын быһыытынан 135  907 солкуобай бэриллэр, ону тэҥэ, 6%-наах чэпчэтиилээх ипотека көрүллэр.

Үһүс уонна онтон кэлэр оҕоҕо – Саха сиринээҕи Ийэ хапытаала (140 тыһ. солк.), 3 сааһын туолуор диэри ый аайы 16 906 солкуобай төлөнөр, босхо сир учаастагын ылар. Ону тэҥэ, ипотека сууматыттан 450 тыһыынча солкуобай сотуллуон сөп. Аҕа хапытаала олоххо киирдэҕинэ, эбии 453 тыһ. солк. ылыахтарын сөп буолар.

Оччотугар, билигин дьиэ кэргэн үс оҕотугар (2019 сылтан бэттэх төрөөбүт буоллахтарына) судаарыстыбаттан ылар көмөтө 1,8 мөл. солк. буолуон сөп. Оттон Аҕа хапытаала олоххо киирдэҕинэ, 2,2 мөл. солк. ылыахха сөп.

Маны таһынан, биирдэ эрэ бэриллэр, кыра суумалаах, ыйдааҕы босуобуйалары, ийэ оҕолоноругар ылар харчытын о.д.а. ааҕыахха сөп. Хас биирдии ийэҕэ хамнаһыттан көрөн суоттанар төлөбүрдэр.

Аҕа хапытаалын, син Ийэ хапытаалын курдук, бэйэтин биэнсийэтигэр эптэриэн, оҕолор үөрэхтэригэр эбэтэр олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарыыга ыытыан сөп.

Бу бырайыак олоххо киирдэҕинэ, Уһук Илинтэн, Калининград уобалаһыттан, Крымтан саҕалыырга былаанныыллар. Бырайыак сүрүн сыала-соруга дьиэ кэргэн институтун бөҕөргөтүүгэ, демографияны өрө таһаарыыга туһуланар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....