Ийэ айманар сүрэҕин туох уоскутуой...
Билиҥҥи балаһыанньаҕа, билиҥҥи судургута суох кэмҥэ оҕотун байыаннай дьайыыга атаарбыт ийэлэрдиин кэпсэтэртэн ордук ыарахан суох. Кинилэр куоластара титириирэ, харахтарын уутун кистээн туора соттоллоро, оҕолорун тустарыгар күүстээх, тулуурдаах буола сатыыллара киһини өссө уйадытар, уоскутар тылы булбакка мух-мах бараҕын.
Бу сырыыга оҕолорун атаарбыт, кэтэһэр, эрэнэр икки ийэни кытта харах уулаах кэпсэтиибин ааҕааччыларбар таһаарыам.
Ол иннинэ балаҕан ыйыгар бастакы хомуур саҕаламмытын кэннэ көмөлөһөр сыаллаах, сүбэ-соргу, санаа атастаһарга диэн өрөспүүбүлүкэ ийэлэрин бөлөҕүн тэрийбит Бээрийэ Кыыһа Хотойук Айгыына санаатын истиэҕиҥ: “Ийэ күүһэ” бөлөҕү Саха сиригэр хомуур саҕаланаатын кытта тэрийбитим. Ийэлэр, эбэлэр соһуччута бэрдиттэн олус айманар турукка киирэр кутталламмыттара. Тус бэйэм ийэ буолан туран, ол аймалҕаны кыратык эмэ чэпчэтиһэр, күүс буолар санааттан бөлөх тэрийэ охсубутум, сорохтор истэн, ыйыталаһан киирбиттэрэ. Манна араас улуустартан барыта 59 ийэ санаа атастаһан, тустаах ыйытыктарыгар, кыһалҕаларыгар көмөлөһөбүн. Олоххо араас соһуччу быһыы буолар эрээри, бу байыаннай дьайыыны ким да күүппэтэҕэ. Ол да буоллар ийэлэр уолаттара, ыал аҕалара ким хомуурга ыҥырыллан, ким баҕа өттүнэн бардылар. Ийэлэргэ ыарахан, ол эрээри ийэ күүһэ баар буолуохтаах, тулуурга уонна инники кыайыыларга, дьулуурга. Ол эрээри ийэ айманар сүрэҕин туох уоскутуой, ханнык күүс дуу, ханнык илгэлээх тыл дуу...”
Оҕом санаата күүстээх
Саргылана Заровняева, Уус Алдан, Бороҕон:
– Мин бэйэм түөрт оҕолоох соҕотох ийэбин. Саамай улахан оҕом, дурдам-хаххам, эрэлим бастакы хомуурга түбэһэн, бэбиэскэ тутаат, балаҕан ыйын 27 күнүгэр барбыта.
Соторутааҕыта аармыйаттан кэлбит буолан ыҥырдахтара буолуо, бэйэтэ 2000 сыллаах төрүөх, 22 саастаах. Кэргэнэ, оҕото суох, куоракка ол-бу быстах үлэлэргэ сылдьыбыта.
Куораттан өрүс нөҥүө улууска олоробут. Бэбиэскэ кэлбитин баһылыкпыт эрийэн биллэрбит этэ. Оҕом ону истээт да, дойдутугар кэлбитэ, атыттар курдук саһа, куота сылдьыбатаҕа. Кыра эрдэҕиттэн байыаннай буолуон баҕарар этэ, онон бэбиэскэ тутаат, барабын диэбитэ. Иккис оҕом уол, устудьуон, кыыһым 11-с кылааска, кыра уолум 2-с кылааска үөрэнэллэр. Аҕабыт суох, оҕолорбун бэйэм иитэбин, биһигини кытта 75 саастаах аҕам олорсор.
Уолум ол курдук бастаан учебкаҕа Уссурийскайга тиийбитэ, ыйтан ордук бэлэмнээбиттэр этэ. Билигин Украинаҕа, Киев аттыгар баарбыт диир, передовойга киирэ иликтэр, бу күннэргэ барыахтаахтар үһү.
Ыйыталастахха барыта этэҥҥэ, малым-салым барыта баар диир. Араас буолан хааллахпына ытаан көрөөр эрэ диэн эмискэ саҥарталыыр. Бөлөхтөрүгэр 25-тэр эҥин үһү, сахалар сэттиэбит диэбитэ. Хамандыырдара нуучча, үчүгэй киһи үһү.
Бэбиэскэ тутан баран дойдутугар кэлбитэ, олох охтон биэриэм суоҕа, күүстээх санаалаахпын диэбитэ. Испэр олус айманнарбын да, ытыырбын эҥин көрдөрбөтөҕүм. Ол курдук улуус киинигэр киирэн атаарбыппыт.
Бу бүгүн кэпсэтэ сырыттыбыт. “Маама, сарсын сибээстэн суох буолабыт, хаһан тахсарым биллибэт”, – диэн баран түргэн баҕайытык төлөпүөнүн ууран кэбистэ. Онон аны кэтэһэр эрэ буоллаҕым (бу сэтинньи 25 күнүгэр этэ – Ааптар).
Саамай тутаах, саамай эрэнэр улахан уолум, күүс-көмө буолуо дии саныырым, билигин барытыгар соҕотохпун, наһаа туоххаһыйдым. Кутум-сүрүм көтөн хаалбыт курдук. Ийэлэргэ санааларын олох түһэрбэтиннэр эрэ диир кыахтаахпын, бэйэбит таҥараҕа эрэ үҥэргэ тиийэбит, күүстээх санаалаах буолуохха.
Оҕом миэхэ наһаа чугас, аһаҕастык кэпсэтэбит, миэхэ сыһыана үчүгэй, боростуой, элэккэй, эйэҕэс майгылаах, кырдьаҕастарга көмөлөһө сылдьааччы.
Учебкаҕа сырыттахтарына психолог эҥин бөҕөтө үлэлэспит, онон этэҥҥэ төннөн кэлиэҕим диэн бигэ санаалаах, саамай эдэрбит 19 эрэ саастаах, онтон мин кэлэбин, уоннааҕылара 30-40 тахсыбыт дьон диэн быстахтык кэпсээбитэ. Гранатометчигынан барабын диэбитэ, аармыйаҕа сапер этэ.
Барарыгар оҕобор үрүҥ көмүс харысхал биэрбитим, көмүскүү сылдьарын курдук.
Эһэбит, дьиҥэр, атын нэһилиэккэ дьиэлээх, ону оҕом барахсан, тыыннаах эргиллэн кэлиэҕим, эһэм дьиэтин оҥостуохпут, хаһааҥҥа диэри куортамҥа олоруохпутуй диир. Күүстээх санаалаах, иннин-кэннин быһаарсар, онон эппит тылыгар турар. Кини дьээбэлээх, юмордаах, онон дьону кытта уопсай тылы бэрт түргэнник булар. Онто анараа сылдьарыгар туһалыа, көмөлөһүө дии саныыбын.
Бэйэм онон-манан аралдьыйа сатыыбын, ол курдук кыралаан иистэнэбин, маллаах иһит оҥоробун, тойуктааччыбын, олоҥхоҕо кытын дииллэр. Чэ итинник, хата эйигин кытта кэпсэтэн, син чэпчээбит курдук буоллум.
Ийэ ууһун тэнитиэхтээх соҕотох уолбут барда...
Агафья Сивцева-Дүпсүүнэ, саллаат ийэтэ:
– Мин оҕом 1992 сыллаахха төрөөбүтэ, балаҕан ыйыгар мобилизацияҕа түбэһэн барбыта. Барыта олус соһуччу этэ, бэйэтэ дойдутугар учууталлыы сылдьыбыта. Олох аахайбакка олорбуппут, бэбиэскэлэр кэлэллэр, ким да барбыта иһиллибэт, бары тыанан, куоратынан куота сылдьаллар, тутуллубаттар диэн буолбута. Иккис ыҥырыыга мин уолбар кэлбитэ. Киэһэ миэхэ үлэтиттэн бүтэн 5 саҕана бэбиэскэтин туппутунан кэллэ, соһуйуу, өмүрүү. Сарсыарда алта чааска барабын диэн буолла. Бэйэҕэ тирээтэҕинэ сүрдээх буолар эбит, дэриэбинэҕэ олорор дьон ол туһунан төрүт санаабакка олордохпутуна.
Уолбут ыал буолбатаҕа, онон оҕо-уруу суох. Бэйэтэ чуумпу, олус дьиэмсэх, кэлигэһэ-барыгаһа суох, дирбиэни-дарбааны сөбүлээбэт. Оскуоланы туйгуннук, үрдүк үөрэҕи кыһыл дипломунан бүтэрбитэ, ВДВ сулууспалаабыт, бөдөҥ-садаҥ, сахаҕа көстүүлээх, өй-санаа баар оҕото. Бэбиэскэ туттум да барабын, аккаастаммаппын, куоппаппын, саспаппын диэбитэ.
Ол курдук сарсыарда алтаҕа аҕата тахсан атаарбыта.
Биһиги ыал үс кыыстаахпыт, соҕотох уоллаахпыт. Аҕабыт ыарыһах, иһигэр наһаа айманна. Олус эйэлээх, нус-бааччы ыал этибит, уолбут биһигини өрө көрбөт, ийээ, аҕаа диэн сылдьаахтыыр, сымнаҕас майгылаах. Ол бэйэбит билигин утуйар-утуйбат икки ардынан сылдьабыт.
Билигин уолбут Донецкайга баар. Передовойга сылдьар, разведчик. Дрону көтүтэр, тута ылынан, билэн-көрөн, инструктор курдук сылдьыбыт, дьону үөрэппит этэ.
Биирдэ эмит кэпсэтэбит, настарыанньалаах курдук, майгытынан симик, ыһа-тоҕо кэпсии сылдьыбат. Усулуобуйа куһаҕан да буоллаҕына, сэттэ да манньаҕа эппэт. Ыарахан бөҕө буоллаҕа, киһи үөрэрэ-көтөрө туох кэлээхтиэй, сахалар хаһан да туохтан да хаалсыбатахтара, толлон турбатахтара, барытын кыайар-хотор буоллахтара. Эдэркээн баҕайы оҕолор бааллар диир. Хамандыыра эмиэ киниттэн эдэр, саҥардыы байыаннай училищены бүтэрбит үһү.
Кистэл буолбатах, мобилизацияттан күрээһин наһаа элбэх. Мин баҕам диэн иэстэрин толорон, үс ыйынан кэлэллэрэ буоллар. Онон үс ыйдаах эппиэттээх үлэлэрин толорбут, иэстэрин төлөөбүт ыччаты төттөрү ыыталаан, саҥаттан саҥа састаабынан атыттар көмүскүү барыахтарын, саҥа мобилизация буолан бу оҕолор кэлиэхтэрин наада дии саныыбын. Ким эрэ көҥүллүк сылдьар, ким эрэ бойобуой дьайыыга хабыллар. Бары Саха сирин, дойдуларын чиэстээхтик көмүскүөхтээхтэр, туохтан да куотунумуохтарын наада. Бары тэҥ бырааптаахпыт, ийэлэр, аҕалар эмиэ биир тэҥ дьон буоллахпыт. Үс ый буола-буола босхолоон, ыыталаан иһэллэригэр мин эрэ буолбатах, элбэх ийэ баҕарар. Бырабыыталыстыба, салалта өттүттэн маны туруорсуохтарын наада, онно сокуон ылалларыгар этиилээхпин. Ийэлэр бары биирбит, бары маннык саныыбыт диэн саарбахтаабаппын.
Ким да буоллун, доброволец да, контрактник да, мобилизованнай да – бары биир тэҥ балаһыанньаҕа сылдьаллар. Ийэ сирдэрин көмүскүүллэр, онон кинилэр эмиэ көмүскэллээх буолуохтарын наада. Үс ый да кэтэстэххэ сүрдээх уһун, утуйбатахпыт ыраатта, наһаа ыарахан, чаас аайы, күн аайы кэтэһэбит, төрөппүттэргэ сүрэх, дууһа туллар алдьархайа.
Мин ийэлээх аҕам икки тулаайахтар холбоспуттар, аҕам Дьааҥыттан төрүттээх, 22-тэ төрөөбүт хоту дьахтартан соҕотох хаалбыт киһибин. Аҕам өттүттэн соҕотохпун. Уолум 10 оҕолоох герой ийэттэн соҕотох уол сиэн. Уон биир оҕоттон сэттэтэ суох, түөрдэ эрэ баар. Сэттэтэ эдэр саастарыгар, кэргэннэммэккэ, үгүстэрэ оҕо да хаалларбакка орто дойдуттан барбыттар. Онон уолум ийэ ууһугар соҕотох уол сиэн. Ийэтин да, аҕатын да өттүттэн соҕотох нэһилиэнньикпит. Саныахха сүрдээх ыарахан. Аҕыйах сиэн баар, бары кыргыттар.
Ыаллар соҕотох уолаттарын уонна ийэ, аҕа ууһуттан соҕотох хаалбыт көмүскэл, харысхал буолуохтаах баар-суох эрэллэрин, кэскиллэрин ылбат туһугар былаас өттүттэн туох эрэ көрүллэрэ буоллар. Өбүгэлэрбитигэр былыр-былыргыттан соҕотох хаалбыт уол оҕону сүрдээҕин харыстыыллара, хараанныыллара. Ийэ, аҕа ууһуттан иккиэннэриттэн олус күндү, төрүччүбүтүн ууһатыахтаах соҕотох оҕобут барда, маннык өрөспүүбүлүкэбитигэр биир эмит түгэн баара буолуо. Тоҕо бу боппуруоһу көтөҕөҕүн диэтэххэ, биир дьүөгэм Санкт-Петербурга биир генералы кытта кэпсэппит этэ. Кини оннооҕор кыылы-сүөлү Кыһыл кинигэҕэ киллэрэллэр, маннык балаһыанньаҕа туох эрэ харысхал баар буолуон наада диэбит. Оннук балаһыанньа байыаннай этикаҕа суох гынан баран, бу оҕо сыыһа баран хаалбыт диэн эппит. Соҕотох хаалбыт нэһилиэнньиги эһэн туран ыытар ыарахан, итинник түгэннэргэ тугу эрэ толкуйдуохха, тобулуохха сөп диэбит. Кыһалҕа да араастардаах. Төрүт уус саха киһитин сыанабылыгар утум быстара ыарахан. Ону оннооҕор нуучча генерала сыаналыыр эбит.
Ол да буоллар оҕом хайаан да этэҥҥэ кэлиэ диэн эрэнэбин уонна үөһэ эппит көрдөһүүлэрим, туруорсууларым олоххо киирэллэрэ буоллар диэн баҕа санаабын тиэрдэбин.