IT-НЫ СААСТААХТАР БАҺЫЛЫЫЛЛАР
Саргылана Петрова идэтинэн фармацевт, үйэтин-сааһын тухары Бэрдьигэстээх 39 №-дээх аптекатыгар үлэлээбитэ. Биэнсийэҕэ тахсыаҕыттан, Дьокуускай куоракка олорор. Сааһа 62-тэ. Саргылана төһө да сааһырдар, аныгы технологияны баһылаабыта киһини сөхтөрдө. Ол курдук, «Google» хампаанньа «Play Market» маҕаһыыныгар “Тылла таай», “Ойууну таай” уо.д.а. оонньуу сыһыарыылар ааптардара, айти тылынан эттэххэ, «разработчига» буолар. Бүгүн IT-технология, программирование кистэлэҥнэрин толору баһылаабыт эбээни кытта кэпсэтиибин таһаарабын.
АЙТИШНИК СУОЛУН ТҮСТЭЭҺИН
- Олоҕум тухары эми-тому кытта үлэлэһэн кэллим. Айтига сыстыбытым оруобуна сүүрбэччэ сыл буолла. Дьиэбэр куруук интэриниэттээх буоламмыт, куйаар ситимин маныырым. Ол саҕана билиҥҥи курдук аан дойдуну барытын кэтии олорор кыах суоҕа. Ол оннугар барыта буор-босхо этэ, билигин барыта дуолларга, евроҕа эрэ атыыланар.
Урут, инбэлиит дьоҥҥо босхо эмп түҥэтэллэрин саҕана, фармацевтар бары көмпүүтэргэ эриллэ түспүппүт. Дьон ырысыаба, сакааһа барыта интэриниэтинэн кэлэрэ. Үлэбэр бастаан сайт оҥорон саҕалаабытым, хайдах эрэ улам-улам сэҥээрэн, ымсыыран, IT «миэнэ быһыылаах” диэн санааламмытым. Үлэбэр, куйаар ситимин баһылаабыт диэн, сэбиэдиссэйинэн анаабыттара. Үлэлиирим тухары, этэргэ дылы, көмпүүтэри кытта «тустан” тахсарбыт.
- Оонньууну хайдах оҥорбутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?
- Бастаан биллэриинэн “WorldSkills” (квалификацияны үрдэтэр, эбии үөрэхтээһини сайыннарар соруктаах норуоттар икки ардыларынааҕы коммерческайа суох ассоциация) бырайыагынан Дьокуускай куоракка сааһыттан тутулуга суох биэнсийэлээхтэри үөрэтэбит диэн биллэрии бассаапка кэлбитэ. Балтым куруук этэр: “Эн туох эрэ кэскилллээҕи, сайдыылааҕы оҥоруохтааххын. IT-га холонон көрбөккүн дуо?” – диэн.
Биллэриини көрөн, миэхэ туһалааҕын, аралдьыйыыны биэрэрин билэн, суруйтарбытым. Сотору үөрэх кууруһугар ыҥырбыттара. Ким да суоҕа буолуо, саастаах дьон тоҕо айтинан оонньуохтарай диэбитим, хата, төрдүө эбиппит. Манна кэлэн интэриниэт нөҥүө үлэлииргэ, араас бырагыраамалары туһанарга, сайт арыйарга о.д.а. үөрэнним. Нэдиэлэ курдук үөрэнэн истэхпитинэ, коронавирус дьаҥа тарҕанан, үөрэхпит тохтоон, билигин кэтэхтэн “ютуб” ханаалтан сорудах ылан үөрэнэбит. Бэриллибит сорудахтары толороору куйаар ситимигэр киирэн, ону-маны көрө олорон “продвинутый курс” диэн үөрэх бырагырааматын булан, 600 солк. атыыласпытым. Манна үөрэнэн баран, сахалыы тыллары таайар оонньууну оҥоруохха сөп эбит диэн санаа киирбитэ. Сахалыы биктэриинэ толкуйдаан, оонньуубун “Тылла таай” диэн ааттаатым. Оонньуу 30 кэрдиистээх. Разработчиктар консолларыгар Gooqle play console диэҥҥэ регистрацияланан, 25 $ төлөөн баран, төһө баҕарар сыһыарыыны угуохха сөп. Оонньуубун укпутум кэннэ, нэдиэлэни быһа бэрэбиэркэлээн баран аккаастаабыттара. Сахалыы тыла элбэх буолан, үчүгэйдик өйдөөбөтөхтөр этэ. Быһаарыытын нууччалыы тылбаастаан ыыппытым кэннэ, тута көҥүллээн «Google Play» сыһыарыыга таһаардылар. Дьиҥэ, ааспыт сыл кыыһым аттыбар бу олоххо баар эрдэҕинэ, интэриниэт маҕаһыын эбэтэр атын, ураты дьарык арынар былааннаах этибит.
СИЭНИМ КӨМӨЛӨҺӨР
- Саргылана, оонньууну дьон хайдах ылынна? Мин билэрбинэн, сахалыы оонньуу олох суох.
- Бастаан бииргэ үлэлии сылдьыбыт дьүөгэ кыргыттарбар ыыппытым. Оонньоон көрөн баран, тута сэргээбиттэрэ, сөбүлээбиттэрэ. 30 кэрдииһи барытын таайбыттар, онон билигин сорудаҕын элбэтэри толкуйдуубун. Сахалыы эйгэлээх буоламмын, күнү быһа сахалыы тыллар суолталарын эргитэбин, ырытабын.
- Эдэр дьон ыарырҕаппат дуо?
- Тылы үчүгэйдик билбэт киһи бытааннык таайыан сөп. Бэйэм уолум таайан бүтэрэ илик, 12-с кэрдиискэ дьэ таҕыста. Оонньуум табыллыбытыттан санаам көтөҕүллэн, салгыы таабырыннары, биктэриинэлэри оҥоро сылдьабын. Бу сыһыарыы оҥорорбор сиэннэрим көмөлөһөллөр. Хартыына оҥоруутугар сүбэлэрэ-амалара баһаам.
- Хас бырайыактааххыный?
- Уопсайа биэс сыһыарыылаахпын. Бу күннэргэ алтыс тахсаары турар, 80 боппуруостаах. Тахсыаҕа диэн эрэнэбин. Ол эрэн «Google» хампаанньа болдьоҕунан, кэтэһиитэ син уһун буолар эбит.
- Омук тылын билэҕин дуо?
- Мин тиэкистэри кытта үлэлэһэр буоламмын, «Google» тылбаасчытынан көхтөөхтүк туһанабын. Бастатан туран, уратылаах лексика улахан кээмэйин тутарга олус уустук, «Google» тылбаасчыта ханнык баҕарар тылы түргэнник уонна табыгастаахтык быһаарар.
Иккиһинэн, интернациональнай бырайыактарга тыл судургутук суруллара олус наадалаах. Дьыалабыай суруктарбын нууччалыы суруйан баран, тылбаастатан кэбиһэбин.
- Үйэҥ-сааһыҥ тухары эмп эйгэтигэр үлэлээбиккин кэмсинэҕин дуо?
- Идэбин сөпкө талбыппыттан үөрэбин, үлэбин сөбүлүүбүн, олох кэмсиммэппин! Ол эрэн оччолорго IT аан дойдуну баһылыа диэбиттэрэ буоллар…IT-нан эрэ олоруом этэ.
ТЫЛБЫТ СҮППЭТИН
- Саха сиригэр ханнык бырайыак олохтоноро кэскиллээх буолуой?
- Ханнык баҕарар бырайыак киһиттэн бэйэтиттэн эрэ тутулуктаах. Итэҕэйэн, эрэнэн, таптаан туран ылсар буоллаххына, табыллар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр базовай усулуобуйа баар. Килиимэппит төһө даҕаны тыйыс буоллар, аныгы кэскиллээх бырайыак олохтонор кыахтаах курдук көрөбүн. IT технологияҕа ылсан эрэллэр, бу кыаллар. Этэргэ дылы, көмпүүтэр уонна төбө эрэ наада. Интэриниэтинэн тутта үөрэниҥ. IT-га тугу баҕарар оҥоруохха сөп, күн талбытын барытын дьэрэкээн оҥоһуулаах гына таһаарыаххын сөп.
- Саха тыла киэҥ эйгэҕэ тахсыбыта улахан суолталаах. Тылы үөрэтэргэ, сайыннарарга, кэнчээри ыччаппыт тылы билэригэр тугу гыныахха сөбүй?
- Куоракка улааппыт оҕо саха тылын билэрэ уустуктардаах. Бу барыта глобализация уонна цифровизация сабыдыала буолар. Балар аан дойдуну баһылыыллар, утары хайдах туруулаһыахпытый? Тылы үөрэтэрбитигэр биһиэхэ интэриэһинэй «контент” суох. Барыта ыһыллан турар, ол эбэтэр Саха тыла YouTube-ка суох, тылла үөрэтиҥ диэн ыҥырыылар, бэргэн этиилэр тахсыбаттар.
Мин бара сатаан оонньуу толкуйдаатым. Ханнык баҕарар оонньуу иитэр-үөрэтэр суолталаах. Билиҥҥи сайдыылаах кэмҥэ оҕо тэлэбиисэр, көмпүүтэр, интэриниэт нөҥүө билиини-көрүүнү ылар, ону сөпкө туһаныахха эрэ наада.
Кэнники сылларга төрөөбүт тылбыт туттуллар эйгэтэ аччаата, тыл баайа, тутула, ис кыаҕа суолтатын сүтэрдэ. Онуоха Саргылана толкуйдаабыт оонньуута биһиги омук быһыытынан симэлийбэппитигэр, сүппэппитигэр ураты тосхоллоох буоларын көрдөрөр.
«Google» хампаанньа маннык суруйбут Сыһыарыы саха тылын, култууратын, олоҕун-дьаһаҕын билэр уонна үөрэтиэн баҕалаах дьоҥҥо ананар. Саха тыла, саха норуотун төрөөбүт тыла буолар. Аныгы үйэҕэ аан дойду аҕыйах ахсааннаах норуоттара төрөөбүт тылларын сүтэрии кэрчигэр тураллар. Биһиги сыһыарыыбыт сахалыы контент сайдыытыгар туруулаһар. |
Дьэ, доҕоттор, оннооҕор аан дойдуну баһылыыр тэрилтэ бэйэтин баҕатын, санаатын тиэрдибитин кэннэ тылбытыгар ылсаммыт үөрэниэххэ, үлэлиэххэ, сахалыы тылы сөргүтүөххэ.