IT-исписэлиистэр 5% ипотеканан туһаныахтарын сөп
Саха сирин 22 сааһыттан 44-гэр диэри саастаах IT-исписэлиистэрэ 5% ипотеканы ылыахтарын сөп, муҥутуур суума – тоҕус мөлүйүөн солкуобай. Бу туһунан регионнааҕы Инновация министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Чэпчэтиилээх ипотека IT-салааҕа элбэх эдэр, талааннаах каадырдары киллэрэргэ көмөлөһүөҕэ диэн эрэнэбит. Ити өйөбүл атын миэрэлэрин кытта киирдэ. Холобур, биһиги өйөбүл регионнааҕы миэрэлэрин киллэрдибит: үлэ миэстэтин хаалларарга үбүнэн көмө, IT-паарка резиденнэригэр арыанда төлөбүрүн болдьоҕун көһөрүү уо.д.а.», – диир Саха сирин инновацияҕа, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга миниистирэ Анатолий Семенов.
Кини информациятынан, РФ Цифровой сайдыыга, сибээскэ уонна маассабай коммуникацияларга министиэристибэтин этиитинэн сибээс оператордарыгар инвестиционнай «налоговай вычет» киирэрэ көрүллэр, итинник гынан хампаанньаларга барыс нолуогун төннөрүү былааннанар.
Саҥа дьиэни ыларга чэпчэтиилээх ипотеканан аккредитациялаах тэрилтэни кытта үлэ дуогабарын түһэрсибит РФ гражданнара туһаныахтарын сөп. Итини сэргэ хампаанньа биир кыбаарталтан итэҕэһэ суох нолуок чэпчэтиитинэн туһаммыт буолуохтаах.
Сотрудник хамнаһа (НДФЛ учуоттаан туран) үс кэнники ыйга 100 тыһыынча солкуобайтан үрдүк буолуохтаах.
Бырагыраамаҕа кыттар бааннар испииһэктэрин «ДОМ.РФ» оператора сотору кэминэн таһаарыахтаах. Билиҥҥи кэмҥэ чэпчэтиилээх ипотекаҕа барыллаан сайаапкалары Сбербанк, «Альфа-банк», «Открытие», «ДОМ.РФ», ВТБ, «Абсолют-банк» бааннар ыла олороллор.