Ипотекаттан 450 тыһ. солк. көҕүрэтиэххэ сөп
Элбэх оҕолоох ыал ипотекатыттан 450 тыһ. солк. көҕүрэтиэн сөбүн билэҕит дуо? Бу Ийэ да, Дьиэ кэргэн да хапытаала буолбатах. 2019 сыллаахха олохтоммут, элбэх оҕолоох ыаллары өйүүргэ туһуланар көмө.
Көмөнөн туһаныахтарын сөп:
Ийэ эбэтэр аҕа, 01.01.2019-31.12.2022 сс. Үһүс эбэтэр төрдүс уонна онтон элбэх оҕоломмут буоллахтарына.
Арассыыйа гражданнара буолбатах оҕолор ааҕыллыбаттар. Төрөппүт бырааба быһыллыбыт оҕолор эмиэ киирбэттэр.
01.07.2023 с. диэри ылыллыбыт ипотека кирэдьииттээх буолуохтааххыт.
Ипотекаҕа киирэргэ бастакы усунуос быһыытынан туһаммаккыт.
Ипотеката суох дьон ылбаттар.
Ипотеката суох дьон 01.07.2023 с. диэри ипотека кирэдьиитин ылыахтарын сөп.
Маны тэҥэ, ипотека оҕо төрүөн быдан иннинэ ылыллыбыт буолуон сөп.
Ипотека кирэдьиитэ туохха ылыллыбыт буолуохтааҕый:
Физическэй эбэтэр юридическай сирэйтэн дьиэни атыылаһарга.
Кыттыһан тутууга кыттыбыт буоллаххытына (долевое строительство), манна атын киһиттэн атыылаһыы эмиэ киирэр (переуступка прав).
Олорор дьиэни атыылаһарга.
Дьиэ туттарга анаан сир учаастагын ыларга.
Урут ылыллыбыт кирэдьиити “рефинансирование” оҥорторорго.
Саҥа сокуоҥҥа олоҕуран, ипотека сыалынан буолуон сөп:
Тус хаһаайыстыба учаастагын атыылаһарга (ИЖС эрэ буолбатах).
Ситэри тутулла илик дьиэни атыылаһарга.
Хамсаабат баайга-дуолга өлүүнү атыылаһарга.
Дьиэни туттууга.
Дьиэ тутар кооперативка киирэр паевой усунуоһу төлүүргэ.
Ипотека страховкатыгар, бириэмийэтигэр, өрөмүөҥҥэ туттуллубут кирэдьиити сабарга.
Бу көмөнү үйэҕэ биирдэ, биир кирэдьииккэ туһаныахха сөп. Сороҕун эбэтэр бүтүннүүтүн сабарга туһаныллар. Холобур, кирэдьиит төлөнөн бүтэрэ 300 тыһ. солк. хаалбыт буоллаҕына, ити көрүллэр 450 тыһыынчаттан 300 тыһыынчата кирэдьиити сабарга барар, атына умайан хаалар.
Олоҕурар сокуона: 07.09.2019 №1170 РФ Бырабыыталыстыбатын уурааҕа.
03.07.2019 с. №157-Федеральнай сокуон.