14.03.2022 | 18:00

Инклюзивнай үөрэхтээһин нэдиэлэтэ ыытыллар

Инклюзивнай үөрэхтээһин нэдиэлэтэ ыытыллар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

 «Харысхал» Аһымал пуондата 2022 сыл кулун тутар 17-23 күннэригэр «Инклюзивнай үөрэхтээһин нэдиэлэтэ» Бүтүн Арассыыйатааҕы хампаанньа чэрчитинэн үгэс буолбут кэккэ тэрээһиннэри ыытар. Сүрүн сыал – инклюзивнай үөрэхтээһини уонна инклюзияны уопсастыбаҕа сайыннарыы. Бу туһунан  «Харысхал» Аһымал пуондатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. 
Инклюзия – доруобуйатынан хааччахтаах оҕону бөлөх, үөрэҕирии тэрилтэтин олоҕор толору киллэрии (-эрэд. бэлиэтээһинэ). 
Нэдиэлэ устата сирэй уонна кэтэхтэн (заочнай) форматтарынан инбэлиит дьон кыһалҕаларыгар уопсастыбаннас болҕомтотун тардар уонна кинилэргэ үтүө сыһыаны үөскэтэр сыаллаах кэккэ тэрээһиннэр ыытыллаллар. 
Инклюзивнай үөрэхтээһин Нэдиэлэтин чэрчитинэн ыытыллар тэрээһиннэр: Саха сирин оскуолаларыгар үтүө санаа Уруоктара, «Бииргэ үөрэнэбит» дистанционнай инклюзивнай олимпиада, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Киин психолого-медико-педагогическай хамыыһыйатын уонна  ВОРДИ (Инбэлиит оҕолоох төрөппүттэр Бүтүн Арассыыйатааҕы тэриллиилэрэ) төрөппүттэргэ уонна педагогтарга аналлаах семинардара. Нэдиэлэ инклюзивнай үөрэхтээһини кытта сибээстээх исписэлиистэр уонна төрөппүттэр элбэх ыйытыктарыгар хоруйдуоҕа.  
«Харысхал» Аһымал пуондата Саха сирин бары педагогтарын уонна үөрэнээччилэрин инклюзивнай үөрэхтээһин Нэдиэлэтигэр кытталларыгар ыҥырар. Кыттыан баҕалаахтар сайаапкаларгытын inclusion.ykt@mail.ru электроннай почтаҕа ыытаҕыт. 
Сайаапкаҕа чопчу ыйаҕыт:
1. Тэрилтэҕит аатын;
2. Оскуолаҕытын, кылааскытын;
3. Кыттааччы (үөрэнээччи, учуутал) араспаанньатын, аатын, аҕатын аатын эбэтэр кыттааччы ахсаанын;
4. Электроннай почтаҕыт аадырыһын уонна билсэр төлөппүөн нүөмэрин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...