Илья Бурнашев: «Саҥаны айарга-тутарга илиим кыһыйар!»
Дэгиттэр талааннаах, эргиччи дьоҕурдаах, элбэх дьарыктаах эр бэрдэ – чопчу бу тылларынан бүгүҥҥү сэһэргээччибитин билиһиннэриэххэ сөп. Илья Бурнашев 7 сыл устата косплейынан үлүһүйэн, сатабылын сайыннаран, сыл ахсын бэстибээллэргэ бириистээх миэстэлэргэ тиксэр. Көстүүмнэри оҥорорун таһынан, Илья Саха сирин историятын интэриэһиргээн, боотур куйаҕын оҥорон, Туймаада ыһыаҕар дьон-сэргэ кэрэхсэбилин ылбыта. Ону сэргэ хас да стартап төрүттээччитэ: илии, атах быратыастара; биһиги тыйыс усулуобуйатыгар барсар косметика уонна остуол оонньуута. Кини бырайыактарын олоххо киллэрэригэр туох ыарахаттары көрсүбүтүн, инники былааннарын уонна да атын интэриэһинэй түгэннэри кэпсээтэ.
Косплей — компьютернай оонньуулар, комикстар, аниме уонна манга персонажтар таҥастарын-саптарын, уобарастарын үтүгүннэрэн, көстүүмнэри оҥорор хобби/хамсааһын.
«Оо! Дарт Вейдер сылдьар!»
– 4-5 сааспыттан онон-манан боростуой көстүүмнэри оҥорон саҕалаабытым. Холобур, Бэтмен көстүүмүн үтүктэн, бэйэм хайдах сатыырбынан оҥостубутум.Ийэм араас маскараат көстүүмнэрин тигэр этэ.
4 сааспар ТНТ ханаалга “Звездные войны” киинэлэрин көрөн баран, Дарт Вейдер курдук буолуохпун баҕарбытым. Кини бэйэтэ күүстээх, тас көрүҥэ/көстүүмэ үчүгэй баҕайытык оҥоһуллубут этэ. Ол курдук 2016 сылга бэйэм күүспүнэн Дарт Вейдер көстүүмүн оҥорон, “YktGeekFest” (ГикФест) поп-култуура бэстибээлигэр кыттыбытым. Оччолорго оннук көстүүмнэри тигэргэ үөрэтэр киһи суох этэ. Барытын интэриниэттэн көрөн эбэтэр куйаар ситимин нөҥүө косплейынан дьарыктанар дьону кытта кэпсэтэн, ыйыталаһан дьарыктаммытым. Билигин көрдөххө, ол көстүүмүм мөлтөх эбит, ол да буоллар дьон астынан: “Оо! Дарт Вейдер сылдьар!” — дииллэрэ. Ол кэмҥэ үрдүгүм 180 см этэ. Онон бу көстүүммүнэн Дарт Вейдер уобараһа олус барсар этэ. Туох да бириистээх миэстэҕэ тиксибэтэҕим, ол иһин кэлэр сылга кыайар сыал-сорук туруоруммутум.
2017 сылга Дарт Вейдер кэннэ 501 легион клонун көстүүмүн оҥорбутум. Ол кэннэ аниматорскай устуудьуйалар ыҥыран барбыттара. Онно 5 эҥин көстүүмү оҥорон, харчылаһан, Генерал Гривус көстүүмүн айан таһаарбытым. Кини үрдүгэ 2,2 м кэриҥэ этэ. Гран-при буолбатаҕым эрээри, “Саамай биллэр косплей” диэн номинацияҕа кыайбытым.
2019 сылга “Вархаммер” оонньуу сериятыгар баар Жиллиман диэн персонаж көстүүмүн оҥорон, ГикФесткэ кыттыыны ылбытым. Ити эмиэ сүдү улахан көстүүм этэ, ол эрээри харчым тиийбэтэҕиттэн, бириэмэм ыгым буолан, бэйэм сүгүн бэлэмнэммэккэ кэлбиппиттэн оруобуна сценаҕа тахсарым саҕана көстүүмүм ыһыллан хаалбыта.
Оннук курдук салгыы аниматордарга көстүүмнэри оҥоро сылдьан “CinemaCenter” киинэ тыйаатырын кытта үлэлээн саҕалаабыппыт. Холобур, киинэ премьерата буолаары турдаҕына косплеердары ыҥырар этилэр. Уонна 2019 сыллаахха “Мстители: Война бесконечности” киинэ премьератыгар Железный Человек көстүүмүн оҥорон, Айаал Федоровтыын (JustAyaal) билсиспитим. Кинини кытта биир өйдөөх-санаалаах буоламмыт, кэпсэтэн-ипсэтэн бииргэ үлэлээн саҕалаабыппыт. Билигин даҕаны бэйэ-бэйэбитигэр сүбэ-ама бэрсэбит, көмөлөһөбүт.
Пандемия кэмигэр “Мандалорец” сериал сүрүн дьоруойун көстүүмүн дьээбэҕэ оҥоруохпун баҕарбытым. Айаал мастарыскыайыгар киирэн көрбүтүм, кини Мандалорец көтөр хараабылын чэрчитин оҥоро сылдьар этэ. Онно мин Мандалорец көстүүмүн, оттон кини хараабылын оҥоруох буолан кэпсэппиппит.
Хараабылы 2020 сыл алтынньы ыйыттан саҕалаан, 2021 сыл кулун тутарыгар хомуйан, “Үрдэл” пааркаҕа туруорбуппут. Кыһыыта диэн, аҕыйах күн туран баран, тыалтан сылтаан сууллан хаалбыта. Ол кэннэ өссө “Звездные войны” киинэлэриттэн “X-Wing” звезднай истребители оҥорбуппут уонна Москваҕа быыстапка тэрийэргэ көмөлөспүппүт.
2022 сылга эмиэ “Вархаммер” сериятыттан “Космодесантник из 5 легиона Белых шрамов” көстүүмүн оҥорбутум. Космодесантниктар – үрдүк уҥуохтаах, күүстээх-уохтаах персонажтар, ону таһынан сэптэрэ-сэбиргэллэрэ араас дэтээлэ элбэх, уопсай концепциялара, дизайна монгуолларга майгынныыр. Аны тас көрүҥнэрэ, таҥастара-саптара, сэриилэһэр майгылара эмиэ монгуоллар киэнин курдук. Монгуоллар уонна сахалар аймахтыы омуктар буолан, куйахтарбыт да майгынныыр. Ол иһин космодесантник бронятыгар монгуол куйаҕын эбэн биэрбитим. Ону бэстибээлгэ “Вархаммеры” сэҥээрэр дьон бэркэ ылыммыттара, сорохтор “КосмоБоотур” диэн ааттаабыттара.
Чугас дьонум, төрөппүттэрим куруук өйүүллэр. Туох да куһаҕанынан дьарыктамматым кинилэргэ эмиэ үчүгэй. Ону таһынан косплей тигэргэ, уһанарга үөрэттэ. Ханнык баҕар матырыйаалы, туттар сэби кытта сатаан үлэлиир буоллум.
Косплей сайдан иһэр
“YktGeekFest” ылан көрдөххө, Дьокуускайга косплей хамсааһына сайдан иһэр. Аҕыйах сыллааҕыта эрэ 200-300 косплеер баар этэ, оттон бу 2023 сылга 1000-тан тахса буолбуппут.
Саха ыччата интэриниэт нөҥүө саҥаны билэ-көрө сатыыр. Анимены, киинэлэри, сериаллары көрөн, бэйэтигэр үчүгэйи талан ылан үөрэнэр. Статистиканы да ыллахха, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр араас оҕо куруһуога, худуоһунньук, актыбыыс ахсаана атын регионнартан быдан элбэх. Уопсайынан, сахалар айар дьоҕурдаахтар. История да өттүттэн көрдөххө, былыргы сахалар уһун кыһыны быһа күнүскү үлэлэрин үмүрүтэн баран, иллэҥ кэмнэригэр иистэнэллэр, уһаналлар этэ. Онон тугу эрэ саҥаны айарга илиибит наар кыһыйа сылдьар, онтукабыт билиҥҥи ыччакка косплей нөҥүө тахсар.
Саха уонна монгуол куйаҕа биир оҥоһуулаахтар
2019 сылга комикс уруһуйдаан саҕалаабытым. Сүрүн персонажтары билэр дьоммор, доҕотторбор олоҕуран уруһуйдаабытым. Ол быыһыгар саха историятын үөрэтэн саҕалаабытым. Сахалар хайдах сэриилэһэллэрин, туох сэрии сэбин тутталларын туһунан Федор Васильев “Военное дело якутов” кинигэтиттэн аахпытым. Итини кытта былыргы сахалар олохторун-дьаһахтарын туһунан Алексей Окладников үлэлэриттэн билбитим. Ону өйдөөн көрдөххө, информация олус аҕыйах, чуолаан куйах туһунан туох да улахан билии суох. Холобур, монгуоллар, кытайдар, Европа омуктара куйахтарын туһунан матырыйааллары кытта тэҥнээн көрдөххө, биһиги куйахпыт туһунан олох даҕаны туох да суох диэххэ сөп. Тоҕо диэтэххэ биһиэхэ археологическай булумньу аҕыйах. Ону туох баарынан үөрэппитим уонна 2019 сыл Туймаада ыһыаҕар тимир лииһи кырыйан, таҥаска сыһыаран, куйах оҥорбуппут. Бастаан көрөргө үчүгэй баҕайы курдук этэ, онтон өтөр буолаат: “Дьэ, мачай эбит”,— диэн баран, уматан кэбиспиппит.
2022 сылга пандемия кэнниттэн бастакы ыһыахха дьиҥ саха куйаҕын оҥоруохха дэспиппит. Онно худуоһунньук Роман Марков саха куйаҕын туһунан быыстапка арыйбыта. Киниэхэ тиийэн ыйыталаһан, куйаҕы хайдах оҥорбутун көрөн, монгуоллар уонна сахалар тиэхиньикэлэрэ майгынныыр диэн түмүккэ кэлбитим. Хаптаҕай тимир быластыыналары быстаран, барытын быанан биир куйахха тиһэн ыһыахха барбытым. Дьон сэргии көрбүтэ эрээри, бастакы “хомуйуутун” соччо сөбүлээбэтэҕим, киһи тириитин дэлби аалан, кэтэргэ табыгаһа суох этэ. Ону саҥаттан арааран, быһыытын-таһаатын уларытан, хамсанарга, охсуһарга ордук буоларын гына хомуйбутум. Аны атын кыһалҕа: итинник куйах итийэрэ бэрт этэ. Ыһыахха киһи этэ умайыаҕар диэри +40 кыраадыс куйаас күннэр турбуттара. Бу сылга итинник кыһалҕаны суох гынарга монгуоллар “хатангу-дегель” диэн тимирдээх таҥас соннорун оҥостон кэтэр буолбутум.
Быйылгы ыһыахха куйахпын дьон бөҕө сэҥээрбитэ. Аны Гикфесткэ бэлэмнэнэр бириэмэм олох суох этэ: көстүүмүм суоҕа, үлэлиирим, стартабым элбэҕэ, дипломмун суруйа сылдьыбытым уонна дэриэбинэҕэ оттуу барбытым. Оннук сырыттахпына, доҕорум эрийэн: “Куорат баһылыгын бирииһигэр кыттыбаккын дуо?” — диэн ыйыппыта. Биһиги баһылыкпытын, кини уобараһын олус сөбүлүүбүт (күлэр). Онон хайаан даҕаны баһылыгы кытта илии тутуһан, хаартыскаҕа түһүөхтээхпит диэн санааттан пароходка олорон суукка иһинэн айаннаан кэлбитим. Итиэннэ эмиэ куйахпын оҥостон барбытым. Ол иннинэ тас көрүҥэ боростуой баҕайы этэ. Онуоха бачча сэдэх куйах көстүүтэ бэрт сиэдэрэй оҥоһуулаах буолуохтааҕа. Дьон биирдэ көрөөт, убаастыы санаатыннар диэн куйахпын киэргэттим. Оһуор тигии эбэн биэрдим, балтым эргэ нуорка сонун кырыйан куйаҕым кытыыларыгар тиктим уонна куйах бэргэһэ (шлем) туһунан толкуйданным. Алтайдар куйах бэргэһэлэрин юрталарыгар майгыннатан оҥороллорун билэн, биһиги сахалыы ураһабыт курдук хомуйан, улар куорсунунан киэргэтэн, куорат баһылыгын бирииһин ылан турабын.
Историяны сэргээн
Ол да буоллар бу дьарыкпын толору реконструкция диэн сатаан ааттаабаппын. Тоҕо диэтэххэ итиннэ дьиҥ былыргы, толору оҥоһуллубут куйах наада. Ону көрөн чаалбаана төһө халыҥын, тугунан хомулларын билэн 100% чопчу реконструкцияны оҥоруо этибит. Билигин аҕыйах быластыына эрэ баарыттан монгуоллары кытта тэҥнээн уһаныахпытын сөп. Онтукабыт “стилизация” эрэ диэн ааттанар. Хомойуох иһин, бүүс-бүтүн саха куйаҕа билиҥҥэ диэри көстө илик, булаллара эбитэ буоллар наһаа үчүгэй буолуо этэ. Соторутааҕыта историк Айтал Яковлевы кытта билсибитим. Кинини кытта икки куйахпын, оноҕосторбун, ох саабын бэрэбиэркэлээн көрүөхпүт: куйах төһө үчүгэйдик хаххалыырый, оноҕосторум төһө дьөлө түһэллэрий диэн кыра научнай-чинчийэр үлэ курдук буолуо. Хартыынаҕа уруһуйдаммыта дьиҥнээх олохтон олох атын диэн түмүккэ кэлэн, билигин даҕаны куйаҕым функционалын үөрэтэ сылдьабын.
Уопсайынан, реконструкция түмсүүтүн арыйыахпын баҕарабын. Ол эрээри билигин сибээһим, билиим-көрүүм аҕыйах буолан, бэйэбин ойоҕос дьарыгырааччы курдук көрөбүн. История өттүнэн олох сатаан барбаппын, тоҕо диэтэххэ ити — олус ыарахан эйгэ. Мин мээнэ көмөлөһөөччү быһыытынан сылдьыахпын син. Холобур, батас көмөтүнэн охсуһан көрүөхпүн, ону учуонайдар көрөн-билэн туох эмит түмүк таһаарыахтарын сөп. Быйыл историческай факультет археология куруһуогар киирдим. Ону таһынан Окладников кинигэтигэр олоҕуран хас даҕаны куйаҕы оҥорон көрүөхпүн баҕарабын.
Ааспыт сылга куйаҕым туһунан Хомус түмэлигэр маастар-кылаас ыытан кэпсээбитим. Онно историктар, уустар кэлэн көрбүттэрэ-истибиттэрэ. Историк-археолог, Ярославскай аатынан Саха түмэлин археологияҕа отделын салайааччыта Василий Васильевич Попову кытта билсиһэн, билигин кини миигин үөрэтэ-такайа сылдьар. Кини уонна Фондохранилище салайааччыта Юлия Владимировна Кравцова миэхэ былыргы артефактары көрдөрбүттэрэ. Мин дьиҥнээх саха батастарын илиибэр тутаммын, кээмэйдэрин ылан, копияларын 3D-принтергэ оҥорон таһаарбытым. Онтукпун Василий Васильевичка көрдөрө аҕалбыппар, киһим: “Хата, бэрт баҕайы батас оҥорбут эбиккин дии, тугун үчүгэйэй! Ол эрээри ыйааһына тоҕо чэпчэкиний?”,— диэн ыйыппытыгар, пластиктан оҥоһуллубут диэн быһааран биэрбиппэр сөхпүтэ аҕай. Василий Васильевич курдук таһымнаах киһи мин үтүгүннэрэн оҥорбут, кырааскаламмыт, пластик копиябын дьиҥнээх батастан араарбатаҕын испэр үөрэ санаабытым. Оччо үтүгүннэрэн оҥордоҕум дии!
Стартап түргэнник толкуйдуурга үөрэттэ
2019 сылтан интэриниэт ситимигэр “Стартап-тур” диэн биллэриигэ хардаран, миигин үөрэххэ ыҥырбыттара. Биир ый курдук стартабы хайдах саҕалыырга, сайыннарарга уһуйуллубуппут. Ол быыһыгар мин бэйэм медицина эйгэтигэр үөрэхтээх буоламмын, киһи илиитин, атаҕын быратыаһын оҥорорго былааннана сылдьар этим. “Марвел” киинэлэригэр, комикстарыгар баар Тони Старк – Железный Человек персонажка олоҕуран, толору үлэлиир-хамсанар көстүүмү оҥоруохпун баҕарар этим (билигин да баҕарабын). Ол иһин бастаан утаа быратыастары оҥорон саҕалаабытым. Уопсайа 6 быратыаһы оҥордубут, өссө ортопедическай аппарааттары толкуйдуу сылдьабыт. Бу быратыастар уонна ортопедическай аппарааттар, инсуллаабыт дьон илиилэрэ, атахтара туора барбыт эбэтэр толору хамсаабат түгэнигэр, солбуйарга эбэтэр чөлүгэр түһэрэргэ көмөлөһөллөр.
Билигин IT-паарка бизнес-инкубаторыгар бырайыакпын салгыы сайыннара сылдьабын. Саха сиригэр быратыастары оҥорор атын хампаанньалар эмиэ бааллар. Кинилэр илиилэрэ, атахтара ампутацияламмыт дьоҥҥо быратыас оҥороллор. Мин сыалым-соругум: кинилэр быратыастары оҥорор сапчаастарын тас дойдуттан ылбаттарын туһугар үлэлиибин. Билигин, санкция кэмигэр, тас дойдуттан сапчаастары, быратыастары атыылаһар уустук буолла. Быратыаска наадыйар дьон олохторо эмиэ ыараата. Ол туһуттан биһиги стартаппытыгар үлэлии сылдьабыт. Быратыастарбытын 3D-принтергэ бэчээттээн таһаарабыт уонна инсуллаабыт дьоҥҥо кэтэрдэн бэрэбиэркэлэтэбит. Кэм ааспытын кэннэ кинилэр үтүөтүн-мөкүтүн этэн биэрэллэр. Улахан итэҕэстэрэ диэн — пластик оҥоһук буоланнар түргэнник тостон хаалаллар. Ол эрээри ити тургутар барыйаан буолан, сүрүнэ – киһиэхэ барсарын-суоҕун үөрэтэбит. Барыта барсар буоллаҕына, кытаанах карбон матырыйаалынан оҥорон киирэн барыахпыт.
Ону таһынан косметикаҕа сыһыаннаах стартапка кытта сылдьабын. “TON-E” диэн корейскай косметикаҕа майгыннатан, онтон туох да итэҕэһэ суох сирэйгэ соттор бальзам оҥоробут. Соторутааҕыта “Биомед полигон” конференция чэрчитинэн биир нэдиэлэ иһигэр бу косметиканы толкуйдаан, сайыннаран, бэлэм оҥоһугу көрдөрөн кыайбыппыт. Бу бырайыакпыт бэйэтэ — косметологическай стик-бальзам. Ол эбэтэр кириэми помада эбэтэр дезодорант курдук быһыылаан, илиинэн соппокко эрээри тута сирэйгэ биһэр курдук гына былаанныыбыт. Биһиги дойдубутугар күн сардаҥата Сочига курдук күүстээх; салгыммыт тымныы, кураанах; килиимэппит резко-континентальнай буолан, атын дойдулар косметикалара биһиэхэ барсыбат. Ол туһунан научнай чахчы аҕыйах эрээри, оннук кыһалҕа баарын бэйэбит уопуппутугар олоҕуран, бу стартабы толкуйдаабыппыт.
Ону таһынан доҕорбун кытта сахалыы тыыннаах остуол оонньуутун оҥоро сылдьабыт. Сүрүн санаата — Олоҥхо боотурдара Аллараа дойду абааһыларын кытта охсуһуулара. Киэҥник биллэр “Вархаммер”, “Монополия” оонньуулары булкуйан, сүрүн концепциятын таһааран, бу сэтинньи ыйга бастакы прототибын бүтэрэн, дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрүөхтээхпит.
Стартап миигин түргэнник толкуйдуурга үөрэттэ. Манна эн идеяҕын атыылыыгын. Онуоха идеяҕын кытта өссө бэйэҕин көрдөрөҕүн, куруубайдык эттэххэ, “бэйэҕин атыылыыгын”. Эйигин көрөннөр инвестордар кимҥин-туоххун быһаараллар: эппиэтинэстээххин дуу, үчүгэйдик кэпсиигин дуу, киэҥ билиилээххин дуу. Оннук хаачыстыбалардаах буоллаххына, инниҥ диэки баран иһиэҥ.
Онон былааным элбэх, барытын толоро сатыыбын. Этэргэ дылы, мотивацията суох сырыттахпына, олоҕум биир сиргэ тохтоон хаалыах курдук. Олоххут, доруобуйаҕыт, дьыалаҕыт—барыта биир, онтуккутун барытын сайыннара сатааҥ. Тоҕо диэтэххэ олоххут эһигиттэн ураты кимтэн да тутулуга суох. Онон күнтэн күн, сылтан сыл тупсан иһиҥ. Таах туран хааллаххына, туһата суох хаалаҕын. Ол өбүгэлэрбитигэр да куһаҕан, кинилэр олус ыарахан олоҕу олорбуттара, оттон биһиги бачча элбэх кыах баар кэмигэр тостон хааллахпытына соччото суох. Ол иһин мин бэйэбин эмиэ кыра-кыралаан дьарыктыыбын. Тугум эрэ кыаллыбат түгэнигэр, атын үлэбин сайыннарабын. Оннукка үөрэнэн хаалбыппын, биир-икки күн син тугу да гыммакка сылдьыахпын сөп, оттон үһүс күнүгэр хайаан даҕаны тугу эрэ оҥорон киирэн барабын.
Инникитин стартаптарбын сайыннаран истэхпинэ, харчы да баар буолуо, кыах, сибээс да элбиэҕэ. Оттон баҕа санаам — Железнай Человек көстүүмүн оҥоруом этэ диэн.