Ил Дархан коронавирус хааччахтарын улахан аҥарын уһулла
Саха сирин территориятыгар коронавируска сыһыаннаах эпидемиологическай быһыы-майгы бигэтик тупсан иһэринэн сибээстээн Ил Дархан Айсен Николаев хааччахтар улахан аҥардарын уһулла. Туһааннаах ыйаахха 2022 сыл кулун тутар 14 күнүгэр илии баттаата. Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ыйаахха олоҕуран түүҥҥү кулууптар, дискотекалар, караоке-саалалар, саататыы уонна сынньалаҥ тэрилтэлэрин үлэлэрэ сөргүтүлүннэ.
Маассабай тэрээһиннэри ыытарга саалалары 75 эрэ бырыһыан толоруу тохтоото. Ол эрэн, сабыылаах сирдэргэ (закрытые помещения) ыытыллар тэрээһиннэргэ быһыы ылбыт туһунан QR-коду эбэтэр «отрицательнай» ПЦР-тиэһи көрдөрүү ирдэнэр. 500-тэн тахса киһи кыттыылаах тэрээһиннэри ыытарга СӨ Роспотребнадзор Управлениетын кытта сөбүлэһии оҥоһуллуохтаах.
Маны сэргэ Дьокуускай, Мирнэй уонна Удачнай аэропортарыгар кэлбит гражданнар температураларын кээмэйдээһин тохтоото.
Саха сирин территориятыгар саҥа сымнатыы миэрэлэрэ киирбиттэрин учуоттаан, эпидемияны утары хааччахтар – мааска кэтэр эрэсиим, социальнай дистанция, уопсастыбаннай миэстэлэри дезинфекциялааһын оннунан хаалаллар. Итини сэргэ быһыыны ылбатах 60-тан үөһэ саастаах гражданнарга «самоизоляция» эрэсиимэ салҕанар.