14.12.2021 | 11:00

Иккистээн да кэлэрбитин сирбэппит

Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Бу сыл бэс ыйыгар дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин ковидтаабыт дьон реабилитация баралларыгар бырабыыталыстыбаны кытта 2026 сылга диэри бырагыраама ылынан, онуоха 100 миллиардан итэҕэһэ суох сууманы көрөргө этии киллэрбитэ. Онон от ыйыттан реабилитацияны ааһар кииннэр, санаторийдар үлэлээн барбыттара, ковидтаабыт дьоҥҥо “смс” нөҥүө поликлиникалартан анал диспансеризация түһүмэхтэрин ааһарга ыҥырыылар кэлбиттэрэ.

Бэйэм ыам ыйын бүтүүтүгэр ыалдьыбыт буолан, бэс ыйыгар дойдубар тыаҕа тахсан, улахан реабилитациябын онно бардаҕым, сибиэһэй салгыҥҥа, Эбэм ичигэс тыыныгар сайылаан.

Онтон күһүн балаҕан ыйыттан поликлиникам нөҥүө диспансеризация бастакы түһүмэҕин ааһан, санаторийга киирэр анаалыстары туттаран уочараппын күүтэ сылдьан, бассаап нөҥүө Рихард Зорге уулуссаҕа турар санаторийга хонуктаах реабилитация аһылларын туһунан билбитим. Онон бырааспыттан направление ылан, олус үчүгэй, туһалаах кииҥҥэ сытан, сөптөөх эмтэниини ааһан, махталым муҥура суох. Мин бу киинтэн байан таҕыстым – элбэҕи билэн-көрөн, доҕоттордонон, дьүөгэлэрдэнэн, доруобуйам тупсан. Күн ахсын ырыа-үҥкүү киэһэлэрэ, истиҥ сэһэргэһиилэр, теннис, бильярд, остуол оонньуулара бу кииҥҥэ ис сүрэхтэн, сытааччылар күүстэринэн ыытыллаллар.

Бүгүн ааҕааччыларбар туһааннаах исписэлиистэр бу хамсык ыарыы кэнниттэн ыытыллар реабилитация туһатын туһунан кэпсээннэрин, ону тэҥэ бииргэ эмтэммит дьонум истиҥ тылларын, үтүө санааларын бэчээттиэм. Кылгатан таһаарарбын бырастыы гыныаххыт диэн эрэнэбин.

Асида Июньевна Алексеева, инбэлииттэри реабилитациялыыр социальнай-чэбдигирдэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Киин дириэктэрэ:

– Биһиги кииммит 1992 сыл бэс ыйын 30 күнүгэр СӨ бырабыыталыстыбатын ыйааҕынан аһыллыбыта. Бастакы дириэктэр Юрий Павлович Степанов 30-ча сыл үлэлээн баран, билигин дириэктэр солбуйааччытынан барыбытыгар сүбэ-ама, күүс-көмө буола сылдьар.

Барыта 157 үлэһиттээхпит, Орто Халымаҕа уонна Өлөөҥҥө икки филиаллаахпыт. Эһиил Амматааҕы реабилитациялыыр киини биэрдэхтэринэ, өссө кэҥээри олоробут.

Ковид кэннэ реабилитация биһиэхэ 2020 сылтан үлэлиир. Бастаан утаа 70 путевка биэрбиттэрэ, онтон тохсунньу-олунньу ыйдарга 200 путевканы анаабыттара, билигин сэтинньи-ахсынньы ыйдарга эмиэ 200 киһи биһиги нөҥүө киирэн тахсыахтаах. Өрөспүүбүлүкэ дьоно биһи кииммитин үчүгэйдик билэллэр, реабалитация ааһар баҕалаахтар күннэри-түүннэри төлөпүөннүүллэр. Хомойуох иһин, сыл бүтүөр диэри туолан турабыт. Онон 2022 сылга ыҥырабыт, 44-93-46 нүөмэринэн суруйтараргытын күүтэбит.

 

Уйгууна Семеновна Афанасьева, отделение сэбиэдиссэйэ:

- Реабилитацияҕа сыл иһинэн ыарахан форманан ыалдьыбыт дьон ылыллаллар. Икки өттүттэн сэбиргэхтэппит (пневмония), тыҥаларын эчэйиитэ 25 бырыһыантан үрдүк, хроническай ыарыылара бэргээбэккэ ремиссияҕа сылдьар кэмнэригэр, балыыһаттан тахсыбыттара икки нэдиэлэ кэнниттэн киирэр кыахтаахтар. Оннук усулуобуйаны туруорабыт.

Бастатан туран, учаастактааҕы быраастарыттан направление ылаллар, онно ханнык баҕарар санаторнай карта курдук клиническэй минимум киирэр, быраастар бары ону билэллэр. Биһиги көрдүүрбүт диэн ПЦР анаалыһа. Усулуобуйабыт олус үчүгэй, түөртэ аһатабыт, саахардаах дьон алтата аһыыллар. Манна миэстэтигэр куухуналаахпыт, повардаахпыт.

Сарсыардабыт сөпкө тыынарга үөрэтэр тыыныы гимнастикатыттан саҕаланар. Онуоха анал инструктордар бааллар. Маны тэҥэ эмтиир (лечебнэй) физкультура оҥотторор инструктордар үлэлэһэллэр, физиотерапия араас көрүҥэ элбэх. Ингаляционнай аппарааттар, солянай хос, прессотерапия, лимфодренаж – киһи организмын уутун, лимфатын тупсарар, хаанын эргиирин түргэтэтэр. Бытархай моторикаҕа, умнуган буолууга үлэлиир эрготерапевтар уонна, биллэн турар, психолог бааллар.

Терапевт-быраастар ыарыһахтарыгар сыталларын тухары куратор буолаллар, эмтэнии түһүмэхтэрин тэҥҥэ кэтээн көрөллөр, ону таһынан кардиолог, эндокринолог, невролог, ортопед үлэлииллэр. Онон наадыйар киһиэхэ барытыгар сүбэ-ама биэрэр кыахтаахпыт. Сиэстэрэлэр, быраастар, медперсонал бары ковид кэннэ реабилитация ыытар сертификаттаахтар.

Ыарыһах манна уон күн толору эмтэниини ылан тахсар. Онуоха хас биирдии исписэлиис ыйыы-кэрдии, сүбэ биэрэн ыытар, салгыы ханнык дьарыктары оҥорорун,  физкультуратын, тыынар гимнастикатын бырахпатын ситиһэ сатыыбыт, иҥэмтиэлээхтик аһаан сылдьарыгар, салгыҥҥа хаамарыгар сүбэлиибит.

 

Махтал истиҥ тыллара...

Мин үһүс мэндиэмэҥҥэ сыппыттар ааттарыттан үрүҥ халлааттаах аанньаларбытын ааттаан-суоллаан туран махтаныахпын баҕарабын. Бастатан туран, Киин дириэктэрэ, үтүөкэннээх киһи Асида Июньевна Алексеева, хас сарсыарда хоспутугар киирэн: “Хайа, хайдаххытый, хайдах утуйдугут?” - диэн ийэлии, нарыннык кыһанар отделение сэбиэдиссэйэ Уйгууна Семеновна Афанасьева, биһиэхэ, үһүстэргэ, саамай уһуннук, нэдиэлэни быһа сиэстэрэлээбит кыыспыт, ийэтин, эбээтин саастаахтары куруук “кыргыттарым хайдаххытый, бу кыыс эмиэ суох дуу” диэн куруук бэһиэлэй настарыанньалаах Оленька, Ольга Викторовна Вензель, сымнаҕас, көмүс илиилээх, хоһугар киирдэҕиҥ ахсын араас тиэмэҕэ сэһэргэһэр, нарын-намчы эрээри сүрдээх эрчимнээхтик массаастыыр Оксана Саввична Аянитова, ЛФК хоһугар киирэккин кытта ыйааһыҥҥын, уҥуоххун мээрэйдиир, хас биирдии тренажерга олус кыһаллан туран үөрэтэр, кэпсиир, сүбэлиир Людмила Дмитриевна Спиридонова, өйгөр гимнастика оҥотторон хоһоон үөрэтэр, массаастыыр, хас биирдиибитигэр олус кыһаллар, санааҕын-онооҕун истэр, сүбэлиир-амалыыр Екатерина Гаврильевна Копырина, физиотерапевт кыргыттар, наһаа үчүгэйдик көрүдүөргэ тахсан уочараты олохтуур, сахалыы “Викториятын” холбоон, тэҥҥэ ыллаһар кэрэ куоластаах Лена Викторовна Омукова, сып-сап туттан барыбытын үөрэ көрсөр Надежда Егоровна Рожина уонна, биллэн турар, олус кыһамньылаах, аргыый наллаан туруккун ыйыталаһар терапевт-бырааспыт Екатерина Егоровна Фокинова! Эһиэхэ барыгытыгар сиртэн халлааҥҥа диэри махтал, орто дойдуга баар бары үтүө, кэрэ тыллара эмтэнэн тахсыбыт дьон нөҥүө сүүс төгүл элбээн тиийдин, дьоллоох буолуҥ, кэлэн иһэр Саргылаах Саҥа дьылынан!

Бу махтал тылларыгар бэйэм кэммэр сыппыт дьон үтүө  санаатын сыһыаран бэчээттиибин:

Таисия Сергеева, үлэ бэтэрээнэ, Өктөм: “Сэтинньи ый саҕаланыытыгар бу реабилитационнай кииҥҥэ эмтэнэн, санаам күүһүрэн, доруобуйам тупсуо диэн эрэнэн сылдьабын. Сүрдээх туһалаах, аһа-үөлэ үчүгэй, араас методикалаах, элбэх аппарааттаах эбит. Онон уруккуттан да үрдүк сыанабылы ыарыһахтартан ылбыт диэн олус астынным, онтун дакаастаата. Бастатан туран, эмчиттэр үрдүк билиилээхтэрэ, хас биирдии ыарыһахха болҕомтолоохторо, үлэһиттэр таһымнара толору эппиэттиир. Сүрдээх минньигэс астаах, киэҥ менюлаах остолобуой үлэһиттэрэ сөхтөрдүлэр. Идэбинэн өр кэмҥэ эргиэн, аһылык тэрилтэлэригэр үлэлээбит буолан, повар-пекарь идэлэригэр СПТУ, колледж иһинэн оҕолору үөрэппит киһи сыанабылым үрдүк. Түмүкпэр, СӨ инбэлииттэри реабилитациялыыр социальнай-чэбдигирдэр киин  үлэһиттэригэр барыларыгар ис сүрэхпиттэн махтанабын”.

 

Тамара Винокурова, Өймөкөөн: “Ыарыы содула улахана бэрт буолан, бары да доруобуйаны, эппитин-сииммитин чөлгө түһэрэр түбүккэ түспүппүт. Бастаан төлөпүөн нөҥүө билсэрбэр, үлэһиттэр сүрдээх сайаҕастык кэпсэтэн, барытын лоп-бааччы быһааран биэрбиттэрэ. Бу сытар кэммэр эмтэнии хас да көрүҥүн туһанным. Кылгас да кэм устата буоллар, биһиги үгүспүт чугастыы билистибит, алтыстыбыт, ирэ-хоро кэпсэттибит. Хаҥаластар, уус-алданнар, ньурбалар, томполор, Өймөкөөн бэйэбит дойдубут туһунан сырдаттыбыт, ырыа да ыллаатыбыт, хомоҕой хоһоон да аахтыбыт, үҥкүүлээн да тэйдибит. Теннистээн, бильярдаан, остуол оонньууларын оонньоон аралдьыйдыбыт. Бэйэбитигэр бүгэ сылдьыбакка, ким тугу билэринэн, сатыырынан санаатын, олоххо уопутун, үөрүйэхтэрин, сатабылларын үллэһиннибит. Бу маннык дьону көрөр-истэр, эмтиир, доруобуйаларын чөлүгэр түһэрэр кииннэр элбии туруохтарын баҕарабын”.

Наталья Сотникова, Ньурба куората: “Бу олус сөптөөх бырагырааманан дьон бөҕө абыранна. Тус бэйэм улахан махталбын тириэрдэбин реабилитационнай киин бары үлэһиттэригэр. Чахчы бэйэлэрин идэлэрин баһылаабыт, үлэлэригэр бэриниилээх дьон эбит. Хас биирдии киһиэхэ болҕомтоҕут, сыһыаҥҥыт олус күндү. Өссө даҕаны үүнэ-сайда туруҥ. Ситиһиилэр сиэттиһэн кэлэ турдуннар! Тус олоххутугар дьолу-соргуну, дьиэ кэргэҥҥитигэр барыта этэҥҥэ буоллун”.

Александра Матвеева, СӨ харыстабылын үтүөлээх үлэһитэ, бэтэрээн-медик: “Доруобуйабыт биллэ тубуста, бары үөрэ-көтө тарҕастыбыт. Пищеблок үлэһиттэрин минньигэс астара, рационнара уларыйа турара доруобуйабытын өссө тупсарда. Барыгытыгар кытаанах доруобуйаны, үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри, дьолу-соргуну, дьон истиҥ махталын баҕарабын”.

Светлана Иннокентьевна, Егор Николаевич Константиновтар, Уус Алдан улууһа, Найахы сэлиэнньэтэ: “Аҕабыт Егор Николаевич былырыын, 2020 сыл кулун тутарыгар, инсуллаабыта, онтон ыла балтараа сыл устата бу кииҥҥэ киирэ сатаабыппыт. Ковидтаабыппыт кэннэ бэйэбит олохтоох бырааспыт Анна Степановна Голикова ОМС нөҥүө Уйгууна Семеновнаны, Анастасия Николаевнаны кытта кэпсэтэн эмтэнэн таҕыстыбыт. Бу инсултаабыт киһиэхэ барыта сөптөөх, барсар реабилитация эбит. Санитардартан саҕалаан бары наһаа үтүө сыһыаннаах үлэһиттэр. Бырааспыт Анастасия Николаевна, сэбиэдиссэй Уйгууна Семеновна бэйэбитинээҕэр ордук биһиэхэ кыһаллаллар. Астара-үөллэрэ минньигэһэ, үлэһиттэр сайаҕастара, чахчы реабилитация дьоно диэх курдук. Барыларыгар махтал. Өссө да кэлбит киһи диэн баҕа санаалаахпыт”.

 

Сергей Егорович Анисимов, Дьокуускай куорат: “Киһини реабилитациялыыр маршруттара олус сөптөөх, снарядтара барыта оруобуна сөп түбэһэр. Кырдьаҕас медицинскэй тэрилтэ буолан, сүрдээх баай уопуттаах, онон эмтэниини эҥин сүрдээх түргэнник оҥороллор. Эмтиир бырааспар Екатерина Егоровна Фокиноваҕа махтал, сөптөөх эмтэниини ылан, олох атын турукка киирдим, ис туругум чэпчээтэ, дабылыанньам эҥин түстэ.

Остолобуой олох дьикти, олус элбэх көрүҥтэн хааһы оҥороллор,  наһаа минньигэстик астыыллар эбит. 9-с остуол буоламмын күҥҥэ алтата аһыыбыт. Онон бары да наһаа үчүгэйдик үлэлии сылдьаллар эбит диэн хайҕыы көрдүм”.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
НВК Саха бырагыраамата алтынньы 21-27 күннэригэр
Сонуннар | 20.10.2024 | 10:00
НВК Саха бырагыраамата алтынньы 21-27 күннэригэр
Понедельник, 21 октября 6:00 Сана кун 6+ 9:00 Утро Якутии 6+ 10:00 "Якутия" информационная программа 12+ 10:15 Саха сатаабата суох 6+ 10:45 Откровенно 12+ 11:15 Проавто 12+ 11:45 Репортаж 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Эйгэ 6+ 13:30 "Саха Сирэ-Якутия" информационная программа 12+ 14:00 Тэтим 6+ 15:00 "Тыый!"  6+...