21.05.2020 | 10:45

Икки ый дьиэтээҕи хаайыы

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьиэҕэ хаайыллан олорууга  иккис ыйбытын чугаһатан эрэбит. Салгыы маннык буоллаҕына, биир бэйэм хайдах буоларбын билбэппин. Бачча самаан сайыммыт кэлиитэ, от-мас көҕөрүүтэ, салгыммыт ырааһырыыта, итиигэ, куйааска хаайыллан олоруу кими да үөрдүбэтэ биллэр.

Биһиги өссө син киирэ-тахса сылдьабыт, эдэрдэр муунтуйаллар, эгэ, кырдьаҕастарбыт хайдах тулуйан олороохтууллар? 65-тэн үөһээ саастаахтары таһырдьа муннугутун да быктарымаҥ диэн кытаанах бобуу буолбута быданнаата.

Мин бүгүн бу дьаҥ, ыарыы кэмигэр кырдьаҕастар олохторун-дьаһахтарын, тугунан аралдьыйалларын, ону тэҥэ билиҥҥи кэмҥэ кинилэргэ күн тэҥэ буолбут көмөлөһөр волонтердар тустарынан суруйарга быһаарынным.

Сусанна Егоровна, 88 саастаах:

  • Биһиги кэргэмминээн саастаах дьоммут, 90-чабыт чугаһаата. Бу карантин да иннинэ дьиэттэн быкпат этим. Оҕонньорум даачатыгар кэлэрэ-барара, онто суох табыллыбат кырдьаҕас. Баран ону-маны өрө таппыта буолар, сатыы хааман дьаарбайар, тугу эрэ туһалыы сатыыр. Мин кырдьаҕаспынан да, атаҕым да ыалдьарынан, уһуннук хаампаппын. Аны дабылыанньам күнү-дьылы билэ турар. Онон уруккуттан дьиэ киһитэбин. Аспытын оҕолорбут аҕалан холодильнигы толорон кэбиһэллэрэ. Бу карантин саҕаланыаҕыттан иккиэммитин даачаҕа таһаарбыттара. Аттынааҕы дьиэбитигэр сиэннэрбит, хос сиэммит бааллар да, көрсүбэппит. Урукку буолбатах, ким да киирэ сылдьыбат. Оҕолорбутун ыраахтан көрөбүт, аспытын аан аттыгар уураллар. Дьэ, дьикти кэм кэллэ. Оҕоҕун, сиэннэргин кууспаккын, сыллаабаккын, минньигэс сыттарын умнан да бараары гынныбыт. Эһэбит да киирэрэ-тахсара аҕыйаата, билигин, ыарыйдахпытына, биһигини арбаҕастаах да абыраабат буоллаҕа, онон сэрэнэбит, бу эрэсиими кытаанахтык тутуһабыт.

Мария Алексеевна, 71 саастаах:

  • Наһаа үчүгэйдик үлэлии сылдьыбытым ханна баарый. Төһө да биэнсийэҕэ тахсыбытым ырааттар, үлэттэн хаһан да аккаастамматаҕым. Куорат биир эрэстэрээнигэр иһит сууйааччынан үлэлээбитим. Билигин онтубут сабыллан, таах олоробун. Дьиэҕэ тэһийбэт киһибин. Уора-көстө таһырдьа тахсабын, аспын-үөлбүн, эмпин бэйэм ылынабын. Хайдах да хаайтаран олорбоппун. Үйэбэр оҕоломмотоҕум, оҕонньорум өлбүтэ 5 сыл буолла, онон чороҥ соҕотохпун. Тоҕо тыаҕа тахсыбаккын диигин дуу? Дьиҥэр, син чугас улуустан сылдьабын ээ. Онно миигин ким “сээн” диэн көрсүөй. Бэйэм да куоракка үөрэнэн хаалбыппын. Күһүн дойдубар отоннуу тахсааччыбын, манна үлэһиттэр үлэһэллэр, бэйэм төһө бэйэлээҕи сиэхпиний? Волонтердары ыҥыран аскын-үөлгүн ыллар диэн төлөпүөн биэрбиттэрэ да, тоҕо эрэ эрийбэппин. Оҕолор барахсаттар бэйэлэрэ да сылдьар сирдэрэ, көрөр дьонноро элбэҕэ буолуо. Мин бэйэм хаамар, кэлэр-барар кыахтааҕым тухары хааччынан олоруом дии саныыбын.

Ньукулай оҕонньор, 81 саастаах:

  • Кэлин, сааһыран, сүһүөхтэрим ыалдьаннар, таһырдьа сылдьарым аҕыйаан турар. Онон бу волонтердар диэн оҕолор наһаа абыраатылар. Өссө Кыайыы күнүгэр олорор уокуругум кэһии ыытан турардаах. Сэрии оҕото буолабын. Онон быйыл Ил Дархантан харчы да кэллэ, бэлэх-туһах да биэрдилэр. Оҕолор барахсаттар мааскаланан кэлэллэр, сирэйдэрин-харахтарын да көрдөрбөттөр. Үлэхпин барытын хомуйан аҕалаллар. Онон кинилэргэ махталым муҥура суох. Эмпин өссө чэпчэки сыаналаах аптекаттан ылан аҕаллыбыт дииллэр. Уопсайынан, ыччат наһаа үтүө санаалаах, кырдьаҕаска-кыаммакка көмөҕө ыҥырыаҥ эрэ кэрэх, кэлэ охсоллоро, төлөпүөнүнэн сакааспын эттэххэ, тулуйан истэллэрэ, суруналлара киһини эрэ үөрдэр. Хата, түгэнинэн туһанан миэхэ кэлэр оҕолорго муҥура суох махталбын тиэрдэбин. Ааттарын-суолларын өйдөөбөппүн, сороҕор уларыйа сылдьаллар. Холбуу барыларыгар махтанабын. Маннык үтүө дьону иитэн таһаарбыт төрөппүттэригэр эмиэ махтанабын. Үчүгэй холобурдара инникитин көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, сирбит-дойдубут үтүө санаалаах дьонунан туола, элбии турдун. Сэрии диэн хаһан да буолбатын, куруук үрдүбүтүгэр эйэлээх халлаан, күлүмүрдэс үрүҥ күн тыга туруохтун диэн кырдьаҕас киһи быһыытынан алгыспын аныыбын!

Волонтердар – билиҥҥи кэм дьоруойдара

Кулун тутар ыйтан Дьокуускайбытыгар волонтердар хамсааһыннара үлэлээн барбыта. Кинилэр бу күнтэн ыла 65-тэн үөһээ саастаахтарга астарын-үөллэрин, эмтэрин илдьэн биэрэри саҕалаабыттара. Сайаапка киириитэ күн-түүн аайы эбиллэн испитэ, онон волонтердарга куораппытыгар баар диаспоралар, спортсменнар, спонсордар, чааһынай да дьон, ону таһынан баҕалаахтар кыттыһан барбыттара. Онон өрөспүүбүлүкэтээҕи штаб кэҥээн, эбиллэн испитэ. Ордук устудьуон аймах көхтөөхтүк көмөлөһөн үлэлиир. Кинилэр санаалара биир: “Дойдубут маннык ыарахан кэмигэр биһиги эдэр ыччат өйөөтөхпүтүнэ, сомоҕолостохпутуна, бу ыарыыны кыайыахпыт, ким да туора турбат, бары биир санаанан салайтаран үлэлиибит”, - дэһэллэр.

Алена Аммосова, Үөһээ Дьааҥыттан төрүттээх. ХИФУ Пединститут 2 кууруһун устудьуона:

  • Мин муус устартан волонтердар штабтарыгар үлэлии сылдьабын. Күнүм сарсыарда 8 чаастан саҕаланар, киэһэ 18.00 чааска түмүктэнэр. Бастаан тиийэрбитигэр сайаапка наһаа элбэх этэ. 65+ кырдьаҕастарга аадырыстарынан босхо ас илдьэн саҕалаабыппыт. Күҥҥэ 20-30 аадырыска сылдьарбыт. Массыыналар көһүтэн тураллар, босхоломмут массыынаҕа киирэн олороҕун да, айанныыгын. Барытын отчуоттуугун, ханна, ханнык аадырыска бараргын. Тахсан бакыаттарбытын куруустаан, сааһылаан баран, дьэ күннээҕи үлэбит саҕаланар. Тиэхиньикэ барыбытыгар тиийэр, сорохтор бэйэлэрин чааһынай массыыналарынан сылдьаллар, сорохтору куорат анаабыта.

Айаннаан иһэн чугаһаатыбыт диэн эрийэбит, сэрэтэбит. Мааскаларын эҥин кэтэн бэлэмнэнэллэр. Ааннарыгар ууран баран, ыраах соҕус турабыт, аскытын барытын сууйаарыҥ, бакыаккытын бөххө быраҕаарыҥ диэн сүбэлиибит. Манна чааһынай дьоннор, спонсордар көмөлөспүттэрэ. Куорат бары кырдьаҕастарыгар бу түҥэтии ыам ыйын саҕаланыыта бүппүтэ, ол кэннэ дьэ сакаастары ылан барбыппыт.

Сакаас бородууктаҕа, эмкэ уонна ОДьКХ төлөөһүнүн оҥорууга киирэр. Аспытын барытын кууһунан атыылыыр чэпчэки базалартан ылабыт. Холобура, “Айгуль” базаттан. Сууматын суруйабыт, барытын ааҕабыт-суоттуубут. Чектэри булгуччу ылабыт уонна сууманы ааҕан баран сакаастаабыт кырдьаҕаспытыгар эрийэбит. Мобильнайынан эбэтэр уу харчынан төлөһөллөрүн ыйытабыт. Кырдьаҕастар үксүгэр уу харчынан төлөһөллөр. Тиийбиппитигэр, харчыларын таһырдьа тахсан ууран кэбиспит буолаллар. Махтаналлар, үөрэллэр аҕай. Тугу эрэ биэрээри, күндүлээри гыналлар, оҕурсу, барыанньа эҥин. Ону биһиги махтанан, баһыыбалаан баран барабыт. Сорохтор илии баттаары гыналлар. Отчуокка диэн хаартыскаҕа түһэбит. Сакаастара үксүгэр хара килиэп, үрүҥ ас, иэдьэгэй, кефир буолар. Кыра бырыһыаннаах үүтү ыллараллар. Тиийдэхпитинэ, үксүгэр бэйэлэрэ тахсаллар, сороҕор син саастарын сиппит, улахан оҕолор тахсан ылаллар. Ону дьиктиргиибит, тоҕо бэйэлэрэ астарын ылбаттара буоллар диэн, баҕар, куттанан таһырдьа быкпаттара буолуо дуу дии санааччыбыт.

Билигин да сакаас киириитэ элбэх, спонсорскай астары түҥэтэ сылдьабыт.

Күн аайы доруобуйабытын, температурабытын бэрэбиэркэлииллэр. Бастаан утуйан тураат бэйэбит бэрэбиэркэлэнэбит, онтон штабка кэллэхпитинэ электрическэй кээмэйдииринэн мээрэйдииллэр. Хаска кэлбиккин, барбыккын, температураҕын барытын суруна сылдьыахтааххын. Холобур, бүгүн алта аадырыска сылдьаҕын дииллэр, оччоҕо хас сиргэ сылдьаргынан оччо бэрчээкки, маасканы икки чаас уларытарыҥ быһыытынан элбэҕи уонна анстисептик биэрэллэр.  Онон барытынан толору хааччыйаллар.

Эбиэппит босхо, штабка хостоохпут, онно аһыыбыт. Чэй, кофе иһэ сылдьаҕын, аспытын дьааһыктарга аҕалан уурбут буолаллар, онтон ылабыт.

Мин ыам ыйа бүтүүтэ дойдубар барыахтаахпын. Онуоха диэри төһө кыалларынан көмөлөһүөм диэн санаалаахпын. Бастаан утаа волонтердар элбэх этибит. Бассаап бөлөхпүтүгэр суоппардардыын эҥин 241 кыттааччы баара. Билигин син аҕыйаатылар. Үлэһит илии тиийэр.

Дьэ бу курдук сүрдээх сытыы-хотуу, кэпсээннээх-ипсээннээх кыыһы кытта билистим. “Таах сытыахтааҕар дьоҥҥо көмөлөспүтүм ордук” диир даҕаны, бу көмө киһититтэн бэйэтиттэн улахан тутулуктаах ээ. Эдэр дьон утуйалларын туохтааҕар да ордороллорун бары билэбит. Оттон Алена курдуктар сарсыарда аайы эрдэ туран, кырдьаҕастарга баран үлэлииллэрэ бэйэтэ дьоруойдуу быһыы диэн сыаналыыбын. Маннык ыччаттар баалларын тухары өлөн-охтон биэриэхпит суоҕа. Кинилэр көмөлөрө, үтүө санаалара, кырдьаҕастартан ылар махталлара, алгыстара тус бэйэлэригэр сүүс төгүл эргиллэн кэллин, ситиһии куруук сиэттиһэ сырыттын, олохторо дьоллоох-соргулаах буолуохтун.

Волонтердарга сайаапка биэрэр төлөпүөннэр:

Доруобуйа харыстабылын Министиэристибэтин биир кэлим кол-киинэ 8 (800) 100-14-03, ону таһынан волонтердар корпустарын биир кэлим кол-киин нүөмэрэ: 8 (4112) 35-10-46.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...