24.10.2021 | 12:00

Иитиэх оҕо

(Түөрт көстүүлээх оҕолорго сыаҥка)
Ааптар: Гизелла ПОПОВА, Дэбдиргэ, Таатта
Бөлөххө киир

Ааптар бу сыаҥкаҕа саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, талааннаах поэт, суруйааччы, драматург А.И. Софронов-Алампа очурдаах оҕо сааһын көрдөрөр.

 

Оонньуур дьоно:

Алампа – кыра хачаайы уол оҕо.

Уйбаан – уол аҕата. Холку, сымнаҕас майгылаах киһи, нүһэр саҥалаах.

Өлөөнө – Уйбаан кэргэнэ, Алампа ийэтэ. Нарын-намчы саха дьахтара.

Ньуччуку эмээхсин –  Кырытына Сэмэн ойоҕо, хараҕынан мөлтөх.

Кырытына Сэмэн – кыра үөрэхтээх сэниэ оҕонньор.

Айанньыт – эдэрчи киһи.

Аймах оҕонньор

Аймах дьахтар

Кыра уол

1 көстүү

Ыкса киэһэ. Кыанар ыал балаҕана. Аҕа баһылык остуол аттыгар талах олоппоско санаарҕаабыттыы туттан олорор. Дьиэ иһэ имик-самык, хараҥа, көмүлүөк оһох уотун сырдыга. Дьахтар эһээхэй оҕону биэбэйдии олорор. Кыра уол хаҥас ороҥҥо утуйа сытар.

Уйбаан (нүһэр куолаһынан). Өлөөнө, дьэ хайыахпытый, орто дойду оҥоһуута, Дьылҕа хаан ыйааҕа буоллаҕа. Ону кэһэрбит ончу табыллыбат. Оҕобутун харыстыахха! Эппиттэрин туора түһүмүөх! (туран оҕо көтөҕөн олорор кэргэнин таһыгар тиийэр, ол-бу диэки көрө-көрө сибигинэйэн кэриэтэ) Күҥҥэ көрбүт көмүс чыычаахпытын көрө сылдьыахпыт буоллаҕа. Ийэ киһиэхэ эйиэхэ ыарахан. Ыраахтан да буоллар кырачааммытын таптыы, араҥаччылыы сылдьыахпыт буоллаҕа. Адьас суох буолан хаалбат ээ, сэгэртэйиэм!

Дьахтар кыһыл оҕотун түөһүгэр ыксары кууспутунан ытаан киирэн барар.

Уйбаан. Сэгэртэйиэм, ыл, уоскуй, саныахха ыарахан буолуо да, тулуйан көрөрбүтүгэр тиийэбит. Хараҕыҥ уутун көрдөрүмэ дуу? Мин барытын кэпсэттим, билигин дьаһайыам. Эн тулуйа эрэ сатаа. (Туран кэргэнин аттыгар кэлэр. Кэргэнин, оҕотун бэйэтигэр ыксары тардан кууһар, кыра кыһыл оҕо ытаан бэбээрэр).

Дьахтар. Ии, оҕоккоом, чыычаахпыан… (оҕону сыллыыр, төбөтүттэн имэрийэр) төрүөбүт ийэҕин, аҕаҕын буруйдуу санаамаар, дьылҕаҥ маннык эбит, оҕом этэҥҥэ эрэ буол!

Дьахтар оҕону уоскутар. Бэйэтин диэки ыксары кууһар. Сыллыыр. Эр киһиэхэ биэрэр. Эр киһи оҕону ылан үгэх аанын диэки баран хараҥаҕа сүтэн  хаалар. Сыана хараҥарар.

Быыс сабыллар.

2 көстүү

 Кырытына Сэмэн балаҕана. Балаҕан муннугар долбуурга таҥара мэтириэтэ көстөр. Уончалаах оҕо таҥара муннугун диэки хайыһан нууччалыы доргуччу мэлииппэ ааҕар. Сотору-сотору бокулуоннуур, кириэс охсунар. Биир эмээхсин уонна  оҕонньор остуолга аһаары олороллор. Айанньыт киһи киирэр.

Айанньыт. Дьиэлээхтэр, дорооболоруҥ!

Кырытына Сэмэн. Дорообо, дорообо! Хайыа, бу киһи кэллэ дуу? Кэл, киир, саҥа аһаан эрэбит. (Айанньыт таҥаһын ыйыыр, остуолга аһаары олороллор)

Ньуччуку эмээхсин чаанньыктаах уутун таас ыстакааннарга кутан чэй оҥорор.

Кырытына Сэмэн. Дьэ, айан киһитэ, сылайдаҕыҥ буолуо. Тохтоон, итии чэй киллэринэн ааһарыҥ туох куһаҕаннаах буолуой? Хата, дойду сонунун ыһа-тоҕо кэпсээн кэбис. Быйыл биһиги кыстыкпытыгар бэркэ үктэнэн олоробут. Оппут-маспыт да кэминэн. Дьылбыт арыый эрдэ кэллэ быһылаах. Суолбут сөпкө турда.

Айанньыт. Миэхэ туох кэпсээн кэлиэй? Айан уһун буолан тоҥортон-хатартан атын суох курдук. Хата, бу эһиги эргин суол баар буолан түргэнник ыалы буллум диэн үөрдүм ээ. (дьиэлээх эмээхсин итии чэй кутан биэрэр, айанньыт киһи мэлииппэ ааҕар оҕо диэки көрө-көрө чэйин иһэр) Бу уолгут хастаах оҕонуй? Куолаһа ырааһа, саҥата чуолкайа, нууччалыы өйүттэн бэркэ да ааҕар! Аата-суола ким диэний? (бүлүүһэҕэ чэйин куттар, итии чэй үрэ-үрэ иһэн сыпсырыйар).

Кырытына Сэмэн. (кэннин диэки хайыһан оҕону көрөн баран) Ити оҕону иитэ ылбыппыт. Алампабыт балачча кыанар уонна ытыктанар киһи оҕото. Ийэтэ Таатта бастыҥ баай Охоноон Сиипсэп оччугуй кыыһа, сордоох өлөөхтөөбүтэ (кириэс охсунар). Уолу төрөөтүн кытта атын сиргэ саһыаран Булуу диэн икки хараҕа суох быстар дьадаҥы ыалга ииттэрэ биэрбиттэрэ. Ортоку Борук уола Бааса диэн эмиэ иитэ сылдьыбыта. Ол киһи кэргэнэ эмиэ хараҕа суох эбитэ үһү. Төрөппүт аҕата мин баайбыттан сиэһээри оҕотун миэхэ биэртэ. Эмээхсимминиин оҕобут суох буолан ылбыппыт. Эмээхсиним хараҕынан улахан мөлтөх да буоллар, тайах, сирдьит гынан абыранна. Оҕобут куорга охтон, иринньэх соҕус. Ыарыы быһа миинньэн сордоото. Ойууну ыҥыран абааһытын үөттэрэ сатыыбыт.

Айанньыт (оҕо диэки көрө-көрө). Мэлииппэни бэркэ ааҕар эбит. Кичээни, көссүө оҕо быһыылаах.

Кырытына Сэмэн: Тээтэбин үнүр көрсө сылдьан хайҕаммытым. Саханы улаханнык үөрэттэрэр сөбө суох диир. Кырдьаҕастарын, духуобунай аҕаларын ытыктаабат буолан хаалаллар диэн этэр. Дьэ, ол иһин Алампаны мэлииппэ, саалтыыр ааҕарга үөрэтэбит... Түөрт уонча сүөһүлээхпит. Ити ааҕарын быыһыгар сүөһү көрсөр (уолун диэки хайыһар. Дьаһайар куолаһынан) Ыл, нохоо, тохтоо, хотоҥҥо тахсыы буолан эрэр. Сүөһүлэрбитин уулатыа этибит. Этэрбэскин абырахтаабытыҥ дуо? Этэрбэһиҥ элээмэтин тэһэн, кыайан ойбоҥҥо кииримээри гынаҕын дуо? Ыл, этэрбэскин уларыт!

 Алампа. (мэлииппэ ааҕарын ууратар, таҥара мэтириэтин иннигэр бокулуоннуур, кириэс охсунар) Аҕаа, бэҕэһээ абырахтаммытым. Куурда туруорабын. (оһох кэннин диэки тиийэн этэрбэһин таһааран аҕата оҕонньорго көрдөрөр).

Кырытына Сэмэн. Нохоо, бар! (тохтуур). Сүөһүлэргэр таҕыс! Сүөртэлээн ыыталыы тур! Тарбыйахтаргын көрөн уулатаар! Ойбоҥҥун кыратык көйөрүҥ буолуо уонна үчүгэйдик сабаар!

Кырытына Сэмэн лэппиэскэтин тоһутан сиир. Уол тахсар.

Айанньыт. Чэ, мин салгыы бара туруом этэ. Атым да, бэйэм да сэниэ ыллахпыт дии (ыстакаанын остуол ортотун диэки анньар).

Ньуччуку эмээхсин. Оннук. Ыксаабатыҥ буоллар, олоро түһэн сээкэйи кэпсээн аралдьытан ааһыа эбиккин. Айан киһитэ биһиэхэ таах да тэһийиэҥ һуоҕа.

Кырытына Сэмэн. Чэ, чэйдээн бүтэн, айан киһитин атаарар буоллахпыт. Туруоҕуҥ! (бары тураллар) Төннөн иһэн куорат, тыа сонунун кэпсээн ааһаар! Таҥара көмөтүнэн этэҥҥэ айаннаа! (кириэс охсор, бырастыылаһар. Айанньыт танаһын таҥнан тахсан барар. Хотоҥҥо ынах маҥырыыра иһиллэр.) Бу уол ынаҕы кэйдэрдэ быһыылаах. Нохоо, илдьиркэйдэнэ сытыйан, ынаҕы өлөртөрдө быһыылаах! (Сонун кэтэн тахсан барар).

 

Быыс сабыллар.

 

3 көстүү

Сайын от үлэтин өҥүрүк  куйаас күнүн үгэнэ. Отуу таһыгар  Ньуччуку эмээхсин обургу уол оҕону кытта оттуу сылдьар. Уол от охсор, эмээхсин от мунньан бүтэр. Кыраабылын бугулга уурар.

Ньуччуку эмээхсин.  Хайа, тоойуом, Алампаа, отуубутугар тахсыах, сынньана түһүөх. Сылааһа, куйааһа да сүрдээх. Оллооммутугар тиийиэх (уол отун охсон бүтэр. Хотуурун уурар. Ийэтэ эмээхсин таһыгар сүүрүүнэн кэлэн сирдээн, илиититтэн сиэтэн отууларын диэки кэлэллэр. Аһыырдыы тэринэллэр, уол тууйас, кыракый чабычах иһиттэри отууттан таһаарар). Чэ, тоойуом, ымдааҥҥын ылан кут. Өйүөбүт диэн ити эрэ. Аспыт-таҥаспыт да суоҕа сүрдээх. Мин аанньа көрбөт да буолан эрэбин. Оҕом сыыһа, этэҥҥэ оттооторбут, сүөһүлэрбитин иитэн, син бур-бур буруо таһаарынан олоруо этибит. Сөтөл ыарыы абааһыта буулаабатаҕа буоллар, оҕонньорум сыыһа, Кырытына Сэмэн от бөҕөтүн оттоон, мас бөҕөтүн мастаан ырааппыт буолуо этэ. (кириэстэнэр. Кыратык уйадыйан ылар, ымдааныттан иһэр.)

Алампа ойон турар. Ыраах суол диэки көрөр.

Алампа. Ийээ, аҕам оҕонньор атынан иһэр быһыылаах.

Ньуччуку эмээхсин. Тоойуом, биһи соччото суох олорор сурахпытын истэн истэҕэ буолуо дуу уонна кини тоҕо биһиэхэ кэлиэй? Ыл эт, аҕаҥ оҕонньор илэ бэйэтинэн иһэр дуо?

Алампа (сирэйэ сырдаабыт, ийэтэ эмээхсин диэки көрө-көрө). Кини, кини!

Ат кистиир.  Аты тохтотор  киһи саҥата иһиллэр. Уйбаан киирэр.

Уйбаан.  Дорооболоруҥ!

Алампа.  Дорообо, кырдьаҕас! (бокулуоннуур. Ийэтигэр.) Аҕам оҕонньор кэллэ (ийэтин туруорар, киһи диэки сирдээн чугаһатар).

Ньуччуку эмээхсин.  Дорообо! Хайа, бу айан киһитэ хайа диэки баран эрэҕин?

Уйбаан.  Эһигини көрө кэллим. Бу окко саҥа киирэн оттоон эрэҕит дуу?

Ньуччуку эмээхсин. Ээ, онтон оҕобунуун иккиэйэхпит эрэ. Мин көрөрүм адьас мөлтөөн, туох улахан көмөлөөх буолуохпунуй. Уол бэйэтэ эрэ оттоохтуур.

Уйбаан. Дьэ, сатаан ыал буолан олоруоххут суох быһыылаах. Мин  оҕобун ылар буоллум. Кырдьаҕас, көрөрүҥ да мөлтөөбүт быһыылаах. Уол баарын тухары син биир эйигин көрө сылдьыа. Онон уолбун ылабын! (Алампа диэки көрөр)

Ньуччуку эмээхсин (уолун кууһар). Хайдах гыныахпыный, айбыт аҕата буоллаҕыҥ. Мин кырдьан көрбөт да буоллум. Оҕонньорум барахсан барыаҕыттан үс сыл бэйэбит ыал буолан кэллибит. Көрөр хараҕым, хамсыыр хамсаныым бу – уолум этэ.

Уйбаан. Чэ, эмээхсиэн, үгүһү элбэҕи саҥарыма! Сүөһүгүтүн-аскытын илдьэ миэхэ кэлэҕит! Чэ, мин ыксыыбын! Алампа,  обургу оҕо буолбут эбиккин! (тахсан барар. Аты һайдыыр саҥа иһиллэр. Уоллаах эмээхсин соһуйан, курутуйан туран хаалаллар).

Алампа. Ийээ, мин эйигин быраҕыам суоҕа! (ийэтин кууһар) Айыы таҥара көмөтүнэн мин куруук эн аттыгар баар буолуом!

Ньуччуку эмээхсин. Алампаа, оҕом сыыһа! Мин төһө да эйигин төрөппөтөрбүн, син биир оҕом курдук саныыбын! Төһө да олоҕум хараҥа, ыарахан буоллун, эн бааргынан чэпчиир. Күнү көрбүт хараҕым, көмүскэм буоллаҕыҥ! Хайдах гыныахпытый, аҕаҕар барыаҥ буоллаҕа! Бииргэ төрүөбүт инилэргин кытта буолуоҥ. (оҕотун кууһар, куустуһан тураллар).

 

Быыс сабыллар.

 

4 көстүү

Алампа аҕатын дьиэтин таһа. Илдьиркэй таҥастаах обургу уол дьиэ иннигэр этэрбэһин көрө олорор. Атах сыгынньах. Аймах оҕонньор киирэр.

Аймах оҕонньор. Хайа, бу тугу гына олорор оҕоҕунуй? (Алампа аттыгар кэлэр.

Алампа саҥарбат.

Аймах оҕонньор. Нокоо, тугу гына олороҕун? (улаханнык ыйытар) Оо, олооччуҥ букатын быһыта баран бүтээхтээбит дуу? (этэрбэһи ылан көрөр, төттөрү быраҕар)

Алампа эмиэ саҥарбат. Дьиэттэн ыаҕайалаах дьахтар тахсар.

Дьахтар. (аймах оҕонньору көрөн соһуйар) Дорообо! Хайа, бу ханналаан иһэҕин?

Аймах оҕонньор.  Дорообо! Тыый, бу эмээхсиҥҥит оҕото төрүт тыла суох дуу! (Алампа диэки ыйар) Киһини кытта сатаан кэпсэппэт! Ньимийэн баран олорор. Мин бурдугум сонуогун көрө бардым. Бу оҕону илдьэ бараары гыммытым. Саҥаран да абыраабат. Бэйэм да сөллөҥнөөн көрүөм.

Дьахтар. Ээ, бу эмээхсин оҕото кэпсэппэтэҕэ хас да хонно. Төрүт айах атан саҥарбат да буолла. Аҕатыгар эрэ тылланар! Туох абааһыта буулаата буолла? Киирэн, чэйдээн ааспаккын дуо?

Алампа умса көрөн олорор.

(Аймах оҕонньор илиитинэн сапсынан баран дьиэҕэ киирбэккэ төттөрү тахсан барар. Алампа аҕата Уйбаан кэлэр.)

Уйбаан. Дьэ, нокоо, убайгын илдьэ куоракка барыам. Үөрэх аһыллара кэллэ. Эн манна сүөһүгүн-аскын тутан хаалаҕын. Тарбыйахтаргын үчүгэйдик көрөөр! Хойутаан хааллахпына, хотоҥҥун харалыы тураар.

Алампа. Аҕаа, миигин илдьэ барбаккын дуо? Мин эмиэ үөрэниэхпин баҕарабын ээ (сиртэн ойон туран, аҕатын аттыгар кэлэр, көрдөһөрдүү ааттаһан). Убайым үөрэххэ, үтүөҕэ эн да тиксиэҥ этэ диир. Аҕаа, улаҕалаах тойуктаах урааҥхай уола буолан, уоҕуран тахсыам дии. Үөрэхтэн, сырдыктан миигин матарыма! Көрдөһөбүн, куоракка миигин илдьэ бар!

Уйбаан. Лахсыйыма! Илдьэ барбаппын! Икки убайыҥ үөрэхтэннэҕинэ да сөп! Чэ, баран тарбыйахтаргын булан аҕалтаа! Эн үөрэҕиҥ – хотон! Хотон үөрэхтээҕэ буолуоҥ! Мин ыксыы сылдьабын, бардым (барар. Алампа дьиэ аттыгар туран хаалар).

(Сыана иннин диэки кэлэр. Эрчимнээхтик, эрэллээхтик)

Алампа. Икки хараҕа суох Ньуччуку эмээхсин диэн ийэлээх, Уйбаан оҕонньор отох оҕото атах сыгынньах Алампа буолабын. Убайдарбын батыһан, кинилэр курдук хайаан да сырдыкка тиксэн үөрэхтэниэм! Ыраас олоҕу ыпсаран ырыа гынар баҕалаахпын, күлүк сир да буоллар, күнү көрөр күүстээхпин! Мин хайаан да сырдыкка тиксиэм!

 

Быыс сабыллар

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...