08.04.2023 | 16:00

Иис эйгэтин тэрийэр учуутал

Учуутал уонна уһуйааччы сылынан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн элбэх тэрээһин ыытылла турар. СӨ үтүөлээх учуутала, норуот маастара Арина Николаевна Большакова айылҕаттан иистэнэр дьоҕурун уонна идэтин таба дьүөрэлээбит, үөрэнээччилэр, төрөппүттэр билиниилэрин ылбыт учуутал.
Иис эйгэтин тэрийэр учуутал
Ааптар: Вера КАНАЕВА
Бөлөххө киир

– Арина Николаевна, киһи дьоҕурун идэ оҥоһуннаҕына, элбэҕи ситиһэр. Бүгүн идэ уонна дьоҕур туһунан кэпсэтиэххэ.

– Мин 1953 с. Таатта улууһугар Уус Амма нэһилиэгин Уодайыгар элбэх оҕолоох Анна, Николай Евлевтар дьиэ кэргэннэригэр бастакы оҕонон төрөөбүтүм. Аҕам эрдэ үлэһит буолан көмөлөс диэн, ахсыс кылаас кэнниттэн Намнааҕы педагогическай училищеҕа үөрэнэ киирбитим. Диплом тутаат, Харбалаах оскуолатыгар учууталынан анаабыттарын бастаан утарсан көрбүтүм. Бэйэбин үөрэппит учууталларым үлэлииллэриттэн, бэйэбиттэн икки-үс балыс бииргэ улааппыт оҕолорум үөрэнэллэриттэн толло санаабытым. Билигин бу оскуолаҕа үлэлээбиппиттэн дьылҕабар махтанабын. Учуутал эппиэтинэстээх үлэтигэр кынат анньыммыт, уһуйуллубут оскуолам диэн долгуйа ааттыыбын. Үлэҕэ олус бэриниилээх, айымньылаахтык үлэлиир, эйэлээх улахан кэлэктиип этэ. Икки сыл үлэлиирбэр, чахчы, айылҕаттан айдарыылаах учууталлардыын алтыһан ааспыт эбиппин. Миэхэ настаабынньыгынан география учуутала Екатерина Максимовна Яковлеваны анаабыттара. Саҥа үлэлээн эрэр киһиэхэ үлэҕэ мунаарыы үгүс буолара. Кини үлэ түмүгэ учуутал уонна үөрэнээччи икки ардыгар ханнык сыһыан олохтоммутуттан тутулуктаах, учуутал оҕолорго биир тэҥник сыһыаннаһыахтаах диэн үөрэтэр буолара. Завучпут Татьяна Акимовна уруок былаанын ирдиирэ, сыныйан көрөрө, сүбэлиирэ. Уруогум таһынан “Кэрэ эйгэтигэр” диэн куруһуогу ыытарым. Онно кыра кылаастары кытта улахан кылааска үөрэнэр Чымынаайым оҕолоро баҕаран туран дьарыктаналлара: Сеня, Гоша Хоютановтар, Проня Винокуров, Рита Тарабукина. Бэйэлэрэ айылҕаттан дьоҕурдаах буоланнар, түргэнник ылыналлара. Улуу Кыайыы 30 сылыгар анаммыт уруһуйдарбыт оройуоҥҥа, өрөспүүбүлүкэҕэ бастаабыттара, Москваҕа тиийэ барбыттара. Татьяна Акимовна оскуола ыытар үлэтин түмүгүнэн бирикээс суруйан учительскайга ыйыыра. Биир оннук бирикээскэ миэхэ махтаммыт этэ. Үлэбэр бастакы ситиһиим ити курдук бириэмэтигэр таба сыаналанан,  үлэлиирбэр  өссө эрэли үөскэппитэ.

Оттон Мария Михайловна Бочонина оскуола иитэр үлэтин олус айымньылаахтык салайара, элбэҕи ааҕара, үөрэтэрэ, сонуну көрдүүрэ, биһигиттэн эмиэ оннук үлэни ирдиирэ. Бу курдук ханнык баҕарар идэҕэ настаабынньык баар буолан, эдэр үлэһит идэтигэр сааһыланар, идэтийиини барар.

– Учуутал, иистэнньэҥ быһыытынан өбүгэ төрүт ииһигэр болҕомто уураҕын.

Өбүгэлэрбит  оҥоһуктара киһини бэйэлэригэр тардар, уйулҕаны хамсатар, кэрэ иэйиини уһугуннарар дьикти күүстээхтэр. Төрөөбүт нэһилиэкпэр технология учууталынан ананыахпыттан саха ииһин тус уратытын үөрэтэн, туһанан уонна ону салгыы сайыннарар сыаллаах үлэлээтим. Үөрэтэр оҕолорбор иис эйгэтин тэрийээри, нэһилиэкпэр улахан дьоҥҥо «Алгыс» иистэнньэҥнэр түмсүүлэрин 2010 сылтан үлэлэтэбин.

Өбүгэ ииһинэн дьарыктанар ханнык маастардары уһуйааччыларыҥ быһыытынан билинэҕиний?

Норуоппут төрүт ииһин сэҥээрэрбэр сүрүн сабыдыалы оҥорбут, учуутал, уһуйааччы быһыытынан өйү-санааны иҥэрбит киһинэн Борис Федорович Неустоев-Мандар Уус буолар. Кини кинигэлэрэ биһиги сүрүн ыйынньыкпыт. Уонна Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, норуот маастара, кырадаһынтан тигиитэ туспа суолу-ииһи киллэрбит Анна Николаевна Зверева өрөспүүбүлүкэ учууталларыгар ыыппыт «Высшая школа мастерства» диэн ааптарыскай оскуолатыгар үөрэммитим.  Анна Николаевна үлэлэрин өрүү сөҕө көрөбүн, кин талааныгар сүгүрүйэбин.

– Нэһилиэккэр “Алгыс” түмсүүнү салайаҕын.

Бу ыытар дьарыкпар сааһыттан тутулуга суох ким баҕалаах сылдьар. Хас биирдии иистэнньэҥ сайдар тэтимин, айылҕаттан бэриллибит кыаҕын, ылбыт дьоҕурун учуоттаан ыытыллар. Маннык дьарыктарга киһи киһиттэн үөрэнэрэ элбэх, хардарыта санаа атастаһан, сүбэлэтэн үлэлиир буоллахха, үлэҥ түмүктэрдээх буолар. Хас биирдии киһи бэйэтэ туспа сииктээх, өҥү, матырыйаалы, ойууну-мандары талыыга тус көрүүлээх. Дьарыкка сахалыы кыбытыылаах иис, быысабай, оҕуруону тигии ньымаларыгар үөрэнэн баран, бэйэлэрин баҕаларынан быыстапкаҕа анаан эбэтэр күннээҕи олоххо туттуллар оҥоһугу толороллор. Хас биирдии иистэнньэҥтэн омукпут ииһин тус уратытын тутуһууну уонна толоруллубут үлэ үрдүк таһымҥа эппиэттиир буолуохтааҕын ирдиибит. Саастаах иистэнньэҥнэрим икки сыл буола-буола ыытыллар улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи «Лоскутная мозаика Якутии» быыстапкаҕа кыттан сэҥээриллэн, «Төрүт үгэһи тутуһааччылар» диэн номинация ылаллар. Бу өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапкалар түмүктэринэн «Лоскутная мозаика России» кыттар быраабы ылбыппыт. Иваново куоракка ыытыллыбыт “Лоскутная мозаика России” бэстибээллэргэ 2013 с. А.П. Антоева, А.Н. Большакова лауреат, В.С. Белолюбская дипломант уонна 2017 с. А.Н. Большакова,  Г.М. Попова  дипломант буолбуттара. Саамай улахан ситиһиибитинэн 2015 с. Франция Эльзас провинциятын Сан-Мари-о-Мин куоратыгар ыытыллыбыт “Европейский перекресток пэчворка” аан дойдутааҕы быыстапкаҕа биэс дьахтар – А.П. Антоева, В.С. Белолюбская, А.Н. Большакова, П.К. Богдокумова, Г.М. Попова – уон үлэнэн кыттыыбыт буолар. Бу быыстапкаҕа бүтүн Арассыыйа аатыттан кыттар буолан, Этнографическай, Эрмитаж музейдар сотрудниктарын уонна Москватааҕы Дом творчества России улахан сүүмэрдээһинин туораан кыттар чиэскэ уонна аан дойду таһымыгар тахсан, араас омуктар искусстволарын кытта билсэр, Европа аһаҕас халлаанын анныгар турар музейдары көрөн кэлэр дьолго тигистэхпит дии. 2018 с. сайыныгар Суздаль куоракка ыытыллыбыт аан дойдутааҕы «Душа России» бэстибээлгэ кыттан, Эльза Евлева биһирэбил, Арина Большакова 3-с миэстэни ылан уонна Галина Попова “Мир женщины Севера” эмиэ ситиһиилээхтик кыттан кэлбиппит. Эмиэ ити сыл Монголияҕа Улан-Баторга ыытыллыбыт «Менх Тэнгэр» “Вечное небо” диэн аан дойдутааҕы бэстибээлгэ, онтон күһүнүн эмиэ аан дойдутааҕы «Солнечный олень» этническай муода бэстибээлигэр «Современный этнический костюм» диэн номинацияҕа 3-с миэстэни ылбыппыт. Иистэнньэҥнэрим саха төрүт ииһин уратытын өйдүүр, өҥү сатаан туһанар, аттарар, ойуу-мандар суолтатын быһаарсар, дьон үлэтин сатаан ырытар буоллубут диэн бэйэлэригэр сыанабыл бэринэллэриттэн үөрэбин, кинилэр иистэнэр дьулуурдарыгар сүгүрүйэбин. Айар-тутар суолга айымньылаахтык кыттыы  – бу олоҕу хамсатар биир сүрүн күүс. СӨ үтүөлээх учуутала, өр кэмҥэ оскуола дириэктэринэн үлэлээбит Олег Иннокентьевич Арылахов бэйэтин бырайыагынан туттарбыт сылаас, сырдык мастарыскыайыгар оҕолорбутун, сиэннэрбитин кытта бииргэ үлэлиир кыаҕы биэрбитигэр махталбыт муҥура суох. Нэһилиэкпит аҕа баһылыга Егор Владимрович Васильев куруук биһигини өйөөн тиэхиньикэ өттүнэн көмөлөһөрүгэр, үлэлэрбитин сэҥээрэн араас таһымнаах тэрээһиннэргэ туһанарыгар махтанабыт. Уран тарбахтаах иистэнньэҥнэрим төрөөбүт нэһилиэктэрин уонна Тааттабыт аатын ааттата туруохтара диэн эрэнэбин.

– Үөрэнээччи эбии сайдыытыгар туох үлэ көмө буоларый?

Хас биирдии учуутал оҕону сайыннарар ньымалаах. Оҕолор араас таһымнаах быыстапкаларга, олимпиадаларга кыттан үлэ түмүгүттэн астыныыны, дуоһуйууну ылаллар. Бу дьарыкка сылдьан бэйэлэригэр киһи быһыытынан үтүө хаачыстыбалары иҥэринэн, анааран толкуйдуур, тэрээһиннээх, дьулуурдаах, тулуурдаах, туруоруммут сыалы ситиһэр дэгиттэр сатабылы баһылаан, олохторугар туһанар бигэ тирэхтээх буолуохтара. Сүүрбэччэ үөрэнээччим технология учуутала идэлээхтэр. Иҥэриммит сатабылларын аны саҥа көлүөнэ ыччакка иҥэриэхтэрэ, уһуйуохтара турдаҕа.

– Дьиэ кэргэҥҥин сырдат эрэ.

Кэргэним Василий Егоровичтыын уоллаах кыыс оҕолоохпут, сиэннэрдээхпит. Аҕабыт идэтинэн эмиэ учуутал. Билигин оҕолорбут олоххо оннуларын булан үлэлии-хамсыы сылдьалларыттан, өрүү биһиэхэ истиҥник махтана сыһыаннаһалларыттан олуһун үөрэбит.

– Арина Николаевна, учуутал, уһуйааччы буолаҥҥын, оскуола, бүтүн нэһилиэк дьонун-сэргэтин өбүгэ ииһин кистэлэҥигэр өссө да үөрэт, угуй диэн баҕабын этэбин. Доруобай, этэҥҥэ буол!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...