29.04.2022 | 12:00

Иэйэрэ-куойара истиҥ, оҕолуу сырдык, ыраас

(ырытыы)
Иэйэрэ-куойара истиҥ, оҕолуу сырдык, ыраас
Ааптар: Светлана Самсонова-Сиибиктэ Мукучу, Кэбээйи
Бөлөххө киир

Ырыаҕа ылланар, хоһооҥҥо хоһуйуллар кэрэ айылҕалаах Кэбээйи киэҥ киэлититтэн биллиилээх суруйааччылар үүнэн-үрдээн тахсыбыттара, саха уус-уран литературатын дьоһун айымньыларынан байыппыттара. Кинилэр тэлбит суолларын салгыы сайыннарар эрэл – эдэрдэргэ... Кэнэҕэһин даҕаны сонун көрүүлээх ааптардар, талба талааннаах суруйааччылар тахсыахтара турдаҕа.

Итинник этэн туран, олохтоох ааптардартан Кэбээйи нэһилиэгин “Кулуһун кут” литературнай түмсүү чилиэнэ Ньургустаана Дьяконова-Таана хоһооннорун ырытан көрүүм. Тааналыын “Кэбээйи айар суһума” түмсүү (салайааччы – библиотекарь, суруналыыс Им Ия Николаевна) айар бөлөҕөр алтыһан билсэн турабын. Кини наҕыл, холку майгытынан, дьоҥҥо эйэҕэс сыһыанынан, иһирэх хоһооннорунан кэрэхсэтэр.

Ньургустаана Дьяконова-Таана “Хоһооннорум – оҕолорум, истиҥ иэйии биэбэйдэрим” диэн бастакы хомуурунньуга Кэбээйигэ  “Ай-Тал” кыһаҕа бэчээттэнэн тахсыбыта. Киирии тылы Кэбээйи улууһун “Лена долгуннара” литературнай түмсүү салайааччыта, Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, поэт Иосиф Кобяков  суруйбут. Ааптар бастакы түһүмэххэ  айар үлэ кистэлэҥ күлүүһүн, абылыыр алыбын арыйарга дьулуһар. Субу строкаларга хоһооннорун чөчөгөйгө холообутун сэргии аахтым:

Хоһооннорум – мин баайдарым,

Тахсар саҥа күннэрим.

Сөрүүн сүөгэй чөчөгөйүм,

Сүрэх баҕа санааларым.

Суруйааччы, ырыа айааччы, иистэнньэҥ, уруһуйдьут буолуу – айылҕа бэрсибит талыы-талба талаана, ураты дьикти дьоҕура. Ол киһи аайы биир тэҥник бэриллибэт, тус-туһунан суоллаах-иистээх буолара биллэр. Холобур, “Дьикти дьарык” хоһооҥҥо Таана “уруһуйдьут киһини дьоллооҕунан аахтым” диэн этэр, худуоһунньук улахан талаанын сөҕөн-махтайан хоһуйар.

Оттон “Холонон көрүөҕүм” хоһоонугар тыаҕа үөскээбит айыы санаалаах, “олоҕу кэрэхсиир баҕалаах” ийэ айылҕа оҕото буолара арылхайдык көстөр:

Талаһар эбиппин өрүүтүн

Мырааным үрдүгэр тардыһа,

Бэс чагда ойуурун быыһыттан

Хоһоонум тылларын булабын.

Биир түһүмэххэ ааптар айылҕа уларыйыытын, дьыл кэмнэрин, ордук кыһыны, сааһы, сайыны сөбүлээн хоһоонугар холбуур.

Таптыыбын тохсунньум тымныытын,

Тоһуттар тоһугур халлаанын,

Тыын турар дьыбардаах күннэрин,

Тахсар ый түүннэри сырдыгын. (“Таптыыбын кыһыны”)

Манна кыһыҥҥы күнү хоһуйарга ааптар “Тыын турар дьыбардаах” диэн оннугар атын эпитети туһаныан сөптөөх диэн бэлиэтиибин. Сахабыт сирин кыһына бар дьонун абырыыр, араҥаччылыыр кыахтаах, дьаҥы-дьаһаҕы дьалбарытар сүдү күүстээх. Саха киһитэ айылҕата тардан, улахан тымныыны тулуйан баччаҕа тиийэн кэллэҕэ эбээт! Хоту сиргэ олорор буоламмыт, биһиги тохсунньу тоһуттар тымныытыгар, буурҕаҕа, силлиэҕэ буспут-хаппыт дьоммут. Манна даҕатан эттэххэ, ааптар бэйэтин “Тымныыкаан тулуурдаах кыыһабын” диэн уот харахха этэр.

Таана “Оҕобун үлэҕэ үөрэтэн”, “Олоҕу оҥорон көрөбүн”, “Тохсунньу томороон тымныытын”, “Дьол” хоһоонноро судургу эрээри, истиҥ, иһирэх иэйиилээхтэр, ааҕааччыны толкуйдаан, ырыҥалаан көрөргө туһаайаллар. Кырдьыга, бу аламай маҥан күн сиригэр киһи олоҕун бэйэтэ оҥостор, дьолун-соргутун уһанар:

Дьол баар мин ытыспар,

Илиим сылаас суоһугар...(“Дьол»)

Оттон Таана “Сааһым кэрэ дьикти алып” хоһоонун арыый кылгатан, этэр санаатын дириҥэтэн, тылын-өһүн нарылаан биэрдэҕинэ, ааҕааччыга ордук тиийимтиэ буолуоҕа диэн көрдүм. Итини сэргэ, хоһооҥҥо бэрт бэргэн этии баарын сэргии аахтым, биһирээтим:

Күлэр-үөрэр дьоло кэмнээх,

Арыт ытыыр эмиэ эмтээх.

Олох олоруу уустук, олоххо барыта биир тэҥ эриэ-дэхси үчүгэй буолбат. Үөрүү-көтүү, дьолунан кынаттаныы уонна сор-муҥ, эрэй эҥэрдэнии эмиэ баар буолар. Бу – олох кырдьыга.

Бэлиэтээн эттэххэ, Ньургустаана Дьяконова-Таана хоһоонноругар оҕо саас ахтылҕанын, төрөөбүт дойдутугар, бар дьонугар тапталын аһаҕастык этэр-тыынар чобуо куоластаах. Кини таптала төрөппүт дьонуттан утум тардар, ол иһин силлибэт силистээх:

Таптыыртан толлубат буоларга

Мин ийэм, аҕам ииппиттэр. (“Таллым тапталы”)

“Орто саас боруогар үктэнэн” хоһоонугар кэмигэр эппэтэх тылларын иһирэх ийэтигэр, амарах аҕатыгар анаан иэйэр-куойар, кинилэринэн киэн туттар. Ийэ, аҕа оҕолоругар кыһамньыта, дьиэ кэргэҥҥэ иллээх-эйэлээх сыһыан бастыҥ холобур буолара көстөр:

Ийэбит тапталын ыламмыт

Сылаастык кууһабыт оҕону,

Аҕабыт алгыһын ыламмыт

Аал уоппут оттуллар күөрэччи.

Ааптар чугас дьонугар аламаҕай сыһыанын айымньытыгар арыйан көрдөрөр, сып-сылааһынан илгийэн кууһан ылар алыптаах тыллары этэр-тыынар. Күн сиригэр киһи киһинэн олорор. Дьонуҥ-сэргэҥ, доҕотторуҥ, ыалларыҥ, аймахтарыҥ... Оттон чугас киһиҥ кимнээҕэр даҕаны күндү. Таана ийэтигэр анаабыт хоһоонун сөбүлээтим, сүрэхпэр чугастык ылынным.

Олох араас очурдарын,

Түһүүлэрин-тахсыыларын,

Кимим тута өйдөөбүтэй,

Сүүспүттэн өйөөбүтэй?

Биллэн турар, мин Ийэм,

Көмүс тэҥэ күн Ийэм!

Оттон хас биирдии ийэ-аҕа төрөппүт оҕотун харыһыйар, араҥаччылыыр сирдээҕи анала буоларын ааптар маннык суруйар:

Оҕобун харыстыыр санаабын

Тус бэйэм сүрэхпэр саһыардым.

Таана “Баҕа санаа” хоһоонугар сахалыы сиэр-туом, харыс санаа этиллэр. Ырыҥалаан көрдөххө, кэлиҥҥи кэмҥэ тыа сириттэн куоракка, киин сирдэргэ көһүү элбэх. Чуолаан, ыччат дэриэбинэҕэ олоруон баҕарбат буолла. Айымньы иэйээччитэ хоһоонугар ийэлии иһирэх тыллары оҕотугар аныыра, удьуорун утумун салгыырга уһуйара тоҕоостоох. Ийэ барахсан үөрэтэр-такайар ис хоһоонноох кэс тыла:

Дьиэҕиттэн ыраата тэйимээр,

Олорор тиэргэҥҥин ыһымаар,

Аал уоккун сойута быһымаар.

Маны сэргэ, айылҕа көстүүлэрин, дьыл кэмин хоһуйар уонна чугас дьонугар анаабыт хоһоонноро күннээҕи олох оргуйар үөһүттэн оҕуруолуу тиһиллэн тахсаллар, дьиҥ баары ойуулаан көрдөрөллөр. Ол иһин Таана иэйэрэ-куойара олус истиҥ, оҕолуу сырдык, ыраас. Кырдьыга, өрүү үтүөҕэ, кэрэҕэ тардыһар, үөрүү, дьол ыраланар киһи олоҕо кэскиллээх, айара-тутара инникилээх буолар дии саныыбын.

Таана саас кэлиитин туһунан хоһоонугар тыыннааҕымсытыы ньыматын туһанан, айымньы уус-уран дэгэтин күүһүрдэн биэрэр:

Күнүм уота күүскэ тыкта,

Сэргэх сиргэ имэ кыыста.

Эбэтэр:

Тыабыт тыыллан тыына кэҥиир,

Туртас кыылбыт кэлэн ааһар,

Тоҥуу хаарга дьиэрэй тэбэр.

Уста-туора ойуу түһэр.

Ааптар “Кэрэ түгэн” хоһоонугар хамсыыр-харамайы хоһуйбута хараххар субу баардыы ойууланан көстөн кэлэр. Ол курдук “куобах ойуур диэки ойо турбута”, “мас көтөрө өрө көрөн” хаар анныттан быкпыта, “сыспай сиэллээх хаары хаһан аһын булара”, “тураах көтөн маска түһэрэ”, чыычаах ыллыыра – барыта биир күдьүс сааскы муусука буолан иһиллэр.

Биллэрин курдук, хатыҥ мас сахаларга ытыктанар. Ол сиэринэн, ааптар хатыҥы таптаан хоhуйар:

Хатыҥым – хоһоонум хотуна

Маҥан хаар киэргэлэ симэнэн,

Тиит мастыын имнэнсэр курдуга,

Хаар нарын үҥкүүгэ эргийэн. (“Күн уота былыкка күрэммит”)

Манна “Хатыҥым – хоһоонум хотуна” диэн этии сонуннук иһиллэр. Бу – Таана айылҕалыын алтыһан олорорун туоһута. Санаан кɵрдɵххɵ, айылҕа эмиэ киhи курдук уйан, чараас, кэбирэх. Кини ардыгар ытыыр-ыллыыр, үөрэр-хомойор, санаата түһэр, эбэтэр сүргэтэ көтөҕүллэр. Айылҕа уонна киhи ыкса ситимнээхтэр, майгыннаһар дьылҕалаахтар.

“Дьол баар мин тулабар,

Сырдык сылаас эйгэбэр,

Тыынар ыраас салгыммар,

Таптыыр кэрэ дьоннорбор” диэн түһүмэххэ “Күн сирин кэрэтэ баҕалаах”, “Таптыыбын төрөөбүт дойдубун”, “Дойдубар тапталы”, “Кыайыы ньургуһуна” диэн төрөөбүт-үөскээбит ийэ сиргэ аналлаах патриотическай тыыннаах хоһооннор киирбиттэр.

“Таптыыбын төрөөбүт дойдубун” хоһоон наллаан сэһэргиир тэтимнээх. Айымньы иэйээччитэ өбүгэ сирин-уотун ахтан-санаан кэлэн аһатара, сахалыы сиэри-туому тутуһара көстөр. Холобур:

Тиийэбин алааһым сыыһыгар,

Дьэдьэннээх, сир астаах сыһыыбар,

Өбүгэм олорбут өтөҕөр,

Кэһиитин тоһуйбут сиһигэр.

 

Тыынабын, күүскэтик тыынабын,

Дуоһуйан астынан ылабын,

Арыылаах алаадьы уунабын,

Хатыҥым анныгар уурабын.

Бу хоһооҥҥо икки сиргэ соппутуой туруохтааҕын ааптар көтүппүт этэ. Итиэннэ “Дуоһуйан астынан ылабын” диэн кэнниттэн туочука туруон сөптөөх курдук. Уопсайынан, сурук бэлиэтин аахайбат буолуу – аныгы хоһоонньуттарга баар көстүү. Дьиҥэр, айымньыны суруйар киһи уонна кинигэни таһаарар кыһа сурук бэлиэтигэр хайаан даҕаны болҕомтону уураллара эрэйиллэр.

Оттон “Кыайыы ньургуһуна” хоһооҥҥо ааптар тэҥнээһин ньыматын табыгастаахтык туһанар. Ол курдук, бастакы строфаҕа ааптар ньургуһуну “түү ньуолах былаатын бүрүнэн тапталлаах кэргэнин, оҕотун” сэрии толоонугар атаара турар ийэҕэ холуур. Оттон иккис строфаҕа тыылга үлэлээбит тулуурдаах ийэлэр, оҕолор, эбээлэр, эһээлэр “Ньургуһун хорсуна эбиттэр” диир. Кырдьыга, сэрии кэмигэр дьоммут-сэргэбит кыайыыны чугаһатар туһуттан аһыыр астарын, утуйар ууларын умнан туран төһөлөөх турууласпыттара буолуой?! Тулуур, дьулуур күүһүнэн кинилэр кыайыыны уһансыбыттара хаһан даҕаны умнуллуо суоҕа. “Өрөгөй туоһута” буолан, ньургуһун сибэкки сыл аайы тоҥ буору тобулан тахсыаҕа...

Түмүктээн эттэххэ, Ньургустаана Дьяконова-Таана хоһоонноро ис сүрэхтэн тахсар истиҥ иэйиилээхтэр, сылаас тыыннаахтар. Хомуурунньук ааҕааччы сэҥээриитин ылыа дии саныыбын. Бастакы кинигэ – айар үлэҕэ сэмэй хардыы. Ааптарга инники өттүгэр  уран тыл кыһатыгар уһаарыллан, илиитин араарбакка айа-тута сылдьарыгар, дьоһун ситиһиилэнэн айар аартыга арылла турарыгар баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...