06.05.2021 | 13:48

“Хотугу сулус” өркөн өйдөөхтөрү ыҥырар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куоракка ыам ыйын 3 күнүттэн музейдар икки ардыларыгар «Арктика драматургтарын оскуолата" бырайыак чэрчитинэн "Хотугу сулус" диэн литературнай квест ыытыллар. Бырайыак аата да этэринии, сорудахтар Арктика, хоту дойду прозатын, поэзиятын, ону тэҥэ биһиги суруйааччыларбыт айымньыларын дьоруойдарын туһунан буолуохтара. 
Манна Дьокуускай куорат олохтоохторо уонна ыалдьыттара кыттыахтарын сөп. Квест ыам ыйын 15 күнүгэр диэри ыытыллар. Буолар сирдэрэ:
- "Арассыыйа – мин историям" история паарката;
- Е.Ярославскай аатынан музей; 
- Муусука уонна фольклор музейа;
- Хомус музейа;
- Литературнай музей (П.Ойуунускай мемориальнай дьиэтин киллэрэн туран) уонна "Красин" ледокол!
Квесткэ кыттыы – босхо, музейдарга киирии – билиэтинэн. 
Интеллектуальнай оонньуу сүрүн спонсора –  аатырбыт "Красин" ледокол-музей. Квест кыайыылааҕа Петербург куоракка, лейтенант Шмидт кытылыгар,  "Красин" ледокол каютатыгар 3 хонукка олоруоҕа. Маны таһынан кыттааччылар бары ледокол почтовай дьааһыгыттан музей бэлиэлээх аккырыыккалары уонна Дьокуускай музейдарыттан өйдөбүнньүк бэлэхтэри ылыахтара. 
Оонньууга кыттыан баҕалаахтар, сайаапкаҕытын 89963165854 бассаап  нүөмэргэ ыытаҕыт, хамаандаҕыт аатын суруйаҕыт. Оччоҕо эһиэхэ ыйытыктардаах pdf файл кэлиэҕэ. Онно музейдар үлэлиир күннэрэ, чаастара ыйыллар. Хоруйдары үөһэ этиллибит музейдарга булуохха сөп ("Красин" экспозициятыгар сыһыаннаах хоруйу музей сайтыгар киирэн көрдүүгүт). Сорудахтаргытын толорон баран, 89963165854 нүөмэргэ ыам ыйын 14 күнүгэр киэһэ 18 чааска диэри ыытаҕыт.
Кыайыылаахтар ааттара ыам ыйын 15 күнүгэр  "Арассыыйа – мин историям" история пааркатыгар "Музейга түүн" бырааһынньыкка "Красин" ледоколу кытта быһа холбонууга биллиэҕэ. 
Өрөбүл күннэри туһалаахтык атаарыахха. Историяны уонна литератураны үөрэтэр оонньууга көхтөөхтүк кыттыахха. Барыгытыгар ситиһии тосхойдун!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....