18.12.2019 | 14:37

ХОНУК СИР: СЫАНА ХАРМААНТАН ТУТУЛУКТААХ

ХОНУК СИР: СЫАНА ХАРМААНТАН ТУТУЛУКТААХ
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бу сыл алтынньы 1 күнүттэн элбэх кыбартыыралаах дьиэлэргэ хостеллары, гостиницалары сабар туһунан сокуон олоххо киирбитэ.

Биһиги куораппытыгар чааһынай дьон элбэх хостоох кыбартыыралары атыылаһан ылан гостиницалары арыйан барбыттара. Манна дьон хоноругар, сылдьарыгар табыгастаах гына барытын уларытан, тэлэритэн, хас биирдии хоһу күлүүстээн, хатааһыннаан, тэлэбиисэр, холодильник туруоран дьон тохтууругар табыгастаах гына үксүн куорат киинигэр арыйаллара. Маныаха олохтоохтор мэһэйдэтэллэрэ баар суол. Хоноһо эрэ барыта бэрээдэктээх буолбат. Куоракка биирдэ кэлбиччэ аһаан-сиэн, түүннэри бырааһынньыктаан, ардыгар охсуһан ыкса ыалларын утуппаттар. Онон полицияны ыҥырыы, үҥсүү-хассыы уҕараабат буолара. Оттон бу сокуонунан гостиница бастакы мэндиэмэҥҥэ баар буолуохтаах, өскөтүн онтон үөһэ түстэнэр буоллахтарына, үрдүгэр дьон олорор буолбакка, тэрилтэлэр эрэ баар буолуохтаахтар. Бу усулуобуйа толоруллубатаҕына, хостеллары тута сабаллар.

Оттон биһиги куораппытыгар хоно-өрүү кэлбит дьон ханна тохтууллар? Урут сылдьа үөрэммит гостиницалара, чэпчэки сыаналаах хонук сирдэрэ сабыллыбыт түбэлтэлэригэр, ханна бараллар? Биһиги ыалдьыттарбытыгар анаан гостиницалар сыаналарын таһаарабыт. Маныаха ыйыллыбыт сыанаттан саҕаланарын этиэххэ наадалаах. Быһа холоон 600 солкуобайтан 6000 тиийэ хармааныҥ халыҥыттан хонон туруохха сөп.

«Ильменскэй” – 600 солк.

“Авангард” – 600 солк.

“Маяк” – 800 солк.

“Саха ыала” – 1000 солк.

“Сайсары” – 1000 солк.

“Лидер” – 1000 солк.

“Онтарио” – 1500 солк.

Космонавтар уулуссаҕа – 1200 солк.

“Гавайи” – 2940 солк.

“Парус” – 3860 солк.

“Стерх” – 4640 солк.

“Тыгын Дархан” – 5000 солк.

“Азимут” – 6600 солк.

Уопсайынан, сокуон тахсыаҕыттан гостиница аҕыйаабыт чинчитэ биллибэт. Уора-көстө үлэлиир гостиницалар билигин да аҕыйаҕа суохтар. Кинилэр сокуонтан куотан нолуоктарын төлөөбөттөр, ылы-чып үлэлии олороллор. Оттон бу бэриллибит гостиницаларбыт туһунан дьиэҕэ-уокка үлэлии олорор, бу сокуоҥҥа сөп түбэспэт ааттаах-суоллаах тэрилтэлэр диэн санатыахпытын баҕарабыт.

Куорат киинигэр баар гостиницаҕа үлэлии сылдьыбыт администратор:

– Мин икки ый курдук гостиницаҕа администраторынан үлэлии сылдьыбытым. Сыаналарын этэр буоллахха, биир киһилээх хос –  2900 солкуобай, ВИП хос – 4500 солкуобай, манна биир-икки киһи хонуон сөп. ВИП хос уратыта диэн, иэнэ атын хостордооҕор улахан, туспа саала, утуйар хос, холодильник, ыскаап баар. Бааннай халаат эҥин бэриллэр. Саалаҕа тирии дьыбаан, кириэһилэ, сурунаал остуола, тэлэбиисэр баар, сынньанар хос курдук буолар. Кыра хосторго орон, тумба, кыра остуол, тэлэбиисэр баар. Хас биирдии хоско душ, туалет. Мин үлэлээбит гостиницабар түүннэри пиибэ атыылыыллара, ол-бу чипсы, газированнай утах эҥин. Маннык сорох гостиницаларга эрэ баар. Сорохтор ЗОЖ диэн аһыы утахтары атыылаабаттар.

Биһиэхэ үксүн комнадировкаҕа кэлбит дьон түһэллэрэ. Ону таһынан пааралар, корпоратив кэнниттэн салгыы быраааһынньыктыан баҕалаах хампаанньалар кэлэллэрэ.

Командировкалар эрдэттэн сакаас, бронь оҥороллор. Арассыыйа үрдүнэн гостиницаларга уопсай сайт баар, онно көрөн, төһө миэстэ баарынан сакаастыыллар.

Хоноһолоргор сарсыардааҥҥы аһылыктарын аһатаҕын. Кофе эбэтэр чэй, омлет эбэтэр сосискалаах сымыыт ыһаарыта, хааһыны бэйэтэ талар, ким тугу аһыан баҕарарын ыйытаҕын. Ону нүөмэрдэригэр илдьэн биэрэҕин, бу аһылыктарыгар эбии сырдаах, халбаһылаах бутерброд бэриллэр.

Барыта ыраас, киһи олороругар табыгастаах. Түүн кэлиилээх-барыылаах. Аһаан баран айдаарыахтарын сөп. Ону-маны алдьатар түгэннэригэр, анал тарыыбынан ыстарааптыыгын.

Гостиницаҕа хоно кэлээччи араас буолар, сорохтор тыыннарын таһаараллар, кэлиэхтэриттэн барыахтарыгар диэри арыгылыахтарын сөп, биһиги гостиницабыт таһыгар түүннэри үлэлиир бар баар этэ, онтон көтөн түһэллэр, онон администратор куруук кэтии-маныы сылдьар, утуйбаккын даҕаны.

Биһиэхэ омук сириттэн да кэлэллэрэ, күрэхтэһэ кэлбит дьон, оҕолор түһэллэрэ.

Мин биэнсийэҕэ тахсыбыт киһи икки күн сынньалаҥнаах диэн эбии үп оҥостоору үлэлии киирбитим. Онтон, этэргэ дылы, бэйэм ороммун суохтаан, түүннэри сылдьалларын сөбүлээбэккэ уурайбытым. Сорох дьуһуурустубаҕар утуйан ылбаккын, сынньаммаккын, ол кэннэ киһи уута буккуллар, саастаах киһиэхэ сөбө суох эбит.

Администратор үлэтэ маннык чааһынай гостиницаларга олус элбэх. Компьютеры билиэххэ, баһылыахха наада, сайтка киирэн-тахсан, броньҥа бигэргэтии ыытаҕын, горничнай суох буоллаҕына, муостаны сууйаҕын, таҥас сууйаҕын, өтүүктүүгүн, сарсыарда аайы ас бэлэмниигин, киэһэ аайы баһаарынай чааска төһө киһи хоно сытарын биллэрэҕин. Түүн баһаар буолар түгэнигэр, хас киһи хоно сытара, баара биллиэхтээх. Маннык отчуоту түүҥҥү хонуктаахтар, лааҕырдарга тиийэ бары отчуоттууллар.

Куоратчыкка сүбэ*

Тыа дьоно сылгыгыт кутуругун, сиэлин маннык сыанаҕа батарыаххытын сөп:

Улахан сылгы кутуруга, өҥө маҥан – 5000 солк.

Улахан сылга кутуруга, өҥө хара – 4000 солк.

Атын өҥнөөх кутурук – 3000 солк.

Убаһа кутуруга, маҥан – 2000 солк.

Убаһа кутуруга, хара – 1500 солк.

Атын өҥнөөҕө - 1000 солк.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...