30.04.2020 | 16:29

ХОМУС уонна ВАЙН мэһэйдэспэттэр

ХОМУС уонна ВАЙН мэһэйдэспэттэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Аҕыйах хонук иһигэр социальнай ситимҥэ үс мөлүйүөҥҥэ тиийэ «просмотрдаммыт», отут үс тыһыынча сурутааччыламмыт киһи, мин санаабар, аҕыйах.

«Шкандалина», «ВикаЗемляника999», “Туормас Толик” уонна да атын күлүүлээх уобарастары таһааран, тэттик вайннары устан, виртуоз-хомусчут Владимир Дормидонтов @dormidontov_ бэйэтин эйгэтигэр «былааһы” ылыан ылла. Эдэр вайнер сүрүн болҕомтотун карантин кэмигэр күннээҕи олоххо-дьаһахха тахсар быһыыга-майгыга ууран, дьону бэркэ күллэртиир.

Бүгүн биһиэхэ саҥа тахсыбыт блогер уонна сэргэх ыччат Владимир Дормидонтов ыалдьыттыыр.

- Владимир, эн Сунтаартан төрүттээххин, оҕо эрдэххиттэн хомустуургун билэбин. Бэйэҥ тускунан кэпсээ эрэ.

- Мин Сунтаар улууһун Хадан нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Ленскэйдээҕи кэккэ биридимиэттэри дириҥэтэн үөрэтэр лиссиэй физика-математика кылааһын бүтэрбитим. Билигин Москватааҕы Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай үөрэх кыһатыгар саха национальнай алтыс устуудьуйатын бастакы кууруһун устудьуонабын. Үөрэҕим салаата тыйаатыр уонна киинэ ускуустубата буолар. Дьоҥҥо-сэргэҕэ хомусчут быһыытынан биллэбин. Аан дойдутааҕы этничэскэй фольклор күрэхтэрин лауреатабын, кыайыылааҕабын.

- Дьэ, хаһааҥҥыттан вайнер буоллуҥ? Тэттик видеоларыҥ бэркэ тарҕанан эрэллэр, дьон, көрө-көрө, “быара” суох барар үһүлэр.

- Вайнер буолбутум ый да буола илик ээ! (күлэр). Аан бастаан доҕотторбун күллэрээри видео устан, инстаграммар таһаарбытым. Онтон ким эрэ «репостаан» кэбиспит. Видеоларбын элбэх киһи көрдө, тарҕатта. Чиэһинэ эттэххэ, вайнер буолбуппун бэйэм да өйдөөбөккө хааллым. Сурутааччым ахсаана күн-түүн элбии турар. Бүгүн оруобуна 33 тыһыынча сурутааччыланным. Аҥаардас биир устуум үс мөлүйүөҥҥэ тиийэ «просмотрданар». Видеону киһи «раскруткалаабакка» эрэ мөлүйүөҥҥэ тиийиэн сөп эбит, ис-испэр олуһун диэн дьиҥнээхтик үөрдүм. Хата, эһиги хаһыаккыт нөҥүө сурутааччыларбар, сэҥээрэн көрөр дьоммор махтанабын.

- Шкандалина, ВикаЗемляника999, Һүөдэр... мэтириэттэрэ хайдах айылыннылар? Кистээбэккэ эттэххэ, прототибтара бааллар дуо?

- Барыта мин бииргэ алтыһар чугас дьонум диэххэ сөп, эдьиийдэрим, убайдарым буолаллар. Субу диэн эттэххэ, Өксөкүлээх Өлөксөй «Саха дьахталларын сэттэ мэтириэтэ» диэн айымньытыгар олоҕуран, араас дьахтар, эр киһи уобараһын оҥордум. Айымньы уобарастарын аныгылыы, билиҥҥи олох концепциятыгар сыһыары туппутум. Кэлин, син уопутуран диэххэ дуу, сюжет таба талан, туспа ааттаах-суоллаах дьон буолан таҕыстылар. Мэтириэтим наһаа элбэх, күн аайы испиттэн дьон уобарастара тахса тураллар.

- Владимир, хомусчут буоларгын ааспыт сайын билбитим. Аан дойдуга тиийэҥҥин, тыһыынчанан ахсааннаах дьоҥҥо хомус алгыһын түһэрбит этиҥ. Хаһааҥҥыттан хомустуугун, туох ситиһиилээххин?

- Хомуска 11 сааспыттан оонньоон саҕалаабытым. Элбэх музыкальнай, этно-фольклорнай бириэмийэлэр кыайыылаахтара буолабын. Саха сириттэн хомуска посол буолабын.

- Вайнер буолан баран, хомускун ыһыктыбат инигин?

- Вайн устарым хомустуурбар мэһэйдээбэт. Иккиэн даҕаны дьону чэпчэтэр, санаатын көтөҕөр, сэргэхситэр аналлаахтар. Инникитин даҕаны хомуһум син-биир тыыннаах буолуоҕа, тоҕо диэтэххэ кини мин саха буоларбын мэктиэлиир, өйдөтөр уонна саамай сүрүнэ харысхалым. Бэйэбин артыыс курдук ылынабын. Бу видеолар кэннэ блогер да, вайнер да буоллум быһыылаах (күлэр). Сурутааччыларбын кытта истиҥ санааны олохтуу сатыыбын, барыларыгар эппиэттии сатыыбын (онно эмиэ туспа бириэмэ наада). Буолбут балаһыанньаны өйдөөн тураммыт, сахам дьонугар сэргэх сааһы, үтүө түгэннэри эрэ бэлэхтии сатыыбын.

- Видеоларгар дьахтар уобараһын сөбүлээтим. Бэйэҥ да бэккэ оонньуур эбиккин. Хас уобарастанныҥ?

- Дьахтар уобараһа миэхэ эр киһи көрүүтүнэн көстөр. Маннык диэххэ – дьахтар майгыта-сигилитэ дьээбэ дьоруойга тэҥнэнэр. Олоххо баары көрдөрөбүн, онон дьон бэйэтигэр дьахталлар уобарастарын чугастык ылыммыттар. Уобарастарым күн ахсын эбиллэ тураллар, кэлиҥҥинэн аахпат да буоллум. Хас биирдии мэтириэт норуот дьоно буола түстүлэр. Аудитория кинилэри тыыннаах дьон курдук ылынар. «Дирекка”: «Шакандалина ханнаный? Тугу гынарый? Ханна сүттэ? Түргэнник кэлэ тартын”- дэһэллэр. Оннооҕор кинилэр майгыларын билэллэр, хараасталлар, долгуйаллар. Мин итини олус сыаналыыбын.

- Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсээ эрэ. Мин санаабар, эһиги олус айымньылаах ыалгыт быһыылаах.

- Аҕам Александр Тихонович урут ОДьКХ-ҕа үлэлээбитэ. Билигин биэнсийэҕэ олорор. Аҕабыт эмиэ айар эйгэлээх киһи. Гитараҕа оонньуур, ыллыыр, олус юмордаах. Оттон ийэм Айталина Григорьевна олох актыбыыска. Биһиги сэлиэнньэбит култууратын дьиэтигэр үлэлиир. Бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт. Дьоллоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүппүттэн төрөппүттэрбэр махтанабын. Кыра эрдэхпиттэн култуураҕа, саха төрүт үгэстэригэр сыста улааппытым.

- Видеоларгар ким көмө-тирэх буолар?

- Барытын бэйэм! Мин редактордарым – мин төрөппүттэрим. Видео тахсыан иннинэ, төрөппүттэрбэр хайаан да көрдөрөбүн. Кинилэр миэхэ сүбэлииллэр: “Бу маны ыл, манна эбэн кэбис, бу кылгас, манна соччото суох, туох эрэ тиийбэт...”, - дэһэллэр.

- Атын вайнердары кытта үлэлэһэр санаалааххын?

- Атын биллэр блогердары кытта көхтөөх мэйии штурмата оҥоһуллар, үлэ барар. Саҥа блогер буолан эрэбин, ол иһин  иннин-кэннин үөрэтэ сылдьабын.

- Кэлэр өттүгэр туох уобарастары кэтэһэбит?

- Өйбөр ханнык уобарас көтөн түһэрин  билбэппин. Ол эрээри көрүдьүөс буолуо диэн эрэнэбин.

- Блогер буолар хайдах эбитий?

- Наһаа элбэх киһи эйигин көрөр. Видеоларбын сахам дьонугар аныыр буоламмын, төрөөбүт тылбынан саҥарабын. Блогер саамай сүрүнэ – эппиэтинэстээх буолуохтаах. Тоҕо диэтэххэ, кини чиэһинэйи эрэ кэпсиэхтээх уонна «подписчиктарын” убаастыахтаах.

- Харантыын кэннэ туох былааннар күүтэллэр? Баҕа санааҥ тугуй?

- Дьиэбэр кэлбэтэҕим сыл аҥаара буолла, онон дьиэҕэ олорортон, чугас дьоммун кытта сылдьарбыттан элбэх дуоһуйууну ылабын. Баҕа санаам диэн, бу олоххо дьоҥҥо-сэргэҕэ туох эрэ туһалааҕы аҕалыахпын, сахам удьуорун аан дойду үрдүгэр ааттатыахпын, биллэриэхпин баҕарабын. Бэйэм норуотум тыла, култуурата, удьуора сайдарыгар, норуот быһыытынан сүппэтигэр сэмэй кылааппын киллэриэм этэ. Эдэр киһи буоларым быһыытынан, бэйэм саастыылаахтарбар этиэм этэ: Бэйэҕит төрүт дорҕооҥҥутун, тылгытын умнумаҥ! Уопсайынан, саха удьуора кэнэҕэски кэскилэ буоларбытын өйдөөҥ диэн ыҥырабын. Элбэхтэ сахалыы тыллаах уус-уран айымньыларда, хаһыаттарда ааҕыҥ. Оччоҕуна аҕыйах ахсааннаах саха норуота хаһан даҕаны сүтүө суоҕа.

Ити курдук, аҕыйах сөкүүндэлээх видео устаҥҥын, эн да блогер буолуоххун сөп эбит! Онон, түгэни мүччү туппакка, сахалыы вайн устаҥҥын, дьоҥҥун-сэргэҕин аралдьыт, карантины сэргэхтик атаар!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Утуйуу хаачыстыбата улахан суолталаах
Сонуннар | 15.03.2024 | 14:00
Утуйуу хаачыстыбата улахан суолталаах
Кулун тутар 15 күнүгэр Аан дойдутааҕы Утуйуу күнэ бэлиэтэнэр. ВОЗ статистикатынан, нэһилиэнньэ 10-30% кыайан утуйбакка (бессонница) эрэйдэнэр, сорох дойдуларга ити көрдөрүү 50−60%-ҥа тиийэр.
Сыана үрдээһинэ
Сонуннар | 22.03.2024 | 18:00
Сыана үрдээһинэ
(2024 сыл олунньу ыйдааҕы көрдөрүүтүнэн)
Социальнай биэнсийэ эбиллэр
Сонуннар | 16.03.2024 | 18:00
Социальнай биэнсийэ эбиллэр
Муус устар 1 күнүттэн социальнай биэнсийэ 7,5 бырыһыан үрдүүр. Бу туhунан 262 N-дээх уурааҕы кулун тутар 5 күнүгэр Арассыыыйа Бырабыыталыстыбата бигэргэттэ. Индексация кээмэйэ ааспыт сылга биэнсийэлээхтэргэ олох таһымын алын кээмэйин улаатыытынан ааҕыллар. Бу төлөбүргэ анаан социальнай пуонда бүддьүөтүгэр 37,5 млрд солк. көрүлүннэ. Статитстика көрдөрөрүнэн, Арассыыйаҕа 4 мөлүйүөнтэн тахса киһи социальнай...
Сергей:  «Уолаттар санаалара-оноолоро харахтарыгар көстөр»
Дьон | 21.03.2024 | 18:00
Сергей: «Уолаттар санаалара-оноолоро харахтарыгар көстөр»
Оҕо сылдьан разведчиктаах киинэлэри умсугуйан көрөрбүт, кинилэр курдук буолуохпутун баҕаран, сэриилээх оонньуурбут, саһа, сыбдыйа, сыылла сылдьан өстөөхтөрбүтүн самнарарбыт.  Разведчик диэн тылы иһиттэхпинэ, тута харахпар Штирлиц уобараһа көстөр. Кини өстөөхтөр уйаларыгар тиийэн, былааннарын, дьайыыларын биһиги дьоммутугар тиэрдэн, кыайыыны ситиһэргэ улахан кылаатын киллэрсэр.   Ол аата дьиҥнээх разведчик хайдах буолуохтааҕый? Кини боростуой саллаат...