29.10.2023 | 14:00

Хомсомуол көрүдьүөс кэпсээннэрэ

Олохпор көрсүбүт күлүүлээх түгэннэрбин ахтан-санаан ааһыахпын баҕардым. Дьиҥнээх буолбут түгэннэрин иһин дьоннорум ааттарын үларыттым. Баҕар, сорохтор сөбүлүөхтэрэ суоҕа.
Хомсомуол көрүдьүөс кэпсээннэрэ
Ааптар: Татьяна Николаевна Романова, СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна.
Бөлөххө киир

Кулуупка

Сэбиэскэй былаас туругуран турар кэмэ этэ. 1970-1971 сыллар курдук өйдүүбүн. Мин оскуола кэнниттэн кыра дэриэбинэҕэ дьыссаакка нээнньэлиирим таһынан отделение бастакы сүһүөх комсомольскай тэрилтэтин сэкирэтээрэ эбээһинэстээх этим. Ол сыл наһаа түргэнник, таһаарыылаахтык күлүмнээн ааспытыттан икки дьээбэлээх  түгэни санаан ааһабын.

Халлаан наһаа тымныы буолбатах этэ, арааһа, Кыһыл Армия күнэ буолуо, ону сэттэ уоммун лаппа аһарбыт киһи умна быһыытыйбыппын, уоттаах күөстээх кулуубум сыаната өйбөр олорон хаалбыт. Ол саҕана хомсомуоллар сырдатар үлэҕэ, туох баар уопсастыбаннай түмсүүлэргэ инники күөҥҥэ сылдьарбыт.

Армия күнүн испэктээктээх, кэнсиэрдээх буоларын курдук кулууп худруга Уйбаан диэн эдэрчи киһи салалтатынан бэлэмнээтибит. Дьэ, бырааһынньыкпыт тиҥийэн-таҥыйан тиийэн кэллэ. Ыал аайы сүпсүлгэн бөҕө, буолумуна, ыал аайыттан артыыс, ырыаһыт бүгүн кэнсиэркэ кыттыахтаах. Өрөбөлүүссүйэ саҕанааҕы бандьыыттардаах кэм туһунан испэктээк уонна кэнсиэр.

Сэттэ чааска кулуупка киһи лыык курдук симилиннэ, хойутаабыттар сыана анныгар муостаҕа олордулар. Биһиги быыс кэннигэр испэктээк хартыынатын оҥоробут, быыс иннигэр сэбиэт бэрэссэдээтэлэ уоттаах-төлөннөөх дакылаат ааҕар. Худрук хоһугар артыыстарбыт таҥналлар, аныгылыы эттэххэ, гримнэнэллэр. Дьиҥинэн, туох кэлээхтиэй, акварель кырааска, оһох күлэ эҥин быһыылаах этэ. Мин, сэкирэтээр «хотун», тэрийээччи, сүүрээччи-көтөөччү буоллаҕым дии. Арай, биирдэ өйдөөбүппүт, бандьыыт саллаатын оруолун толорор киһибит кулуупка кэлбэтэх. Мин биир уолу тутаммын ол артыыспар дьиэтигэр ыыттым, хата, чугас олорор этэ. Сотору уолум сүүрэн мэҕилээн кэллэ: «Пахай доо, киһибит остуол анныгар итирик сытар», – диэн буолла. Худрук Уйбаан миэхэ ордук кыыһырда: «Солбуккун бул!» – диэн кытаанахтык соруйда. Өһүргэнэр, мөккүһэр бокуой суох, хомсомуол балаһыанньаны быыһыы ыстанным. Көрүдүөргэ сүүрэн тахсыбытым, Федя диэн уол бүгүн аармыйаттан кэлэн дьону кытта үөрэ-көтө дорооболоһо, куустуһа ахан сылдьар эбит. Мин уолум синиэлин икки эҥээриттэн соһон кэриэтэ гримернайбар киллэрдим: «Кэлбиккэр үөрдүм аҕай, эн, хомсомуол киһи, бүгүн биһигини быыһыыгын, биир кыра оруолга испэктээккэ киирэн тахсаҕын. Баара-суоҕа биир эрэ этиини саҥараҕын, «Таҕыс, хара баранаак!» – диэхтээххин» диэн куттум-симтим. Уруккуттан наһаа көнө, аҕыйах саҥалаах уол мин уоттаах-төлөннөөх кимэн киириибин тулуйбакка сөбүлэстэ. Испэктээк саҕаланна. Мин тугу эрэ булан уолбар кэтэртим, бу хоско турар халааҥка оһох күлүнэн астына «гримнээтим».

Уолум, аармыйаттан кэлбитин бырааһынньыктаабыт буолан, настырыанньалаах.

Испэктээккэ, үрүҥ аппыһыар кыһыл бартыһааны кырбыы-кырбыы доппуруостаан баран, бэйэтин саллаатын ыҥырда. Ол мин булбут «үрүҥ саллаатым» этэ. Мин, туох да үөс батааска биэрбэккэ, Федябын сценаҕа анньан кээстим. Аппыһыар бирикээстиир саллаатыгар: «Бу киһини таһааран ытан кэбис!». Мин киһим, Федя, хап-сабар бассабыыгын саҕатыттан ылан илгиэлиирин быыһыгар били аармыйаҕа сылдьан улуу убайдарыттан истибит билбит маатыратын – б...н, х...н, с...н уонна да атын биһиги истибэтэх тылларбытын кутта-симтэ уонна  «таҕыс» дии-дии тардыалаһа турар. Бартыһааммыт тахса сатыыр, мин киһим, саараама дыраастый, отой ыыппат, арааһа, нууччалыы билбит тыла бүтэ илик быһыылаах.  Аппыһыар  «таһаар» дии-дии ордоотуур, бассабыык тахса сатыыр, мин киһим бассабыыгар соһулла сылдьар. Саалаҕа миэстэҕэ тиксибэтэх Киэсэ диэн орто саастаах киһи кыра олох маска иннигэр олорон эрэн:  «Оок-сиэ доҕоттоор, киһибит бэркэ нууччалыы  билбэлэспит» – диэн сөҥүдүйдэ. Көрөөччүлэр бары күлэн, сытынан кээһиэхтэрин кыараҕаһа бэрт буолан охтубакка олордулар.

Дьэ ыарахан балаһыанньа буолла, быыс кэннигэр саһан туран Уйбаан биһикки: «Федя, таҕыс!» – диэн сибигинэйэн көрдөһөбүт, киһибит тахсыбат. Уйбаан мин диэки кыыһырбыт хараҕынан чаҕылыс-иҕилис кынчыаттыы көрдө уонна таһаар диэн кыбдьырынна. Өлүөм дуу, быстыам дуу, сыанаҕа сүүрэн киирэн бандьыыттаах бассабыыкпын соһон таһаардым. Онтон салгыы балаһыанньа хайдах буолбутун отой өйдөөбөппүн. Худрук хараҕар көстүмээри, дьиэлээбитим быһыылааҕа.

Кэнсиэр

Саас кэлэн, дэриэбинэҕэ суунуу-тарааныы, кэлэн иһэр маай бырааһынньыгын көрсөөрү, сүпсүлгэн бөҕө. Бүгүн киэһэ кулуупка кэнсиэр буолар.

Дакылаат кэнниттэн кэнсиэрбит саҕаланна. Баян тыаһыгар доҕуһуоллатан, элбэх ырыа ылланна, хас да үҥкүү үҥкүүлэннэ, хоһоон да ааҕылынна. Ол быыһыгар Ылдьаа диэн добуочча үчүгэй куоластаах эдэр киһи, кэнсиэр аайы ыллыыр эрээри, ырыа тылын үчүгэйдик билбэтинэн эрэйдиир этэ. Ол саҕана «Ньургуһуннар» диэн ырыаны оскуола оҕотуттан саҕалаан оҕонньоругар тиийэ билэллэрэ. Маны баҕас билиэхтээххин диэн Ылдьааҕа биэрбиппит, кырдьык-хордьук бэлэмнэниигэ билэр курдук этэ. Кэнсиэри ыытааччы киһибитин биллэрбитин кэннэ Ылдьаабыт хоп курдук саҕалаата. Биир күппүлүөтү ыллаан баран тылын умнан кээстэ, ону иккис эрээккэ олорор Ааныка эмээхсин этэ охсон биэрдэ. Киһибит култуурата бөҕө, «Баһыыба» диэн баран туох да буолбатаҕын курдук салгыы ыллаата. Дьон күлэн иһэн тохтоон иһиттилэр. Ырыаһыппыт иккис күппүлүөт кэнниттэн ыйытааччы буолла: «Онтон туох этэй?» – диэн. Ааныка этэ охсон биэрдэ. Ылдьаабыт бу сырыыга баһыыбата суох ырыатын ситэри ыллаата. Онтон:  «Мунньан-тараан, көмөлөөн ырыабытын бүтэрдибит, махтал» – диэн тоҥхох гынан баран таҕыста. Саала хас да мүнүүтэ кыайан уоскуйбакка күллэ. Ааныка эрэ күлбэтэҕэ быһыылаах.

Саҥа биэлсэр

1975 сыллаахха, саҥа үөрэҕи бүтэрэн, дьүөгэм Наташалыын икки тыһыынча курдук нэһилиэнньэлээх участковай балыыһаҕа мин акушерканан, Наташа туббиэлсэринэн ананан кэллибит. Оройуон кылаабынай бырааһа: «Ити дэриэбинэни Саха сирин Техаһа диэн ааттыыллар, онон атын дэриэбинэҕэ ыытыахпын сөп», – диэбитин буолумматым. Оройуонтан 30-ча биэрэстэлээх дэриэбинэҕэ сатыы бардыбыт. Суолга куоластаан, массыына тутан аналлаах сирбитигэр тиийдибит. Билиҥҥи курдук дьиэ эҥин биэрии суох буолла. Мин убайым табаарыстара, эдэр ыаллар, онно ананан үлэлии олороллоругар туох да улахан кэпсэтиитэ суох киирэн олорунан кээстибит. Участковай балыыһа кылаабынай бырааһа икки күн үлэлээбиппит кэннэ, миигин кылаабынай бырааһынан хаалларан баран уоппускаҕа дойдутугар баран хаалла. Соһуйан эрэ хааллыбыт. Онон мин быраас аатыран, эбиэт иннинэ 15 миэстэлээх сытар балыыһабын көрөбүн-истэбин. Хата, мин дьолбор, сиэстэрэлэрбит бары уопут, билии бөҕө эбиттэр. Мин наар кинилэртэн сүбэлэттэрэн үлэлиибин. Наташам эбиэт иннигэр сэллик  ыарыһахтарынан дьарыктанар, эбиэт кэннэ вызовка сылдьар. Мин эбиэт кэннэ  улахан, кыра диэбэккэ приёмҥа олоробун. Үлэ чааһын кэннэ вызовтарга сылдьабын, түүн күнүс дьахтар төрөтөбүн.

Бастаан эдэр кыргыттар үлэлии кэлбиттэрин истэн, уолаттар тургутар санаалаах приёмҥа кэлбиттэрин кэпсиим. Биир күн амбулаторияҕа киирбитим, көрүдүөргэ үксэ эдэр дьон уочараттаан олороллор эбит. Киһи элбэҕиттэн салла санаатым да буоллар хомсомуолум киирэн санаабын түһэрбэтим. Эдэр уолаттар киирэн күөмэй, төбө ыарыытыгар үҥсэргииллэр. Мин кыһаллан бөҕө көрөбүн-истэбин, тугу да булбаппын. Солуобатыгар аспирин, күөмэй сайҕаныыта эҥин аныыбын, бүлүтүөн биэрбэппин. Биир аҕам саастаах киһини көрө олордохпуна, сирэйин аҥаара наһаа ынырыктык испит киһи аанынан өҥөс гынна: «Баһаалыста, тииспин ылан кул, тулуйар кыаҕым суох», – диэтэ. Мин бэйэм да сөхтүм, аһынным: «Процедурнайга тахсан кэтэс, билигин бу киһини көрөн баран тахсыам», – диэтим. Ыарыһахпын көрө охсон баран, процедурнайга киирдим. Аан дьиэ муннугар, хаптаһынынан уонна өстүөкүлэнэн быыһаммыт процедурнай хоско, систээх маҕан кырааскалаах биир олоппос турар, ханнык да кириэһилэ суох. Ыарыһаҕым саастыылааҕым быһыылаах. Аатын ыйыппыппын өйдөөбөппүн, түргэнник быыһыыр эрэ санаалаахпын. Тоҕо эрэ олоппоспут уйара дуу диэн санаа охсуллан ааста. Сиэстэрэбэр: «2%-наах новокаинна 4,0 бэлэмнээ», – диэтим. 2%-наах суох, 0,5% эрэ баар диэтэ. Ол 0,5% бырыһыаннаах новокаин отой күүһэ суох буоллаҕа дии. Хайыахпытый, ол 0,5%-нан тииспит ыарыытын мүлүрүппүтэ буоллум. «Тииһиҥ миилэтэ утуйдаҕына ыҥыраар», – диэн баран приемнайбар киирдим. 5 мүнүүтэ буолан баран процедурнайга киирбитим, ыарыһаҕым укуол туһалаабата диэн көрүстэ. Иккиһин укуоллаатым да туһалаабата, хайыахпыный, тиис туурар кытаанах санааланным. Ыарыһахпын устуулун олоҕуттан күүскэ тутуһуннардым уонна сэрэттим: «Көр, бу мин илиим синньигэс баҕайы, ону тардыалаһаайаххын, тоһутуоххун сөп», – диэтим. Уҥуохпунан кырабын, ыраахтан кыайан айаҕар  чугаһаабат буолан, биир атаҕын миинньэрбэр тиийдим. Айаҕын атытан баран чыскыбынан ириҥэнэн бырдыргыыр тиистэрин тоҥсуйдум, ханнык тииһин чуолкайдаары. Уол “ити-ити” диир курдук саҥарда, дьэ мин чыскыбын батары саайан баран хамнаттым, арахсыбытын билэн баран ньылбы тардан ыллым. Ылбыт тииспин көрбүтүм, доҕоор, бүүс-бүтүн тиис эбит. Сиргэ турар тааска ыһыктан баран мөҕөөччү мин буоллум: «Сыыһа ыйбыккын, атын тииһи ыллардыҥ!» – диэн баран, дьэ, ыалдьар тииспин чопчу булан чыскыбын батары саайан баран ньылбы тардан ыллым, ириҥэлээх хаан халыс гына түстэ. Испэр «һуу» дии санаатым уонна сиэстэрэбэр дьаһал биэрдим: «Элбэхтик оборо-оборо силлээбитин кэннэ перекистээх тампонна угаар уонна пенициллин таблеткатын сытар балыыһаттан ылан биэрээр», – диэтим.

Бу билиҥҥи өйбүнэн эбитэ буоллар, оройуоҥҥа ыытыллыахтаах эбит. Эбэтэр ити тииһин ылан баран, саатар аҕыйах хонукка балыыһаҕа угуохха баара. Менингиттээн хаалыан сөп этэ.  Мин урут практикаҕа сылдьан биирдэ эрэ тиис ылбыт буоллахпына, бу иккис тиис туурааһыным буолар. Кэлин, киин сиргэ көспүтүм да иһин, сырсан киирэн түүн-күнүс тиис ылларар этилэр.

Приемҥа киирэн ыалдьар оҕону көрө олордохпуна били тиис ылларбыт уолум хап-хара үллэ испит сирэйэ былтас гынна уонна: «Пашист» – диэн баран ааммын лип гына сабан кэбистэ. Фашистка холоммуппун улахаҥҥа уурбакка ыарыһахпын көрөн бүтэн: «Киириҥ», – диэн аныгыскы ыарыһахпын ыҥырдым. Ким да киирбэтэ... Кэтэһэн көрөн баран, 5-6 киһи баар буолуохтаах диэн ааммын аһан көрбүтүм – ким да суох. Кэлин өйдөөбүтүм, били бүтүн тииһи сатамньыта суох ыламмын, уолаттар сирбиттэр эбит.

Санаатахпына, билигин да күлэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Сонуннар | 23.10.2024 | 10:05
«Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэ сүрэхтэннэ
Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Хатас нэһилиэгин «Кэрэчээнэ» уһуйаанын төрүт култуураҕа уһуйааччыта В.Н. Старкова «Олоҥхо тылынан оҕо саҥатын сайыннарыы» кинигэтин сүрэхтэниитэ киин куорат 24 уһуйааныттан уонна Горнай улууһуттан барыта 50 истээччи кыттыылаах буолан ааста. Тэрээһин алгыстаах алаадьынан, мустубут ыалдьыттарга уһуйаан ис тутулун, «Айыы ыллыга» барыл хайысхаларын, ол хайысхаларынан иитээччилэр үлэлэрин билиһиннэрииттэн...