08.02.2024 | 14:00

Хатырыктар: «Көтүөхпүтүн кынаппыт эрэ суох...»

Хатырыктар:  «Көтүөхпүтүн  кынаппыт эрэ суох...»
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Бу күннэргэ Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэр М.К. Аммосов аатынан Култуура уонна спорт элбэх хайысхалаах киинэ аһыллаары турар. Саҥа эбийиэккэ «Саха» НКИХ  «Күн дэлэйэ» биэриитин ааптара уонна ыытааччыта Көтүү Эверстова тэрийбит суруналыыстар десаннара биир бастакынан ыалдьыттаата. Аныгылыы тупсаҕай оҥоһуулаах тутуу нэһилиэк тэбэр сүрэҕэр кубулуйуохтаах.

Күүтүүлээх эбийиэк

Уопсайа 2,5 тыһ. кв. миэтэрэ иэннээх саҥа дьиэҕэ түөрт тэрилтэ – нэһилиэк спорт саалата, «Сайдам» норуот айымньытын киинэ, олохтоох библиотека уонна Н.Н. Атласов аатынан Оҕо искусствотын оскуолата олохсуйуохтара. Биһиги тиийбит күммүтүгэр сууйуу-сотуу, хомунуу, көһүү түбүгэр сылдьаллара.

«Бу иннинэ спорт саалата, кулууба суох олорбуппут. Күүтүүлээх эбийиэкпит – Култуура уонна спорт элбэх хайысхалаах киинэ тутуллан бүтэн, үлэҕэ киирээри турара барыбытыгар да олус долгутуулаах», – дии көрүстэ нэһилиэк баһылыгын э.т. Артур Егорович Ноговицын.

Кини Хатырыкка маассабай спорду көҕүлүүр баҕа санаалаахтарын үллэһиннэ, инники былааннарын кэпсээтэ:

– Сыл ахсын ыытыллар улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах спортивнай тэрээһиннэрдээхпит. М.К. Аммосов аатын сүгэр волейбол күрэҕэ 27-с төгүлүн ыытыллыахтаах. Былырыыҥҥыттан өрөспүүбүлүкэ таһымыгар таһаардыбыт. Бастакы лигаҕа сүүмэрдэммит хамаандалар кэлэн оонньууллар. Иккис лигаҕа улуустарга нэһилиэк иһигэр бастаабыттар күрэхтэһэллэр. Өссө М.К. Аммосов аатын сүгэр тустуу күрэҕин, Н.А. Дьяконов аатынан мас тардыһыы турнирын тэрийэн ыытабыт.

Саҥа кииҥҥэ олох күөстүү оргуйуоҕа. Манна оҕо аймах, ыччат, аҕам саастаахтар – нэһилиэнньэ бары араҥата тоҕуоруһа мустуоҕа.  Сотору кэминэн 150 миэстэлээх киэҥ-куоҥ култуура саалатыгар нэһилиэк, улуус таһымнаах тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Хатырык сүрүн баайа – үлэни өрө туппут дьоно, талааннаах ыччата.

Елена Владимировна Ефремова, «Сайдам» норуот айымньытын дьиэтин салайааччыта:

–    Өр кэмҥэ кулууба суох олорбут дьон көтүөхпүтүн кынаппыт эрэ суох. Билигин үөрүүлээх аһыллыыбытыгар бэлэмнэнэ сылдьабыт. Бу иннинэ үлэһиттэр 7 этибит. Саҥа киин аһылларынан сибээстээн 8,5 ыстаат эбиллиэхтээх.

Биһиги 12 түмсүүлээхпит, өссө элбиэхтээхпит. «Махсыым уолаттара» эр дьон ансаамбыла, «Уйгу» ырыа ансаамбыла, «Күбэйэ Куо» эдэр ийэлэр ансаамбыллара, «Хатырык хаадьылара» түмсүү, «Арылы» ырыа ансаамбыла, онтон да атыттар. Ону сэргэ үҥкүү ансаамбыллардаахпыт: «Уйгууна» (үһүс көлүөнэ оскуолата) «Саһарҕа» (ыччат), «Күн бытархайдара» (оҕо аймах).

Үгэс буолбут тэрээһиннэрбитин эттэххэ, «Уол оҕо үс өргөстөөх» диэн улуустааҕы ырыа аһаҕас күрэҕин ыытабыт. «Сааскы таммахтар» күрэхпитин быйыл сөргүтүөхпүт. Юрий Потапов-Саргын кэриэһигэр хоһоонньуттар күрэхтэрин ыытар үгэстээхпит.

Кэнники сылларга дьиэбит-уоппут суох буолан, эбиитин пандемия хааччахтаан, киэҥ далааһыннаах тэрээһиннэри ыытар кыаҕа суох олордубут. Ол эрээри былааммытын күн бүгүҥҥэ диэри толорон кэллибит. Дьэ, мантан ыла саҥа дьиэбитигэр биһигини айымньылаах үлэ күүтэр.

Ыччат сыла

Хатырык – кэрэ айылҕалаах, киһи кута-сүрэ тохтуур сирэ.  Суола-ииһэ үчүгэй, куораттан чугас буолан, манна дьон көһөн кэлэрэ, олохсуйа хаалара үгүс.

Артур Ноговицын иһитиннэрбитинэн, нэһилиэнньэ үксэ тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар. Ынах сүөһү ахсаана – 749, сыспай сиэллээх – 469. Аҕыс бааһынай хаһаайыстыба, биир СХПК үлэлиир. Урбаанньыт Семен Иванович Попов мүөтү оҥорон таһаарыынан дьарыктанар. Кырдьык, Нам мүөтэ дьон-сэргэ биһирэбилин ылар.

М.К. Аммосов аатынан Хатырык орто оскуолатыгар 146 оҕо үөрэнэр. 1992 сыллаахха үлэҕэ киирбит таас оскуола дьиэтигэр түөрт сыллааҕыта хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыбыт. Оттон «Кэрэчээнэ» уһуйаан 2022 сыллаахха саҥа дьиэҕэ киирбит.

«Дойду сурахтаах, алаас ааттаах» диэн өс хоһоонугар этиллэринии, нэһилиэк М.К. Аммосов аатынан Судаарыстыбаннас историятын музейынан өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр. Хатырыктар киэн туттар биир дойдулаахтарын албан аатын үйэтитиигэ үгүс үлэни ыыталлар. М.К.Аммосов төрөөбүт Аччыгый Арыытыгар балаҕан туттарар баҕа санаалаахтар эбит. Бырайыага, сметата баар, билигин ону туруорса сылдьаллар.

Быйыл Хатырык нэһилиэгэр Ыччат сыла биллэриллибит.

«Биһиэхэ Лена Максимовна Аммосова аатын сүгэр ыччат кыбаартала баар. Түөрт дьиэ тутуллан турар, биир ыал кыстаан олорор. Итиннэ эбии эдэр ыаллары дьиэнэн-уотунан хааччыйыы бырагырааматыгар биир дьиэ кэргэни киллэрэн олоробут, онон сотору кэминэн алтыс дьиэ дьэндэйиэхтээх. Уот ситимэ тардыллыбыта, социальнай гаастааһын бырагырааматыгар киирсиэхтээхпит», – диэн сэһэргээтэ Артур Егорович. 

 

Саха сиригэр олоҕу, кэми кытта тэҥҥэ хардыылыыр, сорох ардыгар инникилээн да иһэр сайдыылаах нэһилиэктэр бааллара үөрдэр. Онтон биирдэстэрэ – Нам улууһун Хатырыга.

«Улуу убайбыт билигин да «үлэлии» сытар. Чаҕылхай Махсыым төрөөбүт түөлбэтэ – өрүү болҕомто киинигэр», – диэн киэн тутта кэпсииллэр олохтоохтор. Чахчы даҕаны, үөрэнэргэ, үлэлииргэ, үүнэргэ-сайдарга олус үчүгэй!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...