06.12.2023 | 10:00 | Просмотров: 416

Хатас оскуолатыгар үс этээстээх салҕааһын тутулунна

«Үөрэҕирии» национальнай бырайыак чэрчитинэн, Хатас сэлиэнньэтин оскуолатыгар эбии 120 миэстэлээх, үс этээстээх салҕааһын тутулунна.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Салҕааһын тутуута өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев куорат 2032 сылга диэри сайдыытын туһунан ыйааҕар олоҕуран, социальнай эбийиэктэри тутуу былааныгар киирэр.

Салҕааһын үс этээстээх, 4,9 тыһ. кв. м. тахса уопсай иэннээх. Манна 19 кылаас, библиотека, медкэбиниэт, 140 миэстэлээх аактабай саала, спорт саалата, мастарыскыай, 120 миэстэлээх остолобуой, киинэ уонна хаартыска устуудьуйата баар буолаллар.

Оскуола дириэктэрэ Николай Слепцов бэлиэтээбитинэн, салҕааһын үлэҕэ киирэргэ бэлэм. Бу күннэргэ Роспотребнадзортан санитарнай түмүгү ылыахтара, онтон Рособрнадзорга үөрэтэр көҥүлү ыларга докумуоннарын туттарыахтара.

«Дьиэни ахсынньы 22 эбэтэр 23 күннэригэр арыйары, манна 8-11 кылаастары үөрэтэри былаанныыбыт. Төрөппүттэр уонна оҕолор астыннылар. Хара маҥнайгыттан бэдэрээтчит «Сэттэ» ХЭТ кытта дизайн-бырайыакка,  хас биирдии этээһи оҥорууга бииргэ үлэлэстибит», – диэтэ оскуола дириэктэрэ.

Быйыл үс этээстээх, 400 миэстэлээх, 2004 сыллаахха үлэҕэ киирбит оскуола сүрүн куорпуһугар хапытаалынай өрөмүөн ыытылынна. Үөрэнэр кэбиниэттэр саҥа тэрилинэн хааччылыннылар.

«Үөрэҕирии» национальнай бырайыагынан быйыл өссө 20 оскуола үлэҕэ киириэхтээх. «Точка роста» үөрэҕирии кииннэрэ тэрилиннилэр, Саха сирин бары оскуолалара түргэн интэриниэккэ холбоннулар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.