30.05.2020 | 11:10

Харыстабыллаахтык сыһыаннаһыаҕыҥ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

  Орто дойду олоҕор сырдык, хараҥа күүстэр охсуһуулара бара турар диэтэхпинэ, бука, сүөргүлээһин буолбата буолуо. Ол биир туоһутунан дойду үрдүнэн урут истибэтэх сыстыганнаах дьаҥмыт, ол эбэтэр аана суох алдьархайдаах вирус иэнигийэн кэлбитэ буолар. 

Куораппытыгар коронавирус тарҕаныытын балаһыанньата уустугурда. Күн аайы эбиллэ турар сыыппаралары көрөн, омуннаабакка эттэххэ, киһи баттаҕа турар. Куйаар ситимнэригэр ютубка, бассаапка, телеграмҥа дьон-сэргэ уйулҕатын хамсатар иһитиннэриилэр эрэ кэлэллэр. Дэлэҕэ, биир кырдьаҕас “үүнэр күнү көрсөрбүттэн, хата, этэҥҥэбин ээ диэн үөрэр буоллум”, – диэ дуо? Кырдьык, олохпут тэтимэ тохтообукка дылы. Ханна бар – барыта хааччах. Маҕаһыыҥҥа, оптуобуска мааската суох киирбэккин. Уопсастыбаннай сирдэргэ бу эрэсиими тутуспат дьонтон дьиксинэҕин. Бэйэлэрин харыстамматахтарын иһин, саатар тулалыыр эйгэҕэ баар дьоҥҥо харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахтарын. Атыы-эргиэн кииннэригэр, ас тэрилтэлэригэр ирдэбил күүһүрбүтэ киһи санаатын бөҕөргөтөр. Кэмиттэн кэмигэр эриэйдэ ыытыллара бүгүҥҥү баар балаһыанньа хайдаҕын көрдөрөр.

 Туох түмүгү көрдөрдө?

 Дойду үрдүнэн коронавирус дьаҥа турбутунан сибээстээн, Дьокуускай куоракка кулун тутар 24 күнүттэн ыам ыйын 24 күнүгэр диэри куораттааҕы дьаһалта оперативнай штаба атыы-эргиэн кииннэригэр уонна  ас-үөл тэрилтэлэригэр, ол эбэтэр 682 эбийиэккэ бэрэбиэркэни ыытта. Дьэ, бу эриэйдэ туох түмүгү көрдөрдө? 345 кэһии баара булуллан, 119 боротокуол оҥоһуллубут. Онтон 102 боротокуол Предпринимательство уонна туризм министиэристибэтигэр сөптөөх административнай миэрэни ылалларыгар ыытыллыбыт.

Атыы-эргиэн киинин анал маҕаһыыннарыгар сорох атыыһыттар харыстанар мааската уонна бэрчээккитэ суох атыылыы тураллара көстүбүт. Атыылаһааччылар өттүлэриттэн эмиэ мааската суох дьон, атыылааччы уонна атыылаһааччы өттүттэн социальнай дистанцияны тутуһар анал бэлиэ суоҕа бигэргэммит. Сорох маҕаһыыннар хааччахтааһын кэмигэр, атыы-эргиэн үлэтэ бобуллубутун үрдүнэн, үлэлии тураллара биллибит. Уопсайынан, куоракка сыстыганнаах дьаҥ туруоҕуттан кафелар, рестораннар сабылланнар, тустаах анал тэрилтэлэр дьиэҕэ сакааһынан тиэрдии ньыматынан үлэлии олороллор. Сорох тэрилтэлэр, уурааҕы улахаҥҥа уурбакка, бобуу баарын үрдүнэн үлэлии олорбут түбэлтэлэрэ тахсыбыт.

Өскөтүн эн мааска эрэсиимин кэһии түбэлтэтэ атыы-эргиэн киинигэр эбэтэр оптуобуска тахсыбыт буоллаҕына, бу нүөмэргэ эрийэргин умнума:

Дьокуускай куорат олохтоох дьаһалтатын приемнайа: 31-90-90

Феликс Александрович Антонов, Дьокуускай куорат дьаһалтатын административнай хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ:

– Административнай хамыыһыйа куорат администрациятын атын салалталарын кытары куорат оперативнай штабын сорудаҕынан кулун тутар 24 күнүттэн маҕаһыыннары уонна общепиттары хонтуруоллуур эриэйдэлэри оҥорор. Ол курдук, ыам ыйын 24 күнүгэр үс улахан атыы-эргиэн киинигэр баар маҕаһыыннары көрдүбүт: “Бубль-Гум», «Best», «Вавилон». Уопсайа 682 эбийиэк көрүлүннэ, 345 кэһии булулунна, 226 бэсиэдэ ыытылынна, 119 аакта оҥоһулунна. 102 аакта Предпринимательство министиэристибэтигэр ыытылынна. Билиҥҥи туругунан РФ предпринимательство министиэристибэтин административнай кодексатынан көрүллэр 20.6.1 ыст. 14 дьыаланы көбүттэ.

Бу ыстатыйанан сэрэтии буолуон сөп. Ол эбэтэр гражданнар – 1000-30000,  дуоһунастаах дьон уонна предпринимателлэр – 30000-50000, юридическэй сирэйдэр 100000-300000 солкуобайга диэри ыстарааптаныахтарын сөп.

------------------------------------------------------------------------------

              Нэһилиэнньэ бэйдиэ барда

Куоракка күн-дьыл туран биэрэн, олохтоохтор сууту-сокуону билиммэт буоллулар.

Дьиэҕэ олорор дьон социальнай ситиминэн ону көрөн, абараллар-сатараллар. Олох маннык хаамыытынан бардаҕына, салгыы балаһыанньабыт тыҥыыр чинчилээх.

                           Харантыыны күүһүрдүөххэ

Светлана Алексеева, Дьокуускай куорат: – Куораппытыгар дьаҥ наһаа элбээтэ. Төһө эмэ кэккэ хааччахтар баалларын үрдүнэн, дьон-сэргэ эрэсиими тутуспата, дьэ, сүрдээх. Харантыыны олох күүһүрдүөххэ наада. Дьон көҥүл сылдьан ыарыйдыннар диэбит курдук, сынньалаҥ пааркатын тоҕо арыйдылар? Мин аҥаардас паарка аһыллыбытыттан да санаам улаханнык түһэн олоробун. Билигин дьиэҕэ хаайтарбыт дьон бары онно тоҕо анньан тиийэллэрэ чуолкай. Биһиги, сааһырбыт дьон, бу ыарыыттан куттанан, хас биирдии киһиттэн дьиксинэ, дьааххана олоробут. Эдэр дьон, ыарыйдаххытына, эмтэниэхпит диэн эрэллээх буолуохтааххыт. Оттон биһигини балыыһаҕа да ылыахтара суоҕа. Бүттэхпит ол.

Итинник күҥҥэ 100-түү киһи ыарыйдаҕына, бэйэбит да аҕыйах ахсааннаах сахалар иэдэйэр буоллахпыт. Уонна дьон эппиэтинэһэ суоҕа сүрдээх, харантыыны олох аахсыбаттар, самоизоляцияны тутуспаттар. Уонна хаһан бу ыарыыттан босхолонобут? Сайыны быһа маннык хартыына буолар чинчилээх. Сахалар төрүт итэҕэлбитигэр, айылҕа күүһүгэр итэҕэйэр кэммит кэллэ быһыылаах. Турцияҕа, Европаҕа тенгри, шаманизм күүскэ тарҕанан эрэр. Бу вирус кэнниттэн аан дойду дьоно айылҕаҕа итэҕэйэрэ күүһүрдэ.

Сынньалаҥ пааркатын тоҕо арыйдылар?

Варвара Семенова, Дьокуускай куорат: – Билигин куоракка хаайтаран олорбут оҕо, дьахтар бөҕө тыаҕа сайылыы тоҕо сууллан тахсыахтара. Ону олох утарсан, дэриэбинэлэргэ куораттан кэлиини 100% тохтотуохха наада. Дьаһалталарга туруорсуҥ. Тоҕо диэтэххэ оҕо иммунитета күүстээх, онон бэйэтэ ыалдьыбакка эрэ “тарҕатааччы” буолан, киһи бөҕөнү сутуйа сылдьыан сөп. Оттон билигин паарка аһыллан, онон маассабай сутуллуу саҕаланаары турар. Дьон ону үксэ өйдөөбөт. Тойоттор статистиканы эрэ кэпсииллэрин билэллэр. Балаһыанньаны өйдүүр, билэр дьон, баһаалыста, оҕолоргутун, сиэннэргитин пааркаҕа ыытымаҥ. Куорат олохтоохторо, ыалдьыттара, мээнэ кэлимэҥ-барымаҥ. Ыарахан кэмҥэ салалта өттүттэн ылыллар дьаһаллары сиэрдээхтик толоруоҕуҥ. Бары биир киһи курдук сомоҕолоһуоҕуҥ.

Ыарыы эппиэтинэһэ суохтан тарҕанар

Нина Николаева, Дьокуускай куорат:

– Ыарыы тарҕаныытын сүрүн төрүөтэ – хааччах баарын үрдүнэн, биир-икки киһи куоракка кэлэн барбытын эбэтэр куораттан дьонноро тиийбиттэрин содула. Билигин оройуоннарга ыалдьыбыт дьон бары куораттан сыстыбыттара биллэр. Тыа сирин дьоно, ыарыйдахтарына, эмтэнэллэрэ, үтүөрэллэрэ кэккэ ыарахаттардаах буолуо. Балыыһалара сабыллыбыт, бырааһа суох нэһилиэктэр хайдах буолаллар? Оннооҕор улуус киинин балыыһалара, төһө да 21-с үйэҕэ олордорбут, бары хааччыллыылаах буолбатахтар. Оттон суола-ииһэ суох ыалдьыбыт киһи быыһанара уустук. Бэйэ эрэ интэриэһин көрбөккө, тулалыыр дьонуҥ-сэргэҥ туһунан эмиэ толкуйдуоххун наада. Маннык ыарахан дьаҥ сатыылаан турдаҕына, хас биирдии киһи бэйэтигэр эппиэтинэстээх буолуохтаах. Статистиканы көрдөххө, регионнартан биһиги эрэ дойдубут бу дьаҥынан элбэхтэ хаптарар курдук эбээт. Онон бары, биир санаанан салайтаран, түмсүүлээх эрэ буоллахпытына маннык балаһыанньаттан этэҥҥэ тахсыахпыт.   

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...