31.10.2021 | 12:00

Харчыны тутта үөрэнии — олох ирдэбилэ

Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Варвара Филиппова математик уонна финансист идэлээх. Кини дьүөгэтэ Сардаана Заровняевалыын баҕалаах дьону харчыны сатаан туттарга, ааҕарга-суоттуурга үөрэтэн саҕалаабыттара лоп курдук биир сыл буолла. Бүгүн Варвара «Киин куорат» ааҕааччыларыгар сүбэлэрин түмэн бэчээттиибит.

— Былырыын от ыйыгар үп-экономика колледжын эбии профессиональнай үөрэхтээһин бырагырааматыгар үөрэнэн, дьону харчыны сөпкө туһанарга үөрэтэр дастабырыанньаны ылбытым. Ол кэннэ “Харчы тула” марафону тэрийбиппит. Биһиги үөрэхпит сыала-соруга: баҕалаах дьону харчыны сөпкө туттарга үөрэтии, олоххо туһалаах үп-харчы инструменнарын, ньымалары көрдөрүү, сүбэ-ама биэрии. Киһи эрэ барыта үп-харчы эйгэтигэр билиилээх-көрүүлээх, дьоҕурдаах буолбат. Маныаха оскуолаҕа, үрдүк, орто да үөрэх кыһаларыгар үөрэппэттэр диэххэ сөп. Ол иһин Сахабыт сирин дьонугар-сэргэтигэр  көмөлөөх, туһалаах марафоннары, куурустары ыытабыт. Ол курдук, харчыны сөпкө туттарга, дьиэ кэргэн бүддьүөтүн ааҕарга-суоттуурга, былаанныырга, харчыны мунньарга, уурунарга, кирэдьиити, ипотеканы түргэнник сабарга, оҕону харчыны туттарга  о.д.а. үөрэтэр араас тиэмэлэри таарыйабыт, кэпсиибит, практическай сорудахтарынан чиҥэтэбит.  

— Нэһилиэнньэ ханнык араҥатын кытта үлэлиигит?

— Араас саастаах, идэлээх, дохуоттаах дьону кытта алтыһабыт, элбэх  махтал тылларын тутабыт, дьоҥҥо туһалаах, наадалаах дьыаланан дьарыктанарбытыттан астынабыт, дуоһуйабыт.

 

Дьиэ кэргэн  уурунуута – инникигэ эрэл

Дьиэ кэргэн харчыны хайдах таба туттарыттан, төһө сөпкө тыырарыттан, хайдах мунньунарыттан бу ыал инники олоҕо тутулуктаах дии саныыбын.

Хас биирдии ыал үбүн сөпкө туһана үөрэниэхтээх.

Кэргэнниилэр харчыларын  хайдах (бииргэ эбэтэр тус-туһунан) туталларыттан тутулуга суох, ыал инникигэ биир сыаллаах-соруктаах буолуохтаах. Биллэн турар, ол барыта харчынан кэмнэнэр, ол эбэтэр бачча үп манна барар, бачча бырыһыан онно ананар диэн инникитин былааннанан харчытын мунньуохтаах. Бу уурунуута оҕолорун үөрэхтээһинигэр, улахан мал-сал, дьиэ-уот, тиэхиньикэ атыылаһыытыгар, баҕа санаа туолуутугар,  кырдьар сааска, о.д.а. туттуллуон сөп.

Дэлэҕэ да, дьиэ кэргэн уурунуу харчылаах эрэ буоллаҕына, сарсыҥҥы күнүгэр, инникитигэр эрэллээх дииллэр.

Оҕо саастан саҕаланар

Оҕолорбутун харчыны сөпкө туттарга биһиги, төрөппүттэр, үөрэппэтэхпитинэ, ким үөрэтиэй?

Хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ оҕолор харчы мунньар үтүө үгэстээх буолааччылар. Бу сөп дии саныыбын. Туох баҕа санааҕа, төһө өр кэмҥэ мунньалларын билэр, сыаллаах-соруктаах буоллахтарына, өссө үчүгэй.

Биһиги кыра кыргыттарбыт, 7 саастаах игирэлэрбит, былырыыҥҥыттан уһун болдьоххо эбэтэр сылы быһа биир да солкуобайдарын атыҥҥа туттубакка, минньигэскэ бараабакка, кыһаллан, сыал-сорук оҥостон, баҕа санааларын толорон, тугу ылыммыттарын, атыылаһыннарбыттарын бу хаартыскаҕа көрөҕүт.

 

Төрөппүттэргэ туһалаах сүбэлэр

Бастатан туран, ийэ, аҕа бэйэтэ харчыны сөпкө туттар буолуохтаах.

— Оҕо 2-3 сааһыгар харчыны үөрэтэн, харчыга сыһыаран саҕалыыбыт;

— 4-6 сааһыгар копилка оҥорон, харчы мунньарга үөрэтэбит;

— 6-14 сааһыгар оҕону кытта бииргэ ороскуоттарын былаанныыбыт;

— 7 сааһыттан сиэпкэ укта сылдьар харчытын итэҕэйэн саҕалыыбыт;

— 8 сааһыгар харчыны ытыктыырга, сыаналыырга үөрэтэбит;

— 9 сааһыттан оҕо харчыны кэмчилээн туттар буолуохтаах;

— 10-11 сааһыгар сөбүлүүр дьарыгынан хайдах харчыны оҥорор туһунан толкуйдуохтаах;

— 12-14 сааһыттан үлэлээн, кылгас кэмҥэ (сынньалаҥ кэмигэр) бэйэтэ дохуоттанарга дьулуһуохтаах;

— 20 сааһыттан үлэлиэхтээх.

 

Үбүн сатаан туттар киһи диэн кимий?

1. Бастатан туран, ыйдааҕы, сыллааҕы дохуотун, ороскуотун ааҕар, суоттуур-учуоттуур, билэр, былаанныыр.

2. Иэскэ киирбэт, баан потребительскай кирэдьииттэрин туһаммат (бу кирэдьиит көрүҥүн “акаары иэс” дииллэр).

3. Ороскуота дохуотуттан  кыра буолар, ол иһин мунньунар, уурунар, харчытын элбэтэр.

4. “Финансовай подушкалаах” буолар, ол эбэтэр 3-6 ый туттар харчылаах.

5. Харчытын сөпкө, эрдэттэн былааннаан туттар.

Мин санаабар, харчыны сөпкө туттуу аныгы олох ирдэбилэ буолла. Киһи хомойоро диэн, маны барытын оскуолаҕа да, орто, үрдүк үөрэхтэргэ да үөрэппэттэр.

Харчыны сатаан туттубат дьиэ кэргэнтэн оннук оҕолор иитиллэн тахсаллар. Ол иһин, бастатан туран, биһиги, төрөппүттэр, үп-харчы эйгэтигэр билиибитин, сатабылбытын сайыннарыахтаахпыт.

 

Кэлэр сылга бу үөрүйэхтэри күннээҕи олоххор киллэр:

1. Тугу баҕарбыккын баан кирэдьииттэринэн ылыма, атыылаһыма (ипотекаттан уратыны).

 

2. Нолуок вычеттарын туһан (хамсаабат баай-дуол нолуога, стоматология, санаторий, автооскуола, о.д.а).

 

3. Иэстэргин барытын кэмигэр төлөө (кирэдьиит, ипотека, дьиэ-уот хомунаалынай төлөбүрэ, оҕо уһуйаана, о.д.а.).

 

4. Эйиэхэ наадалаах тарыыптары, усулуобуйалары көрө, үөрэтэ сырыт (суотабай сибээс, интриниэт, баан, о.д.а.).

 

5. Харчыгын мунньун, уурун.

Уурунар, мунньунар ньымалар:

1. Классическай

Дохуоттан кыччаабыта 10%-ны ый аайы уурунан иһэбит.

2. «Үс кэмбиэр быраабылата”

Хамнаһы,  дохуоту маннык тыырабыт:

50% – булгуччулаах ороскуоттарга;

30% – күннээҕи ороскуоттарга;

20% – мунньунууга.

 

3. “1000 солкуобай быраабылата”

Биир күҥҥэ 1000 тыһ. солк. наадабытыгар туттабыт, онтон элбэҕи бараабаппыт. Ордубут харчыбыт барыта уурунууга барар.

 

4. «Байыы 52 нэдиэлэтэ”

Маҥнай счет арыйабыт уонна онно нэдиэлэ аайы харчы уган иһэбит.

1 нэдиэлэ – 50 солк.;

2 нэдиэлэ – 100 солк.;

3 нэдиэлэ  – 150 солк.

Сыл түмүгэр счеккутугар 68900 тыһ.  мунньуллар.  Нэдиэлэ аайы счекка угар харчыгытын улаатыннардаххытына, сыл түмүгүнэн харчыгыт өссө элбэх буолуо.

 

5. «Обнуление”

Күн аайы каартаҕытыгар баар харчыгытын төгүрүтэн, ордугун атын счекка уган иһэҕит.

Холобур: каартаҕытыгар 30800 тыһ. баар, ол аата 800 солк. счекка ыытаҕыт. Эбэтэр каартаҕытыгар 15354 тыһ. баар, 354 солк. счекка ыытаҕыт. Бу курдук күн аайы харчыгытын элбэтэн иһиэххитин сөп.

 

Кумааҕы харчынан туттар дьоҥҥо барсар ньыма: күн устата кумааһынньыккытыгар,  сиэпкитигэр мунньуллубут бытархай  харчыны копилкаҕытыгар уган иһиҥ.

 

Киһи тоҕо иэскэ киирэр?

1. Харчытын былааннаабакка туттар;

2. Ороскуотун аахпат. Күҥҥэ, ыйга, сылга төһө харчыны туттарын билбэт;

3. Ороскуота элбэх. Харчытын туһата, суолтата, наадата суохха барыыр;

4. Ороскуотун аччатарга үлэлээбэт;

5. Харчытын мунньубат, бэйэтигэр хаалларбат;

6. Потребительскай кирэдьииттэри, кирэдьиит каарталарынан туһанар;

7. Баҕа санааларын эрдэттэн сыал-сорук оҥостубакка, баҕарбытын тутатына баар гына сатыыр;

8. Соччото суох үөрүйэхтэрдээх;

9. Хамнаһын улаатыннарар эбэтэр эбии харчыланар туһунан толкуйдаабат;

10. Өйүн-санаатын,  дьоҕурун, сатабылын сайыннарбат, туһалаах үөрэхтэргэ үөрэммэт.

 

Өскөтүн бу испииһэктэн биир эмэ биричиинэни бэйэҕитигэр  булбут буоллаххытына, биһиги марафоммутугар киирэн үөрэниҥ. Бу ыйыллыбыт итэҕэстэри суох оҥорор инструменнары биэрэбит, олоххо баар холобурдары кэпсиибит. Биһиги үгүс саха ыала бөҕө тирэхтээх буоларыгар туһалаах сүбэлэринэн көмөлөһөбүт, инникигэ эрэли үөскэтэбит.

 

Хас биирдии киһи, төрөппүт харчыны сатаан туттар буоллаҕына, кини дьиэ кэргэнэ бигэ тирэхтээх, сарсыҥҥы күнүгэр эрэллээх.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...