09.03.2024 | 12:00

«Хапсыһыы» кэннэ санаалар

Олунньу 22 күнүгэр эдэр режиссер Никандр Федоров (саҥа ылыммыт сахалыы аатынан Айыы Тыыннаах Эр Санаа Ох-Хотор) «Хапсыһыы» диэн спортивнай драмата Саха сирин улахан экраннарыгар таҕыста уонна элбэх мөккүөрү үөскэттэ.
«Хапсыһыы» кэннэ санаалар
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Наталья Андреевна Охлопкованы анал байыаннай дьайыыга  сылдьар уолаттар олус убаастыыллар, ытыктыыллар, олох дьоруой курдук саныыллар диэни истэн баран, булан кэпсэтэргэ санаммытым уонна, чахчы да, дьоруойдар тыылга эмиэ бааллар эбит диэн санааҕа кэллим.

 

Санатар буоллахха, «Хапсыһыы» диэн киинэ былырыын Анапаҕа ыытыллыбыт «Киношок» норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр пресса бирииһин ылбыта. Киинэ Сэбиэскэй сойууска көҥүл тустууга сахалартан бастакынан чөмпүйүөннээбит Вячеслав Карпов туһунан. Кини – аатырбыт тренер Дмитрий Петрович Коркин үөрэнээччитэ. Киинэ талааннаах спортсмен түһүүлээх-тахсыылаах уустук дьылҕатыгар сырдык тыгарга холонор. Айыы Тыыннаах Эр Санаа-Ох Хотор режиссер эрэ быһыытынан үлэлээбэккэ, продюсер, сценарист уонна сүрүн оруолу толорооччу буолбутун киинэ биир уратытынан ааттыахха сөп.

Премьератыгар анаммыт пресс-конференцияҕа Айыы Тыыннаах Эр Санаа Ох-Хотор бэйэтэ сүрүн оруолга тоҕо оонньообутун туһунан маннык кэпсиир: «Чэпчэкитэ суох этэ. Ол эрэн инникитин эмиэ бэйэм киинэлэрбэр сүрүн оруолга холонуохпун баҕарабын. Оҕо сылдьан режиссер эбэтэр продюсер  буолбакка, артыыс идэтин туһунан ыраланарым. Бэйэм санаабар, киинэм табылынна, наһаа күүстээх буолла. Атын спортивнай киинэлэргэ майгыннаабат. Биһиги ааттыын умнуллубут Карповы личность быһыытынан арыйдыбыт. Биографическай  киинэни устуу – уустук сорук, ол эрэн мин уонна хамаандам наһаа кыһаллан үлэлээтибит. Киинэ уус-уран элеменнэрдээх, ол гынан баран бу – биографическай хартыына. Биһиэхэ Вячеслав Карпов сиэнэ Айсен көмөлөстө».

Эр Санаа Ох-Хотор оҕо эрдэҕиттэн аатырбыт режиссердары үтүктүөн баҕарарын, киинэлэри уонна анимены көрөрүн сөбүлүүрүн, онтон көрбүтүн ырытарын уонна киинэ устуута диэн наһаа уустук дьыала буоларын, ону кыайыам суоҕа диэн саныырын кэпсээтэ: «Бэйэм ис турукпунан, өйбүнэн-санаабынан миэхэ сэбиэскэй режиссер Андрей Тарковскай чугас. Кини идиэйэлэрэ, ньымалара, истиилэ уонна режиссер быһыытынан көрүүтэ миэнин кытта дьүөрэлэһэр. Ол иһин кинини духуобунай уһуйааччым диэтэхпинэ, сыыһыам суоҕа. Айар үлэм саҕаланыытыгар ким даҕаны сүбэлиир суоҕа – сөп эрэ, сыыһа эрэ... Онон сатаныа диэн эрэммэтэхпит да буоллар, ыллыбыт даҕаны оҥорон кэбистибит. Сатаатыбыт дии саныыбын. Итинтэн саҕалаан өссө элбэх идиэйэ уонна айар уох киирдэ».

Бу киинэҕэ дебютант артыыстар бааллар. Ол курдук, эстрада ырыаһыта Кэрэчээнэ Туприна уһуллубута соһуччу буолла. «Киинэҕэ холонон көрөргө ыҥырбыттарыгар олус үөрбүтүм. Бастакы боруобаланыы кэнниттэн «арааһа миигин ылбаттара буолуо» дии санаабытым. Онтон өссө төгүл ыҥырбыттара. Бу иннинэ дьиэбэр сиэркилэ иннигэр туран эрчиллэр, оннооҕор ытаан көрөр этим»,- диэн билинэр Кэрэчээнэ. Эр Санаа Ох-Хотор Кэрэчээнэ Туприна итэҕэтиилээхтик оонньообутун бэлиэтиир. «Кэрэчээнэ Карпов кэргэнин уобараһын кыайан биэриэ дуо диэн кытаанах боппуруос турбута. Ол эрэн Кэрэчээнэ күүстээх санаалаах киһи быһыытынан оруолун кыайда», – диэн бэлиэтээтэ режиссер.

Киинэ кириитигэ Сергей Кулешов «Хапсыһыы» киинэҕэ икки күүс күөн көрүстэ: Саха сирин «фактурата» уонна Голливуд драматургиятын быраабылата, ону ханнык эрэ түгэҥҥэ режиссер биир сомоҕо оҥорон силбэһиннэрдэ диэн бэлиэтиир: «Киһи сүргэтин көтөҕөр «месседж» спортивнай драма үгэһиттэн атыннык көрдөрүлүннэ. Биир өҥнөөх (монохромнай) хартыыналара, композиционнай каадырдара уонна хаачыстыбалаах тыаһа-ууһа Рокки туһунан франшизаны уонна итиннэ майгынныыр киинэлэри буолбакка (холобур, «Бой с тенью»), Мартин Скорсезе «Бешеный бык» (1980) киинэтин санатар. Никандр Федоров сюжетыгар Карпов туһунан ахтыылары уонна бэйэтин биографиятыттан чахчылары туһаммыт: киинэҕэ анаммыт пресс-конференцияҕа кини таайтара эппитинэн, кинигэни оруобуна иһинээҕи аанньала уонна «демона» хабырдык хапсыһа сылдьар кэмнэригэр аахпыт. Арааһа, ол иһин буолуо, кини актер быһыытынан оонньооһуна итэҕэтиилээх, дьиҥнээх иэйиилэри көрдөрөр».

«Хапсыһыы» киинэ былырыын Анапаҕа ыытыллыбыт «Киношок» норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлигэр кириитиктэр, көрөөччүлэр сэҥээриилэрин ылбыт буоллаҕына, бэйэтин сиригэр-уотугар олунньу 22 күнүгэр экраҥҥа тахсыаҕыттан балайда мөккүөрү таһаарда. Ол курдук, сорохтор Никандр Федоров (Айыы Тыыннаах Эр Санаа Ох-Хотор) Сойууска көҥүл тустууга сахалартан бастакы чөмпүйүөн Вячеслав Карпов сырдык уобараһыгар күлүк түһэрэр диэн санааларын үллэстэннэр, киинэ экраҥҥа тахсыбыта биир нэдиэлэ буолбутун кэнниттэн «Сахамедиа» пресс-киинигэр режиссеру кытта сирэй көрсөн кэпсэтии, дьүүллэһии, быһаарсыы тэрилиннэ. Кэлбит дьон үксэ киинэни утаран тыл эттилэр.

Чуолаан, кэккэ тыл этинээччилэр, ол иһигэр бастакы чөмпүйүөнү кытта алтыспыт дьон киинэни саҥаттан, көннөрөн устарга эбэтэр прокаттан таһаарарга модьуйдулар. Кинилэр режиссер бу киинэни устарыгар Вячеслав Карповы кытта чугастык билсэр дьону кытта көрсөн кэпсэппэтэҕин, сүбэлэппэтэҕин, «Очурга оҕустарыы, кыайыыга кынаттаныы» кинигэтигэр эрэ олоҕурбутун, итиэннэ Вячеслав Карпов олоҕор буолбатах мөкү түбэлтэлэри киллэрбитин, сүрүн оруолга бэйэтэ оонньообутун сөбүлээбэтэхтэрин биллэрдилэр. Олимпиада үрүҥ көмүс призера, ССРС спордун үтүөлээх маастара, САССР үтүөлээх тренерэ Александр Иванов: «Киинэҕэ спорду кытта сибээстээҕи тугу да булан көрбөтүм, арай сүрүн персонаж арыгылыыра эрэ көстөр. Чөмпүйүөнү тус бэйэтин билэр этим, киинэ дьоруойа отой атын. Онон саҥаттан оҥоруохха эбэтэр прокаттан устуохха наада», – диэн кытаанахтык эттэ.

Көҥүл тустууга аан дойду чөмпүйүөнэ, ССРС спордун үтүөлээх маастара Павел Пинигин арыый да сымнаҕастык сыһыаннаһан, Айыы Тыыннаах Эр Санаа Ох-Хотор талаанын бэлиэтээтэ. Кини улахан үлэ оҥоһуллубутун, прокаттан устар хайдах да сатамматын этэн туран, эдэр режиссерга  инникитин, Саха сирин историческай личностарын туһунан киинэ устар буоллаҕына, дьиҥнээх буолбут түбэлтэлэргэ олоҕурарыгар сүбэлээтэ.

СӨ физическэй култуураҕа уонна спортка миниистирэ Леонид Спиридонов биллиилээх уонна үтүөлээх дьон туһунан киинэни уһулары хааччахтыыр сокуон наадатын ыйда. Ол эрэн кини, хайдаҕын да иһин, киинэ уһуллан, дьон-сэргэ Вячеслав Карповынан, кини биографиятынан интэриэһиргээбиттэрин туһунан эттэ.

Вячеслав Карпов уола Павел киинэни сөбүлээбитин, бу документальнай буолбакка, уус-уран жанрдаах киинэ буоларын  тоһоҕолоон бэлиэтээтэ уонна ийэтиниин сүбэлэһэн баран көҥүл биэрбиттэрин, мантан сиэттэрэн аҕаларыгар улахан болҕомто ууруллан эрэриттэн үөрэрин биллэрдэ.

Режиссер Айыы Тыыннаах Эр Санаа Ох-Хотор киинэни Вячеслав Карповка сүгүрүйэн уһулбутун, сорох дьон киинэни өйдөөбөтөхтөрүттэн уонна итинник ылыммыттарыттан хомойорун, киинэҕэ үөхсүү тыллары сотторортон ураты уларытыыны киллэрбэт санаалааҕын эттэ. Киинэни устарыгар кини 2021 сыллаахха Арсен Томскай «Синет-Спарк» тэрилтэтэ ыыппыт куонкуруһугар кыайан 2 500 000 солкуобайы ылбыт. Инньэ гынан режиссер бэйэтин харчытынан хайдах киинэни уһуларын бэйэтэ билэрин тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

Киинэ туһунан боростуой, туох даҕаны солото, чыына-хаана суох көрөөччүлэр санааларын ыйыталастыбыт.

Александр Николаев:

– Киинэни сөбүлээтим. Саамай сүрүнэ – уол (Вячеслав Карпов) буккулла-тэккиллэ сылдьан баран көнө суолга үктэннэ. Бастаан пресс-конференцияны көрөн баран наһаа негативнай турукка киирбитим, куһаҕан киинэ уһуллубут эбит диэн. Онтон киинэтин көрөн баран туох даҕаны оннук куһаҕаны булбатым. Син биир ханнык баҕарар уус-уран киинэҕэ курдук, «киноляптар» бааллар буоллаҕа дии. Режиссер наһаа үчүгэйдик устубут уонна дьиҥнээх артыыс курдук оонньообут, эмоциятын барытын көрөөччүгэ тириэртэ диэн санааҕа кэллим.

Игорь Петров:

– Үчүгэй да, куһаҕан да диэбэппин, ол эрэн астымматым. Орто киинэ, историческай, Карпов олоҕо маннык эбит диэн өйдөбүлгэ кэллим. Арыгыга охтон олимпийскай чөмпүйүөн буолбатах эбит  диэн түмүккэ кэллим уонна атын этэрим суох. 

Николай Игнатьев:

– Бу киинэ сөпкө уһуллубут дии саныыбын. Киһи өһүргэнэрэ баарын көрбөтүм. Көрбөтөх эрэ киһи, дьон санаатын үтүктэн, куһаҕан диэн айдаарыан сөп. Киинэҕэ бэйэҥ сырыттаххына, оннук санаа киирбэт. Холобур, бассаапка «үһү» дии-дии айдаарар, мөккүһэр дьон бааллар. Ол иһин ыҥырабын, бастаан киинэҕэ сылдьыҥ, онтон санааҕытын этиниҥ.

 Галина Николаевна:

– Спортан, чуолаан тустууттан ыраах киһибин, кэргэммин кытта баран көрүстүм. Вячеслав Карпов диэн тустуугу билбэт этим, ол иһин саҥа интэриэһиргээн көрдүм. Ол эрэн, кырдьык, ити этэллэрин курдук, мөкү өттүттэн көрдөрөннөр, киһи быһыытынан хайдах эрэ оччото суох эбит диэн санааны үөскэттэ. Чугастык билэр дьоно көмүскэһэр буоллахтарына, наһаа куһаҕан киһи буолбатаҕа буолуо, режиссер геройу үчүгэйдик билэр дьону кытта сүбэлэспитэ буоллар диэҕи баҕарыллар.

Дьон санаата хаһан баҕарар араас буолар. Киинэ сыраны-сылбаны, үбү-харчыны ылан, улахан үлэттэн таҕыстаҕа. Суруллубут суоруллубат, ол эрэн инники өттүгэр мөккүөр тахсыбыта режиссерга үөрэх буолара саарбаҕа суох. Эдэр киһи бастакы улахан үлэтэ, кинини наһаа «хоппокко», харыстабыллаахтык сыһыаннаһар ордук буолуон сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...