Хаппаргар хатаа
Уокка сиэтиини, итиигэ буһууну эмтээһин
Бу түбэлтэҕэ дьиэ усулуобуйатыгар эмтэниэххэ сөптөөх хас да ньыма баар: хаппыыста бытарытыллыбыт сэбирдэҕин сымыыт үрүҥүн кытта булкуйан, эмсэҕэлээбит атахха эбэтэр илиигэ сото сылдьыллар. Ыраастык сууйуллубут сиикэй хортуоппуйу терканан бытархай гына кырбаан, уокка сиэтиллибит миэстэҕэ ууран баран маарыланан баайан кэбиһиллэр. 2 нэдиэлэ устата мүөтүнэн сото сылдьар туһалаах. Уот сиэбит эбэтэр итиигэ буспут миэстэҕэ аска кутар суоданы таммалатар эмиэ көмөлөөх. Сымыыт үрүҥэр 1 остолобуой ньуоска үүнээйи арыытын кутан, үчүгэйдик булкуйан баран итиигэ буспут миэстэни сотору-сотору сото сылдьыллар.
Сүрэх ыарыытын сэрэтии
Кэнники сылларга сүрэҕинэн ыалдьар киһи ахсаана аан дойду үрдүнэн элбээн иһэрэ бэлиэтэнэр. Бу биир сүрүн биричиинэтинэн олоҕу сыыһа олоруу буолар. Сөбүгэр калорийностаах дьиҥнээх аһылык, сибиэһэй салгын, күн, ыраас уу уонна кыах иһинэн физическэй ноҕурууска ыраас тымырдарынан хаан толору сүүрэн, сүрэх сөптөөхтүк үлэлиир усулуобуйатын хааччыйаллар. Хааҥҥа ирдэнэр кээмэй быһыытынан сыа-арыы, холестерин баара наада. Ол эрээри бу дьапталҕалар нуорматтан үрдүүр түбэлтэлэригэр, кутталы үөскэтэр кыахтаахтар. Холестерин хааҥҥа нуорматтан үрдүүр түбэлтэтигэр, тымыр истиэҥкэтигэр дьапталлар. Бу көстүү атеросклероз диэн ааттанар. Тымырдар синньээн, хаан барыыта бытааран, баттааһына күүскэ үрдээтэҕинэ, инсульга, инфаркка тиэрдиэн сөп. Тустаах киһи ыарахан ыйааһына, табах тардыыта, куораттар салгыннарын киртийиилэрэ, араас эбиликтэрдээх аһылык С битэмиини урусхаллаан, сүрэх үлэтэ мөлтүүр, тэбиитэ бытаарар. Киһи кэтэ сылдьар таҥаһа уонна атаҕын таҥаһа ыга тутар буоллахтарына, хаан эргиирэ эмиэ бытаарар.
Ньиэрбэ систиэмэтин харыстааҥ
Көрүүгэ-истиигэ биһи ис уоргаммыт эрэ буолбатах, күннэтэ улахан ноҕуруусканы тулуйар ньиэрбэ систиэмэтэ эмиэ наадыйар. Ньиэрбэ систиэмэтин харыстаабатахха, бастаан айгыраан, устунан бэринэн, түмүгэр туһаттан тахсыан да сөп. Бу ыарыыны невроз диэн ааттыыллар. Биир уратыта диэн, ньиэрбэ килиэккэлэрэ чөлүгэр түспэттэр эбэтэр, оннук процесс барар да буоллаҕына, үчүгэй өттүгэр бэрт дуона суох хамсааһын тахсар. Бары ыарыылар мантан улахан тутулуктаахтар. Онон хас биирдии киһи ньиэрбэтин систиэмэтэ бөҕө буоларыгар кыһаныахтаах. Невроз үксүн утуйар уу кэһиллиититтэн, төбө ыалдьарыттан, өрүү кыйахана, кыыһыра сылдьыыттан, сылайыыттан, олоххо туох да интэриэһэ суох буолууттан үөскүүр кыахтаах. Ньиэрбэ доруобуйата быар туругуттан, хаан баттааһына үрдээһиниттэн эбэтэр намтааһыныттан улахан тутулуктаах. Онон ньиэрбэ мөлтөөтөҕүнэ, бу уорганнарга проблемалар үөскүөхтэрин сөп. Өскөтүн быар шлактары уонна токсиннары мөлтөхтүк ыраастыыр буоллаҕына, организм сүһүрэн, ол содула ньиэрбэ систиэмэтигэр охсуон сөп.
Хааныҥ баттааһына үрдүүр буоллаҕына
Хаанын баттааһына эмискэ тахсар киһи саахары, тууһу кыратык сиэхтээх, аһыы аһы аһаабат, арыгы испэт, табах тардыбат, крахмаллаах аска чугаһаабат.
Дабылыанньа тахсыбыт кэмигэр икки илииҥ сөмүйэлэринэн кулгаахтаргын бүөлүү анньан баран үөһэ уонна муннуҥ диэки эргиир чиэппэрин курдук 60 төгүл эбэтэр 1 мүнүүтэ устата хамсат. Оччоҕуна хараҕыҥ сырдаан, үтүөрэн барыаҥ. Дабылыанньа чэпчэки көрүҥэр уулаах отон оргуйбут уутун иһэ сылдьар туһалаах. Күн ахсын 5 г балык арыытын ис. Ол суох буоллаҕына, нэдиэлэҕэ үстэ эмис балыкта сиэ. Төбөҥ дыҥ курдук, кулгааҕын куугунуур буоллаҕына, ытыһыҥ кырыытынан эбэтэр атын чэпчэки предметинэн моонньугун кыратык охсуолаа.
Эдэр-сэнэх буолуу кистэлэҥнэрэ
Үөрэх этэринэн, киһи орто сааһа 120 сыл диэн да, дьиҥэ, олохпут итинтэн быдан ырааҕынан кылгас. Дьоппуоннар ортотунан 79, австралиецтар, гректэр, канадецтар уонна шведтэр 78, немецтэр уонна американецтар 76 сыл олороллор дииллэр. Оттон нууччалар уонна туроктар 67, нигериецтэр уонна сомалиецтар оннооҕор кылгас - 47 эрэ сыл эбит. Быраастар, психологтар уонна диетологтар норуоттар икки ардыларынааҕы бөлөхтөрө олоҕу уһатар уонна кырдьары кыйдыыр уон пуунтан турар бэлиэтээһиннэри оҥорбуттар.
Бастатан туран, элбэҕи аһаамаҥ! Сорох күн күннээҕи нуормаҕыттан кыраны аһаатаххына, "куртаххытыгар сынньалаҥ күнэ" буолан тахсар. Итинник күннэри туһанан эккитин-хааҥҥытын чэбдигирдиэххитин сөп. Уопсайынан, сөбүн көрөн аһааҥ.
Иккиһинэн, аһыыр аскыт сааскытыгар сөп түбэһиэхтээх. Холобур, 30-тарын ааспыт дьон эриэхэнэн уонна быарынан аһаатахтарына, сирэйдэрэ куруук ньалҕаархай, ол эрээри сыа-арыы аллыбатах, мырчыстаҕаһа суох буолар. 40 саастарын ааспыттарга бетакаротин, 50-ҥа уҥуохтарын кытаатыннарар туһугар кальцийдаах, магнийдаах аһылык туһалааҕа биллэр. Эр дьон 40-рын аастахтарына сыыры уонна бүөрү сиэхтэрин наада. Селен олох охсууларын уйарга көмөлөһөр, ол аата ньиэрбэни чөлүгэр түһэрэр. 50 сааскын аастыҥ да, балыгы сииргин умнума. Бу сүрэх, тымыр ыарыыларыттан харыстыыр.
Үсүһүнэн, бэйэҕит сөбүлүүр идэҕитинэн үлэлиэхтээххит. Дьиҥинэн, французтар этэллэринэн, сөбүлүүр идэҕитинэн дьарыктанар буоллаххытына, бэйэҕит сааскытыттан быдан эдэр буолан көстүөхтээххит. Социологтар бэлиэтииллэринэн, сорох дьон үйэлэрин тухары эдэрчи буолаллар. Ол – дирижердар, философтар, худуоһунньуктар, аҕабыыттар.
Төрдүһүнэн, хайаан да иккиэ буолуохтааххыт! Таптал уонна бэйэ бэйэҕэ сылаас сыһыан – саамай үчүгэй эмп. Күүстээх таптал киһиэхэ дьолтон атыны аҕалбат. Бэйэтин дьоллоохтук сананар киһи доруобуйата бөҕөргүүр, үйэтэ уһуур.
Бэсиһинэн, бэйэҕит билиигитин кимиэхэ да биэримэҥ. Сүүрүк хоту устан иһэр киһитээҕэр бэйэтин санаатын сайа этэр, үлэтигэр туһанар киһи үлэтэ да тахсыылаах, үйэтэ да уһун буолар.
Алтыһынан, сүүрүҥ-көтүҥ, элбэхтик хамсаныҥ! Күҥҥэ 8 мүнүүтэ устата спордунан дьарыктаныы киһи олоҕун биллэрдик уһатар. 30 сааскын аастыҥ да, улаатарыҥ тохтуур, онон итиннэ спорт эрэ көмөлөһүөн сөп.
Сэттиһинэн, сөрүүн хоско утуйуҥ! Сөрүүн хоско утуйар киһи итии хоско утуйар киһитээҕэр эдэрчи көрүҥнээх буолар. Ол тулалыыр эйгэ кыраадыһыттан тутулуктаах, эт-сиин эмэхсийиитэ бытааннык барар.
Ахсыһынан, сотору-сотору таптыыр аскытын-таҥаскытын атыылаһан, бэйэҕитин маанылааҥ, манньыйыҥ. Саҥа таҥас, суумка, косметика хас биирдии киһиэхэ үөрүүлээх.
Тохсуһунан, кыыһырбыккытын искитигэр тутумаҥ, хайаан да таскытыгар таһаарыҥ! Этиҥ-тыыныҥ, тыаһааҥ-ууһааҥ. Хомолтону искэ өр тута сылдьыы ыарахан ыарыыга тиэрдэр. Ыарыыга ыалдьыбыт дьон үгүс өттө – санаа баттаабыт дьоно.
Онуһунан, кытаатан төбөҕүтүн үлэлэтиҥ! Сотору-сотору кроссворда таайыҥ, элбэх киһилээх оонньууларга кыттыҥ, омук тылын үөрэтиҥ, ахсаанна суоттааҥ. Ахсааны туох да көмө тэрилэ суох өйгүтүгэр суоттааҥ. Төбөҕүтүн быыстала суох үлэлэтэр буоллаххытына, хара өлүөххүтүгэр диэри түөһэйиэххит суоҕа. Эдэр, сэнэх, доруобай буолуҥ!
Киһи организмын туһунан
Киһи мэйиитэ 10 миллиард ньиэрбэ килиэккэлэриттэн тутуллар уонна 86 мөлүйүөн единицаҕа тиийэ информацияны өйдөөн хаалар. Мэйиигэ ньиэрбэ импульса нейронтан нейроҥҥа тиийиитин саамай түргэнэ – чааска 400 килэмиэтир.
Киһи тыла 50 грамм ыйааһыннаах, 9 сантиметр уһуннаах уонна 5 сантиметр кэтиттээх, 17 былчыҥтан турар. Тылга 9000 кэриҥэ амтаны билэр рецептор баар.
Сүрэх ыйааһына 300 грамм. Киһи олоҕун устата 3 миллиард тэбиини оҥорор, сууккаҕа 8 тонна, онтон олоҕун устата 200 тыһыынча тонна хааны хачайдыыр.
Улахан киһи этигэр 206 уҥуохтаах, оттон оҕо этигэр - 300 (оҕо улаатан истэҕин ахсын сорох уҥуохтара силбэһэн, холбоһон иһэллэр).
Киһи тыҥатынан суукка устата 13 тыһыынча кэриҥэ лиитэрэ салгыны аһарар.
Киһи көннөрү хараҕынан 5500 сулуһу ааҕыан, өҥ 200-чэ араас көрүҥүн быһа холуйан арааран көрүөн сөп диэн суруйаллар. Улуу художник И.Е. Репин хартыыналарын үөрэтэн баран, өҥ 2000 араас эгэлгэтин арааран көрбүтүн быһаарбыттар.
Харах тымныыны билэр туочуката суох. Харахха хаан олус түргэнник сүүрэр, онон хаан кыайан тоҥмот буолан, харах этэ тоҥмот.
Куртах 1 кв мм салыҥнаах хаҕар сүүсчэкэ быччархай баар, олор аһы буһарар сүмэһини таһаараллар.
Кулгаах иһигэр дорҕоону быһаарар 25000 килиэккэ баар. Киһи истиитин диапазона 16 уонна 20000 герцтэр икки ардыларынан ааҕыллар.Ол сааһыран истэх аайы үрдүк дорҕооннору истии намтааһынын суотугар аччыыр.
Орто киһи быччыҥын ыйааһына 28 киилэҕэ тиийэр. Киһи күҥҥэ 11500 төгүл чыпчылыйар.
Ый устата киһи 240 чаас, сылга 28880 чаас, оттон олоҕун устата 25 сыл утуйар эбит.
Киһи төбөтүгэр 125 тыһыынча баттахтаах. Күн аайы 45 баттах түһэр, сорох дьоҥҥо 60-ҥа тиийэ баттах түһэр.
Сүрэх сыл аайы ороскуоттуур энергиятынан 900 киилэ ыйааһыннаах таһаҕаһы 14 миэтэрэ үрдүккэ көтөҕөн таһаарыахха сөп.
Сыт уонунан тыһыынча араас көрүҥэ баара биллэр. Киһи итинтэн сороҕун эрэ араарар. Дьахтар эр киһитээҕэр сыты ордук араарарын быһаарбыттар.
Франция араадьыйатын үлэһиттэрэ киһи хаамарыгар атаҕын таҥаһын арааһыттан, почваттан, төһө түргэнник, хайдах хаамарыттан 1500-кэ тиийэ араас тыаһы таһаарыан сөп диэн түмүккэ кэлбиттэр.
Муҥурдаах 12 тарбаҕы кэккэлэһиннэри туппут саҕа уһуннаах.
И.И. Неустроев. Доруобуйа-дьол. Дьокуускай: Бичик, 2011 с.