ХАННЫК ОМУК СИРИГЭР ОЛОХСУЙУОҤ ЭТЭЙ?
Тас дойдуларга үлэлиир-үөрэнэр биир дойдулаахтарбыт сыллата элбээн иһэллэр. Эн, арай, кыһалҕаҕа ылларан дуу, үлэ-хамнас, олох-дьаһах табыллыбатаҕына дуу, ханнык омук дойдутугар олохсуйа барыаҥ этэй?
Геннадий Охлопков, үлэһит:
- Оннук кыах уонна усулуобуйа баара да буоллар, барар санаа суох. Ол туhунан төбөбөр оҕустаран да ылбаппын. Оннук буолуон сатаммат. Сахам сирэ, Дьокуускай куорат олорорбор, үлэлиирбэр оруобуна сөп. «Бу миэнэ!» -диэн этэр кыахтаахпын. Дьонум, доҕотторум, төрөөбүт-үөскээбит айылҕам, үлэлиир сирим барыта манна баар. Онтон ордук туох наада?
Оҕо да сылдьан оннук ыраламмат этим. Ол иhин оскуола кэнниттэн, саха тылын факультетыгар туттарсыбытым. 9-с кылаастан баҕаран туран дьарыктанан, сыал-сорук оҥостон киирбитим. Үлэбэр табыллан бэйэбин көрдөрө сылдьабын. Инники былааннар, толкуйдар Сахабыт сирин эрэ кытта ситимнээхтэр.
Элбэх командировкаҕа сылдьабын. Арассыыйа куораттарынан, атын да дойдуларга. Онно барыта үчүгэй диир кыах суох. Этэллэр дии, «Ханна биhиги суохпут да, онно үчүгэй» диэн. Үгүс киhи интэриниэт, телевидение нөҥүө «олох үрүт эрэ өттүн» көрөн дуоhуйара, ымсыырара буолуо.
Дьиҥэ, Арассыыйаҕа орто баайыылаах киhиэхэ уопсай сайдыыны ыларга табыгастаах. Үөрэх бары таhыма босхо. Кыратык толкуйдуур буолларгын, син дьон тэҥэ үөрэхтэнэҕин. Доруобуйа харыстабылын өҥөтүнэн барыбытын хааччыйаллар. Холобур, Кореяҕа балыыhаҕа эмтэнэ киирдэххэ, суукка аайы 2 тыhыынча төлүүгүн. Онтон биhиги дьоммут манна балыыhаҕа киирэн эмтэн диэтэххэ, аккаастаналлар. Эбэтэр иккис холобур. Америкаҕа оҕо төрөөтө да, бааҥҥа счет арыйаллар. Кэлин үөрэхтээх киhи буоллун, дьон тэҥэ олордун диэн. Тоҕо диэтэххэ, үөрэх үксэ төлөбүрдээх. Онтон конкуренция олус үрдүк.
Ол оннугар кинилэргэ үлэhит дьон элбэх. Күүстээхтэн күүстээх, кыахтаахтан кыахтаах тыыннаах хаалар. Онтон биhиэхэ үлэтэ да суох дьоммут «норковай шубалаахтар». Араас социальнай босуобуйа, төлөбүр, субсидия көрүллэр. Ама ити үчүгэй олох буолбатах дуо? Ол эрэн сытан хаалбакка, бэлэмҥэ үөрэнэн бытаарбакка, сайдарга, саҥа таhымнаах олоҕу манна баар оҥорорго кыhаллыахха диэн ыҥырабын.
Диана Тарасова, үлэһит:
Мин уруккуттан Канадаҕа олохсуйуохпун баҕарабын. Бастатан туран, онно килиимэтэ үчүгэй. Маны таһынан, бу дойдуга гражданство ылар чэпчэки, дьон-сэргэ майгыта аламаҕай уонна, саамай сүрүнэ, хамнас улахан дииллэр. Онон киһи үлэлээн-хамнаан олороругар табыгастаах дойду. Киһи дойдутуттан киэҥ сиргэ талаһара куһаҕана суох дии саныыбын. Сайдыы үйэтигэр уонна ырыынак кэмигэр олоробут. Биирдэ кэлэн барар олохпутугар атын омук сирдэрин кэрийиэххэ, олоро барыахха сөп дии саныыбын.
Ян Степанов, үлэһит:
- Ханнык баҕарар киһи олорор сирин уларытар туһунан хаһан эмит толкуйдаан ылбыт буолуохтаах. Билигин глобализация үйэтэ. Ким баҕарар, ханна баҕарар тиийэн олохсуйар кыахтаах, ону ким даҕаны боппот.
Арай олохпун тосту уларытардыы сананан киирэн бардахпына, Америкаҕа көһөн барыа этим. Билигин онно Саха сириттэн элбэх чугас доҕотторум-атастарым сыллата көһөн барар, устунан олохсуйа хаалар буоллулар. Бэккэ олороллор.
Пандемия нэһилиэнньэ улахан аҥаарын дьадаҥы оҥорон эрэр. Бу кыһалҕа кыраныысса таһыгар көһөн барыыны намтатар диэн көрөбүн.
Тууна Иванова, ХИФУ устудьуона:
Тус бэйэм тас дойдуга көһөн олохсуйууну олох сэргээбэт суолум. Биһиги, сахалар, баара-суоҕа биир кыра куорат нэһилиэнньэтин саҕа ахсааннаах омукпут. Үөрэхтэммит, сайдыбыт ыччаппыт кыыстыын-уоллуун омук дойдуларын диэки көрөр буоллахтарына, кэскилбит ханна баарый, сайдыыбыт? Атын омугу кытта буккуһуу, бэйэ силиһин быһа кэрдинии буолар дии саныыбын.
Сардана Осипова, эдэр ийэ:
- Омук сиригэр олорор туһунан толкуйдаабатаҕым. Санаабар, Сахам сиригэр саамай ордук курдук. Чугас дьонум, доҕотторум, үлэм, сахалыы тылым эйгэтэ – барыта манна баар. Атын дойдуларга көннөрү көрө-истэ, сайда, үөрэнэ, сынньана барыахха сөп дии саныыбын. Оттон олоҕу олорорго төрөөбүт дойдута ордук. Атын куораттарга бардахпына, икки-үс нэдиэлэнэн дойдубун ахтан киирэн барабын, ол иһин өр сатаан сылдьыбатым буолуо дии саныыбын. Ол эрээри кэнники бириэмэҕэ сахалар омук сиригэр көһөн бараллара элбээтэ быһыылаах.
Елена Аммосова, блогер:
- Мин төрөөбүт ийэ сирбиттэн ханна даҕаны барыам суоҕа буолуо. Тоҕо диэтэххэ, киһиэхэ төрөөбүт сирэ киһи олох олорорун тухары саамай улахан суолтаны ылар.
Арай ханнык эрэ быһыы-майгы үөскээн бары мантан көһөн барыҥ диэн балаһыанньаҕа, Скандинавия дойдуларын диэки барыам буолуо. Килиимэттэрэ үчүгэй, кыһыннара даҕаны сылаас, сайыннара эмиэ наһаа итии буолбатах уонна олохторун таһыма үрдүк буолан, уһун үйэлээхтэр.
Скандинавия дойдуларын үөрэҕэ аан дойдуга биир бастыҥынан биллэр. Медицинэлэрэ, сокуоннара, үлэ ырыынага эмиэ үрдүк таһымнааҕын истэбин.
Руслана Максимова, суруналыыс:
- Мин Сахам сирин ыраас салгынын, киэҥ нэлэмэн ойуурун, кыһыҥҥы тымныытын, сайыҥҥы куйааһын туохха даҕаны атастаһыам суоҕа этэ. Хаһан даҕаны көһөн барар туһунан толкуйдаан көрбөтөҕүм.
Ыйытыкка кыттыбыт үгүс киһи «төрөөбүт дойдубутугар хаалабыт, барбаппыт, көспөппүт” дэһэллэр. Исписэлиистэр этэллэринэн, бу пандемия Арассыыйа үгүс олохтооҕо кыраныысса таһыгар олох туһунан санаатыгар күүскэ сабыдыаллыаҕа.