20.09.2024 | 12:00

Ханна да суох, хатыламмат, ураты...

(Чөркөөх түмэлигэр ыалдьыттаатыбыт)
Ханна да суох, хатыламмат, ураты...
Ааптар: Наталья ПРОТОПОПОВА
Бөлөххө киир

Мин оҕо эрдэхпиттэн ийэм дойдутугар Тааттаҕа сайылыыбын. Онон кыра сааспыттан Д.К. Сивцев–Суорун Омоллоон аатынан Чөркөөхтөөҕү история-этнография түмэлигэр элбэхтик сырыттым. Улуу суруйааччылар, революционердар, политсыылынайдар олорбут балаҕаннарын куруук сэргии, кэрэхсии көрөбүн. Онтон бу сырыыга Чөркөөх түмэлин анаан-минээн кыыспар көрдөрдүм. 
Сарсыныгар СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, 1993-2005 сылларга Чөркөөх түмэлин дириэктэринэн үлэлээбит Изабелла Яковлевна Жерготованы кытта билсэн, хаһыакка анаан ирэ-хоро сэһэргэстибит. Изабелла Яковлевна хайдах аан бастаан Чөркөөх сирин булбутун, хайдах үлэҕэ анаммытын о.д.а. наһаа истиҥник кэпсээтэ.

Дьылҕам суола эбит...

– Мин Томпо улууһун Кириэс Халдьаайы нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. 1982 сыллаахха Дьокуускайга үрдүк үөрэҕи бүтэрэммин, Дьааҥы улууһугар учууталынан анаммытым. Көтөр билиэппин ылан, сорох таҥаспын-саппын номнуо баһыылкалаан ыыппыт кэмнэрим этэ... Оруобуна атырдьах ыйын саҕана  куораттан аймахтарым, суруйааччы Анастасия Сыромятникова кыргыттара кэлбиттэрэ. Архыыпка өр кэмҥэ үлэлээбит Полина Спиридоновна уонна “Саха” НКИХ-гар “Сарыал” диэн ааптарыскай биэриилээх Надежда Спиридоновна аҕабынан аймахтарым буолаллар. Кинилэр сайын аайы сир астыыллар, Тааттанан төннөллөр, Чөркөөх түмэлигэр сылдьалларын истэн олус сэргиирим. Маннык ураты түмэл баарын тоҕо эрэ наһаа  интэриэһиргиирим уонна суол уустугун аахсыбакка, кинилэри эккирэтэн Чөркөөххө кэлбитим. Ити атырдьах ыйын саҕаланыыта этэ. Түмэли көрөөт да, наһаа астыммытым уонна бастакы сэбиэдиссэй Людмила Николаевна Григорьеваны кытта билсибитим. Кини миэхэ соһуччу: “Биһиэхэ үлэлии хаалбаккын дуо?” – диэтэ. Онон, төһө да Дьааҥыга барарга билиэппин ылан сыттарбын, Чөркөөх сиригэр үлэлии, олохсуйа хаалан хааллым. Дьылҕам быата тарда сыппыт эбит.

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн үлэҕэ тахсыбытым. Үлэбин алын научнай сотруднигынан саҕалаабытым. Бу кэмнэргэ норуодунай суруйааччы Суорун Омоллоону кытта билсибитим. Кини аан бастаан миигиттэн маннык ыйытан турар: “Эн хантан кэлбит Сивцева буолаҕыный? Баҕар, аймахтыы буолан хаалыахпытын сөп...” – диэн.

Үлэм бастакы кэмнэригэр чороону тутан олорон чороону уруһуйдуур буоллум. Ол быыһыгар быысабайдаан барабын, өйбөр хоһоон тыллара кутуллан киирэллэр, дьабака бэргэһэлээх кыыһы хоһуйабын. Ити саҕана иэйии күүскэ киирбитэ. 1987 сыллаахха сэбиэдиссэй Людмила Григорьева соһуччу олохтон барбыта. Кини кэнниттэн историк идэлээх, киэҥ билиилээх-көрүүлээх, ураты толкуйдаах Афанасий Тимофеевич Аржаков анаммыта. Онтон 1993 сылтан мин сэбиэдиссэй буолбутум. Ити сыл Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин Тааттаҕа Ойуунускай төрөөбүтэ 100 сыллаах үбүлүөйдээх ыһыаҕар ыалдьыттаабыта. Онно кыттыыны ылбыппыт.

 

 Историяттан сэгэттэххэ...

– Чөркөөх түмэлэ норуот туппут мусуойа буолар. Оччолорго 70 саастаах Суорун Омоллоон Аҕа дойду сэриитин иннинэ Суруйааччылар конференцияларыгар куруук тыл кыбытар эбит. Олохтоох Николаевскай Таҥара дьиэтэ быраҕыллан турар буоллаҕына, ол дьиэни чөлүгэр түһэрэллэр. Онон, бу сыылынайдар Боотуруускай улууһугар бэйэлэрэ оҥорбут үтүөлэрэ элбэх. Ол курдук, Пекарскай тылбытын, онтон тэхиньиичэскэй үөрэхтээх Ионовпут оҕолору илиитинэн букубаар оҥорон уһуйар. Кини бастаан кэлэн баран ыалларынан сылдьан оҕолору үөрэтэр эбит. Ону Кулуба көрөн, бу биһиэхэ туһалаах буолсу диэн оскуола туттаран,  сөптөөх усулуобуйа тэрийэр.

Суорун Омоллоон бэйэтин кэмигэр олус элбэҕи оҥорбут уонна үлэлээбит киһи, үтүөтэ-өҥөтө сүҥкэн улахан. Кыратык хойутаабыттара буоллар, бу пааматынньыктар былдьаныа уонна симэлийиэ этилэр. Ол саҕана Суорун Омоллоонноох хамнаһа да суох үлэлээбиттэрэ диэххэ сөп. Бастаан утаа реставратор булбакка, көннөрү тутааччы, уус дьон  көмөлөһөллөр. Таҥара дьиэтин да ылан көр. Барытын уус биригээдэтэ тутар. Уолбаттан Таҥара дьиэтин көһөрөн аҕалбыттара. Онтон игидэйдэр – Пекарскай дьиэтин. Барыта көһөрүү. Ионов учуутал дьиэтэ элбэҕи биэриэн сөп диэн оскуола туттараллар, Боробулга көһөрөллөр. Чөркөөх түмэлэ, Революционнай буолан, өрөбөлүүссүйэ ырыатынан арыллыбыта. Петр Алексеевич Алексеев олорбут балаҕана Туора Күөлгэ Дьүлэй нэһилиэгэр Булгунньахтаахха турар. Бу манна олорон көмүс уҥуоҕа көтөҕүллүбүтэ. Суорун Омоллоон Таҥара дьиэтин өрөмүөнүн ыыта турдаҕына аан бастаан Таатта үрэх уҥуор кырдалга алта кырыылаах бабаарына дьиэтин Харамаайыттан көһөрөн аҕалаллар. Суорун Омоллоон үлэтигэр сүрдээх ирдэбиллээх, барыны-барытын көрө-истэ, кэтии сылдьар, ханнык эмит тутууну сөбүлээбэтэ да, тутатына көтүттэрэр эбит. Түмэл тутуутугар, атаҕар туруутугар Дьокуускай куорат тэрилтэлэрэ, университет, “Сардаана” фабрика о.д.а. олус көмөлөспүттэрэ. Холобур, холкуос саҕанааҕы үктээһин миэлиҥсэни Чурапчы Сылаҥыттан көтүрэн аҕалыыга университет устудьуоннара, “Кэскил” тутуу этэрээтэ көмөлөһөр. Суорун Омоллоон 2005 с. ыарыыта ылан, саҥатыттан матыан иннинэ: “Чөркөөх түмэлэ ханна да суох, хатыламмат, ураты. Кинини норуот уонна уопсастыбаннас туппута. Онон, инникитин сахалар ааспыт олохпутун кэрэһилиир, инникини түстүүр түмэлбит буолуоҕа. Мин онно эрэнэбин”, – диэн этэн турардаах.

– Изабелла Яковлевна, Чөркөөх түмэлэ докумуоннарынан хас сыллаахха тэриллибитэй? Ол кэмҥэ сырдатыы үлэтэ төһө барбытай?

– 1977 сыллаахха сэтинньи 2 күнүгэр тэриллибитэ. Бу туһунан оччотооҕу кэмҥэ хаһыатынан, араадьыйанан сырдатан тураллар. Улууспутугар биллэр суруналыыс, билигин биһиги кэккэбитигэр суох Анастасия Морхоева микрофоннаах турар хаартыската элбэҕи кэпсиир.

 

Күүс-көмө буолаллар

–Тутуулар, эбийиэктэр туруктара хайдаҕый? Билигин өрөмүөн үлэтэ төһө барарый?

– Бу туһунан киэҥник кэпсиэххэ сөп. Холобур, урут түмэллэр дьиэлэрин-уоттарын ардах хоппот этэ. Арай Короленко уонна сайылык дьиэлэрэ кыралаан тэстэллэрэ. Ону биһиги барытын утары оҥорон иһэрбит. Суорун Омоллоон куруук балаҕаннары алдьатымаҥ диэн этэр уонна наһаа харыстыыр этэ. Билигин тоҕо бу туһунан кэпсээтиҥ диэ... Билигин дьиэлэрбит тэстэр буоллулар. Тоҕо диэтэххэ эргэ дьиэлэр бэйэлэрэ туран эрэ хамсаан киирэн бараллар. Ол эбэтэр, 23 эбийиэк баар эбит буоллаҕына, 12-тэ аныгы тутуу. Онтон аҥаара 19-с үйэтинээҕи дьиэлэр. 2019 сыллаахха Ил Дархан Айсен Николаев “Сохраним памятники” диэн аахсыйа биллэрбитэ. Ол чэрчитинэн элбэх өрөмүөн үлэтэ барда. Билигин түмэл инникитин хайдах сайдыан сөбүн туһунан кэпсэтиилэр бараллар. Бэйэм үлэлээбит кэммэр дьиэлэр улаханнык алдьамматахтара, тэстибэтэхтэрэ. Ол саҕана күрүөҕэ-хаһааҕа эрэ үп көрүллэрэ, дьиэ-уот өрөмүөнүгэр суох буолара. Норуот бэйэтэ, тэрилтэлэр кэлэн көмөлөһөн биэрэллэрэ. Суорун Омоллоон тыыннааҕар эмиэ куруук көрө-истэ сылдьара. Мин кэннибиттэн Николай Ефимович Попов үлэлээбитэ. Кини элбэх үлэни ыыппыта. Музейнай педагогика, олохтоох Чөркөөх оскуолатын кытта сайыҥҥы лааҕырдар үлэлээбиттэрэ. Олоҥхо эйгэтин сайыннарыы, оскуола оҕолорун түмэлгэ чугаһатыы үлэтэ күүскэ ыытыллыбыта. Сорох пааматынньыктарбыт докумуоннарыгар, пааспардарыгар эрдэ эппиэттэспэттэрэ, онно туспа хабааннаах үлэ барбыта. Холобур, биир дойдулаахпыт “Таатта” автодор салайааччыта Иван Бочонин суол-иис боппуруоһуттан саҕалаан эбийиэктэргэ, өрөмүөн да үлэтигэр куруук көмөлөһө кэлэр этэ.

Чөркөөх түмэлэ хас да салаалаах. Ол курдук, Ойуунускай түмэлин уһаайбата. Суорун Омоллоон туппутун кэннэ норуот, уопсастыбаннас күүһүнэн 1983 сыллаахха Ойуунускай төрөөбүтэ 90 сылынан туттарбыта. Нуучча революционера Петр Алексеевич Алексеев Дьүлэй нэһилиэгэр баар Таҥара дьиэтэ биһиги салаабытыгар баар. Ыстаат тутабыт. Үһүс салаабыт –  Суорун Омоллоон бэйэтин төрөөбүт сайылыга. Дьиэтин-уотун куруук көрөбүт-истэбит. Билигин уопсайа 20-тэн тахса эбийиэктээхпит. Мантан холбоон уончата өрөмүөннэннэ.   Э.К. Пекарскай (Игидэй), В.Ф. Трощанскай (реконструкция),  В.М. Ионов (мемориальнай дьиэ), В.Г. Короленко (реконструкция). Мас ураһа аҕыс кырыылаах. Ойуунускай оскуолата, Аал Луук мас, Сэттэ кырыылаах сайылык дьиэҕэ, Амбаарга о.д.а. өрөмүөн үлэлэрэ ыытылыннылар. Бу үтүмэн үлэҕэ барытыгар өрөспүүбүлүкэ уонна Таатта улууһун кыахтаах тэрилтэлэрэ үбүлээтилэр. Ону таһынан бэйэлэрин баҕаларынан үбүнэн-харчынан көмөлөспүт биирдиилээн дьон эмиэ бааллар. Киэн туттар дьокутааппыт Виктор Лебедев Ойуунускай оскуолатын үбүлүөйүгэр үп-харчы биэрэн көмөлөспүтэ. Ити курдук, туох баар өйүүр, өйдүүр дьоммутугар “Киин куорат” хаһыат нөҥүө улахан махталбытын тиэрдэбит.

 

Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Тапталга уйдаран
Спорт | 26.09.2024 | 12:00
Тапталга уйдаран
(1-кы чааһа)
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...