Хамсаабат баай-дуол эбийиэгэр ЕГРН выпискатын хайдах ылабыт?
Эһиэхэ наадалаах сибидиэнньэлэртэн көрөн, араас ЕГРН выпискаларын сакаастыаххытын сөп. Ол сыаната ханнык өҥөҕө наадыйаргыттан тутулуктаах.
Эбийиэк кадастровай сибидиэнньэтин уонна хас киһи регистрацияламмыт быраабын туһунан билиэххитин баҕардаххытына, эбийиэк сүрүн характеристикатын уонна регистрацияламмыт быраабын туһунан билиэххитин сөп. Бу выписка эбийиэк учуокка турбутун уонна турбатаҕын бигэргэтэр. Өскөтүн эбийиэк туһунан элбэх иһитиннэриии наада буоллаҕына, толору испииһэги сакаастыаххытын сөп (эбийиэк ханна тутуллан турарын, ойуутун, төһө иэннээҕин, о.д.а.):
Бу икки выписка ким баҕарар (физическэй эбэтэр юридическай сирэй) ирдэбилигэр сөп түбэһэллэр.
«Мои Документы» киин сайтыгар «Предоставление сведений, содержащихся в Едином государственном реестре недвижимости (ЕГРН)» диэни өҥөнү талан баттыыгыт.
Маннык докумуоннар ирдэнэллэр:
Киһи личноһын туоһулуур докумуон;
Төлөөбүккүн бигэргэтэр квитанция эбэтэр чек.
«Мои Документы» кииҥҥэ өҥө 5 үлэ күнүн иһигэр оҥоһуллар.
Бу өҥөҕө эбии иһитиннэрии: өҥөнү дьиэҕититтэн тахсыбакка эрэ электроннай сайабылыанньа биэриэххитин сөп.
Электроннай көрүҥүнэн өҥөнү туһаныыга Росреестр официальнай сайтыгар https://rosreestr.ru/site/eservices/ киирэҕит уонна электроннай халыыбынан сайабылыанньа толороҕут.
Электроннай сайаапканы толордоххутуна, Росреестр управлениетын территориальнай уорганнарыттан докумуону электроннай көрүҥүнэн уонна кумааҕынан ылаҕыт. Ол иһин электроннай почтаҕытыгар электроннай халыыбы ыыталлар, кумааҕы докумуонун почтанан тиксэрэллэр.