Хамнаһыҥ каартаҕа кэлэр дуу, кэмбиэргэ дуу?
Сорох дьон хамнастарын кэмбиэргэ ыларга сөбүлэһэллэр, ол кэлин туохха тиэрдиэн сөбүн билбэккэ эрэ. Сокуон быһыытынан, үлэ төлөбүрэ дьиҥнээх буолуохтаах: официальнай докумуоннарга киллэриллибит, буҕаалтыр учуотун, нолуок төлөбүрүн ааспыт. Ол эрэн урбаанньыт эрэ барыта чиэһинэйдик үлэлээбэтин содулугар «хара» уонна «сиэрэй» хамнас диэн өйдөбүллэр үөскээтилэр.
“Сиэрэй” хамнаһы ылар үлэһит бу туох түмүккэ аҕаларын барытын билиэхтээх. Бастатан туран, хамнаһын кэмбиэргэ ыларга сөбүлэһэн, үлэ биэрээччини кытта сокуоннайа суох кэпсэтиигэ киирсэр. Оттон маны суукка үҥүстэҕинэ, нолуок төлүүртэн тоҕо куотуммутун дакаастыырга бэлэм буолуохтаах.
Өйдөөҥ, ылыахтаах биэнсийэҥ сүрүн тирэҕэ – үлэ биэрээччи үлэһит хамнаһын страховой усунуоһун Арассыыйа социальнай пуондатыгар ыытара улахан суолталаах. Официальнайа суох көрүҥүнэн усунуос алын кээмэйэ саамай кыра кээмэйинэн төлөнөр эбэтэр төрүт төлөммөт. Кэнэҕэски биэнсийэни таһынан уоппускаҕа, больничнайга барыы, хат буолуу уонна төрүүр босуобуйа, оҕо көрөн олорор кэмҥэр босуобуйа кээмэйин кыччатар. Намыһах официальнай дохуоттаах киһи баҕалаах сууматыгар кирэдьиит, ипотека уонна кыраныысса таһыгар тахсар виза ылара уустугурар.
Оттон хамнас төлөбүрүн кытта сыһыаннаах албын-көлдьүн дьайыы барыта үлэ биэрээччини да, үлэһити да ыстараапка уонна холуобунай эппиэтинэскэ тиэрдэрин билиэххитин наада. Нолуок хонтуруолун кэмигэр нолуок, страховой усунуос, пеня суумата балачча эбиллиэн сөп.
Бэйэҥ хампаанньаҕын Арассыыйа Федеральнай нолуок сулууспатын (ФНС) сайтыгар “Прозрачный сервис” салааҕа бэрэбиэркэлиэххэ сөп. «Налоговый калькулятор по расчету налоговой нагрузки» интерактивнай сервис нолуок ноҕоруускатын уонна РФ субъегар үлэлиир хампаанньатыгар хамнаһын алын кээмэйин тэҥнээн көрөн сыаналыыр кыахтанар.
Арассыыйа иһинэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин ФНС управлениета бэйэҕит быраапкытынан туһанарга ыҥырар – сокуон быһыытынан хамнаһы ирдиири.
«Хара», «сиэрэй» уонна «үрүҥ» хамнас: үлэһиккэ туох кутталлааҕый?
Арассыыйаҕа үлэҕэ киирбиттэр үгүстэрэ «үрүҥ хамнас» ылаллар эбит диэн HeadHunter ыйытыга көрдөрөр. Өскөтүн 2016 сылга сокуонунан төлөбүрү 57% ыйытыллыбыт киһи ылар эбит буоллаҕына, 2022 сылга 71% бырыһыаҥҥа диэри үрдээбит. Үлэ биэрээччи “үрүҥ” уонна “кэмбиэргэ” төлүүр хамнаһа киниэхэ туох барыстааҕый уонна үлэһиккэ туох содуллааҕый, ону таһынан бааннар кимиэхэ ордук кирэдьиит биэрэллэрин быһаарыахпыт.
«Хара хамнас» диэн тугуй?
«Хара хамнас» – штакка официальнайдык киирбэтэх үлэһиккэ төлөбүр, ол төлөбүр нолуоктан кистэниллэр. Ол эбэтэр үлэһит хамнаһын кэмбиэргэ уу харчынан ылар эбэтэр баан счетугар тутар. Судаарыстыбаннай уорганнарга маннык үлэһит суоҕун кэриэтэ.
«Хара хамнас» сүрүннээн саҥа саҕалыыр дьоҕус хампаанньаларга, маҕаһыыннарга, аһылык атыылыыр, дьону аһатар кафеларга көстөр. Чинчийии көрдөрөрүнэн, ыйытыллыбыт дьон 10% «хара хамнаһы» ылаллар, оттон кинилэр искусство уонна медиа, туризм уонна ас-үөл эйгэтигэр үлэлииллэр. Быраабыла курдук, үлэһиттэр сүрүннээн эдэр исписэлиистэр уонна устудьуоннар.
«Хара хамнас» – үлэ биэрээччигэ да, үлэһиккэ да сокуону кэһии практиката. Эбиитин бу механизм үлэ биэрээччилэргэ эрэ барыстаах. Оттон үлэһит социальнай көмүскэл мэктиэлэрин сүтэрэр — биэнсийэ мунньуллуутун уонна үлэтэ суоҕунан босуобуйа ылар быраабын.
«Хара хамнас» содула
«Хара хамнаһы» төлүүр үлэ биэрээччи РФ сокуонун кэһэр, ол эбэтэр дохуотун кистиир. Дохуоту кистээһин иһин юридическай сирэйгэ ыстараап олохтонор, оттон бизнеһи тэрийээччилэргэ – административнай уонна холуобунай да эппиэтинэс сүктэриллиэн сөп.
Үөһэ этэн аһарбыппыт курдук босуобуйа, биэнсийэҕэ мунньунуу, эмтэниигэ төлөбүр о.д.а. хааччахтанар, баан кирэдьиит биэрбэт. Холобур, оҕолорго биир кэмнээх босуобуйаны оҥотторуу кыаллыбат, өскөтүн дьиэ кэргэн чилиэннэрэ сыл аҥаарыттан ордук үлэлээбэтэх буоллахтарына. Хара хамнастаах киһи дьиҥнээхтик үлэлиир курдук гынан баран, юридическай өттүнэн өр кэмҥэ үлэлээбэтэҕинэн ааҕыллар, ол аата кэккэ социальнай босуобуйаларга эрэнэр кыаҕа суох. Маны таһынан инникилээх карьера оҥостор кыаҕа эмиэ суох. Төһө да өр үлэлээ, уопуттаах буол, онтуҥ ханнык да докумуоҥҥа киллэриллибэт, бэлиэтэммэт, онон үлэ көрдүүрү, үрдүк дуоһунаска барары атахтыыр.
Үлэ харыстабылыгар кэһиилэр. Үлэ биэрээччилэр, үлэлии сылдьан саахалланнаххына эбэтэр эчэйдэххинэ, усунуос төлүүллэр. Төһөнөн доруобуйаҕар улахан содуллаах да, төлөбүр усунуоһа, компенсация кээмэйэ да үрдүүр. Оттон «хара хамнаһы» ылар киһи СФР страховкатыгар көстүбэт, онон төлөбүр ылара олус уустук буолар.
«Сиэрэй хамнас» диэн тугуй?
«Сиэрэй хамнас» – бу официальнайа суох уонна официальнай үлэ икки ардынан. Үлэ биэрээччи үлэһити кытта хамнаһын сорох чааһыттан “отчисление” төлөнүөҕэ, ордуга — “кэмбиэргэ” диэн дуогабардаһар. Онтон бастакыта, быраабыла курдук, МРОТ буолар. Хампаанньа манан үлэ төлөбүрүн пуондатыгар ороскуоту аччатар, страховой усунуоһун быһыытынан ноҕоруускатын намтатан.
Бу механизмы экономика чааһынай сектора — кыра уонна орто хампаанньалар туһаналлар. Маннык хамнаска үксүгэр туризм уонна уопсастыбаннай аһылык эйгэтин бэрэстэбиитэллэрэ о.д.а. түбэһэллэр.
Өссө маннык баар. Үлэ биэрээччи кыра хамнаһы эрэ төлүүр, оттон атынын — бириэмийэ быһыытынан. Бу механизм госструктураларга тарҕаммыт. Кинилэргэ хамнас кээмэйэ бырабыыталыстыба уурааҕынан бигэргэммит, ол эрээри үлэ ырыынагар дьиҥнээхтик быһыы-майгы бу суолтаҕа сөп түбэспэт.
«Сиэрэй хамнас» содула
Социальнай мэктиэлэргэ хааччахтар. Үлэ биэрээччи хамнаһын чааһыттан страховой усунуоһу төлүүр, ол гынан баран босуобуйаны уонна чэпчэтиилэри көрөргө сүрүн хамнас эрэ учуоттанар. Ол аата ыарыһахтар, декреккэ барыы, уоппускалар, үлэттэн уурайдахха, сарбыллыыга түбэстэххэ, компенсация дьиҥнээх хамнастан кыра буолар.
Маннык үлэһиттэр инники биэнсийэлэригэр страховой ыстаастара мунньуллар эрээри, официальнайдык төлөммүт хамнастан син биир кыра буолар.
Бааннар сиэрэй хамнаһы сөбүлээбэттэр. Бастатан туран, кирэдьиит биэрэр тэрилтэлэр эн дьиҥнээх төлөбүргүн сыаналыыллара уустук. Иккиһинэн, маннык хамнастаах киһи сатаан төлөөбөт түбэлтэтигэр, баан иэһин төннөрөр кыаҕа аччыыр, бириистэптэр хамнас официальнай чааһын эрэ тутуохтарын сөп буолар.
«Үрүҥ хамнас» диэн тугуй?
Үрүҥ – бу официальнай хамнас. Кини бухгалтерияҕа уонна үп- харчы отчуотугар толору көрдөрүллэр, оттон үлэһит штатка ааҕыллар. Ити сууматтан нолуок уонна Үлэ кодексыгар сөп түбэһэр усунуос барыта төлөнөр.
Арассыыйа күлүк экономиката төһө да улахан кээмэйдээҕин үрдүнэн, дойдуга наймыламмыт үлэһиттэр үксүлэрэ официальнай хамнас ылаллар. Оннук үлэһиттэр ахсааннара сыллата элбээн иһэр. Ити нолуок отчуотун сыыппаралааһыны уонна юридическай сирэйдэр үптэрин тотальнай хонтуруолу кытары сибээстээх.
Араас идэлээх эйгэлэр ортолоругар — судаарыстыбаннай сулууспалаахтар хамнастара толору официальнай. Маны таһынан биэс саамай «үрүҥ» араҥаҕа сырьену хостооччулар, бааннар, инвестициялар уонна лизинг, наука уонна үөрэх, ону тэҥэ IТ, Интэриниэт уонна телеком үлэһиттэрэ киирэллэр.
Хампаанньаҕа үрүҥ хамнастаах үлэһиттэр «күндүлэр». Манна салайааччылар ыстарааптартан, бэрэбиэркэлээһинтэн хайдах куотунары толкуйдуурга бириэмэлэрин ыыппаттар, ол оннугар биисинэс, үлэ-хамнас боппуруоһугар төбөлөрүн үлэлэтэллэр.
Үлэһиттэр мантан тугу туһаналларый:
– үлэ дуогабарыгар мэктиэлэммит чопчу ыйыллыбыт сууманы;
– кирэдьиит уонна ипотека: официальнай дохуот чэпчэкитик бигэргэтиллэр;
– үлэ биэрээччи нолуок агенынан барар;
– СФР-га мэктиэлэммит усунуоһу, ол эбэтэр ыарыйдахха, декреккэ бардахха о.д.а. төлөбүрдэр о.д.а.;
– мэктиэлэммит сыллааҕы төлөбүрдээх уоппуска.
Үлэ биэрээччи «сиэрэй» эбэтэр «хара» хамнаска күһэйэр. Ханна үҥсүөххэ нааданый?
Үлэ инспекциятыгар үҥсүөххэ наада. Ону онлайн ыытыахха сөп – биэдэмистибэ сайтыгар “Сообщить о проблеме” салаа баар, онно суруйан баран боппуруоһу көрөллөрүгэр көрдөһөҕүн. Маны таһынан үҥсүүнү онлайн прокуратураҕа уонна онлайн Федеральнай нолуок сулууспатыгар ыытыахха сөп.
Сайабылыанньаны ааккын-суолгун суруйбакка (анонимно) биэриэххэ сөп, ол эрэн хоруй кэлэрэ саарбах – Үлэ инспекцията маннык иһитиннэриилэри көрбөт, бэрэбиэркэ түмүгүнэн суругу сатаан ыыппат.