12.03.2022 | 11:09

Халтараантан хайдах харыстанабыт?

Халтараантан хайдах харыстанабыт?
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Сотору хаарбыт уулла-уулла тоҥоруоҕа. Таһырдьа сылыйан иһэн тымныйыаҕа. Суол-иис килэрийэн, босхо катокка кубулуйуоҕа. Дьиҥэр, суол үлэһиттэрэ, олбуору ыраастааччылар халтарааны сэрэтэр үлэни ыыталлар. Ол эрээри айылҕаны утары барар кыах суох. Ириэрэ-ириэрэ тоҥордоҕуна, син биир муус буола туруоҕа. 
Бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр халтараантан харыстанар сүбэлэри түмэн таһаарыахпыт. Ааҕыҥ, тускутугар туһаныҥ. 

Хобулуктан аккаастанабыт

Маннык кэмҥэ үрдүк хобулук эбэтэр платформа кэтэр сэрэхтээх. Онон аҕыйах кэмҥэ киэргэнэргитин тохтотуҥ. Хобулуккут 3-4 см үрдүк буолбата ордук.

Атаххыт таҥаһа хаптаҕай уллуҥнаах, эбиитин тымныыга түгэҕэ тоҥор буоллаҕына, сиртэн турбакка, “хатыыскалыырга” бэлэмнэниҥ. Ол оннугар кэтит тумсулаах, уллуҥа хатыылаах уонна түгэҕэ бөдөҥ, кыра ойуулаах (протектордаах) саппыкы эбэтэр бачыыҥка эрэбил.

Сөпкө таҥнабыт

Тас таҥас хамсанарга-имсэнэргэ табыгастаах буолара ордук. Улахан капюшон эбэтэр үрдүк саҕалаах куһаҕан: тула өттүгүн көрүнэргэ мэһэйдиир. Чап-чараас, кылгас куурка туохтан да харыстаабат. Охтор түгэҥҥитигэр уһун сон абырыаҕа.

Уһун тутаахтаах, эбиитин ыарахан суумкалаах халтарааҥҥа хаамар кутталлаах. Ол иһин санныга кэтиллэр почтальон курдук суумка ордук. Хас даҕаны пакеттаах хаамар түгэҥҥитигэр ыйааһыннарын икки илиигитигэр тэҥнээн тутуҥ.

Таһырдьа сылаас да буоллаҕына, илии сыгынньах сылдьымаҥ. Тымныы мууска бэрчээккилээх охтубут ордук буолбатах дуо?

Саҥа саппыкыны, бачыыҥканы атыылаһарбытыгар уллуҥар болҕомто уурабыт. Хатыылаах буолара ордук. Эбэтэр кыра уонна кэтит хобулуктааҕы талыҥ.

Пингвиннии хаамабыт

Халтарааҥҥа пингвин курдук хаамар ордук. Атаххытын кыратык такытан, тобуккутун күүрдүбэккэ, бытыгыратан, дыбдыйан хаамыҥ. Илиигитин икки өттүгүтүгэр даллатыҥ. Күлүүлээх эрээри, туһалаах сүбэ.

Ыксаабакка, аргыый сылдьыҥ. Атаххытын үөһэ быраҕан хаамымаҥ. Кыратык хардыылыыр үчүгэй. 

Илиигитин сиэпкитигэр уктумаҥ. Оннук иһэн оҕуннаххытына, улаханнык эчэйиэххитин сөп.

Уулуссаҕа

– Хааман иһэн төлөпүөннэһимэҥ. Олох ыксал буоллаҕына, тохтооҥ, туран эрэ кэпсэтиҥ.

– Дьон сылдьыбыт суолунан барыҥ. Эбэтэр тротуар кытыытынан.

– Халтараан кэмигэр кирилиэстэри тумнар ордук. Ол кыаллыбатаҕына, хас биирдии үктэлгэ икки атаххытын уура-уура, аа-дьуо хаамыҥ. Тутуһар сирдээх буоллаҕына, күүскэ тутуһуҥ.

– Массыына кэлэн иһэрин көрө-көрө суолу сүүрэн туораамаҥ. Тохтуурун эбэтэр ааһарын күүтүҥ. 

– Киэһэлик тротуар ортото ордук халтараан буолар, онон кытыынан кыйа сылдьыҥ.

Охторго үөрэнэбит

Баҕар, истэргэ олуона курдук эрээри, охтору эмиэ сатыахха наада эбит.

Халтарыйдаххытына, чохчойуҥ. Охтон иһэн тутуургутун – суумкаҕытын, пакеккытын быраҕыҥ. Илиигитинэн күүскэ далбаатаныҥ, оччоҕо атаххытыгар тирэниэххит. 

Сууллан иһэн былчыҥнаргытын күүрдүҥ.

Кэннигитинэн охтон иһэн, тоҕоноххутугар кэлэн түспэт курдук, илиилэргитин даллатыҥ.

Иннигитинэн түһэн иһэн, тоҕоноххутун токутуҥ, илиигитин күүрдүҥ.

Ойоҕоскутунан охтоору гыннаххытына, илиигитин даллатымаҥ, түөскүтүгэр ыгыта тутуҥ. Сискитин кэдэтиҥ.

Кирилиэскэ халтарыйан сууллар түгэҥҥитигэр, төбөҕүтүн уонна сирэйгитин илиигитинэн саба туттуҥ. Охтон иһэн туормастыы сатаамаҥ, төттөрүтүн, элбэх эчэйиини ылыаххыт.

Травпууҥҥа тиийэргит ордук. Эчэйии барыта тута биллибэт.

Эчэйбит сиргитигэр 20 мүнүүтэ (5-тии мүнүүтэ буола-буола сынньат) тымныыны тутуҥ. Сарсыҥҥы күнүгэр испитэ аастаҕына, көҕөрбүт сирдэргитин ититэр мааһынан сотуоххутун сөп.

Ох курдук оҥостобут

(тэттик сүбэлэр)

– Атах таҥаһын мастарыскыайыгар бачыыҥка (саппыкы) уллуҥар эрэһиинэ кыбытыгы кэтэртэрэр ордук.

– Лейкопластырь сыһыарыахха сөп. Бу ньыма аҕыйах кэмҥэ эрэ абырыыр. Хос уларытыахха сөп.

– Боолдьох эбэтэр наждактаах кумааҕы быдан ордук (салгыы сиһилии аах).

– Атаххыт таҥаһа эргэ буоллаҕына, уллуҥун наждактаах кумааҕынан эбэтэр түөркэнэн аалан биэриэххитин сөп.

– Уллуҥа халыҥ буоллаҕына, бытархай сурууптары эрийэр үчүгэй.

– Спорт маҕаһыыннарыгар “ледоступ”, “ледоход” диэн атыыланар.

–  Атаххыт таҥаһын харыстыыр буоллаххытына, саппыкыгыт эбэтэр бачыыҥкаҕыт таһынан х/б наскылары кэтиҥ. Биллэн турар, көстүүтэ куһаҕан, ол эрээри кырдьык туһалыыр.

– Хайыһар эбэтэр скандинавскай хаамыы хаалыгын илдьэ сылдьыҥ – бигэ тирэхтээх буолуҥ.

– Аҕам саастаах дьоҥҥо эрэһиинэ уһуктаах торуоска үчүгэй. 

 Судургу албастар

 

Иһит сууйар губка

Бу албаһы ким баҕарар туһаныан сөп, олус судургу. Иһит сууйар губка поролонуттан хатыылаах өттүн ылабыт уонна супер-килиэйинэн атахпыт таҥаһын уллуҥар сыһыарабыт. Биллэн турар, көстүүтэ куһаҕан, ол эрээри халтарыйар диэни умнуоххут.

Үчүгэйэ: чахчы туһалыыр уонна сыаната чэпчэки.

Куһаҕана: көстө сылдьар.

 

Силиконовай герметик

Истиэнэ быыһын самааскалыырга, тутууга туттуллар силиконовай герметиги туһаныахха сөп. Бастаан атаххыт таҥаһын уллуҥар ыһыҥ, онтон хаптаҕай инструменынан тарҕатыҥ. Эбэтэр ыраас уонна кураанах уллуҥҥа туочукалары ойуулааҥ.

Үчүгэйэ: халтарыппат.

Куһаҕана: сыаната ыарахан, өр буолбат, хатан сыттаах.  

 

Хоппуруон чулку

Күлүмэҥ. Кэрэ аҥаардар сөбүлээн кэтэр хоппуруон чулкулара халтараантан харыстыахтара. Саппыкы эбэтэр бачыыҥка таһынан кэтэҕит уонна бүттэ. Хатыыскалыыр туһунан умнуоххут. Кырдьык, көрөргө күлүүлээх, ол эрээри доруобуйа туохтааҕар да күндү.

Үчүгэйэ: халтараантан харыстыыр, сыаната удамыр.

Куһаҕана: өр буолбат, көстө сылдьар.  

 

Лейкопластырь

Кыра гына кырыйталаан сыһыарыҥ. Син көмөлөһөр эрээри, түргэнник илийэр уонна хоҥнон хаалар. Төһө өр сылдьыа биллибэт. Быһа холоон муҥутаабыта икки-үс күн буолуон сөп. Ол иһин пластыргытын илдьэ сылдьаргыт ордук. Утары сыһыаран иһиҥ.

Үчүгэйэ: сыаната чэпчэки.

Куһаҕана: сорох пластырь туһалаабат, өр сылдьыбат, хоҥнон хаалыан сөп.

 

Наждактаах кумааҕы

Атаххыт таҥаһын уллуҥар наждактаах кумааҕыны супер-килиэйинэн сыһыарыҥ. Ханнык да халтараантан быыһыаҕа. Хатыыскалыы сатаатахха да охтубаккын. Бөдөҥ кыырпахтаах кумааҕы ордук өр туһалыаҕа.

Үчүгэйэ: сыаната удамыр.

Куһаҕана: өр сылдьыбат.

 

Боолдьох

Эргэ хаатыҥка оһуттан боолдьох куһуоччуктарын быһан ылыҥ. Атах таҥаһын хобулугар уонна уллуҥар супер-килиэйинэн сыһыарыҥ. Суукка курдук туруоран куурдар ордук.

Үчүгэйэ: сыаната удамыр, туһалыыр.

Куһаҕана: боолдьох элэйэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...