17.12.2021 | 18:21

Хаарбах туруктаах дьиэттэн – саҥа кыбартыыраларга

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин гражданнары эргэ уонна хаарбах туруктаах дьиэттэн түргэнник көһөрөр туһунан сорудаҕын толоруу чэрчитинэн  олохтоох дьаһалта улахан, түһүмэхтэрдээх үлэни ыытар. Итиннэ Дьокуускай куораттааҕы Дуума дьокутааттара көхтөөх кыттыыны ылаллар. Бу туһунан Дуума пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. 
Ахсынньы 16 күнүгэр «Птицефабрика» дьоҕус оройуонун саҥа 4 этээстээх дьиэтигэр кыбартыыралар күлүүстэрин хаһаайыттарыгар, урут эргэ уонна хаарбах туруктаах дьиэлэргэ олорбут гражданнарга, үөрүүлээх быһыыга-майгыга  туттарбыттар. Бу дьиэҕэ көһөрүүгэ анаан барыта 68 кыбартыыра ылыллыбыт. 


Үөрүүлээх түгэнинэн олохтоохтору куорат баһылыга Евгений Григорьев, Дьокуускай куораттааҕы Дуума бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Евдокия Евсикова уонна «Оптима-Строй» ХЭТ генеральнай дириэктэрэ Арагац Папоян эҕэрдэлээбиттэр.
Куорат уокуругун баһылыга Евгений Григорьев нэһилиэнньэҕэ маннык дьоһун суолталаах тэрээһиҥҥэ сылдьар дьоллооҕун эппит. Кини хас биирдии киһиэхэ дьиэ саамай ураты күндү миэстэ буоларын бэлиэтээбит уонна олохтоохторго дьолу, элбэх үөрүүлээх түбүктэри баҕарбыт. 
Бэйэтин эҕэрдэтигэр Евдокия Евсикова гражданнары эргэ уонна хаарбах дьиэттэн көһөрөргө туһуламмыт федеральнай уонна региональнай бырагыраамалар көдьүүстэрин туһунан эппит. Кини көһөрүү маннык тэтимнээхтик бардаҕына сотору эргэ мас дьиэ ордуо суоҕа уонна киин куорат 400 сылын бүтүннүү саҥардыллан көрсүөҕэ диэн бэлиэтээбит. 
Тэрээһин түмүгэр Арагац Папоян бэлиэ күлүүһү дьиэ старостатыгар туттарбыт. Дьиэ олохтоохторо эҕэрдэ тылы эппиттэр, уопсай хартыыскаҕа түһүү буолбут.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Сынньалаңңа | 28.12.2024 | 12:00
Кэлэр сыл тугу кэрэһэлиир
Бараан Карьера Карьера эйгэтигэр бу бэлиэ бэрэстэбиитэллэрэ кэллиэгэлэрин, салайааччыларын уонна биисинэскэ партнердарын угаайыларыгар, минньигэс тылларыгар киирэн биэриэхтэрин сөп. Ол эрэн үтүө сонуннар эмиэ бааллар. Үлэ-хамнас боппуруоһа сылы эргиччи сыыйа-баайа тупсуо, үөһэ дабайан иһиэххит. Үп-харчы Харчы боппуруоһугар барааннарга карьераҕыт туһунан суруйбуппут хатыланар курдук. Ол да буоллар, төһө да ыарахаттар баалларын, барытын...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...