«Хаар айан» ааптара, көҕүлээччитэ, тэрийээччитэ
Эр дьону эрэ өрүкүтэр, хараҕын уоттуур "Хаар айан" күрэх 2003 сыллаахха Чурапчы улууһун быыкаа Бахсы нэһилиэгэр буолан ааспыт кыһыны атаарыы бырааһынньыгыттан саҕаламмыта.
– «Хаар айан», чахчы да, төрөппүт оҕом кэриэтэ саныыр бырайыагым. Оччолорго биэс массыынаны куоталаһыннаран, биир тыһыынча суумалаах бирииһи туруорбуппут,– диэн кэпсэтиибитин саҕалыыр быйыл 19-с төгүлүн ыытыллыбыт "Хаар айан" өрөспүүбүлүкэ таһымнаах чемпионакка тиийэ үүммүт бырайыак ааптара Иннокентий Федорович Барашков.
Чахчы да, норуот биһирэбилин, сэҥээриитин ылан, сүүрбэччэ сылы быһа тиһигин быспакка ыытыллан кэллэҕэ, ону кытта өрөспүүбүлүкэҕэ биир биллэр уопсастыбаннай хамсааһыҥҥа тиийэ үүннэҕэ. Бу бырайыак Саха АССР 100 сылыгар аналлаах "100 бастыҥ уопсастыбаннай хамсааһын" Бочуот кинигэтигэр дьоһуннаахтык, бигэтик киирбит.
Чемпионат тэрээһиниттэн сэгэтэн билиһиннэрдэххэ, уонтан тахса улууска номнуо бэйэтэ бэрэстэбиитэлистибэлээх. Күрэхтэһиилэр бастаан улуус таһымыгар ыытыллаллар, онно кыайбыттар өрөспүүбүлүкэ чемпионатыгар муҥутуур кыайыылаах аатын былдьаһа мусталлар. Биллэн турар, ханнык баҕарар саҕалааһын үптэн тутулуктаах. Бу кыраттан саҕаламмыт бырайыагы аан бастааҥҥыттан предприниматель, "Колми" тэрилтэ салайааччыта Николай Румянцев өйөөн кэлбит. Онон Иннокентий Барашков түгэнинэн туһанан хаһыат нөҥүө киниэхэ муҥура суох махталын тириэрдэр.
Иннокентий Федорович Барашковы кытта «Талба талааннаахтар» рубрика иитинэн сэһэргэһэрбит мээнэҕэ буолбатах. Иннокентий, туох да омуна суох, дэгиттэр талааннаах эр бэрдэ.
Ол курдук, 7-с кылааска үөрэнэ сылдьан гитаранан «Сааскы күн» диэн маҥнайгы ырыатын айбыт. Орто сүһүөх кылаас үөрэнээччитигэр бу дьоһун ситиһии, хорсун холонуу. "Онтон ыла тыллары кэккэлээтиҥ даҕаны ырыа буолбатын бигэтик өйдөөбүтүм. Ис хоһоонноох буолуохтааҕын ааһан, дорҕоон, сүһүөх дьүөрэлэһиитэ, ритм баара ирдэнэрин хантан билиэмий",- диэн ахтар Иннокентий билигин мэник сааһын түгэниттэн. Уолчаан ол да буоллар, бэриммэккэ, ырыа алыптаах эйгэтигэр кимэн киирэн иһэрин кубулуппат. Бахсыттан Чыаппараҕа үөрэнэ киирэн интэринээккэ олорор уолаттар буолан оччолорго олус популярнай ВИА тэриммиттэр (билигин муода буолбут тыыннаах доҕуһуолу таһаарар вокальнай-инструментальнай ансаамбыл – аапт.). Инньэ гынан музыка дьүрүскэнигэр өссө дириҥник умсаахтаан, аны аармыйа кэнниттэн сопхуос уолаттарын кытта күн бүгүҥҥэ диэри ыллыы сылдьар "Туйма" диэн ааттаах ВИА тэринэллэр. Бу 1988 сыллаахха эбит.
Нөҥүө сылыгар улуустарыгар ыытыллар "Сааскы кылыһахтар" диэн куонкуруска кытталлар. Манна сүрдээх элбэх кыттааччыны көрөн-истэн, уопут ылан, музыкаҕа өссө күүскэ ылларар. 1990 сыллаахха бу куонкуруска "Туйма" ВИА лауреат үрдүк аатын ылар.
90-с сылларга ыччакка аналлаах поп-музыка сонун уонна саҥа тарҕанан эрэр хайысха этэ. ВИА бу кэмнэртэн ыччат дьон сэҥээриитин, билиниитин ылбыта. Чурапчы улууһун "Туйма" ВИАтын ырыалара ыраахха диэри дуорайбыттара. Ол кэмнэри, эдэр саас эрчимнээх күннэрин санатан, "Туйма" ырыалара билигин даҕаны иһиллэн ааһаллар.
Иннокентий өссө бэйэтэ идеялаан күпсүүрдэри оҥортоон, олохтоох кулууп иһинэн оҕолорго барабааҥҥа, күпсүүргэ охсор бөлөх тэрийэ сылдьыбыт кэмнээҕэ. Бу күпсүүрдэр күн бүгүнүгэр диэри туһалыы сылдьаллар. ВИА, "Бэтиэхэ Бэртэрэ" көр-күлүү бөлөхтөрүн үлэлэтэн, тыа оҕолорун кэрэ эйгэтигэр уһуйан, дьон сэҥээриитин ылбыт күннэрдээҕэ.
Гитаранан, тыыннаах муусуканан үлүһүйүү арыый сымнаан иһиитэ аны улуус-улуус аайы олохтоох телевидение үөдүйэн эрэр кэмэ үүнэр. Бары сонуну, саҥаны хорсуннук ылсан, холонон иһэр идэтинэн, Иннокентий бу хайысханы сэргиир, суһаллык компьютеры баһылыы охсор уонна олохтоох телевидениеҕэ бэйэтин устууларын саҕалыыр.
Айар эйгэ биир умсулҕаннаах дьарыга – киинэ. Иннокентий Барашков 2007 сыллаахха "Сделай свой фильм" диэн ааттаах граҥҥа кыттан, камеранан наҕараадаланар. Онтон ыла быыс буллар эрэ бу эйгэҕэ хоннохтоохтук үлэлэһэн, билигин саха киинэтин индустриятын аанын тэлэччи арыйсыбыт режиссёр, видеооператор, таҥан оҥорон таһаарар монтажник бэрдэ.
Оттон ол хайдах саҕаламмытай? Бастаан сценкалары киинэ оҥортуурга сананар. Онтон устууларын DVD диискэҕэ түмэр. Ол сылларга кини өрөспүүбүлүкэ киинэ көрөөччүлэрин куттарын туппут, суохтуур, сөбүлүүр артыыспыт Аркадий Новиковтыын ыкса үлэлиир. Үтүө аҕа доҕорун туһунан кини билигин: "Аркадий Михайловичтыын бииргэ үлэлээн, кини артыыс, режиссер быһыытынан элбэх сүбэтин билбит, истибит дьоллоохпун. Бэйэ бэйэбитин ситэрсэн, олус да тапсан үлэлиир этибит",- диэн харааста ахтан ааһар.
Аркадий Новиковтыын алтыһар сылларыгар Чурапчы Болугуругар баар Мария Дьячковская салайар "Быара суохтар" кэлэктииби кытта элбэх киинэ уһуллубута. Ону таһынан, Мэҥэ Хаҥаласка Баатараҕа, Аммаҕа Эмискэ эмиэ тэттик киинэлэргэ үлэлээбиттэрэ.
Иннокентий Федорович документальнай киинэни устууга эмиэ туһунан суоллаах-иистээх. Ол курдук, Чурапчы улууһун суолун оҥорооччуларын туһунан "Дороги Чурапчи", биллиилээх предприниматель, Ил Түмэн дьокутаата Руслан Федотов тус олоҕун кэпсиир "Лээги" диэн үлэлэрдээх.
Арааһа, хас биирдии киинэ оҥорон таһаарааччы криминальнай драма жанрыгар холонон көрүөн баҕарар буолуохтаах. Иннокентий бу көрүҥтэн эмиэ туора турбатаҕа дэгиттэр талаанын туоһута буоллаҕа эбээт. Ол курдук, 2009 сылга "Тулаайах", онтон "Таптал хаарты" киинэлэрэ утуу-субуу тахсаннар, Саха сирин киинэ тыйаатырдарын толорон кэбиспиттэрэ. Телевидениенан кытта көрөөччү дьүүлүгэр тахсан, сэҥээриини ылбыттара.
Кэргэнэ Надежда үлэлиир уһуйааныттан саҕалаан, аны иккиэн оҕо киинэтигэр бастакы хардыыларын оҥороллор.
– Кэргэним миэхэ өйөбүлэ баһаам. Бэйэтэ сүрдээх айар куттаах киһи. Онон бэйэ бэйэбитин ситэрсэн-хоторсон, тэҥҥэ хардыылыыбыт, - диэн махтана кэпсиир. Кэргэнинээн дуэттаан ыллыыллар, элбэх дьон-сэргэ үөрүүлээх бырааһынньыктарын ыыппыттара. Кэлин Юлдуз Усманова "Ийээ, ийээ" диэн ырыатын сахалыы тылбаастаан ыллаабыттара элбэхтик радионан иһиллэр.
Күндү ааҕааччыбытыгар санатар буоллахха, 2008 сыллаахха телевидениенэн Иннокентий Барашков "Саһыл уонна куобах" диэн Бахсытааҕы "Сулусчаан" уһуйаан коллектива бэлэмнээбит оҕолорго аналлаах киинэтэ көрдөрүллүбүтэ. Онтон саҕалаан уһуйаан оҕолоругар тэттик киинэлэри устуулар элбэх улууска саҕаламмыттара. Онно уһуллубут кыракый оҕолор билигин үлэлиир, үөрэнэр улахан дьоннор.
Историяҕа, үйэлэргэ хаалар элбэх кырдьаҕастары устуута, ахтыылары ылыыта, ырыаларын устуута, оҥорон, таҥан таһаарыыта эмиэ сыралаах үлэ. Биир бастакынан ону барытын кюар кодунан көстөр гына оҥоруутун эмиэ бэлиэтиэххэ сөп. Айар үлэлэрэ сорохторо "Иннокентий Туйма" диэн бэйэтин ютуб каналыгар бааллар.
Оттон айар аартык быйылгы былаана – “Хаар айан” чемпиона Петр Васильев туһунан киинэни устуу.
Ити курдук Иннокентий Федорович оҕо-эдэр сааһыттан күҥҥэ соло булан олорбот. 2012 сылтан төрөөбүт сиригэр Бахсыга муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлиир. Дьону кытары үлэ, үлэни-хамнаһы, инникини былааннааһыны тэрийии – манна барытыгар эмиэ, нууччалыы эттэххэ, "творческай подход" эрэйиллэр, уустук эйгэ.
– Айар киһиэхэ толкуйдаан таһаарбыт идеята олоххо киирэригэр өйүүр, өйдүүр, көмөлөһөр чугас дьоннордооҕо, өссө идеяҥ сатанан, дьоҥҥо туһалаах буолан тахсыыта, дьон сэҥээриитин ааһан, махталын ылыы – ол саамай үчүгэй наҕараада, - диэн Иннокентий Федорович тылларынан суруйуубутун түмүктүүбүт.