16.12.2023 | 20:00

Хаан суураллыбат

Хаан суураллыбат
Ааптар: Федот Харитонов, Мэҥэ Хаҥалас, Хара
Бөлөххө киир

Киһи барахсан бу орто дойдуга кэннигэр хаалларара бэйэтиттэн хаан тардар сыдьааннара эбит.

Итинник санаа “Из рода Манньыаттаах” альбом кинигэни үөрэтэн баран киирдэ. Альбомҥа 1800 сыллаахтан төрөөн-үөскээн кэлбит Манньыаттаах Баһылай убайдарыттан, балтытыттан туох идэлээх, үөрэхтээх дьон бүгүн ханна үлэлии-хамсыы сылдьалларын туһунан толору хаартыска, кыракый солун баар. Ону бииргэ төрөөбүт Никифоровтар (Ньукулай (1826 с.т.), Харчы Бүөтүр (1829 с.т.), Атыыһыт Байбал (1836 с.т.), Марфа (1840 с.т.), Уһун Ньукулаас (1843 с.т.), Манньыаттаах Баһылай (1845 с.т.), Нөннөөһө (Надежда) сыдьааннарыттан билиэххэ сөп.

Уһун Ньукулаас диэн аат иҥиитэ манньыаттаахтар саһаан үрдүктээх доруобай, кыанар дьон буолалларын кэпсиир. Мэҥэ Хаҥалас Харатыгар Уһун Ньукулаастан тардыылаах Баһылай Быһыччаан оҕолоро Гаврил Никифоров (1929 с.т.) уонна Татьяна (1930 с.т., кэргэнинэн Скрябина) ыал буолан олорбуттара. Быһыччаан сиэннэрэ билигин 50-60 саастарыгар сылдьар дьон нэһилиэкпитигэр элбэхтэр. Кинилэр майгыларыттан сыаллаатахха, «манньыаттаахтар” элбэх саҥата суох, дьон ортотугар киирдэхтэринэ, биллибэт-көстүбэт буола сатыыр дьон эбит. Тугу барытын бэлиэтии көрөр, ырыҥалыыр дьоҕурдара төрүттэриттэн бэриллибитэ буолуо. Холобура, Гаанньа Скрябин омук манньыатын коллекциялыыр, араас дойду судаарыстыбаларын футбольнай хамаандатын эргиччи билэр. Аан дойду футболга  чемпионата буоллаҕына, ханнык судаарыстыба хамаандата бастыырын сөпкө билгэлиир. Инньэ гынан “Дьулурҕан” хаһыат бирииһин хаста да ылбыта.

Быһыччаан Дьөгүөр диэн уолуттан төрөөбүт Никиипэрэп Миисэ диэн мин саастыыта киһи Лоомтукаҕа олорор. Кини субу курдук кэпсээбитэ: “... Сэбиэскэй кэм саҕана, Манньыаттаах Баһылай аймаҕа буолан, аҕабын Дьөгүөрү өрө тарпаттар этэ. Оскуолаҕа да үөрэнэ сылдьан пионер баһаатайдар, партийнай тэрилтэ сэкирэтээрдэрэ кырыы харахтарынан көрүллэн улааппытым. Оҕолор бары үөрэ-көтө сылдьаллара, онтон мин туох эрэ “мэҥнээх” киһи курдук сылдьарым. Бырааттарбын да туора көрөн кэллэхтэрэ. Инньэ гынан кэргэннэммэтилэр быһыылаах. Билигин дьэ Манньыаттааҕы убаастаан эрэллэр. Ол сиэринэн уларыйыы тахсыах курдук. Ийэтинэн Атыыһыт Байбалтан төрүттээх куоракка олорор учуутал Иванова Марианна Николаевна 2019 сыллаахха “Из рода Манньыаттаах» диэн кинигэни таһааран, биһигини барыбытын үөрпүтэ...”.

Миисэ уола Никифоров Корнил скульптор идэлээх, Лоомтукаҕа ийэ скверигэр оҕотун көтөхпүт ийэ мөссүөнүн, Сыымахха оҕотун түһэҕэр ууран олорор эдэр ийэ мөссүөнүн атаһыныын Марков Дьулустуун оҥорбуттарын көрөн олус астыммытым, сылаас салгын, иэйиим кииртэлээн ылбыта.

Сыымахха Ийэ скверин оҥорторбут ОДЬКХ начаалынньыга Яков Афанасьевич Романов маннык кэпсээбитэ: “... Ийэ скверин оҥорууга нэһилиэнньэ көхтөөхтүк кыттыбыта, оскуола оҕолоро бырайыак оҥорбуттара. Сквер сүрүн киэргэлинэн скульптурнай оҥоһук буолуохтааҕа. Куораттары кытта кэпсэтэн көрбүтүм, сыаналара олус ыарахана, Таатта уолаттара эмиэ ыарахан сыаналаах дьон этилэр. Лоомтукаҕа үчүгэй баҕайы Ийэ скульптурата баарын билэрим. Ол иһин Корнилга сибээскэ тахсыбытым. Напарнига Дьулус Марковы кытта сатаан тапсан кэпсэппэтэҕим. Онтон Корнил Никифоров  сүрдээх үчүгэйдик кэпсэтэн, ортотунан соҕус сыаналаан, тыл тылбытыгар киирсибиппит. Үчүгэйкээн оҥоһук билигин Дьоруойбут таһыгар турар. Кадеттар көрөллөр-истэллэр, хаарын ыраастыыллар...».

Мантан көстөрүнэн, манньыаттаахтар сыананы сирэйэ-хараҕа суох улаатыннарбат майгылаахтар эбит. Үчүгэйдик оҥоһуллубут сакаас, үчүгэй сурах-садьык инникитин ааны аһарын гильдиялаах атыыһыттартан сыдьааннаах Корнил билэр, сэрэйэр эбит.

Манньыаттаах Баһылай убайа Уһун Ньукулаас уола Баһылай (1881 с.т.) элбэх оҕоломмут: Быһыччаан (1898 с.т.), Герасим (1897 с.т.), Акулина (1904 с.т.), Байбал (1909-1942 сс), Геннадий (1923 с.т.), Василий (1921-1943)

Байбал уола Никифоров Артамон 1934 сыллаахха Лоомтукаҕа төрөөбүт. Кини Саха сирин боксаҕа 8 төгүллээх чемпиона. Боксаҕа сахалартан бастакы ССРС спордун маастара. Артамон балта Степанида (1937-2019) кыыһа Матрена Кривогорницына Лоомтукаҕа технология учуутала. Бу манньыаттаахтар эт-хаан өттүнэн күүстээхтэрин, бэйэлэрин баттаппаттарын биир туоһута. Саба түһэн харчыны, табаары былдьыыр баҕалаах улахан суол ороспуонньуктара оччоттон баар буоллахтара. Манньыаттаахтартан  былдьаабыттара иһиллибэт.

Уһун Ньукулаас убайа Атыыһыт Байбал (1836 с.т.) Федора диэн (1860 с.т.) кыыһыттан сыдьааннара бүгүҥҥү сайдыылаах олоххо улахан ситиһиилэммиттэр. Ол курдук, Сөдүөрэ Амма Эмиһигэр баай Бакыыһа уолугар кэргэн тахсыбыт. Алта оҕону төрөппүт. Кыыһа Борускуобуйа (1879 с.т.)  Дохсун Ньукулай кинээскэ кэргэн тахсыбыт, тоҕус оҕону төрөтөн, Сутаковтары сүппэт-оспот гына элбэппит. Онтон ойо тардан соҕотох Ньукулай Сутаков диэни (1910- 1979) сырдатыахха.

Ньукулай Баһылай диэн 1947 с.т. уолламмыт. 1974 сыллаахха художественнай училищены үөрэнэн бүтэрбит. Художник реставраторынан үлэлээбит. 3 оҕоломмут. Кыыһа Туйаара Сутакова СГУ юрфагын кыһыл дипломунан бүтэрбит. Бэйэтэ бизнестэммит. Атыыһыт буолбут. Москваҕа уонна Дьокуускайга “Обувь и текстиль” маҕаһыыннаах. Кэргэнэ “Сахаспецтехника” хампаанньалаах. Уола Темирей (1984 с.т.) И.Е. Репин аатынан Санкт-Петербургдааҕы институту кыһыл көмүс мэтээлинэн уонна Репин аатынан бириэмийэлээх бүтэрбит, билигин Латинскай Америкаҕа олорор эбит. Онон Атыыһыт Байбал хаан сиэннэрэ төрдүлэрин  батан атыыһыт буолбуттар.

Тимирей, арааһа, улахан живописец дуу, скульптор дуу быһыылаах. Манньыаттаахтар олохторугар билигин сүрдээх үчүгэй архитектуралаах балаҕан турар. Аны 1918 сыллаахха тутан үлэҕэ киллэрбит оскуолалара эмиэ олус үчүгэй архитектуралаах, киэргэллээх билигин Лоомтукаҕа турар. Онон Никиипэрэптэртэн хааннаах скульптордар, живописецтэр, худуоһунньуктар төрдө суох төрөөбөтөхтөр. Хааннарыгар былыргыттан баар эбит. Дьэбириэй омукка дьэбириэй дьахтартан төрөөтөххүнэ эрэ дьэбириэй аатын ылаҕын диэн баар. Ийэ оҕотугар 70% этин-хаанын, өйүн-санаатын биэрэр. Онон Аммаҕа кийиит буолан тиийбит Сөдүөрэни, кыыһын Борускуобуйа оҕолорун туора сотор табыллыбат. Г.В. Никифоров сут дьылга эдьиийигэр Борускуобуйаҕа Эмис нэһилиэгэр саас быстарбыттарыгар дойдутуттан 100 сыарҕа от  биэрбит. Ону санаан эмистэр 2021 сылга, бу эҥэр от үүммэтэҕэр, 10 тонна рулон оту Лоомтукаҕа босхо тиэйэн аҕалбыттара. Өбүгэлэрин сыһыаннарын үөрэхтээх дьон өйдүүллэр.

Түмүкпэр манньыаттаахтар эргиччи талааннаах, кыахтаах буоланнар, Саха сиригэр,  бассабыыктар кэлиэхтэрин иннинэ, атыыны-тутууну баһылаабыттар диэн бэлиэтиибин. Сиэрдээх, дьону өйдүүр, өйүүр буоланнар, атыылара улгумнук тарҕаммыт, кэччэгэй, бэйэмсэх эбиттэрэ буоллар, сайдыахтара суох этэ. Билиҥҥи ыччаттара эмиэ оробуочай да буоллахтарына, билиилэрин-көрүүлэрин сайыннарар кыахтаах эбиттэрэ олус үөрдэр. Ол аата үтүө хаан (благородность) суураллыбатах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....