Хаҥкылыы бардыбыт!
Олунньу ортотуттан Дьокуускай куорат олохтоохторугар үгэс быһыытынан таһырдьа хаҥкылыыр сирдэр арыллаллар.
Ленин болуоссатын катогун уоттара олунньу 14 күнүгэр умайбыттара. «Доҕордоһуу» катокка босхо хатааһылыахха сөп, хаҥкыны удамыр сыанаҕа уларсар даҕаны кыах баар. Быйылгы каток «Водоканал» хампаанньа, «СЭТО» уонна «Дьокуускай куорат аҕаларын сэбиэтэ” уопсастыбаннай тэрилтэ күүстэринэн үлэлиир.
Санатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэ сүрүн болуоссатын катога киин куорат уопсастыбанньыктарын көҕүлээһининэн 2018 сылтан үлэлиир.
Оттон Киин уокурукка каток Щорс күөлүгэр аһыллара былааннанар. Катогу урбаанньыттар уонна уокуруктааҕы Салайар хампаанньалартан биирдэстэрэ ыраастыаҕа.
Гагаринскай уокурук эмиэ бэйэтэ катоктаныаҕа. Ол курдук, олунньу бүтүөр диэри Хатыҥ Үрэххэ арыллара былааннанар. Катогу тэрийиинэн уокурук управлениета дьарыктанар, олохтоох дьоҥҥо босхо буолара күүтүллэр.
Губинскай уокурукка сыл аайы «Северное сияние» муус паарката үлэлиир. Паарка иһигэр каток уонна сыырдар бааллар. Паарка аһыллыыта тохсунньу 29 күнүгэр буолбута. Киирии төлөбүрдээх: оҕо билиэтэ – 200 солк., улахан киһи – 300 солк., элбэх оҕолоох дьоҥҥо чэпчэтии көрүллэр.
Октябрьскай уокурукка каток олунньу 5 күнүттэн Сайсары күөлүгэр үлэлиир. Киирии төлөбүрэ – 150 солк., бириэмэ хааччахтаммат. Хаҥкыны уларсыы сыаната 200 солк.
Промышленнай уокурукка эмиэ Дзержинскэй уонна Кальвица уулуссаларын быһа охсуһууларыгар киһи мыыммат, кыра да буоллар бэртээхэй каток арыллыбыт. Бу катогу сыл аайы олохтоох предпринимателлэр саба түһэн, уутун-хаарын куттаран оҥоттороллор.
Киин куорат олохтоохторун биир саамай сөбүлээн сылдьар катога сыл аайы Автодорожнай уокурукка үлэлиир. Теплай күөл катогун уокурук дьаһалтата олунньу ый бүтүүтэ, кулун тутар саҥатыгар арыйарын күүтэбит.
Строительнай уокурук салалтатыгар босхо каток куорат олохтоохторугар Якутская, 2/17 аадырыска ыраастаммытын туһунан иһитиннэрдилэр.
Сайсары уокуругун управлениетыгар быйыл үс катогу үлэлэтэр былааннаахтарын иһитиннэрдилэр. Олортон биирдэстэрэ «Три сосны» оройуонугар аһыллыаҕа. Сайсары күөлүгэр Ийэ скверин таһыгар эмиэ катогу ыраастааһын саҕаламмыт. «Сосновый бор” оҕо сынньанар киинин оройуонугар эмиэ каток аһыллара күүтүллэр.
Маҕан сэлиэнньэтигэр билигин каток суох, боппуруос дьүүллэһиигэ турар.
Хатас нэһилиэгэр Дьоготой уонна Дамба күөллэригэр катоктары оҥорор былааннаахтар.
Пригороднайга Большое күөлгэ Новая уулуссаҕа арыйары былаанныыллар.
Кангалаас территориятыгар кулун тутар 6 күнүттэн Объездной уулуссаҕа арыллара былааннанар, олохтоохторго босхо буолуоҕа диэн иһитиннэрэллэр.
Табаҕа эргин эмиэ катоктар үлэлииллэр. Табаҕа сэлиэнньэтигэр оскуола таһыгар турар.
Марха микрооройуонугар Мархинка өрүскэ каток арыллан үлэлии турар.
Хаартыскалар интэриниэт аһаҕас ситимиттэн уонна «Эхо столицы» сайтан ылылыннылар